"Кемус куьун" аралдьыйыы сценария
методическая разработка

Адамова Александра Владимировна

 «Кемус куьун» аралдьыйыы барыла (орто белех о5олоругар ананар).

Оруоллар :

Улахан дьон: Ыытааччы, куобах уонна дьуос, кыттыыны ылаллар орто белех о5олоро. 

Туттуллар тэриллэр:

(интерактивнай дуоска, корзиналар, моркуоптар, тэллэйдэр, сэбирдэхтэр, корзиналар, икки улах зонтиктар, куобах дьиэтэ) .

Сыала: Кыра саастаах о5олорго , куьунну дьыл кэмин туьунан билиини хацатыы,  куьунну айыл5а , кэрэтин туьунан тиэрдии, кердеруу, айыл5аны харыстыырга иитии . 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл kemus_kuunu_ataaryy_byraaynnyk_stsenariya.docx21.97 КБ

Предварительный просмотр:

 «Кемус куьун» аралдьыйыы барыла (орто белех о5олоругар ананар).

Оруоллар :

Улахан дьон: Ыытааччы, куобах уонна дьуос, кыттыыны ылаллар орто белех о5олоро.  

Туттуллар тэриллэр:

(интерактивнай дуоска, корзиналар, моркуоптар, тэллэйдэр, сэбирдэхтэр, корзиналар, икки улах зонтиктар, куобах дьиэтэ) .

Сыала: Кыра саастаах о5олорго , куьунну дьыл кэмин туьунан билиини хацатыы,  куьунну айыл5а , кэрэтин туьунан тиэрдии, кердеруу, айыл5аны харыстыырга иитии .

Саала иьэ кемус куьуну атаарыыга анаан  киэргэтиллибит о5олор намыын музыканнан саала5а киирэллэр.

Ыытааччы: Утуе кунунэн, кунду о5олор, уонна ыалдьыттар, бугун биьиги дьыл саамай баай, кэрэ кэмин куьуну уруйдуур бырааьынньыкка муьуннубут!

Кулумнуур кыьыл кемус куьуммут, кундэлэс  кемус куннэрэ кэлэннэр, кулумурдээн киэркэйэн кестере кэрэтиэн!

Хоьоон бары оголор.

Иитээччи:

 ходуьабыт хомуллан кубарыйа сырдаата,

 сэбирдэ5и хатынтан

 сиргэ тыалбыт тамнаата.

 Чэйиц, эрэ о5олоор,   уьуммутун уруйдуу сэбирдэхтээх ункуутэ бэлэхтиэхэйиц. ( кыргыттар толорууларыгар сэбирдэхтээх ункуу).

Иитээччи: О5олоор керун, эрэ куобах дьиэтэ турар диии,

(Куобах дьиэтиттэн тахсар).

Куобах: Дорооболорун, о5олоор,

Дорооболорун, до5оттоор!

Бырааьынньыккытыгар ыалдьыттата ын,ырбыккытыгар махтанабын! Бачча учугэй кулумнэс куьунн,э кулуе5ун, оонньуо5ун,  хоробуоттаан тэйиэ5ин,

(хоробуот «Куьун куьун кэллэ»

Куобах: Маладьыас да о5олор эбиккит, бэркэ диэн хоробуоттаатыбыт аны  оонньуо5ун, оонньуоххутун ба5арагыт дуо ?

оонньуу «Моркуобу биэрэн ис»  (о5олору икки хамаанда5а араарыы )

Иитээччи : Маладьыастар! Куобахтыын олус бэркэ оонньоотубут , куобахха махтаныа5ын о5олоор!

Иитээччи; Куобах онтон эн хайдах куьуну керсе5ун?

Куобах: Мин ецмун туубун уларытабын, кыьынын борон, сылдьарым табыллыбат, Тунал ма5ан хаарга тутатына керуехтэрэ, ону таьынан кыстыкка бэлэмнэнэн дьиэбин оностобун, онон улэм бараммат, чэ о5олоор керсуеххэ диэри!

(Куобах тахсан барар)

Иитэччи:Куобах кыстыкка бэлэмнэнэ, куьунун борон, туутун ма5анн,а уларытар эбит, кыьынн,ы дьиэтин оностор эбит, онтон дьуос тугу гынара буолуой? Чэйин, эрэ дьуоьу , ынырыа5ын, уонна бэйэтиттэн ыйытыа5ын,

О5олор: Дьуос биьиэхэ кэл (2 тегул)

(дьуос киирэн кэлэр).

Дьуос; Утуе кунунэн о5олоор! Мин дьуос  диэн буолабын,  харыйа  курдук иннэлээхпин, эьиги миигин ын,ырбыккытын истэммин тиийэн кэллим,

Иитээччи: Утуе кунунэн дьуос , хайдах туох олордун? Куьуну хайдах керсе5ун?  биьиэхэ кэпсээн кулу!

Дьуос; Барыгытын кемус куьун ууммутунэн э5эрдэлиибин!, Мин кырыа кыьынн,а бэлэмнэнэн, тэллэй эн,ин хомуйабын, иннэбэр иилинэн, хороонум диэки суурэбин. Хорооммун ититинэбин, онтон сололоно тустум эрэ оонньуурбун ордоробун, ункуулуурбуттэн уерэбин, О5олор бары кэлэн тугуруччу туран миигин кытта ункуулуехэйин, (дьуостуун ункуу).

Дьуос: Наьаа учугэйдик ункуулэтигииит, миигин  дьэ уертугут!

