Аралдьыйыы "Төрөөбүт дойдубут-Чөрүмчэ"
материал по окружающему миру (старшая группа)

Сыала-соруга: Төрөөбүт дойдуга тапталы иитии

-төрөөбүт дойдунан, улэһит олохтоох дьоннорунан киэн туттууну иңэрии.Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга оҕону иитии. Тыл саппааьын байытыы. Толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл araldyyyy_stsenariya_toroobut_doydubut_-_cherumche.docx20.53 КБ

Предварительный просмотр:

Аралдьыйыы сценарийа

«Төрөөбүт дойдубут-Чөрүмчэ», (5-6 саастаахтарга)

Сыала-соруга: Төрөөбүт дойдуга тапталы иитии

-төрөөбүт дойдунан, улэһит олохтоох дьоннорунан киэн туттууну иңэрии.Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга оҕону иитии. Тыл саппааьын байытыы. Толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы.

Туттуллар матырыйааллар:

Чөрүмчэ тэрилтэлэрин презентацията,Чөрумчэ былааҕа,аудио музыка, счетнай палочкалар, быраас туттар маллара,оонньуурдар

Дьарык хаамыыта

(Музыка тыаһынан сахалыы танастаах оҕолор киирэллэр,киирэн устуулга олороллор)

1.Иитээччи (хоһоон ааҕар)

Бу чыычаах ырыалаах,

Бу хатың чараңнаах,

Төрөөбүт дойдубут,

Күн-көмүс уйабыт!

(Слайд: бөһүөлэк панорамата)

2.Иитээччи: Оҕолор,бүгүн биһиги төрөөбүт дойдубут туьунан кэпсэтиэхпит,бөһүөлэк устун дьаарбайа барыахпыт,тэрилтэлэргэ сылдьыахпыт.

Ханнык баҕар киһи Аан дойдуга бэйэтэ миэстэлээх буолар, ол кини төрөөбүт улааппыт, аан маңнай ийэтин хараҕын уонна чаҕылхай күнү көрбүт сирэ буолар. Бу сирбит аата төрөөбут дойдубут диэн буолар.

-Биһиги ханнык бөһүөлэккэ олоробутуй?

Оҕолор эппиэттэрэ (Чөрумчэ)

Биһиги олорор бөһүөлэкпит аата Чөрүмчэ диэн.Чөрүмчэ диэн эбээн тыла,үрдүк томторго турар диэн тыл. Иккис быһаарыыта улахан тииттэрдээх сир. Биһиги бөһүөлэкпит наһаа кэрэ айылҕалаах,улэһит дьоннордоох, сылтан сыл аайы тупсан, улаатан иһэр.

3.Биһиги нэһилиэкпит бэйэтэ гимнаах уонна былаахтаах.

Иитээччи (Чөрүмчэ былааҕын көрдөрөр,былаах суолтатын быһаарар, Былаахха халлаан күөх Дьааңы өрүспүт, кырбый көтөр 2 Эңэ таңарата,уонна Ат хайата ойууламмыт

(Оҕолорго Чөрүмчэ гимнын холбоон иһитиннэрии)

4.Оҕолоор,Чөрүмчэ бөһүөлэгин устун дьаарбайа барыаххытын баҕара5ыт дуо?

Оҕолор эппиэттэрэ: Ээх

Иитээччи: Бары турдубут, сиэтилэһэн баран дьаарбайа барыахпыт (Музыка тыаһыыр,оҕолор сиэтилэһэн баран хаамаллар.

Иитээччи: Уулуссаҕа дьону көрүстэхпитинэ дорооболоһо сылдьыахтаахпыт. Тоҕо дьоннор дорообо дииллэрий? Оҕолор эппиэттэрэ.

Оонньуу: «Дорообо»

(Оҕолор тураллар)

Биирдэ ытыс таһыннахпына –илиилэринэн дорооболоһоллор.

Иккитэ-санныларынан,

Үстэ-көхсүлэринэн.

(Презентацияҕа оскуола көстөр)

Иитээччи: Ханна кэллибит оҕолор ? Оскуолаҕа кимнээх баалларый? Оскуолаҕа оҕолор тугу гыналларый?

Эһиги оскуолаҕа үөрэнэ барыаххытын баҕараҕыт дуо?

Иитээччи: Эһиги уһуйааны бүтэрдэххитинэ эдьиийдэргит, убайдаргыт курдук оскуолаҕа үөрэнэ барыаххыт.

Оонньуу: «Счетнай палочканы хаары оңор»

Иитээччи: Маладьыастар,оскуолаҕа барарга бэлэм эбиттэр улахан оҕолор.

Салгыы дьаарбайа барыаххайың.

Иитээччи: Ханна кэллибит?

