Нанайская народная сказка "Айога" на якутском языке
презентация по художественной литературе на тему
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
Арай биирдэ Ла диэн ааттаах нанай омук киһитэ олорбут . Кини Айога диэн кыыстаах эбит .
А йога үлэһит , кыраһыабай , наһаа үчүгэй кыыс эбит . Кинини дьон бары таптыыра . Биирдэ ким эрэ эппит : Ла кыыһынааҕар кыраһыабай кыыс биһиги дойдубутугар суох !- диэбит .
Айога итинтэн ыла бэрдимсийбит – мин эрэ наһаа бэрпин – диэн сүрдээҕин киэбирэр буолбут . Сууйуллубут алтан тааска уонна
ууга күлүгүн сиэркилэҕэ курдук көрүнэн астынар ахан эбит .
Айога тугу да гыммат буолбут . Кэрэ дьүһүнүн көрүнэн эрэ тахсар . Кыраһыабайым сүтүө , дьүһүнүм буомуруо диэн и йэтигэр да, аҕатыгар да көмөлөспөт . Сүрэҕэ суох буолбут .
Биирдэ ийэтэ эппит : - Айога , уута баһан аҕал эрэ . - Ууга түһүөм дии . - Талах мастан тутус ээ . - Талах тостон хаалыа , - диэбит Айога .
- Онтон эн кытаанах талахтан тутус ээ . - Илиибин хайытыа дии … Ийэтэ онуоха эппит : - Үтүлүктэ кэт оччоҕуна .
- Хайа баран хаалыахтара , - диэбит Айога . - Хайыннаҕына иннэнэн тигэн биэр . - Иннэ тостон хаалыа дии .
- Модьу иннэни ы л оччоҕо – диэбит аҕата . - Тарбахпын тэһэ анньыам дии , - диэбит кыыстара . - Халыҥ тирииттэн оҥоһуллубут сүүтүктэ кэт .
- Сүүтүк даҕаны хайа барыа , - диэбит Айога уонна оннуттан олох халбарыйбатах .
Итини барытын ыала кыыс истибит . - Мин аҕалыам , ууну – диэбит кини
Ыаллара кыыс өрүскэ барбыт уонна ууну баһан таһаарбыт .
Айога ийэтэ тиэстэ мэһийбит , лэппиэскэ оҥорбут . Айога итини көрөн ийэтигэр хаһыытаабыт :
- Аҕал миэхэ лэппиэскэтэ , ийээ !
- Лэппиэскэ итии – илиигин сиэтиэн , - диэбит ийэтэ .
- Оччоҕо мин үтүлүк кэтиэм , - диэбит Айога . - Үтүлүк илийбит . Кэтимэ .
- Күн уотугар куурда ууруом ээ . - Хатан хаалыаҕа дии , - диэбит ийэтэ . - Мин имитэн биэриэм буоллаҕа дии . - Илиилэриҥ ыалдьыахтара , - диэбит ийэтэ . – Тоҕо үлэлии сатаатыҥ , кыраһыабайыҥ сүтүө дии .
Ол кэриэтэ , мин ыалбыт кыыска биэриэм , кини уу аҕалбыта , үлэһит кыыс . - Айога ийэтэ лэппиэскэни ыала кыыска биэрбит .
Айога кыыһырбыт . Өрүскэ барбыт . Ууга күлүгүн көрүнэ олорбут
Онтон ыала кыыс биэрэккэ лэппиэскэ сии олорбут .
Айога ол кыыһы көрөөрү моонньун уһатан өҥдөҥнөөбүт .
Ыала кыыс Айогаҕа эппит : - Айога , мэ , лэппиэскэтэ сиэ . Бэрсэбин эйиэхэ .
Айога кыыһыран турбут . Тоҕо кини атын киһи лэппиэскэтин сиэхтээҕий ? Кыыска сүүрэн тиийэн тарбахтарын саратан илиилэринэн далбаатаабыт . – Суох , суох ! Сиэбэппин ! – диэбит .
Айога аһары сапсынан илиилэрэ кынат буолан хаалбыттар .
Онуоха Айога соһуйбут . Ууга күлүгүн көрүммүт , наһаа куттаммыт , ыксаабыт .
Ууга туһэн хаалбыт , кустары-хаастары кытта устан барбыт . Хаастыы хаһыытаабыт , киһи курдук сатаан саҥарбат буолбут . Ити курдук ийэтин таптаабат , көмөлөспөт , бэрдимсик , киэбириҥсэ кыыс кус- хаас буолан көтөн хаалбыт . Айога ийэтэ наһаа хомойбут , санаарҕаабыт .
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
новогодний праздник "Аптаах Сана Дьыл" (на якутском языке)
«Аптаах Саңа Дьыл»Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий ...
Новогодний праздник по сказке "Снегурочка" (на якутском языке)
Сценарий новогоднего праздника по мотивам сказки "Снегурочка" для младшего, среднего дошкольного возраста...
Новогодний праздник " Аптаах хаар чеме5е" (на якутском языке)
Сценарий новогоднего праздника для старших дошкольников...
8 марта "день подарочный, сюрпризный" (на якутском языке)
сценарий утренника к 8 марта для средней группы...
8 марта «О5олор хайдах Федора5а көмөлөспүттэрий» (на якутском языке)
сценарий утренника по мотивам сказки "Федорино горе" для детей ст., подг. групп...
Зимнее развлечение «Снеговик муннун хайдах көрдөөбүтүй» (на якутском языке)
сценарий зимнего развлечения...
РАЗВИТИЕ РЕЧИ ДЕТЕЙ СРЕДСТВАМИ УСТНОГО НАРОДНОГО ТВОРЧЕСТВА ДЛЯ РАЗВИТИЯ СВЯЗНОЙ РЕЧИ У ДЕТЕЙ С ЯКУТСКИМ ЯЗЫКОМ ОБУЧЕНИЯ
Устное народное творчество давно является одним из наиболее эффективных средств формирования и развития речи у детей. В особенности это актуально для детей, изучающих якутски...