Ньургуhуннар
методическая разработка по технологии (5 класс) на тему

Семенова Александра Егоровна

Тулалыыр эйгэни, айыл5аны  харыстыырга  о5олор бол5омтолорун тардыы

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл nurguun_maastar_kylaas_bylaana.docx27.15 КБ

Предварительный просмотр:

Билиикэптии аа5ыыга маастар кылаас былаана.

Буолар кунэ: 12.04. 2017 с.

Кылаас: 5

Маастар кылаас тиэмэтэ: «Ньургуьуннар»

Сыала:- Тулалыыр эйгэни, айыл5аны  харыстыырга  о5олор бол5омтолорун тардыы ;

             - Баар матырыйааллартан айан, уларытан, толкуйдаан,  оцорон таьаарыы

Соруктар: 1. Айыл5а5а харыстабыллаахтык сыьыаннаьыыны иитии

                   2. Айар дьо5уру сайыннарыы.

Тутуллар тэрилллэ уонна матырыйааллар: -компьютер, мультимедийнай проектор, экран;

-фоамиран 3 еце (фиолетовай, ара5ас и сырдык от куе5э); кыптыыйдар; бааталаах палочка; тейп-лента от куе5э ец; етуук; килиэй арааьа (итии килиэйдээх пистолет, пва, титан); пенопласт кусуоктара.

1.Киирии чааhа:

-Дорооболоруц, о5олор!

- О5олор бу муусука кэрэ алыбар уйдаран дьыл ханнык кэмин, иьиттигит? Тула5ытыгар айыл5а туох кестуутун хараххытыгар кердугут?   (Чыычаахтар, урэх, отоннор, …)

-Саас бастакы сибэккибит ханныгый? (Ньургуьун)

Нууччалыы сурулларынан (Подснежник, Прострел желтеющий). Биьиги сахалар Ньургуьун диэн ааттыыбыт. Дьицнээ5э  латыынныы «галянтус» (Galanthus) «молочный цветок» диэн тылтан тахсыбыт. Ньургуьун – саас эрдэ тоц буору тобулан уунэр, хаар анныттан аан бастакынан тахсар дьикти сибэкки. Алааска, халдьаайы быарыгар уунэр. Ньургуьун икки араастаах. Булуу ерус сунньугэр чэрэниилэ куех ецнеех уунэр, илицци улуустарга- саьархай. Ньургуьун сибэккитэ  алта эминньэхтээх, биир сиртэн сарайбыт тууну санатар сэбирдэхтээх олус кэрэ сибэкки.

Ньургуьун- учугэй эмчит. Сибэккитин эмин дьайыыта куустээх буолан сэрэнэн туттуллуохтаах.Хомуйан кеенньеьук оцорон , араас дьар5а ыарыытыгар, суьуех ыарыыларыгар туттуллар. Сибэккитин дьербете ситэ аьылла илигинэ, ыам ыйыгар хомуйуллар.

Ньургуьун сибэкки туьунан теьелеех хоьоон, ырыа айыллыбыта буолуой?

- Билигин ньургуьун сибэкки туhунан Николай Артьемев хоhоонун дор5оонноохтук аа5ан иьиттэриэ5иц:

Ыраас кырдал кытылыгар,

Ыркый ойуур са5атыгар,

Чагда дьэцкэ тыатыгар,

Хатыц чарац быыhыгар

Сааhын эн тахсан

Куну керсе куегэйэ5ин

Ньургуhунум барахсан

Дойдум ньуурун симиигин

Сиккиэр тыалтан наскыйан

Сэгэлдьийэ тура5ын

Уеруугуттэн долгуйан

Уцкуулуургэ дылыгын

Сиэдэрэйкээн дьуhунуц

Сурэ5и сымнатар,

Саца тыллар мессуенуц

Сахам кыыhын санатар

Бу хоьоонунан  Дмитрий Санников  мелодиялаан  ырыа таhаарбыта.

Эьиги санаа5ытыгар ньургуьуну то5о хорсун сибэкки диэн ааттаабыттара буолуой?

-  Ньургуьун Кыьыл Кинигэ5э киирбит сибэкки. Ньургуьуну хайдах харыстыыбыт?  

