Сценарии литературных вечеров к юбилеям якутских писателей
материал
Сценарии литературных вечеров к юбилею Амма Аччыгыйа- Н.Е.Мординова и А.И.Софронова Алампа
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Литературные вечера к юбилею якутских писателей | 639.67 КБ |
Предварительный просмотр:
Дьокуускай куорат 7 оскуолата |
Литературнай киэһэ сценарийдара |
Саха тылын уонна литературатын учуутала Сорокоумова Саргы Ивановна |
Иһинээҕитэ
- Саха народнай суруйааччыта Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах “Сааскы кэм” диэн литературнай киэһэ сценарийа (2- 14с)
- Анемподист Иванович Софронов –Алампа135 сыллаах юбилейигэр аналлаах литературнай киэһэ сценарийа (15-27 с)
Саха народнай суруйааччыта Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах “Сааскы кэм” диэн литературнай киэһэ сценарийа
.
Сыала: Амма Аччыгыйа уһулуччулаах айымньыта - “Сааскы кэм” роман тылын күүһүн, саха киһитигэр суолтатын оҕолорго (5-11 кыл) тиэрдии.
Соруктар:
- Амма Аччыгыйын айар үлэтигэр кэрэхсээһини үөскэтии
- айымньы ис хоһоонун (саха олоҕун-дьаһаҕын, сиэрин-майгытын, уйулҕатын) билиини дириҥэтии
- оҕо айар дьоҕурун, оонньоон көрдөрөр сатабылын сайыннарыы
- учуутал уонна оҕо бөлөҕүнэн үлэтин тэрийии
Сценаҕа: Аал Луук мас, үөһэ Амма Аччыгыйын портрета, 115 сыл диэн сурук, хаҥас- көмүлүөк, төгүрүк олоппос, талах олоппостор, саахымат көбүөрүнэн сабыллыбыт наара орон; уҥа- күрүө
Т/средства: микрофон-2 , прожектор-осветитель-2 ;былыргы маллар: ыаҕайалар, сылабаар, мас халандаар, көстүүмнэр, бутафория
Кыттааччылар: 6-10 кылаас оҕолоро, учууталлар
Тыас-уус, музыка:
- Хатылаевтар “Көтүү” музыкалара
- народнай инструменнар музыкалара
- Сэрии тыаһа-ууһа
- ”Учууталбар” ырыа фонограммата (минус)
- Ардах, этиҥ этэр тыаһа
Туһаныллар литература:
- Сааскы кэм:роман
- Литература кэрэһиттэрэ: 10-11:хрестоматия- Дьокуускай: Бичик, 2006.-248с.
Саҕаланыыта
Дьон мустар кэмигэр Хатылаевтар “Көтүү” музыкалара тыаһыыр
“Үчүгэйиэн алааспар” Ансамбль (учууталлар) толоруутугар ырыа. Национальнай инструменнар доҕуһуолунан (кырыымпа, дьаҕа)
Илин халлаан иитин сабан
Итии салгын түһүүтэ
Күөх от хамсаан көмүс уунан
Күлүмүрдээн көстүүтэ
Үчүгэйиэн алааспар
Хоту халлаан хоонньун сабан
Хойуу тыата үүммүтэ
Арҕаа дабаан аанын аһан
Аартык суолуң тэлбитэ
Үчүгэйиэн аласпар
Күнүм охсон күөнэх оонньоон
Үөрэ-күлэ сыппыта
Көтөр хойдон хонук хонон
Хобо, чуораан тарпыта
Үчүгэйиэн алааспар
Сценаҕа тахсаллар:
Микиитэ
Өлөксөй –Микиитэ инитэ
Сөдүөччүйэ-Микиитэ ийэтэ
Дьөгүөрдээн- Микиитэ аҕата
Даарыйа эмээхсин –Эрдэлиир Миитэрэй ийэтэ
Ылдьаана – Сөдүөччүйэ балта
Ылдьаана оҕонньоро Уйбаан
Кыра уоллара
Уйбаан аҕата
Эрдэлиир Миитэрэй-дьукаахтара
Остуоруйаҕа кыттар оҕолор: Чооруос (Хотой), Күтэр (Хахай)
Бары: Амма Аччыгыйа! “Сааскы кэм”!
Өлөксөй: Роман!
Сцена сыыйа хараҥарар
❶Бастакы түһүмэх
Остуоруйа алыба
Микиитэ (халандаардаах, халандаарын көрөр:-истэр): Мин Микиитэ диэн буолабын. Ийэм аата Сөдүөччүйэ, Аҕам Молоох уола Дьөгүөрдээн. Өлөксөй уонна Сэмэнчик диэн инилэрдээхпин. Эһэм Молоох Миитэрэй, Эбэм Баһыахтыыр Балбаара. Мин Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” диэн романын геройабын.
Даарыйа эмээхсин куобах тириитин тутан киирэр
Д.Э:Чэ, кэл эрэ, доҕоор, бу диэки. ( Микиитэлиин сцена иннигэр төгүрүк остуол тула олороллор, хабылыктыыллар)Ээ дьэ, оҕом дьоллоох, бааттаах киһи буоллаҕа
(Даарыйа куобах тириитин имитэ-имитэ кэпсиир)
Д.Э: Кыһын сайыннааҕар тоҕо уһун буолбутун билэҕит дуо, доҕоттоор? Көр ол маннык ээ. Былыыр-былыр, сылгы, ынах кыыл сылдьар кэмнэригэр, оҕус уонна атыыр мөккүспүттэр.
Оҕус эппит:
- Сайын муннум уута сүүрэр. Муннум кыһыйар, муннум сытыйар. Сайын кылгас буоллун.
Атыыр эппит:
- Кыһын атаҕым сылайар. Атаҕым тоҥор. Атаҕым ыалдьар. Кыһын кылгас буоллун.
