Оҕо этин-сиинин сайыннарыыга дидактический матырыйаал «Дьэрэкээн парашут».
методическая разработка
"Дьэрэкээн парашууттаах хамсаныылаах оонньуулар"
(орто уонна улахан бөлөх оҕолоругар)
Дидактическай материал характеристиката: Парашуут араас өҥнөөх бөҕө материалтан тигиллэр холобура таффет, атлас биитэр подкладочнай материалтан эмиэ тигиэххэ сөп. Кэтитэ 3 миэтирэ, биитэр өссө кэтит эмиэ буолун сөп.Чаастара эмиэ хас өҥү туһанаргыттан тутулуктаах,холобура саһархай,халлаан күөх, от күөх,кыһыл.
Оонньуу сыала:
Парашуттаах оонньуулар оҕо араас дьоҕурун сайыннараллар:
- сөпкө, табыгастаахтык хамсаныыны
- болҕомтолоох буолууну
- тэтимнээх буолары сайыннарар
- өйгө тутууну
- харах холооһунун
- толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар
- тыл саппаһьын байытыы
- муузыка тэтимин истэн, сөптөөхтүк хамсаныы,
Бу оонньууларга оҕолор олуһун бэйэ бэйэлэрин кытта күрэхтэспэттэр, бииргэ, тэҥҥэ бэйэ-бэйэни кытта оонньууллар, онон симик, кэмчиэ оҕолор толлубакка оонньууга үөрүүнү кытта киирсэллэр. Оонньууларга оҕолор биир хамаанда буолаллар, онон бодуруһа үөрэнэллэр.
Оонньууларга туһаныллар матыраайллар:
1. Дьэрэкээн парашуут
2. Аудозапись. (музыкальнай оонньуу «карусель»)
3. Хортуонтан кырыллыбыт геометрическэй быһыылар.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
hamsanyylaah_oonnuu.docx | 68.83 КБ |
Предварительный просмотр:
Оҕо этин-сиинин сайыннарыыга дидактический матырыйаал
«Дьэрэкээн парашут».
«Дьэрэкээн парашууттаах хамсаныылаах оонньуулар.
(орто уонна улахан бөлөх оҕолоругар)
г. Якутск, 2021 г.
Оҕо этин-сиинин сайыннарыыга дидактический матырыйаал
«Дьэрэкээн парашуут».
«Дьэрэкээн парашууттаах хамсаныылаах оонньуулар.
(орто уонна улахан бөлөх оҕолоругар)
Дидактическай материал характеристиката: Парашуут араас өҥнөөх бөҕө материалтан тигиллэр холобура таффет, атлас биитэр подкладочнай материалтан эмиэ тигиэххэ сөп. Кэтитэ 3 миэтирэ, биитэр өссө кэтит эмиэ буолун сөп.Чаастара эмиэ хас өҥү туһанаргыттан тутулуктаах,холобура саһархай,халлаан күөх, от күөх,кыһыл.
Оонньуу сыала:
Парашуттаах оонньуулар оҕо араас дьоҕурун сайыннараллар:
- сөпкө, табыгастаахтык хамсаныыны
- болҕомтолоох буолууну
- тэтимнээх буолары сайыннарар
- өйгө тутууну
- харах холооһунун
- толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар
- тыл саппаһьын байытыы
- муузыка тэтимин истэн, сөптөөхтүк хамсаныы,
Бу оонньууларга оҕолор олуһун бэйэ бэйэлэрин кытта күрэхтэспэттэр, бииргэ, тэҥҥэ бэйэ-бэйэни кытта оонньууллар, онон симик, кэмчиэ оҕолор толлубакка оонньууга үөрүүнү кытта киирсэллэр. Оонньууларга оҕолор биир хамаанда буолаллар, онон бодуруһа үөрэнэллэр.
Оонньууларга туһаныллар матыраайллар:
1. Дьэрэкээн парашуут
2. Аудозапись. (музыкальнай оонньуу «карусель»)
3. Хортуонтан кырыллыбыт геометрическэй быһыылар.
- Оонньуу, тобулга сыһыаннаах (ФЭМП)
Оонньуу сыала:
-толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы
-харах холооһунун сайыннарыы
-хайысҕаны быьаарар буолууну сайыннарыы
-геометричэскэй быһыылар көрүҥнэрин үөрэтии.хатылааһын
-дьүһүннэр ааттарын чуолкайдатыы
-тэтимнээх буолууну эрчийии
Оонньуу барыыта: Оҕолоор парашууту тэнитэллэр, тураллар, парашуут ханнык геометрическэй быһыыга майгынныырын быhаараллар.
Боппуруостар:
- Хас өҥтөн турарый?
- Хас чаастан турарый?