2. Ньургуьун сибэккини харыстыырбыт наадаттан хайдах гынабыт?  (о5олор эппиэттииллэр)

 Ойуурга бэлиэлэри оцоруохха сеп «Ньургуьуну ургээмэц!», «Ньургуьуну харыстаац!»

-Хас биирдии киьи кэлэр келуенэбитигэр бу дьикти тоц буору тобула уунэн тахсар сибэккибит кэлэр кэнчээри ыччаттарбытыгар хааларын туьугар кыьаллыахтаахпыт. Мээнэ ургээбэккэ

Ньургуьун бырааьынньыга баарын билэ5ит дуо? 2014 сылтан сыл аайы Саха сиригэр ыам ыйын 18 кунугэр бэлиэтиир буоллубут. Бу кун Ньургуьуцца аналлаах хоьоннор аа5ыллаллар, ырыалар ыланаллар, араас матыраайалтан ньургуьун сибэкки оцоьук курэхтэрэ буолаллар,

3.  Ол иьин ньургуьуцца майгыннатан дьиэбитин киэргэтэ, харахпытын уердэ фоармиран матырыйаалтан ньургуьун сибэккини киьи дууьатын уердэр дьиэ киэргэлин, бадаарак-сувенир оцуоруохха сеп.

Ньургуьун сибэккини оцорорго биьиэхэ наада:
* Фоамиран септеех ецнере.
* Шаблоннар.
* Кыптыый.
* Пыльцатын оцорорго септеех фоармиран.
* Бааталаах палочка.
**  ПВА, Титан  килиэй.эбэтэр итии килиэйдээх пистолет
* Етуук эбэтэр баттах эрийэр плойка.
* Тейп-лента.

Презентация.

4. Тумук.

Маннык ньургуьуннары оцоро уерэннигит. Киьи  фантазия5ыт сайыннаран тугу ба5арар оцоруоххутун сеп

 «Титан» килиэйинэн туттарга аналлаах  быраабылалар:
1. Килиэйи туттарга киистэнэн тутун.
2. Улэлииргэр септеех эрэ килиэйи тутун.
3. Чараастык сыьыаврар сиргэр бис.
4. Харахар киллэрбэт, тацаскар биспэт таарыйбат курдук кыьан.
5. Туттан буттэххинэ кичэллээхтик хаппахтаа.
6. Улэлээн буттэххинэ мыылалаан  илиигин суун.


Кыптыыйынан улэлииргэ сэрэхтээх буолуу быраабылалар
1. Кыптыыйы туттар еттугэр сабыылаах  уур.
2. Кырыйаргар  хайысхатын бол5омтолоохтук керен кырый.
3. Алдьаммыт, сыппаабыт кыптыыйынан улэлээмэ..
4. Кыптыыйынан далбаатаммакка чекетук улэлээ.
5. Туран эрэн эбэтэр хаама сылдьан кырыйыма.
6. Аттыгар олорор табаарыьыц диэки хайыьан олорон кырыйыма.
7. Кыптыыйы биэрэргэр сабыылаах тутаа5ынан уунан биэр..
8. Кырыйар матырыйаалгын хацас илиигинэн кемелеьуннэрэн кырый.

Сахабыт Сирин тоц буору тобулу уунэн тахсар хорсун сибэккибитин харыстыа5ыц, мээнэ ургээчилэргэ ейдетер улэлэри ыытыа5ыц диэн ыцырабын.

 Бо5омто5ут иьин махтанабын.

Туттулубут матырыйааллар:

  1. Дойдум эмтээх уунээйилэрэ. Галина Иванова- Айтыына, Светлана Дягтерева, Людмила Винокурова, Розалия Готовцева. Дьокуускай. Бичик. 2015.
  2. Лекарственные растения Якутии. Л.В. Кузнецова, А.П. Исаев, .П.А. Тимофеев, Якутск. Бичик 2016.
  3. Декоративные растения Якутии. Н.С. Данилова, Т.Ю. Рогожина, А.Ю. Романова, С.З. Борисова, А.Е. Петрова. Якутск. Бичик,2010.