- Мөккүһэн баран этиспиттэр. Этиһэн баран охсуспуттар. Оҕус атыыры үөһүн тоҕу сиэлийэн кэбиспит. Атыыр түҥнэри холоруктуу түһээт, оҕуһу тииһин көтүрү тэппит.
Түөрт атахтаах бииһин ууһа мунньустан дьүүл аспыттар. Оҕус мөссүөнүн алдьаппытын иһин атыыры ордук буруйдааҕынан аахпыттар. Онон оҕус баҕата туолан, сайын кылгыырыгар эппиттэр. Онон ыла сайын кылгаабыта үһү. Оҕус тоҕу сиэлийэн кэбиһэн, онтон ыла сылгы үөһэ суох буолбут. Атыыр көтүрү тэбэн кэбиһэн, онтон ыла ынах сүөһү инники үөһэ тиистэрэ суохтар...
(Салгыы дурда эргитэллэр. Аны Микиитэ кэпсиир)
М: Чэ, аны мин кэпсиибин. Былыыр-былыр элиэ Улуутуйар улуу тойон сылгыһыта эбитэ үһү. Улуутуйар улуу тойон киниэхэ эрэ сылгытын үөрүн итэҕэйэн сылгылаар үһү. Арай биирдэ сылгы сылгылыы барбыта икки хоммут да элиэ кэлбэтэх. Көрдүү кэлбит дьон элиэ биир кулуну уоран сии олорорун көрөн төннүбүттэр. Үһүс күнүгэр элиэ кэлбит. Улуу ойон кинини ыҥыртаран ылбыт:
- Хайа, нохоо, ханна сырыттыҥ?
- Сылгы сылгылыы
- Сылгыларыҥ бары бааллар дуо?
- Биир кулун сүттэ.
- Көрдөөтүҥ дуо?
- Үс түүннээх күн көрдөөтүм
- Буллуҥ дуо?
- Көстүбэтэ
- Кырдьык дуо?
- Кырдьык...
Онуоха Улуу тойон олустук уордайбыт.
- Өлөрдүҥ. Уордуҥ. Сымыйалаатыҥ. Үс төгүл халыҥ буруйу оҥордуҥ. Сааһыҥ тухары кулуннуу кистии сырыт. Элиэтии көтө сырыт. Суолга охтубут собулҕаны тоҥсуйа сырыт.
Онтон ыла элиэ кулуннуу кистиир. “Анньа-һа-һаа!”.былыр бэйэтэ уоран сиэбит кулунун көрдүүр, собулҕаны тоҥсуйар (Микиитэ элиэ курдук илиитин даллатан сүүрэкэлиир)
Д.Э.: Чооруос төбөтө кыһыл ээ, доҕор. Ити маннык...
Микиитэ остуолга бүк түһэн утуйан хаалар. Түүлүн көрөр.
народнай инструменнар музыкалара
“Чооруос икки, күүдээх икки остуоруйа”- 6 кылаас
Д.Э: Былыыр- былыр чооруостаах күүдээк күүстэрин холбоон бйиргэ кыстыырга сүбэлэспиттэр. Күүдээк бытаны, сардаананы, бурдугу хаһааммыт. Чооруос мас дабаххайын, эрбэһин туораҕын хаһааммыт. Кыһын ортотугар дылы күүдээк хасааһын иккиэн сиэн бүтэрбиттэр. Онтон чооруос хасааһыгар киирбиттэрэ, дабаххайы да, эрбэһин туораҕын да күүдээх аһаабат астара буолан биэрбит. Күүдээх ыксаабыт.
— Эн миигин албыннаабыт эбиккин, хара түөкүн! — диэбит.
- Мин эйигин албыннаабатаҕым, бэйэм аһыыр астарым. Бу көр ээ! — диэбит да чооруос бэйэтин хасааһын тоҥсуйан тобугураппытынан барбыт. Күүдээк абаланан чооруос үрдүгэр саба түспүт. Охсуһуу буолбут.
Д.Э:Чооруос түөһүн күүдээк хайыта тыыппыт уонна куйахатыттан ойо ытырбыт.
Күүдээк хомурҕанын уҥуоҕун чооруос тосту тоҥсуйбут.
Онтон ыла чооруос түөһэ кыһыл эбирдээх уонна төбөтө кыһыл түүлээх буолбут. Онтон ыла күүдээк хомурҕанын уҥуоҕа тостон баран оспут курдук бөлтөгөрдөөх буолбут.
Үҥсүү барбыт.
(инсценировка)
Көтөр кынаттаах ыраахтааҕыта Хомпоруун Хотой эппит:
- Мин киһибин Чооруоһу атаҕастаабыттар.
Сүүрэр атахтаах ыраахтааҕыта Хахай кыыл эппит:
- Мин киһибин Күүдээҕи атаҕастаабыттар.
Икки ыраахтааҕы тылтылларыгар киирсибэтэхтэр. Онтон Хомпоруун Хотой туран, көтөр кынаттаах тоҕус бииһин ууһун сытыы кырбый суорумньуһутунан күөйтэрэн аҕалтарбыт уонна суор суруксукка бирикээс биэрбит:
- Халыҥ сэриини испииһэктии оҕус! Хааннаах кыргыһыы тахсаары гынна!
Онуоха Хахай кыыл туран, сүүрэр атахтаах аҕыс бииһин ууһун сур бөрө сонордьутунан хомуйтаран ылбыт уонна саһылыкаан албыҥҥа ыйаах ыйбыт:
- Ааттаах армияны ааҕа оҕус! Алдьархайдаах айдаан тахсаары гынна!
Хомпоруун Хотой таас дьааҥы чабырҕайыгар тахсан даллаарыс гына олоро түспүт да, таҥнары көрөн олорон, таҥалайын таҥсынан дьаҕырыйбытынан барбыт. Хахай кыыл улуу тумул тумсугар “адьырыс” гына ыстанан тахсыбыт да өрө көрөн туран, ынырыктык ырдьыгынаан ыкпытынан барбыт.