- Хайысхата: үөһээ, аллараа, үөһээ аллараа. Ыытааччы этэрин истэн хайысханы быһааран парашууту үөһэ, аллараа тутуу
- Уҥа диэки сүүрдүбүт
- Хаҥас диэки сүүрдүбүт
- «Өҥнөрү уонна геометрическэй быһыылары сөпкө наарда»
Оонньуу сыала: Араас өҥнөөх геометричекэй быһыылары парашуут чаастарыгар түргэнник ким элбэҕи уурар эбит.
Оонньооччулар: Манна 5 оҕону кытыннарыахха сөп, биитэр парашуут хас өҥтөн турарый да оччо оҕону эмиэ кытыннарыахха сөп.
Оонньуу барыыта: Бэлэм хортуонтан кырыллыбыт геометрическэй быһыылары барытын биир сиргэ уурабыт, онтон оҕолор бэһиэлэй музыка тэтиминэн элбэх уонна сөпкө быһыыны талан парашуут өҥнөөх чаастарыгар уурар.
- «Кун уонна ардах»
Оонньуу сыала:
-тэтимнээх буолууну сайыннарыы
- координацианы сайыннарыы,
- бииргэ бодуруһарга үөрэтии
- элбэх буолан сэрэхтик хамсанары чочуйуу.
Оонньуу барыыта: Сутеев «Тэллэй анныгар» диэн остуоруйатын ис хоһоонугар олоҕурар. Биир сайыҥҥы ардахтаах күн тэллэй анныгар кимнээх саспыттарай?
Оҕолор эппиэттэрэ: кымырдаҕас, кутуйах, чыычаах, лыах, баҕа уонна куобах.
«Күн тазыста» диэннэ парашууту тутан эргийэн сүүрэллэр, онтон «ардах түстэ» диэҥҥэ тэллэй (парашуут) анныгар саһаллар.
- «Түүн уонна күнүс»
Оонньуу сыала:
-тэтимнээх буолууну сайыннарыы
- координацианы сайыннарыы,
- бииргэ бодуруһарга үөрэтии
- элбэх буолан сэрэхтик хамсанары чочуйуу.
Оонньуу барыыта: Түүн диэннэ оҕолор парашуут анныгар саһаллар, күнүс диэҥҥэ бары парашууту тутан тураллар. Тэтимнээхтик, түргэнник саҥаран оонньууну ыаратыахха сөп.
- «Иччитэх миэстэ»
Оонньуу сыала:
-тэтимнээх буолууну сайыннарыы
-болҕомтолоох буолууну сайыннарыы
-саҥарар саҥаны сайыннарыы
Оонньуу барыыта: Оҕолор төгүрүччү парашууту тутан тураллар уонна ыытар оҕону ахсаан көмөтүнэн талаллар.
Оҕолор, бары уҥа илиилэринэн парашууту тутан, хаҥас диэки хаамаллар, онтон ыытааччы уҥа диэки хаама сылдьан саҥарар:
«Дьиэни төгүрүччү хаамабын,
Түннүгү өҥөйөбүн
Биир дьиэҕэ тохтуубун
Уонна тоҥсуйабын
Тук-тук-тук…
Оҕолор бары тохтууллар. Ыытааччы хайа оҕо таһыгар тохтообут оҕото ыйытар: «Ким кэллэ?». Ыытааччы оҕо, тохтообут оҕотун аатын этэр уонна «Дьиэҕиттэн таҕыс, сүүрдүбүт» - диир.
Икки аҥыы миэстэ былдьаһа сүүрэллэр. Ким инники дьиэҕэ киирбит ол оҕо хотуулаах тахсар.
- «Кустук өҥнөрө»
Оонньуу сыала:
-болҕомтолоох буолууну сайыннарар
-дьүһүннэр ааттарын чуолкайдатыы
- хамаанданы истэ үөрэтии
-тэтимнээх буолууну сайыннарыы;
Оонньуу барыыта: Оҕолор парашууту тутан өҥнөрүнэн тураллар, ыытааччы парашуут биир өҥүн этэр, оччоҕо ол өҥнөөх парашуут чааһын тутан турар оҕолор парашуут аннынан сүүрэн миэстэлэрин түргэнник атастаһыахтаахтар. Парашуут аннынан сүүрэллэригэр тутан турар озолор парашууту өрө туталлар. Ким инники миэстэтин булбут ол кыайыылаах тахсар.
- «Сохсо»
Оонньуу сыала:
- хамаанданы истэ үөрэтии
-тэтимнээх буолууну сайыннарыы;
- бэйэ бэйэни кытта бодоруһарга иитии
Оонньуу барыыта: Оҕолор 2 хамаанда буолаллар.
1 хамаанда оҕолоро «Сохсо» буолаллар уонна парашууту тутан тураллар, музыка тэтиминэн үөһэ аллараа сахсыйаллар.
