Идэ барыта туьалаах
план-конспект занятия на тему

Дагданча Анастасия Гаврильевна

 

Дьарык темата: «Идэ барыта туһалаах»

Дьарык сыала: - идэ туһунан билэр-көрөр баҕаларын сайыннарыы,

                              идэ туһунан өйдөбүлү үөскэтии;

Дьарык соруктара: - идэ арааһын билиһиннэрии;

                                   - идэ төрүттэрин билиһиннэрии, саҥарар

                                      дьоҕурдарын сааһылааһын;

                                     - идэҕэ интэриэһи көбүтүү,  айар,  сатабылы

                                       сайыннарар үлэни тэрийии;

Дьарык сайыннарар сыала: оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы,

                                                   идэ туһунан өйдөбүлүн кэҥэтии;

Дьарык иитэр сыала: оҕо идэ арааһын билэн  сөҕүүтэ, бэйэҕэ

                                        иҥэриитэ, төрөппүтүн идэтинэн  киэн

                                        туттуута;

Дьарык формата: оонньуу-дьарык

Туттуллар тэрилэ: проектор, экран

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon ide_baryta_tuhalaakh.doc51.5 КБ

Предварительный просмотр:

Дьарык темата: «Идэ барыта туһалаах»

Дьарык сыала: - идэ туһунан билэр-көрөр баҕаларын сайыннарыы,

                              идэ туһунан өйдөбүлү үөскэтии;

Дьарык соруктара: - идэ арааһын билиһиннэрии;

                                   - идэ төрүттэрин билиһиннэрии, саҥарар

                                      дьоҕурдарын сааһылааһын;

                                     - идэҕэ интэриэһи көбүтүү,  айар,  сатабылы

                                       сайыннарар үлэни тэрийии;

Дьарык сайыннарар сыала: оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы,

                                                   идэ туһунан өйдөбүлүн кэҥэтии;

Дьарык иитэр сыала: оҕо идэ арааһын билэн  сөҕүүтэ, бэйэҕэ

                                        иҥэриитэ, төрөппүтүн идэтинэн  киэн

                                        туттуута;

Дьарык формата: оонньуу-дьарык

Туттуллар тэрилэ: проектор, экран

Үтүө  күнүнэн!

Мин аатым Анастасия Гаврильевна.

Былыр – былыргыттан, күн бүгүҥҥэ диэри өбүгэлэрбит бэргэн этиилэри олохторугар, үлэлэригэр-хамнастарыгар туһаналлар «Киһини үлэ киэргэтэр» эбэтэр «Ким үлэлиир – ол аһыыр, ким үлэлээбэт – ол аһаабат».

- Үлэ диэн араас буолар, киһи үлэни бэйэтэ талар. Талбыт идэтин баһылаан олоҕун тухары бэриниилээхтик үлэлиир. Идэтин баһылыыр, сайдар, дьоҥҥо туһалаах киһи буолар.

Оҕолоор, мин эһиэхэ боппуруос биэрэбин: болҕомтолоохтук истиҥ:

- ким куурканы, ырбаахыны, эҥин араас өҥнөөх кинигэни атыылыырый? Атыылааччы

- ким минньигэс эбиэти: миини, соккуойу, салааты астыырый? Ас астааччы, асчыт

- Ким биһиэхэ олорор дьиэбитин, үөрэнэр оскуолабытын, маҕаһыыммытын тутарый? Тутааччы

- ким биһигини ааҕарга, суоттуурга, суруйарга үөрэтэрий? Учуутал

  Оҕолоор, биһиги бүгүҥҥү дьарыкка туох туһунан кэпсэтибитий?

- маладьыастар, саамай сөп. Биһиги бүгүн идэ туһунан кэпсэтэбит.

Чэйиҥ, оҕолоор ханнык идэлэри эһиги билэҕитий?

Идэ арааһа элбэх.

Оҕолоор, эһиги төрөппүттэргит тугу үлэлииллэрий?

- оҕолор санааларын истии.

Бүгүн эһиэхэ үһүйээн кэһиилээх кэллим:

- Былыыр-былыр таас үйэ анараа өттүгэр биир биис-ууһа, аймах дьон  таас хайа хаспаҕар олорбуттар. Эр дьон, аҕалар булдунан дьарыктаналлар.  Онно сөп түбэһэр булт тэрилин оҥороллор – ох саа, ох уонна араас быһыылаах кыра таас үҥүүлэри. Булт тэриллэринэн саамай улахан булду табаны, кабааны уонна тайаҕы бултууллар.