(Сэрии музыката тыаһыыр) сыыйа хараҥаран баран сырдыыр.
Д.Э: тоойуом, үөрэҥ тобоҕун ис. (Микиитэ уһуктар)
(Таһырдьатта Миитэрэй киирэр. Атаҕын тэбэнэр)
Д.Э: Киммит кэллэҕэй... сээкэй сонуннаах саха урааҥхай буоллар үчүгэй этэ.
Аан киэҥник тэлэллэ түһэр да, эмээхсин бэйэтин кыра уола Миитэрэй, намыһах уҥуохтаах бэйэтэ, бэрт үрдүк киһилии, ааҥҥа наһаа төҥкөйөн киирэр. Чонойуоҕунан чоноччу туттан, тобуктарын бокуппакка дьоролдьуйан иккитэ-үстэ атыллаат, кини тохтуу түһэр, ийэтин диэки сүр киэҥинэн күрдьэччи көрүтэлиир, ханна да суох бытыгар сыстыбыт кырыаны сыыйа тардыталаан сиргэ илгитэлиир, ханна да суох саал былаатын сүөрүнэн, сототугар охсунан баран уот иннигэр аҕалан ыйыыр. Дьэ уонна эрэ бэргэһэтпн устан, тарбахтарын төбөтүнэн тутан, уҥа ороҥҥо илдьэн аргыый түһэрэн кэбиһэр.
Даарыйа эмээхсин эйэҕэстик эҥээрийэр:
- Ыалдьыт, тугу иһиттиҥ, доҕоор, туох сонуннааххын?
- Суох! — диэн муннунан соҕус дириҥник кигинэйэн кэбиһээт, Миитэрэй оһох аттыгар сото кэбиһэн туран, хамсаҕа табах уурунар.
- Дамыйаан дуу?..— Эмээхсин сибигинэйэн Микиитэттэн ыйытар, кып-кыһыл кыараҕас харахтарынан орон диэки одуулаһан симириктиир. Микиитэ күлэн кыччыгыныыр. Эмээхсин онтон саарыах курдук гынан эрдэҕинэ
Миитэрэй: «Эһиги тугу биллигит?» диэн сөҥөдүйэн кэбиһэр. Онуоха Даарыйа эмээхсин аттынааҕы олох маһы туппутунап уот диэки тэйээриҥнээн иһэн, этэр:
Д.Э: Балаҕан бараахтара, хотон хоптолоро биһиги тугу билиэхпитий! Дамыйаан, чэ, тукаам, сыыйа-сыппайа сээкэйдэ сэһэргии түһэн...
- Миитэлэй... Миитэлэй,-диэбитинэн хотонтон Өлөксөй уол сүүрэн тахсап Миитэрэй атаҕын кууһа түһэр.
Эмээхсин олох маһын туппутунан тохтуур, ол-бу диэки көрүөлүүр уонна бэйэтин уоскутунардыы: «Чэ, кэл- биччэ, иттэн да барыым»,— диэн баран уот кытыытыгар олорунар.
Д.Э: Бу «Дьону үтүктэр идэбиттэн хаһан эмэ өһүргэс тахсыа» диэн саныырдаах буолаҕын дуо, доҕоор, Миитэрэй Харалаампыйап?
Э.М: Оннук санаабат буолабын! — диэн түргэнник хоруйдаан кэбигирэтэн кэбиһээт, Миитэрэй кыҥнах гынар, аллараа уоһун энньэтэн, арыттардаах уһун тиистэрэ аты- гыраһан көстөллөр.
Д.Э: Ээ... Ону баара мин «Киһини өһүргэтэн иирээн тахсыа» диэн санаан аһарардаах буолабын эбээт.
Э.М: Тыый, сатаабат эрээри үтүгүннэххэ кыыһырыахтара эбитэ ини! Үнүрүүн Дамыйааннаахха сылдьан үтүктэн көр бөҕө. Дамыйаан күлэн уҥа олорор. Бэркэ тахсы- быта.
Д.Э:Чэ, ол эрээри, сэрэнэн оонньуур үчүгэй буолуо суоҕа этэ дуо, доҕор?
Э.М: Сэрэнэн-сэрэнэн, ол баҕас, бодуруобуна бэлэм!
Д.Э:Хайа, тукаам, өрүү мэлийдиҥ дуу?
Э.М: Мэлийэн, кырынаас, ыт баара, эмиэ тарбаан эспит. Биир лааскайы эрэ аҕаллым.
Эмээхсин үөрэ түһэр
Д.Э:Ыы, тукаам, лааскайыҥ кырынаас балта эбээт! Чэ, аһата оҕус — «Үөргүн-сүүрүккүн үүрэн-түрүйэн аҕал», -диэ.
Тартан тарбаҕын төбөтүнэн ымньаан ылан лааскайын муннугар сото-сото, Миитэрэй ал- гыыр:
- Чэ, доҕоор, аһаа-сиэ, кытаат. Миэхэ өлөҥҥүн бу абыраннаххын көрбөккүн дуо!
- Ээ, кэбис, доҕоор! «Бэйи, оонньоомуум эрэ» дии санаабат бэйэкэҥ буоллаҕа дуу?
Э.М: Санаан-санаан... Эдьиийгин, «Түгэх хочоҕо» баар кырынааһы чааххааммар киллэр эрэ. Үөргүн-сүүрүккүн барытын мин чааххааннарбар үлтү үүрэн киллэр... Төһө үөрдээх күтүр эбитэ буолла... Атыыр эбит дуу? Ойохтоох буоллаххына...
Д.Э: Ээ, кэбис, тукаам...
