Уоланнар аа5ыылара
статья (5 класс)
Уоланнар аа5ыыларыгар дьуьуйуу
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
uolannar_6_dulur5an_beleh_stsenariya.docx | 18.4 КБ |
Предварительный просмотр:
XVI республиканские литературные юношеских чтения «Орлята учатся летать»-«Кетуеххэ урдуккэ хотойдуу», посвященных 100-летию Якосткой АССР
Д.П. Коркин аатынан Чурапчыиаа5ы Республиканскай Орто Спортивнай Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир интэринээт оскуола
“Дьулур5ан” белех сценарийа
Хайысхата: “Всем сердцем преданный своему делу” –“Чел олох –ыраас санаа, чэгиэн турук” Литературно-художественная композиция о здоровом образе жизни, спорте и работниках здравоохранения”
Дьуьуйуу аата :“Саха эр бэртэрэ”
Салайааччыла: Барашкова НГ
Макарова НЬ ДМ
Кыра уолчаан улаатар,
Кунун аайы кыа5ырар,
Туттан хаптан сылбыр5а
Улэлиирэ Дьулур5а.
Уктэллэри дабайыа
а5а аатын ааттатыа.
Бэдэр мэйии бэт сымса
Бэргэн-тургэн толкуйдаах,
Ыьыктыбат ытарча
Тииннэ тэнни билиилээх,
Куйаар киэнэ ситимнээх
Сиртэн бе5е тирэхтээх.
Кэпсиир –ипсиир уус тыллаах,
Иэйэн этэр дьин кыахтаах,
Айымньыта обуордаах,
Ыыра кэниир кэскиллээх,
Кемус тарбах уус удьуор
Сайда туруо ис дьо5ур.
Олохпутун оноруо,
Эрэлбитин толоруо,
Булуо талыа барыны
Баьылыа5а сананы,
Аан ситими муоьалыа
Саха аатын ааттатыа
Эрчимнээх сахалыы музыка уолаттар биир линияҕа тураллар. Онтон дьоһуннаахтык туттан иннин диэки хаамаллар/ Презентация кестер.
Оҕо саас... Ахтылҕаннаах оҕо саас... Ханнык киһи сүүрбүт-көппүт оҕо сааһын сылаастык ахтыбата, сүрэҕэр иҥэрэн илдьэ сылдьыбата буолуой... Биһиги бары оҕо саастан төрүттээхпит эбээт. Чэйиҥ, истиэххэйиҥ, биһиги Олимп чыпчаалын дабайбыт улахан убайдарбыт оҕо саастарын туьунан тугу ахтыбыттарын, тугу суруйбуттарын..
На экране Роман Дмитриев
Рома: Мин биьикпин ыйаабыт сирим аан дойдуга саамай кэрэ кестуулээх! Теье да мин Эдьигээним Хотугу эргимтэ5э сыттар, кини саамай кыраьыабай айыл5алаах! Халын сис тай5атыгар сайынын эгэлгэ сир аьа уунэр: чээлэй куех сугун, уулаах отон, хара моонньо5он, онноо5ор дьиикэй виноград диир отонмут охта… Кулумурдуур ыраас уулаах, кемус хатырыктаах куеллэр, улуу Лена эбэбит – бу барыта мин дойдум, мин Эдьигээним!
Павлик: Мин тереебут дойдум, Саха сирин киин куоратыттан Дьокуускайтан 200 биэрэстэ тэйиччи сытар Чурапчым биир бастын беьуелэгэ Дирин.
Ийэм Харитина , а5ам география учуутала Байбал Титович Пинигиннэр. Биьиги дьиэ кэргэннэ сэттэ бииргэ тереебуттэрбит. Мин саамай ортоку о5обун: икки эдьиийдээхпин, икки балтылаахпын, биир убайдаахпын, биир бырааттаахпын. Саамай ортокубун!
Саша: Мин 1951 сыллаахха тохсунньу ый торулуур тымныытын бур5аҥнас үүт тураан тумана баргыйа турда5ына күн сирин кербүппүн. Сунтаар оройуона Иркутскай уобалаьы кытта силбэьэр сиригэр Айыы айбыт дойдута Туой Хайа диэн бөһүөлэк баара. Ол мин төрөөбут сирим буолар. Бу дойду ньүөл кырсыгар үтүө өйдөөх санаалаах, баай майгылаах, мааны сэбэрэлээх, нус-хас, дьоьуннаах, төрөл дьон үөскүүллэрэ.
Рома: Тереебут беьуелэкпэр Бэстээххэ мин тереебут сылбар туундара маанылаах кыылларын куех кырсаны уонна хара саьылы иитэр ферма тутуллубута. Бу хаьаайыстыба тула, тай5а ортотугар, балыксыттар, булчуттар уонна ферма улэьиттрин дьиэлэрэ тутуллан барбыттар. Онон беьуелэк миигин кытта тэннэ ууммутэ, улааппыта.
Павлик: А5ам Байбал Титович биьигини, уолаттарын айыл5а5а илдьэ сылдьан, булт абылагар уьуйара, ол быыьыгар сир симэ5ин кэрэ киэргэллэрин хатаран, гербарий онортороро. Кутаа тула олорон, оло5ун туьунан сэьэргиирэ. А5а дойду Улуу сэриитин кыттыылаа5а буолан, ол кэм алдьархайын угустук кэпсиирэ.
Саша: Мин дойдум сайа охсор мүөттээх салгына, үөһэттэн ктуллар угуттуур сылааһа, чээлэй күөх айылҕануурайар суугуна, сандаара көстөр ыраас уулаах Чуона өрүс үрүмэ долгунун дьиримниир чэлгиэнэ, булда-алда, хойуу көтөрө көрүөхтэн эриэккэс.Чугастааҕы күөллэрэ эмис собонон, мундунн таһымныыра, өрүстэригэр билиттэн хатыыөыгар тиийэ балык арааһа үөскүүрэ...