Ол кэмҥэ 2 хамаанда оҕолоро кутуйах буолан парашуут аннынан сүүрэккэлииллэр. Онтон музыка тоохтотоҕуна 1 хамаанда оҕолоро парашууту туһэрэн кутуйахтары тута сатыыллар. Парашуут анныгар хаалбыт кутуйах сохсоҕо тутуллар.
- «Ким барда»
Оонньуу сыала:
-болҕомтолоох буолууну сайыннарар
- хамаанданы истэ үөрэтии
-тэтимнээх буолууну сайыннарыы;
Оонньуу барыыта: Оҕолор бары парашууту тутан тураллар уонна харахтарын симэллэр, ыытаачы биир оҕону талан парашуут анныгар саһыарар. Оҕолор харахтарын аһан баран ким суоҕун таайыахтаахтар.
- «Көрдөөх мээчик»
Оонньуу сыала:
-координацианы сайыннарыы
- харах холооһунун сайыннарыы
- биир уопсай интириэстээх буолууга иитии
Оонньуу барыыта: Оҕолор парашуту тутан тураллар. Ыытааччы мээчиги парашут үрдүгэр быраҕар. Оҕолор мээчиги парашут иһигэр сүүрдүөхтээхтэр, дьөлөҕөскө туһэрбэккэ. (мээчик дьөлөҕөстөн кыра буолуохтаах).
10) «Карусель» (музыкальнай оонньуу, аудиозапись)
Оонньуу сыала:
-координацианы сайыннарыы
-тэҥҥэ хамсаныыны чочуйуу
-муузыка тэтиминэн сөпкө хамсаныыга үөрэтии
-өй ууһун сайыннарыы
Оонньуу барыыта: Дьэ эрэ билигин парашутпут аны карусель буолла. Карусельбыт бастаан бытааннык эргийэр, онтон тургэтиир.
Бытааннык, бытааннык эргийэр карусель
Эргийдэ, эргийдэ, карусель,
Онтон, онтон,
Сүүрдүбүт, сүүрдүбүт,
Сүүрдүбүт.
Чуумпурда карусель, карусельбыт тохтоото
Ити курдук дьэрэкээн-парашууту араас оонньууларга туһаныахха сөп.
Туһаныллыбыт литература.
1. Гоголева, С.В. Дидактические игры. Хамсаныылаах оонньуулар, эрчиллиилэр: метод. пособие / С.В. Гоголева, Л.П. Лепчикова., М.Н. Саввина. – Якутск. Бичик
1991. – 136 с.
2. Степаненкова Э.Я. Сборник подвижных игр: для работы с детьми 2-7 лет.
3. https://po-stroika.ru/info/kak-sshit-parashjut-dlja-igr-svoimi-rukami/
4. https://ru.gottamentor.com/23-fun-parachute-games-for-kids-kindergarteners
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыыга олоҥхо урамньытын туһаныы
Төрөөбүт ийэ тылы иҥэриигэ, кини өлбөт мэҥэ уутун курдук киһиэхэ илгэлээх, күүстээх дьайыыны оҥор...
Оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыыга олоҥхо урамньытын туһаныы
Олоҥхоҕо этии силигэ сиппитэ көстөр...Оҕо эрдэҕиттэн уһуйуллан киһи олоҥхону ылымматаҕына, абылаппатаҕына кэлин олоҥхоҕо сыстыбат, олоҥхо эйгэтигэр кыайан киирбэт.Оҕо саастара олоҥхону бобуу, буойуу-х...
Ийэ тылы сайыннарыыга Суорун Омоллоон “Чычып-чаап” айымньытынан оҕону кытта тэрээһин
Оҕо уус-уран айымньыны сэргээһинэ, кинигэҕэ сыстыыта...
Тылы сайыннарыыга дидактическай оонньуулар
Дидактические игры для развития речи...
О5о санатын дьиэ5э сайыннарыыга кэрчик субэлэр
О5о санатын дьиэ5э сайыннарыыга араас ньымалар бааллар. Бу ньымалары сепке туьаныы, о5о санатын сайыннарыыга олус кедьуустээхтэр....
Методическое пособие "Игровой парашут"
В условиях реализации ФГОС ДО к структуре основной общеобразовательной программы ДО предъявляют требования, направленные на исключение из образовательного процесса учебной деятельности, как не соответ...
Дидактическая игра (домино) "Моя югорская семья", Дидактическая игра "1, 2, 3 - сои чувства с помощью признаков опиши", Дидактическая игра "Закрой мышке дорогу к сыру". Дидактическая игра "Подбери героев к сказке". Дидактическая игра "Кто позвал?"
Дидактическая игра «Домино». Тема: «Моя югорская семья».Дидактическая игра "1,2,3 - свои чувства с помощью признаков опиши".Дидактическая игра "Закрой мышке...