Э.М. Уо, алҕас
(Уот сыыйа хараҥарар- “Көтүү” музыка)
❷иккис түһүмэх
Ийэ барахсан
Уус-уран ааҕыы “Айан”. 5 онус кылаас оҕото. Сахалыы таҥастаахтар, дэйбиирдээхтэр. Микрофоҥҥа ааҕаллар.
“Көтүү”музыка тыаһыыр Ааҕар дьон сырдатыллан көстөллөр
Маҥнайгы оҕо
Хас эмэ киэһэ сүбэлэһэн бараннар, Микиитэ ийэтиниин Тааттаҕа тахсар буоллулар. Сөдүөччүйэ Таатта кыыһа эбит. Үчүгэйдик өйдөтүстэххэ, бэрт ырааҕынан да буоллар, онно уруулардаах эбит. Сорохторо баайдар. Туох билиэй, баҕар, аһыныахтара. Бу эрэ кыһыны туорууллара буоллар. Эһиил элбэх бурдук үүнүө, элбэх от оттонуо, күндү булт бултаныа, хайдах эмэ байыахтара.
Айанньыттар иэдьэгэйдээх тууйас тутуурданан, хойуу сөкү от бүөлүү үүммүт үрэх хоролҕон суолун устун айаннаан саппырдаһан истилэр. Дөрүн-дөрүн олоро түһэн иэдьэгэйдэриттэн кытаахтаан сииллэр уонна эмиэ хаамсыбытынан бараллар.
Суол кытыытыттан оҕолоох куртуйахтар көтөн күлүбүрэһэн тахсаннар, куллурҕаһа-куллурҕаһа, тыаҕа киирэн тарҕанан түһэллэр. Микиитэ уол мутугу туппутунан тыаҕа сүүрэр. Атах анныгар чубугуруу түһээт, моҕотой хойуу кутуругунан угуйбахтыы сүүрэр. Уол эккирэтэн кулахаччытан, тииккэ таһааран баран, мутугунан быраҕаттыыр. Ийэтэ суол устун оргуүй бара турар. Олус өр улдьааран хаалан, уол ийэтин бэрт эрэйинэн ситэр. Сороҕор, ийэтэ үрэх халдьаайытыгар үүнэр уҥуохтаах отоҥҥо көһүтэн суол кытыытыгар олорор буолар.
— Бу курдук айаннааммыт биэс көс сиргэ хаһан тиийэбит? Муннаҕа диэн куттаныы бөҕөнү куттанным,— диир.
«Аны үөнү-көйүүрү эккирэтиһиэ суох буолан» уол бигэ тылын биэрэр.
Күн ортотун диэки аччаччы сылайан хааллылар. Ол кэмҥэ тус илин диэкиттэн өһөх былыт халыйан тахсан ситэ баттаата. Үрэх куулалара куугунаһа тыаһаатылар. Онтон эмискэччи им-ньим буолан хаалла. Туох барыта кирийдэ, бүктэ. Икки-үс бөдөҥ тымныы таммахтар түстүлэр. Онтон дьэ омуннаах аххан ардах үҥкүүлээн битийдэ эбээт! Уол ийэтиниин куустуспутунан тиит анныгар олордулар да, сотору соҕус буолаат, ньылбы сытыйдылар.
Ардах бэрт өр түһэн баран, күн киириитэ эрэ уурайда. Аны үрэх сүнньүнэн сүлүһүннээх тымныы тыал таҥнары үрэн сирилэттэ. Тоҥнулар, ыксаатылар.
Иккис оҕо
Ыраах сиргэ айанныырга бэлэмнээн эргэ таҥастарынан хос-хос абырахтаабыт ньилбэктэрдээх ыстаанын куртуйаҕы, моҕотойу бултаспыт омунугар уол тоҕута көппүтэ саманна арыллан, иэдээн буолла. Сөдүөччүйэ айманна:
- Бачча бэдик акаарыҥ тугун сүрэй! Туоххун эрэ саныы-саныы быччайан эрээхтиигин!..
- Эргэ тэрэпиискэ туомунан абырахтаан...
- Саҥарыма! Бии дьааһыкпар симэн сытыарар солкобунан абырахтыам дуо? Өрө быччайан, киммит оҕотой бу!
Кини мөҕөр, быччаҕары мантан ыла тохтотуох буолар, уолун бары буруйун соруйан мунньан аххан сылдьар үһү.
Туох да ситимэ, быһаарыыта суох биирдии-иккилии тылы төлүтэ чардырҕаан кэбиһэ-кэбиһэ, уол ытаан сыыгыныы олордо.
Онтон Сөдүөччүйэ сарбынньахтаах элбэх салаалардаах сымнаҕас оту ытыһыгар тэнитэн балачча өр саҥата суох кэрэхсии олордо.
- Чэ, тохтоо, бөтүөхтээмэ!
Итини кини сымыйанан кырыктаммыта буолбут куолаһынан эттэ.
Уол кыратык сыҕарыс гынна да, өссө күүһүрдэн ытаан бөтүөхтээтэ.
Сотору соҕус буолаат, ийэтэ тутан олорор отун уунна.
- Мэ эрэ, сыччыай, көр эрэ маны...
Өрө хайысхаланан кэбиһээт, уол өссө күүстээхтик бээҕинии түстэ.
- Бу туох иннигэр ооккобун-чыычаахпын ытатан муҥнуу олорор адьарай кыыһа буолуомуй! Сыччыай, уурай даа... Дьадаҥы муҥнаах дьон буоламмыт... Ынахтарым...
Дьэ ити ынахтарын ахтыан нннинэ уурайыах баара. Ити аата аны кини ытыыр. Уол кууһа түстэ да хойутаабыт, ийэтин хараҕын уута таҥнары мөлбөрүһэн түһэллэр.
- Ийээ, ийээ, чыычааҕым оҕотоо, уоскуй даа...
- Бэйи, уоскуйуом...— диэн ийэтэ ботугураата.
