удьуор утума
статья по краеведению по теме
Предварительный просмотр:
Васильев Гаврил Гаврильевич
Алексей Федорович Алексеев аатынан
Чуукаар орто оскуолатын эбии үөрэхтээһин педагога
Үлэм то5оостоох өрүтэ. Дьон оло5о тупсарын туhугар өйдөрүн-санааларын ууран, күүстэрин харыстаабакка чиэhинэйдик үлэлээн ааспыт дьон ааттара-суоллара умнуллуо суохтаах, кинилэр үлэлэрэ-хамнастара, дьон билиитигэр тахсыахтаах, биhиэхэ, эдэр ыччакка холобур буолуохтаах. Оннук киhинэн «Олох оңостуута» оскуола музейын төрүттээччи, Россия үтүөлээх учуутала Николаев Василий Николаевич буолар. Сахалар омук быhыытынан уратылаах сайдыыбыт – өбүгэлэрбит Ийэ айыл5аларын анааран көрүүлэригэр, мантан таhааран олохторун оңостууларыгар, культураларыгар буолар. Ол иhин музей «Олох оңостуута» диэн ааттаах. Кини сыала:
Өй-санаа, билии-көрүү сайдыытын историята олох оңостуутун культуратын кытта быстыспат ситимин көрдөрүү, өбүгэлэрбит олохторун хайдах оңостон кэлбиттэрин кытта билиhиннэрии;
«Киhи бу орто дойдуга өбүгэлэрин олохторун сал5ыыр, ийэ-а5а ууhун тэнитэр аналлаах төрүүр» диэн өйдөбүлү иңэрии;
«Бу сир үрдүгэр биhиги мэлдьи кэлбэтэхпит, олорон эрэ ааhабыт» диэн санааны иңэрэн «биирдэ бэриллибит оло5у сиэрдээхтик тэринэн, туhалаахтык олоруохха» диэн иитии.
Василий Николаевич чахчы күүстээх санаатынан, олоххо дьулуурунан, дьаныардаах үлэтинэн РСФСР үөрэ5ириитин туйгуна, «Саха-Азия о5олоро» фонда стипендиата, РСФСР үтүөлээх учуутала, «Мастер народных художественных промыслов и ремесел» диэн ааты ылбыта. Кини үөрэх кыhатыгар 40-с сылын бэриниилээхтик үлэлии сылдьан 2010 сыллаахха эмискэ ыалдьан олохтон хомолтолоохтук туораабыта. Таайым Баһылай Ньукулаайабыс киһиэхэ биирдэ бэриллэр оло5ун сиэрдээхтик тэринэн, туhалаахтык олорон ааста.
Үлэм сыала: «Киhи бу орто дойдуга өбүгэлэрин олохторун сал5ыыр, ийэ-а5а ууhун тэнитэр аналлаах төрүүр». Баһылай Ньукулаайабыс удьуорун утума сал5анар.
Соруктара:
1. Баһылай Ньукулаайабыс туһунан билиһиннэрии, аатын үйэтитии.
2. Кини оло5ун сал5ааччылар, утумнааччылар тустарынан матырыйаалы хомуйан сурукка тиһии.
Оҕо төрөппүттэригэр тоҕо маарынныырый? Англия омугун улуу биолог учуонайа Чарльз Дарвин айылҕаҕа сүүмэрдэнии тохтоло суох барарын, удьуордааһын уонна уларыйымтыа буолуу баарын туһунан дакаастаабыта. Килиэккэҕэ баар уустук оҥоһуулаах хромосомаҕа ген курдук дьиҥнээх удьуордуур эттиктэр баалларын билбиттэрэ ыраатта. Талааннаах уус, иистэнньэҥ, ырыа эйгэтигэр дьоҕурдаах, күүстээх быһый киһи ити дьоҕурдара үксүгэр оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр салҕанан барар. Ити курдук биһиги кими эрэ удьуордуубут, салгыыбыт. Киһи куһаҕан кэмэлдьитэ кытта бэриллиэн сөп. Ол да иһин киһи, бастатан туран, бэйэтин төрдүн-ууһун билэр буолуохтаах.