Онтон дьахталлар, ийэлэр дьиэлэригэр хаалан оҕолорун көрөллөр-харайаллар, иитэллэр, мас силиһин, араас отонноох үүнээйилэри хомуйаллар. Ас астыыллар. Кыыл тириитин имитэннэр, онтон араас таҥаһы-сабы, суорҕаны тигэллэр. Бу курдук хас күн аайы үлэлииллэр.

Бу кэнниттэн олохпут укулаата уларыйан, сайдан, араас идэлэр баар буоллулар.

Бары экраны көрүөххэйин:

- Эһиги иннигитигэр ханнык идэ көстөрүй? Быраас – врач

- библиотекарь – кинигэ уларсааччы, биэрээччи

- баттах оҥорооччу, кырыйааччы – парикмахер

- уруһуйдьут – художник – киистэ, кырааска, холуста – таҥаска уруһуйдууругар аналлаах

- Иистэнньэҥ – иистэнэр массыына, инньэ, сап, кыптыый, сүүтүк, таҥас,

Физминутка. Турабыт. Мин идэни ааттыыбын, оҕолоор эһиги хайдах хамсаналларын көрдөрөҕүт.

 Холобур: суоппар – илиибитин утары тутабыт, уруулу төттөрү-таары эргитэбит. Саҥа таһаарабыт – массыына тыаһа.

  • Муоста сууйааччы
  • сүүрүүк
  • таҥас өтүүктээччи
  • ас буһараааччы

Бөлөҕүнэн үлэ. Кэмбиэр иһигэр идэ ойуута, туттар тэрилэ баар. Онно атын идэҕэ сөп түбэспэт туттар тэрил баар. Сөптөөҕүн  булан илиискэ килиэйдиигин. Толкуйдаан таһаарыы. Бииргэ хомуллуу. Бары тэҥҥэ үлэлээһин.

Түмүк. Оҕолоор, бу дьарыкка идэ туһунан туох саҥаны биллигитий?

Тугу сөбүлээтигитий?

Бөлөҕүнэн үлэлиир үчүгэй дуо?

Хас биирдии үлэ наадалаах, туһалаах. Биһиги төрөппүттэрбит талан ылбыт идэлэринэн төрөөбүт дойдуларыгар, нэһилиэктэригэр, туһалаах идэлээх дьон буолалларынан оҕолоор киэн туттуохтаахпыт. Хоһоон ааҕыы:

Үлэ барыта учугэй

Идэ барыта бочуоттаах

Туох улэhит буоларым

Бэйэбиттэн тутулуктаах

Бука бары наһаа үчүгэйдик үлэлээтигит. Махтанабын.

Көрсүөххэ диэри!

Дьарыгы анализтааһын:

Дьарык темата: «Идэ барыта туһалаах»

Дьарык сыала: - идэ туһунан билэр-көрөр баҕаларын сайыннарыы,

                              идэ туһунан өйдөбүлү үөскэтии;

Дьарык соруктара: - идэ арааһын билиһиннэрии;

                                   - идэ төрүттэрин билиһиннэрии, саҥарар

                                      дьоҕурдарын сааһылааһын;

                                     - идэҕэ интэриэһи көбүтүү,  айар,  сатабылы

                                       сайыннарар үлэни тэрийии;

Дьарык сайыннарар сыала: оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы,

                                                   идэ туһунан өйдөбүлүн кэҥэтии;

Дьарык иитэр сыала: оҕо идэ арааһын билэн  сөҕүүтэ, бэйэҕэ

                                        иҥэриитэ, төрөппүтүн идэтинэн  киэн

                                        туттуута;

Дьарык формата: оонньуу-дьарык

Туттуллар тэрилэ: проектор, экран

Дьарыкка сүрүн болҕомтону универсальнай учебнай үлэҕэ (УУД) уурдум. Личностнай, регулятивнай, познавательнай, коммуникативнай туһаайан, иитэр сыалы үрдүктүк тутан оҥордум.

Төрөппүт идэтин сырдатыы

Тылдьыкка үлэ, тылы сайыннарыы

Мультимедийнай средство туттуу