Уураһыы, сыллаһыы, ааттаһыы, тупсуу буолла.
Сөдүөччүйэ Микиитэни аргыый-аргыый биэтэҥнээн бигии олордо.
Өр олордулар ол курдук.
Үһүс оҕо
Онтон туран, ньуччураҥ суол устун мүччү-халты тэбинэн айаннаабытынан бардылар. Көнө суолга таҕысталлар эрэ, ирээри, сир ылан хаалаары, сүүрэн саппырыһаллар. Тоҥон, сылайан ыксаатылар.
Муннуларын өрүтэ сыҥан кэбиһэ-кэбиһэ, бэрт аргыый хаамсан байааттаҥнаһа истилэр. «Сатаатар биир эмэ киһи кэлбэт ээ»,— диэн ботугуруу-ботугуруу Сөдүөччүйэ кэннин хайыһан көрбөхтүүр.
Ким да суох.
Тугу барытын умнан, тугу да кэрэхсээбэт, аахайбат буолан, тэлбиҥнэһэн истилэр.
- Но, бу туох абааһы дьоной! — диэн хаһыы соҕотохто үрдүлэригэр өрө чаҕылла түстэ да, киһи эрчимнээхтик күлэн бааһыгыраата. Алдьархайтан абырыы үөрүйэхтээх ийэ уолун кууспутунан туора ойдо.
Ньукулай Лаһыайап диэн чуру-чулбугур сэҥийэлээх, чох хара чолбоодуспут харахтардаах, сатамматах хатыҥыр, наһаа уһун эдэр киһи ситэн кэлбит эбит.
Ким эмэ кэлээрэй диэн кэтэһэ сатыыр эрээри, ыҥыыр аттаах киһи ситэн кэлбитин истибэт дьүлэй дьон буолбут эбиттэр.
- Тугу биллигит? — диэн хабыгыр гыннарда түргэн саҥалаах киһи.
Ийэ кэһиэҕирбит куолаһын оҥостуммахтаан баран, араччы «Суох» диэтэ.
- Тоҥнугут дуо?
- Тоҥнубут.
- Сылайдыгыт дуо?
- Сылайдыбыт.
- Сылайбыт сынньанар, тоҥмут тохтуур, аччыктаабыт аһыыр аартык ааттаах ампаара бу тумул анараа өттүгэр кэлиэҕэ.
Аҕыйахтык хаампахтаан, аартык ампаарыгар тиийэн кэллилэр. Ньукулай тырахачыс гына ойон түстэ, ыҥыырдары, бэрэмэдэйдэри биирдэ хастыы тардан ылаат, атын үүрэн кэбистэ.
- Түөкүттэр, мас да хаалларбаттар!
Үөрэ-көтө айан дьонун үөҕэн кэбиһээт, тыаҕа сулукуччуйан тахсан, хаппыт мутуктары үллэччи көтөҕөн киллэрэн, ампаар иһигэр кутаа уоту оттон тигинэттэ:
- Иттиҥ!
Бэрэмэдэйиттэн чаанньыгын ойутан таһаарда, сүүрэн абыр-табыр үктэнэн киирэн, дулҕа быыһыгар чоҥойбут көлүйэттэн уу баһан аҕалан уокка уурда.
Ирдилэр, куурдулар. Ньукулай быыкаайык өйүөлээҕин үллэстэн сиэтилэр.
Ньукулай уолу атыгар мэҥэһиннэ. Этэрбэстэрин уонна кураанах тууйаһын ыҥыырга ииллэрэн баран, Сөдүөччүйэ кэннилэриттэн истэ. Аттаахтар сотору кинини куотан хааллылар.
Төрдүс оҕо
Амманы, Тааттаны быыстыыр сис тыаҕа халлаан сырдыыта киирдилэр. Сис иһэ боруҥуй. Хаппыт мутуктар тоһутталаммыттара аҥардарыгар диэри бадарааҥҥа дьөлө туһэн чороһон сыталлар. Ийэтэ атах сыгынньах иһэрин санаат, Микиитэ акка тулуйан олорбото:
- Мин түһүүм эрэ,—- диэтэ.
- Тоҕо, доҕоор?
- Хаама түһүөм этэ...
Атын тохтотон, уолу түһэрэн баран, Ньукулай ыллаан адьаарытан кэбиһэ-кэбиһэ, хаамтара турда. Микиитэ мутуктары оруу тардан ыла-ыла, суолтан туора тамнааттыы истэ... Ол үлэтин Ньукулайтан кистиир, кини кэннин хайыһан көрүөх курдук буоллар эрэ, көнө түһэр. Ийэм ситэн кэлэн мөҕүөҕэ диэн эмиэ куттанар, кэннин хайыспахтыыр.
Ийэ-хара көлөһүнэ түстэ, сылайда, мутуктар буоллахтарына үгүстэрэ бэрт. Аттаах киһи ыраатан, ырыата иһиллибэт буолла.
Микиитэ мутугу ыраах элитэн кэбиһэрэ мөлтөөн, көннөрү халбарыччы эрэ түһэрэр буолан барда. Ону тэҥинэн иннин диэки баран иһэр. Ол курдук бэрт өр үлэлээн илистэ истэҕинэ, суол тоҕойун кэнниттэн эмискэччи ийэтэ тахсан ситэн кэллэ да, улаханнык соһуйда.
- Хайа, бу тоҕо хааллыҥ?
Уол мутугу кэннигэр тутта түһээт эттэ:
- Хаамаары...
- Аата муодатын баҕаһын! «Оҕом абыраннаҕа» диэн үөрэ испитим. Түҥнэрибит да эбээт! Тоҕо маһынан тамнааттана иһэҕин?
Тугу да этэрин булбакка, «оонньоон» диэн уол дьэ ордук буорайда. Кырдьыга даҕапы, аанньа киһи силбиктээх түүн үрэх сиһигэр, көстө илистиэр диэри маһынан тамнааттана оонньуо дуо?!. Мөҕүллэн ыксаан баран дьэ кырдьыгын эттэ:
- Суолтан мутуктары ыраастыыбын...