Василий Николаевич 1947 сыллаахха сэтинньи 30 күнүгэр Ньурба улууhугар θңөлдьө нэhилиэгэр төрөөбүтэ. «Кини эрдэ тулаайах хаалан эдьиийинээн былыргыларын тута сылдьар ыалга тубэЬэн уонна ааттаах уус, мындыр Чалаар Сүөдэр диэн ийэтинэн эһэтин дойдутун булан төрүттэриттэн бэриллибит талааннарын сайыннаран Чуукаары албан ааттатар улахан уус, мындыр педагог буолбут эбит дии саныыбын» диэн суруйар бэйэтин ахтыытыгар Петрова Светлана Гаврильевна, Ньурба улууЬун бочуоттаах олохтоо5о, үлэ ветерана.
1972 сыллаахха Нам педучилищетын бүтэрбитэ уонна төрөөбүт оскуолатыгар уруhуй уонна черчение учууталынан ананан кэлбитэ уонна 27 сыл айыл5аттан бэриллибит талба талаанын таба туһанан элбэх о5ону сырдыкка-кэрэ5э уһуйбута уонна олохторугар суолларын-иистэрин булуналларыгар көмө-тирэх буолта саарба5а суох. 2003 сыллаахха «Норуоттар до5ордоhуулара» музейга тэриллибит Василий Николаевич айар үлэтин 20 сыллаах кэмин хабар «Киэн куйаар аартыгар» быыстапката улахан сэңээриини ылбыта. Василий Николаевич “... философскай ис хоhоонноох айымньылара (хоhоонноро) – барылара саха киhитин үөрдэллэр”. Кини дьонно биллэринэн айыл5аттан айдарыылаах, “дирин билиилээх, туспа коруулээх, дэгиттэр, ураты талааннаах педагог” , ону тасынан “оссо уус илиилээх, уус харахтаах, уус тыллаах киhи”, норуот уус-уран маастара уонна «Олох оностуута» музей консепциятын торуттээччи. Быыстапка5а сылдьыбыт дьон кинини график, живописец, фотохудожник, поэт эбит диэн сыаналаабыттара. Эбиитин оссо учуутал, болуhуок, лектор …» буоларын билиммиттэрэ. Баар ахтыылартан, хаһыакка бэчээттэммит ыстатыйалартан көрдөххө дьон чахчы да5аны Баһылай Ньукулаайабыһы ытыктыыр, кини талааныгар сүгүрүйэр, көнө майгытыгар, дьоңңо сыһыаныгар, киэң далааһыннаах, кэскиллээх үлэтигэр махтанар.
Баһылай билигин суох эрээри кини сырдык аата биһиги сүрэхпититтэн, өйбүтүттэн-санаабытыттан хаһан да сүтүө суо5а, аата куруук ааттана туруо5а!
Ол курдук,
• Василий Николаевич аатын үйэтитэр сыалтан кэргэнэ, о5олоро 2011 сылтан анал стипендия олохтообуттара. Бу 10 тыһыынча суумалаах стипендия Педсовет быһаарыытынан оскуола выпускнигар ананар.
• 2014 сыл сэтинньи 7 күнүгэр «Чуукаар нэһилиэгэ» Муниципальнай тэриллии 53 №-дээх дьаһала тахсан, тэрийбит музейыгар Николаев Василий Николаевич аата иңэриллибитэ.
• Бу дьыл сэтинньи 30 күнүгэр Василий Николаевич сырдык (аатын кэриэстээн) кэриэһигэр аналлаах районнай научнай практическай конференция буолан ааста. Конференция5а «Баһылай Ньукулаайабыс педагог, патриот, уран илиилээх норуот маастара» диэн көлүөнэттэн көлүөнэ5э, үйэттэн үйэ5э сүппэт сырдык өйдөбүл буолар сыаллаах хаартысканан кинигэ сүрэхтэниитэ буолбута, «Айар үлэ умсул5ана» быыстапка дьон көрүүтүгэр турбута уонна 3 секциянан учууталлар, о5о иитээччилэрэ, эбии үөрэхтээһин үлэһиттэрэ дакылаат аахпыттара, кыайыылаахтар сыаналаах бириистэри туппуттара.