Рома: Мин а5ам, Михаил Романович, сонордоох булчут буолан, балыксыттары кытта тыынан эрдэн, ыраах сытар Туердуон диэн ааттаах арыыга уонна уда5ан, айыл5а биэрбит суду куустэринэн аатырбыт Аграфена хайатыгар бултуура. Булчуттар, бу хайаны ааьан иьэн, киниэхэ сугуруйэн, ууга туох эмит аьыыр астан бэлэх биэрэллэрэ.
Павлик: Мин от охсор бастакы хотуурбун а5ам сэттэ саастаахпар онорбута… Ходуьа5а тэннэ киирэрбит, кини киэн сири талан охсоро, миэхэ кыра субуу сири елуулуурэ. Ол эрээри тэннэ барсарбын ирдиирэ. Куустээх-уохтаах эр бэртэрэ буоларбытын ба5арара.
Саша: Туой Хайаҕа уран тыллаах, киэргэллээх кэпсээннээх, оонньуулаах-күлүүлээх дьон олороллоро. Сайыҥҥы киэһэлэргэ мустан киэһэтин волейбол, мохсуо бырахса оонньууллара, сүүрэн куоталаһаллара, атах оонньууларыгар күрэхтэьэллэрэ, тустан хачымахтаһаллара.
Рома: А5ам бултуур уутээнэ бу Туердуон арыыттан 50 биэрэстэлээх сиргэ, Лена эбэ ханас биэрэгэр баара. Онно дьонум сыл аайы кыстыыллара. Саас, кулун тутар 7 кунугэр онно, ыраах тайга быыьыгар, кун кубэй ийэм Александра Николаевна миэхэ кун сирин кердербут.
Павел: Мин а5абынан олуьун диэн киэн туттабын. Кини кыргыьыы хонуутугар снайперынан сылдьыбыта. Курскай дуга толоонугар устэ бааьыран туран, кыайыыны а5алсыбыта. Хорсун быьыытын иьин Кыьыл знамя орденынан на5араадаламмыта.
Саша Сайын балык сиэххин ба5ардаххына туоһапка сүгэһэрдээх Чуона өрүс кытылын кэрийэ хаамаҕын. Аллараа уу кытыытыгар улахан остуолга да баппат уһуннаах балыктар сыламныы сытар буолаллар. Кытылтан туран ол балыгы ытан дөйүтэн баран, быаҕа баайан, соһон таһаараҕын. Дьоҥҥо көмөлөһүннэрэн дьиэҕэр илдьэҕин.
Рома: Бары булчуттар о5олорун курдук, мин эмиэ эрдэттэн улэ5э уерэммитим. Убайбынаан Ганялыын кыра сугэлэрбитинэн мас кэрдэрбит, куобахха туьах иитэрбит. Бастакы бултуур тэрилбитин ох сааны а5абыт онорон биэрбитин олус кундутук саныыбын. Ол сааларбытынан олох чугастан уемэн тиийэн, курупааскылары ытарбыт, Биирдэ эмит елердехпутунэ, олустук да дьоллонорбут. Ийэбитигэр булпутун тиэрдэ охсоору мун кыраайбытынан суурэрбит.
Павел: Онтон мин о5о сааьым дьоллоохтук да ааьан испитэ, ол эрээри эмискэ куннээх халлаанна этин этэринии, биир сыл, мин сэттискэ уерэнэрбэр кутур5ан биьигини кууспута: кун кубэй ийэм олохтон барбыта… Биьиги а5абыт туьугар олуьун диэн долгуйбуппут. Дьинэр, мин а5абын, кыра балтыларбын, бырааппын хаалларыахпын олох ба5арбата5ым. Ол эрээри, а5ам уерэхтээх киьи буолуохтааххын диэн Чурапчыга спорт оскуола5а уерэттэрэ ыыппыта…
Саша: Мэҥкэр диэн оттуур сирбитигэр балааккабытын күөл диэки хайыһыннаран утуйарбыт. Сарсыарда күн тахсыыта кус-хаас саҥатыттан уһуктар буоларбыт. Хомойуох иһин, көччөх гынан көтүппүт бөһүөлэгим Туой Хайа билигин суох... Олох сайдыыта төрөөбүт үөскээбит айылҕабын суох гыммыта олус хомолтолоох. Бүлүүтээҕи ГЭС тутуллан дойдум муора анныгар барбыта.
Ити курдук, саха ус эр бэртэрэ ойор куннээх о5о саастарын, ытыктыыр тереппуттэрин туьунан истинник, сылаастык суруйан хаалларбыттара. Борбуйдарын кете5ен, хатыннардаах- чараннардаах, хампа солко алаастардаах биьиги Чурапчыбытыгар спортка уьаарылла кэлбиттэрэ.
Чурапчы күөн күрэс кыһата
Чулуулар үөскээбит сирдэрэ.
Чаҕылхай кыайыыга сирдээбит
Чахчыта Куоркуммут үөрэҕэ.
Аар саарга саханы ааттатан
Айхалы уруйу уһанан,
Арамаан, Уйбаныап, Пиниигин
Ааттара ааттанар өрүүтүн.
Ол этэ сахабыт тустуута
Кулумнуу куерэйбит куннэрэ
Ол этэ Куоркуммут ба5ата
Урдуктэн урдуккэ кетуутэ!
Ус саха уеруутэ
Ус чулуу уолаттар
Уйэттэн уйэ5э
Ус саха теруе5эр
Норуоппут номо5о буоллулар!