- Ол тоҕо?
- Атаххын дьоло үктээри гынаҕын дуо?! — диэн уол бардьыгынаан чардыргыы түстэ.
Балачча өр саҥата суох, суолу одуулаһа испэхтээн баран көнө түһээт, ийэтэ тыынна уонна бытааннык ботугураап эттэ:
- Оокком дьүһүнүн даа... Акаарытын да...
Бэһис оҕо
Бэрт өр хааман халыҥ сиһи туораатылар. Куруҥ мас быыстарынан күн сардаҥата тыкта. Көнө кырдал нэлэһийэн барда, үрэҕи бүтэрэн ааттаах Таатта аҥар кырыытыгар үктэннилэр. Таатта кураайы хонуута бэҕэһээҥи үлүгэр ардаҕы иҥэринэн, мэлдьэһэн кэбиспит.
Сотору соҕус Таатта уһук ыалыгар дьэ тиийдилэр... Үкэр от бүөлүү үүммүт ханнык эрэ чычаас сүлбэни талаһанан туораан иһэн, Сөдүөччүйэ тууйаһыттан иэдьэгэй бытархайын сотон ылан ууга быраҕаттаата.
Аҕыйахтык хаамаат, уол:
- Ийээ, Таатта үрэҕи көрөбүт? — диэтэ.
- Тыый, оттон көрдүбүт дии.
- Ханна? — диэн хаһыытаат, уола эргичиҥнии түстэ.
- Оттон ити Тааттаны талаһалаан туораатыбыт ээ.
- Пахыый!
- Тыый! Лахсыйыма!
Уолун харытыттан харбаата да, Сөдүөччүйэ тэскилиир быһыынан иннин диэки дьулуруйбутунан барда. Балачча өр ол курдук дьулуруйан иһэн бытаара түстэ. Таатта үрэх өһүргэһин, өһүөннээҕин туһунан ботугураап кэпсии истэ.
- Былыр Амматтан биир киһи тахсан Тааттаны аан маҥнай көрөөт, мыыммыта үһү: «Таатта-Таатта» диэн аатыппыттара, халба кус оһоҕоһугар дылы субуллаҥнаан, холоон да үрэх эбит!» —диэбит. Ол курдук тыллаһан баран туораан иһэн, аттыын бэйэлиин чүомпэҕэ өлөн хаалбыт. Эн өрүү саҥарба. Барыах.
Итинник от сүлбэлэр кэҥээн, дириҥээн көҥүс буолан күүгүнээн Амма өрүскэ түһэллэр. Микиитэ оннук сүлбэни туораабыкка холуммута, онтуката ааттаах Таатта үрэх илэ бэйэтинэн эбит. «Тууйаһын кирин ыраастыыр» дии санаабыта, ол кырыктаах үрэҕи албыннаһан ийэтэ «ас бэрсибит» эбит. Тааттаны өһүргэтэн өлөрүттэн куттана санаата. Ол эрээри «куттаныы» таптал буолбатах. «Ити дьүһүннээх бэйэтэ эмиэ өһүргэстээх баҕастаах!» диэн саныы турар. Былыр эрдээх кырдьык тылы этэн өлбүт Амма киһитин аһынар.
этиҥнээх ардах түһэр тыаһа, ардах тыаһа
“Ийэ” хоһоон (учуутал өйтөн ааҕыыта)
Сахалыы инструменнар музыкалара
Балааҕыйаҕа (учууталлар инсценировкалара)
4 киһи турар, арыылаахтар, хара бэкир киһи олоппос аҕалан ортотугар уурар.
Микиитэ ийэтиниин хаамсан иһэллэр. Балааҕыйа эмээхсиҥҥэ тиийдилэр. Дьон быыһыгар туран куттаммыт курдук көрөллөр.
Балааҕыйа эмээхсин олоппоско кэлэн олорор. Арыынан, харчынан иэһин-күүһүн тутар. Чабычах сиигин суола кэрдьигинээн хаалбыт арыыны сөмүйэтин төбөтүнэн баттыалаан көрөн баран:
- Чэ ыйаа! — диэн хара бэкир киһиэхэ ордоотоото.
Арыы ыйанаат, ханна эрэ сүтэн хаалла. Арыылаах илии лабайдаабыт көлөһүннээх хара килийээҥки тастаах тэтэрээти эмээхсин хараҕар сыһыары тутан көрүөлээтэ уонна харан- дааһынан биир сиргэ хараарда сотон кэбистэ. Атынтан атын дьон арыылара ыйана-ыйана сүтэн истилэр.
Эмээхсин кыыһыран кыбдьырына түстэ:
- Бу тугуой?
- Арыы... — мара таҥастаах аҕам дьахтар аан диэки чугуруҥнаата...
- Көҕөрө сытыйбыат, сирэйиҥ сааппат дуо! Киэр гын! Хотонуҥ бөҕүгэр үҥкүрүтэн аҕалбыккын буолбат дуо?
Арыыта көлөһүннээх буолан үөҕүллүбүт дьахтар, киһи истибэт гына тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, арыытын харбаан ылаат, тахсан барда.
Тобугун эрэ сабар кылгас. ыраас сиидэс ырбаахылаах, үрүҥ кубаҕай эдэр дьахтар арыыта арыый итэҕэс курдук көһүннэ.
Хара Бэкир:
- Арыыта итэҕэс!
Балааҕыйа:
- Киэр буол, икки харахпар көстүмэ! Бу догдоҥолуу сытыйбыт дьүһүнүн көрүҥ эрэ!
Дьахтар, тугу гыныан булбакка, тэпсэҥэлии турбахтаан баран эттэ:
- Оттон арыы манна хааллаҕына, итэҕэһин сарсын туспа аҕалан биэрдэхпинэ?..