Василий Николаевич туйа5ын хатарар, удьуорун утумнуур ыччаттардаах. Кини училище5а уорэнэ сылдьан оло5ун аргыhын Олесова Саргылана Николаевнаны корсон, ыал буолбуттара. Кинилэр 4 о5олоохтор уонна 7 сиэннээхтэр. Тороппуттэр утуо холобурдара о5олорго бэриллэр. Ортоку кыыстара Саша ийэлээх а5атын идэлэрин батыһан, Чуукаар орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн Дьокуускайдаа5ы Технология уонна Дизайн Колледжыгар 2001 сыллаахха үөрэнэ киирбитэ. Манна кини идэни баһылыырга дьаныардаах, киэн эйгэ5э тахсар тэтимнээх үлэтэ са5аламмыта. Ол курдук, 2002 сыллаахха Саша Николаева Санкт-Петербург куоракка буолбут «Адмиралтейская игла» диэн аан дойдутаа5ы конкурска кыттыбыта уонна бастакы миэстэ буолбута. Кэлинни сылларга араас номинациялар кыайыылаахтарын аатын сүкпүтэ. 2004 сыллаахха Москва5а ыытыллыбыт. «Русский силуэт» муода күрэ5ин финалиһа, 2005 сыллаахха Москва куоракка үрдүк таһымнаахтык тэриллибит «Манящие миры» түһүлгэ I степеннээх дипломана буолбута.
Талааннаах кыыс саамай үрдүк ситиһиитинэн, таптыыр идэтин баһылаан 2004 сыллаахха «Дизайн костюма» квалификациялаах диплом ылыыта буолбута. Саша Корякина (Николаева) билигин аан -дойдуга биллэр ZА-ZA мода маркатын айан бар дьонун о5отуттан кырдьа5аһыгар тиийэ таңыннарар. Санкт-Петербург куорат улахан Торговай Центрдарыгар кини айбыт танастарын коллекциятын бутиктартан сөбүлээн дьон-сэргэ атыылаһар. Финляндияттан, Европа араас куораттарыттан кини айымньыларын сэргээччилэр анаан-минээн сакаас биэрэллэр.
Түмүк.
Киһи үүнэригэр-сайдарыгар, киһи-киһитэ буоларыгар икки сүрүн тосхол баар: удьуордааһын уонна иитии. Удьуордааһын өбүгэ ханнык эрэ үчүгэй өрүтүн, дьоҕурун, сатабылын, талаанын хаанынан иҥэринэн, ону сайыннаран, иитиэхтээн туһаҕа таһаарыыта, бу киһи орто дойдуга кэлбит биир сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ буолар.
Саша Николаева, оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр инники олоҕор айымньылаах үлэ үөһүгэр айанныыр суолун сатабыллаахтык, инникилээхтик, ырааҕы көрөн тэлбитэ, кини айылҕаттан талааннаах учуутал дьоннорун Саргылана Николаевна Олесова, Василий Николаевич Николаев айар талааннарын чыпчаала буолбута чахчы.
Саша айар-тутар дьоҕура удьуоруттан, талба талаана төрөөбүт оскуолатын үөрэтэр, сайыннарар кыаҕыттан куорсун аспыта. Ол курдук кини оскуола биир бастыҥ үөрэнээччитэ, кэрэни айан нэһилиэгин дьонун сэргэхситээччи уонна саҥаттан-саҥаны тобулан дьон махталын ылааччы, туспа эйгэлээх кэскилээх оҕобут буолар. Айылҕа көтөрө-сүүрэрэ, кыыл-сүөл түүтэ-тириитэ байанайдаах булт кэннэ туора садьыллан хаалбакка туһаҕа тахсан, иккис тыын ылан дьон өйүн санаатын хамсатар абылаҥ күүстэнэрэ бу эмиэ туспа сатабыл.
Чуукаар оскуолатын саалатыттан, кулуубун сыанатыттан кини айымньылаах, туспа буочардаах араас таһымнаах үлэтэ сүрэхтэнэн аан дойду муодатын киинэ буолан уос номоҕор сылдьар. Кыра кыыс Света Якутскайга техническэй институкка архитектура - дизайн факультетын бүтэрбитэ. Кэргэннээх, икки уоллаах. Улахан кыыс Вера ЯГУ Мирнэйдээ5и филиалын үөрэнэн бутэрбитэ. Кэргэннээх, уоллаах, кыыстаах. О5олоро студеннар. Иллэң кэмигэр баайарын, иистэнэрин собулуур.
Ураты дьоҕурун оҕо сааһыттан иитиэхтээн, аан дойду таһымыгар таһаарбыт дизайнер идэлээх кыыһа Александра Николаева уонна сиэнэ Аграфена Михайлова удьуор утумун сал5ааччылара буолаллар. Баһылай Ньукулаайабыс айар дьо5ура, талаана, көнө, үтүө майгыта көлүөнэттэн көлүөнэ5э бэриллэн аатын үйэлэргэ ааттата турдун