О5олор эппиэттэрэ (Балыыһа5а)

Балыыһаҕа дьон тугу гына кэлэллэрий? Ким улэлиирий?

Иитээччи: Биһиги балыыһабыт сырдык, ыраас. Балыыһаҕа дьоннор ыарыйдахтарына көрдөрүнэ кэлэллэр.

Дьоннор балыыһаҕа аҕыйахтык сылдьалларын эрэниэххэ, ким да ыалдьыбатын, доруобай буоллунар.

Оонньуу: «Бырааска туох нааданый?» (остуолга бырааска наадалаах маллар уонна оонньуурдар сыталлар,о5олор бырааска наадалаа5ы талан ууруохтаахтар)

Иитээччи: Салгыы дьаарбайа барыахха. Ханна кэллибит?

Оҕолор эппиэттэрэ: Кулуупка

Иитээччи: (Презентацияҕа кулууп көстөр) Кулуупка дьон тугу гынарый?

О5олор эппиэттэрэ

Сынньалаң: Кыргыттар уонна уолаттар,

                      Мээчик курдук тэйэбит,

                      Ытыспытын таһынабыт,

                      ( ытыс таһыналлар,илиилэрэ өттүккэ)

                      Атахтарбыт хаамалллар

                      (миэстэҕэ туран  хаамаллар)

                       Үңкүүлүү түһүөххэ

                      (Миэстэлэригэр туран эргийэллэр)

                       Бүттэ. Бары сынньанабыт.

                       (Илиилэрин аллараа туһэрэн сапсыналлар)

Иитээччи: Наһаа үчүгэйдик дьаарбайдыбыт, төттөрү уьуйааммытыгар төннөбүт дуо?

Дьэ бөьүөлэк устун дьаарбайан уьуйааммытыгар кэллибит. Уьуйаан о5олорго наада дуо? Арай уьуйаан диэн суох буоллун? Эһиги уһуйааңңытын сөбүлүүгүт дуо? Уһуйааңңа кимнээх улэлииллэрий? Оттон эһиги уһуйааңңытын сөбүлүүгут дуо? Саамай тугу гынаргытын сөбүлүүгүтүй?

Оҕолор: Оонньуурбутун

Иитээччи: Таабырын таайыаххытын баҕараҕыт дуо?

(Иитээччи оонньуурдар тустарынан таабырын таайтарар)

Таабырыннар «Оонньуурдар»

Бырахтахха тэйэн биэрэр,

Оҕустахха ытаабат. (Мээчик)

Кирпиичэнэн дьиэ тутуом,

Үрүт үрдүгэр уурталыам,

Сатамматаҕына алдьатыам,

Онтон хаттаан оңоруом. (Кубиктар)

Халлаан күөх харахтаах,

Куудура баттаахтаах,

Оруосабай уостаах,

Кыысчаан баар уьу? (Куукула)

Мүөту кини сиэбэт,

Арҕахха да олорбот,

Тоҕо диэтэр кини,

Булуус таңастан тигиллибит (Плюшевай эһэ)

Мас киһичээн,

Төгүрүк таңастаах,

Кырачаан оҕолор,

Кэтэрдэллэр төгүрүктэри (Пирамида)

3).Түмүк

Иитээччи: Бүгүн биһиги тугу гынныбыт? Туох устун дьаарбайан кэллибит? Сөбүлээтигит дуо? Оҕолоор, дойдугутун таптаан, кэрэ айылҕатын харыстыы сылдьын.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

«Куьунну мозаика» дьуьуйуу. (Улахан белех о5олоругар аналлаах аралдьыйыы сценарийа)

Цель  – закрепить знания детей о сезонных изменениях в природе, о признаках осениЗадачи: -формировать навыки самостоятельного исполнения выученных стихов, песен и танцев;-создавать празднич...

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн аналлаах аралдьыйыы сценарийа. Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ.

Аҕа дойдуну көмүскээччилэркүннэринэн аналлаахаралдьыйыы сценарийа.Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ....

"Кемус куьун" аралдьыйыы сценария

laquo;Кемус куьун» аралдьыйыы барыла (орто белех о5олоругар ананар).Оруоллар :Улахан дьон: Ыытааччы, куобах уонна дьуос, кыттыыны ылаллар орто белех о5олоро.  Туттуллар тэриллэр:(инт...

Кыайыы кунугэр аналлаах аралдьыйыы барыла

Задачи :- Расширять представления о Великой Отечественной Войне, о празднике День Победы.- Расширять  представления о защитниках отечества.- Развивать речь детей, обогащать, словарный запас.- Фор...

"Ийэгэ бэлэх". Аралдьыйыы сценарийа

Сценарий утренника к 8 марта...