Эмээхсин олох маска тиэрэ түстэ, атаҕынан сири тиҥилэхтээтэ.
- Оо, бу сараһын тылын истиҥ эрэ! Аны миигин күлүүһүнньүк кыыс оҥостоору гынна дии! Киэр буола тарт! — дьахтар арыылаах тымтайы мадьаччы көтөхпүтүнэн таһырдьаны былдьаста.
Биир киһи кумааҕы харчы биэрэр. Эмээхсин харчыны ньилбэгэр ууран, ытыһынан тэниччи соппохтоон баран, күөрэччи тутан ыйдаҥардан көрөр, тоҕо эрэ тэбии түһэр уонна түөрт муннуктуу суулаан, халыйбыт халадаай ырбаахытын сиэбигэр кудумньулуу анньынан кэбиһэр.
-Чэй оргуйдаа!
Эмээхсин хара бэкир киһитигэр туора сапсыйан кэбистэ, оргууй түөһүллэн туран кэллэ. Дьон ампаартан тахсыбытынан бардылар.
Микиитэ ийэтин уонна атын мара дьону кытта ойоҕоско туран, эмээхсин малҕаҕар сирэйэ кини диэки хайыстаҕына хайдах эрэ этэ саласпахтыыр.
Ылдьаанаҕа
ром муз
Сыыйа сцена сырдыыр. Музыка. Микиитэ ийэтинээн сцена аннынан айаннаан иһэллэрэ көстөр. Уол суолтан мастары ыраастыыр, сүүрэр, ийэтин кэтэһэр, сцена хаҥас өттүгэр тиийэллэр
Микиитэ ийэтиниин балтыгар Ылдьаанаҕа хоно тиийдилэр.
Оҕонньор :Ноу, аны бу дьон тиийэн кэллилэр дуу. Һы , бу киһи балачча улаатан тоотойбут доҕор!
Уол Дьэ оонньоон-көлүлээн хааллахпыт (уолаттар олорон эрэ оонньууллар)
Ылдьаана оҕонньоро кинилэри абааһы көрөр:
Уйбаан: хайа били ыларбын аҕаллыҥ ини. Аҕал эрэ, бэрт өр туттугут ээ.
С: аҕалбатым дии, туохпут да суох ээ.
Уйбаан: аҥардас ыларгытын – аһыыргытын эрэ өйдүүр эрэйдээхэргит. Утары уунары умнубут сордоохторгут. Сүрэ бэрт буолуо эбит сирэйдээх дьоҥҥо ...
Ылдьаана: Эн уурайымаары гынныҥ ээ, ол икки солкуобай иннигэр бараҥҥын соҕотох ынахтарын былдьаан кэл. Сирэйиҥ сааппат ээ, сатана уола!
Оҕонньор: Уйбаан , кырдьык олустаары гынныҥ ээ. Киһи саҥаран баран уурайар баҕайыта. Бу да барахсаттар хантан булан биэриэхтэрэй? Эн уурай. Көр эрэ, ол дьааһыгы... онно харчы элбэх. Кинилэр иэстэрин мин эйиэхэ төлүөҕүм. Эн уурай.
С: Ама мин дьадаҥы буруйдааҕым иһин, сыл баһыгар-атаҕар кэллэхпинэ...
Оҕонньор: ээ, Сөдүөччүйэ, кэбис доҕор... уурайда эбээт. (67с)
Хараҥарар. Сыталлар. Ылдьаана сыттык анныгар уга-уга: Сыттыккыт намыһах буолуо” ,- диэтэ. Сөдүөччүйэ ырбаахыны ылан кэтэр.
Микиитэ: ийээ, эн ханна бардыҥ?
С: Бачча оҕо тугун акаарытай доҕор! Эдьиийиҥ кистээн биэрбит ырбаахытын кэтэбин. Чэ хаһыытаа.
(Сырдыыр) сарсыарда Ылдьаана бэрт кыра бурдугу уонна аҕыйах кырбас эти киллэрэн биэрдэ. Уйбаан кэтэһэн олордо. Хааман истилэр. Сөдүөччүйэ от анныттан таҥаска сууламмыт бурдугу ылан уктан кэбиһэр.
М: ити хантан кэллэ?
С: Эй, хантан кэлиэй, оттон эдьиийиҥ эрэйдээх биэрдэҕэ дии. Бу оҕо акаарыта тугун сүрэй доҕор!
Айаннаан иһэн Сөдүөччүйэ уолун төбөтүттэн имэрийэр, сыллыыр.
❸ үһүс түһүмэх
Кэрэхсэбил
Оонньууга кыттыбыттар бары сценаҕа тахсаллар.
Миитэрэй:
Хонуу сирдиин, хайалыын,
Хара тыалыын, Аммалыын
Барыта биһиэнэ буолбутун
Үөрүүтүгэр үҥкүүлээҥ,—
Чэйиҥ, чэйиҥ, сэгэрдээр,
Тэбэн-тэйэн көрүөҕүҥ!
“Охоноос ырыатынан” оһуохай
Күөх солко сэбирдэх
Күөгэлдьийдэ, сэгэрдээр!
Чопчу көмүс мутукча
Нуоҕалдьыйда, доҕоттоор!
Улуу дойдум үрдүгэр
Уйгу-быйаҥ эргийбит.
Алаас-хочо иэнпгэр
Көтөр-сүүрэр дэлэйбит.
Чэйиҥ, чэниҥ, сэгэрдээр,
Тэбэн-тэйэн көрүөҕүҥ!