Иитээччи; Дьуос, бу корзина5ар туох баарый, кедер, кэпсээ о5олорго,

Дьуос : Корзинабар тэллэйдэр бааллар, о5олору оонньотоору а5аллым.

(Оонньуу «Тэллэйдэ хомуй»)

Дьуос: Учугэйдик да оонньоотубут,   сымса о5олор эбиккит.

Иитээччи: Дуос билигин олорон сынньана, таарыйа биьиги о5олорбут куьун туьунан хоьооннорун иьит.

Хооьооннор.

  1. Кемус дуйу бурунэн,

Сэбирдэхтии тэлээрэн.

Тиийэн кэллэ биьиэхэ

Кемус куьун барахсан!

  1. Хаьын туьэн сарсыарда,

Хатыц  чаран кырыарда,

Сэбирдэхтэр  туруттан,

Сиргэ дайан тустулэр.

  1. Куьун буолан дьыссаакка

Уерэ кете кэллибит,

О5олордуун керсеммут

 оонньоон ере кеттубут.

  1. Кемус куьун,

Кунду куьун

Кулэн уерэн

Кестен кэллэ!

  1. Аргыый уемэн бу кэллэ

Кемус куьун барахсан,

Сэбирдэ5ин кетуттэ,

Таммахтарын туьэрдэ!

Дуос: Угус хоьооннору билэргитин  олус  диэн биьирээтим, маладьыастар, онтон мин тыабар хаьааспын хомуйа барарым чугаьаата, . Керсуеххэ диэри!

(Дуос  тахсан барар).

Иитээччи: О5олоор, куобах уонна дьуос  ыалдьыттаан бардылар, онтон кемус куьуммут ханнаный?, Ыцырыа5ын эрэ кемус куьуну куутэбит!

( на5ыл ырыаннан куьун киирэр).

Куьун ; Утуе кунэн мин кунду до5отторум, мин кемус куьун буолабын, тыалы кытта аргыстаьан сэбирдэхтиин сиэттиьэн, баран иьэммин, эьиги хоьооннутун, ырыа5ытын тойуккутун истэммин бу тиийэн кэллим! ,

Мин эьиги кемус куьун туьунан теье билиилээххитин билиэхпин ба5арабын, оонньуубут дуо о5олоор……

Ыйытыктар:

Куьун : О5олоор миэхэ кемус куьун кэлбит бэлиэлэрин ааттаталаац эрэ.

О5олор эппиэттэ…..

Куьун: Куьун ханнык сир астарын хомуйуохха себуй?

О5олор эппиэттэр….

Куьун: Куьун ханнык дьыл кэмин кэнниттэн кэлэрий?

О5олор эппиэттэрэ…...

Куьун: Куьун сорох кыыллар туохха бэлэмнэнэллэрий?

О5олор эппиэттэрэ…..

 Куьун: Маладьыастар, олус элбэ5и мин туспунан билэр эбиккит.

Куьун оонньуохайыц: ( Кун уонна былыт оонньуу)

Куьун : Мин туспунан олус элбэх ырыа баар , миэхэ ырыа ыллаан иьитиннэриэххит дуо ?

(ырыа «Куьуццу ардах»).

Иитээччи: О5олоор керун, эрэ кемус куьун тугу тутан турарый?,

О5олор эппиэттэрэ……

Иитээччи: онтон корзинага туох баарый?

О5олор эппиэттэрэ……

(Кемус куьун кэьиитин туцэтэр).  

Куьун : О5олоор , олус учугэй куьунн,у бырааьынньыкка сылдьаммын уердум, а5ай, куруутун бу курдук тумсуулээх, эйэлээх, бэрээдэктээх о5олор буолун, мин барар кэмим тиийэн кэллэ, керсуеххэ диэри!

Иитэччи: Кемус куьун, кэлэн кунду ыалдьыт буолбуккар, махтанабыт, уонна элбэх уйгуну быйан,ы уерууну, кетууну ба5арабыт.

(Куьун тахсан барар)

Иитээччи. Биьиги «Кемус куьун» аралдьыйыыбыт тумуктэнэр кэмэ тиийэн кэллэ, ессе тегул о5олорбутун кемус куьун бырааьынньыган итиитик истинник э5эрдэлиибит, ба5арабыт сир урдугэр баар бары  кэрэни, дьоллоох о5о, сааьы.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

« Чудо от доброго сердца» сценарий музыкального кукольно-драматического спектакля по мотиву сказки Ганса Христиана Андерсена «Дюймовочка» ,автор сценария — Савиных Ольга Сергеевна.

Уважаемые коллеги и родители! Представляю Вашему вниманию сценарий, по которому был поставлен спектакль с детьми старших групп. Драматургическая эклектика дала возможность раскрыть свои таланты каждом...

Сценарий физкультурного досуга для детей старшего дошкольного возраста «Если очень захочу — в космос скоро полечу!» Аксинья Попова Сценарий физкультурного досуга для детей старшего дошкольного возраста «Если очень захочу — в космос скоро полечу!» Сценар

Сценарий физкультурного досуга для детей старшего дошкольного возраста «Если очень захочу — в космос скоро полечу!»Аксинья Попова Сценарий физкультурного досуга для детей с...

III Критерий Кружковая работа «Кемус таммахтар»

III КритерийКружковая работа «Кемус таммахтар»Пояснительная записка.Музыка, как и любое другое искусство, способна воздействовать на всестороннее развитие ребенка, побуждать к нравственно ...