1 киһи: Саха литературатын ураты кэрэ, аҥаардас саха киһитэ утүө күлүгун көрдө да сүрэҕэ сымныы, санаата кэҥии туһэр суруйааччыта - Н. Е. Мординов-Амма Аччыгыйа
Микиитэ:Сүрүн герой - Микиитэ Лэглээрин. Кини дьадаҥы буолар эрэйин, сорун-муҥун толору оҕо эрдэҕиттэн билэр, баайдар тоттук оҕолоро аҥардастыы кырбааһыннарын абатын, тойон тобоҕун сиир атаҕастабылын, аччыктаан ыаллартан умналыыр кыбыстыытын - барытын уйар, онно кини сырдык дууһата хараарбат. Хата, эбии тыйыһырар, күүһүрэр.
2 киһи: “Сааскы кэм” роман саамай үчүгэйэ, ситиһиитэ - кини баай, имигэс, кэрэ тыла. Амма Аччыгыйа олох араас түгэннэрин, ийэ тапталын, эдэр сүрэхтэр иэйиилэрин, норуот үөрүүтүн өрөгөйүн, сорун- мунун, кыайан этиллибэт уустук санаа оонньооһунун аҕыйах, кэмчи тылынан этэн кэбиһэр кыахтаах.
3 киһи: Амма Аччыгыйа киһи уонна суруйааччы быһыытынан, бэйэтин олоҕор, үлэтигэр чэпчэки суолу тутуспатах, сыыры сырыынньанан дабайбатах, ууну чычааһынан оломнооботох, тыал хоту сүүрбэтэх, кутулла сытар бэлэм дьолу сомубатах киһи...
4 киһи: Амма Аччыгыйа - киһи дууһатын уйаҕастан уйаҕас кылларын таарыйар, дьон сүрэҕин нарынтан нарын, намчыттан намчы иэйиилэрин, сылаанньыйыыларын этэр дьиҥ чахчы улахан худуоһунньук. Кини дьон сүрэҕин таастыйыыттан харыһыйар, дьон дууһатын тымныйыыттан өрүһүйэр сымнаҕас, сылаас тыл, истиҥ, киһилии сыһыан, чулуу, туйгун ырыаһыта.
(Сүргэ көтөҕүллэр: норуот быыһыттан 4 киһи иннин диэки тахсаллар,ыллаан саҕалыыллар, атыттар кыттыһаллар)
ЫРЫА:
Бараммат-хороммот
Банаардаах-сырдыктаах
Баҕабын толорон
Бастыҥныыр убайбар,
Ааҕаммын айхаллыыр
Дьоллордоох тускуга
Уhуйан үөрэппит
Учуутал убайбар
Эдэрдиир бэйэкэм
Эрчимнээх сурэхтэн,
Эрэйин чэпчэтэн
Эҕэрдэ ыытабын.
Далайым уутугар
Таҥнастан сытыахпын,
Талаhа кэбиhэн
Таhырдьа таhаарcан,
Алаарыйар сырдык
Айхаллах кырдьык,
Айаным суолугар
Атаарын кэлэрбэр
Эдэрдиир бэйэкэм
Эрчимнээх сурэхтэн,
Эрэйин чэпчэтэн
Эҕэрдэ ыытабын. (быыс)
Анемподист Иванович Софронов –Алампа135 сыллаах юбилейигэр аналлаах литературнай киэһэ сценарийа
Таҥан оҥордо: Дьокуускай куорат 7 оскуолатын
саха тылын уонна литературатын
учуутала Сорокоумова С.И.
Сыала:
Оскуола оҕолоругар айымньыларынан Алампа олоҕун кэрдиис кэмнэрин, уран тылын билиһиннэрии
Соруктара:
- Алампа айымньыларын, олоҕун оҕолор билиилэрин кэҥэтии
- Оҕолор уус-ураннык ааҕар, оонньоон көрдөрөр сатабылларын сайыннарыы
- Тыл уранын өйдүүргэ иитии
Кыттааччылар: оскуола оҕолоро уонна учууталлар
Туһаныллыбыт литература:
А.И.Софронов айымньылара
Н.Лугинов “Алампа...Алампа” драмата
Егор Неймохов “Алампа” романын бастакы кинигэтэ
Сайа-Н.Михалева “Алампаҕа айан”хоһооно
Амма Аччыгыйа “А.И.Софронов (одон-додон өйдөөһүннэр)”
Тыас-уус, музыка♫:
Кыл саха – “Алгыстаах дорҕоон”
“Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр” доҕуһуола
“Саха ырыата” фонограмма
Араас тыас уус: айылҕа, поезд, куорат
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий литературного вечера "Лирика Сергея Есенина"
Сценарий литературного вечера, посвященный творчеству русского поэта Сергея Есенина, будет интересен творческим учителям литературы и их ученикам. Судьба поэта в его стихах - так можно коротко с...
У войны не женское лицо.Сценарий литературного вечера.
Литературный вечер для учащихся 7 - 8 классов, приуроченный к празднованию Дня Победы....
Сценарий литературного вечера для 9-11 классов " Все начинается с любви"
Сценарий литературного вечера для старшеклассников, на котором они представляют "звездные" пары: Татьяна и Онегин, Наташа Ростова и Андрей Болконский, Дон Кихот и Дульсинея, Квазимодо и Эсмераль...
Сценарий литературного вечера "Это Родина моя!"
Сценарий литературного вечера...
Сценарий литературного вечера, посвященного учителю школы, поэту, члену Литературного общества "Мещёра" Царёву Николаю Владиславовичу
В сценарий вошли стихи учителя Царёва Николая Владиславовича....
Обожженного сердца свет….. СЦЕНАРИЙ литературного вечера памяти писателя-земляка Николая Федоровича Терехова.
Сценарий разработан для учащихся 7-11 классов. Цель данного мероприятия - привлечь внимание учащихся к изучению литературы родного края, познакомить с выдающимся писателем-земляком Николаем Федоровиче...
Литературный вечер, посвященный творчеству донского писателя В.А.Закруткина
Отрывки из произведений разных лет, биография, творческие вехи писателя....