С.А. Новгородов-саха суругун-бичигин төрүттээччи
презентация к уроку
Саха суругун-бичигин төрүттээччи Семен Новгородов олоҕун кэпсиир презентация
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Саха суругун-бичигин төрүттээччи Семен Новгородов олоҕун кэпсиир презентация | 2.68 МБ |
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
Олунньу 13 күнэ – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ Семен Андреевич Новгородов – саха норуотун улуу сырдатааччыта , сахалыы алфавиты оҥорбут ученай-лингвист төрөөбүт күнэ
Саха бастакы президенэ М.Е.Николаев 1996 с. ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнүн - олунньу 13 күнүн Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ диэн биллэрбитэ . Ол сылтан бу кэрэ-бэлиэ күнү саха норуота киэҥ далаа h ыннаахтык бэлиэтиир .
Новгородов Семен Андреевич (1892-1924) Кини кимий ? Семен Андреевич Новгородов – • Саха саарына • Саха норуотун улуу сырдатааччыта • Сахалыы алпабыыты айбыта • Саха маассабай суругун-бичигин төрүттээччи • Сахалыы бастакы букубаары та h аарбыта • Талааннаах лингвист • Общественнай деятель • Төлөннөөх патриот • Саха национальнай оскуолатын төрүттээччи
• С.А. Новгородов 1892 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр уруккута Боотуруускай улуу h ун ( Чурапчы ) 2-с Хатылы нэ h илиэгэр (билиҥҥинэн Чурапчы улуу h ун Болтоҥо нэ h илиэгэр ) Чуораайытта алааска төрөөбүтэ. • Олунньу 13 күнэ – саха норуотун улуу сырдатааччыта , талааннаах лингвист С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ. • Олунньу 13 кунэ – төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ.
С.А. Новгородов төрөппүттэрэ Андрей Александрович уонна Анна Николаевна Новгородовтар диэн үөрэҕэ суох , сүө h ү иитиитинэн байбыт дьон этилэр . Сэмэн , кыра оҕо сылдьан , билии-көрүү бастакы уруоктарын аҕатыттан ылбыта . Аҕата 11 саастаах уолу , үөрэниэн баҕарарын и h ин, салгыы политсыылынай Иван Трофимович Цыценко чаа h ынай оскуолатыгар биэрбитэ . Кини , икки сыл устата реальнай училище программатынан бэлэмнэнэн , 13 саастааҕар Дьокуускайга үөрэнэ киирбитэ .
Реальнай училищеҕа 1905-1912 сылга Дьокуускайга реальнай училищеҕа үөрэммитэ . үөрэнэр кэмигэр төрөөбут норуотун историятын , культуратын , фольклорун , тылын утумнаахтык үөрэппитэ. «Саха саңата » диэн сахалыы тылынан бастакы общественнай , политическай уонна литературнай уус-уран сурунаал тахсарыгар улахан кыттыыны ылбыта . Төрөөбүт норуотугар ту h алаах ки h и буолар ту h унан маңнайгы оҕолуу баҕата, улам күү h үрэн, бөҕөргөөн, кини кылгас гынан баран чаҕылхай олоҕун бүттүүнүн соруга буола кубулуйбута .
1913 сыллаахха Семен Андреевич Петербург университетын илиңңи тылларын факультетыгар үөрэнэ киирбитэ . Бэрт кы h амньылаахтык үөрэммитэ. Тыл үөрэҕин уопсай теориятын , саха тылыгар уруулуу уонна чугас тюрк , монгол, тунгус-манчжур уонна да атын – барыта 25 омук тылын үөрэппитэ . 11 тылынан көңүл кэпсэтэр , бы h аарсар , суруйар буолбута . Петербург куоракка
1913 сыл ахсынньытыгар 21 саастаах студент Семен Новгородов учууталлар Бүтүн Россиятааҕы 1-кы съезтэрин секциятыгар оҥорбут дакылаатынан съезд икки пууннаах резолюцияны ылары ситиспитэ : 1 ) « саха оскуолатыгар үөрэнээччилэри төрөөбүт тылларынан үөрэтиэххэ наада »; 2) « Кэлэр өттүгэр тюрк-татар омук үөрэнээччилэригэр саамай табыгастааҕынан көрөн, уратылаах научнай методтары уонна холобурдары туттар саха национальнай оскуолатын тиибин үөскэтэргэ дьулуһуохха наада ».
«Ноҕоруодап алфавита» С.А. Новгородов төрөөбүт норуотун хараҕын арыйар баҕа, сайыннарар санаа кини олоҕун эркээйитэ буолбута . 1917 сыллаахха , норуоттар икки ардыларынааҕы фонетическай транскрип цияҕа олоҕуран , латыынныы алфавит букваларын ту h анан , сахалыы саңа алфавиты оңорбута .
A a B b C c Ç ç D d E e F f G g Ƣ ƣ H h I i J j K k L l M m N n N̡ n̡ O o Ө ө P p Q q R r S s Ş ş T t U u V v W w X x Y y Z z Ƶ ƶ Ь ь ' 1929 с. латыын алфавитын тупсаран оІорбуттара А а Б б В в Г г Ҕ ҕ Д д Дь дь Е е Ё ё Ж ж З з И и К к Л л М м Н н Ҥ ҥ Нь нь O o Ө ө П п Р р С с Һ һ Т т У у Ү ү Ф ф Х х Ц ц Ч ч Ш ш Щ щ Ь ь Ы ы Ъ ъ Э э Ю ю Я я 1939 с нууччалыы алфавикка сахалыы буукубалары киллэрии
С.А. Новгородов - бастакы букубаар автора Бастакы букубаар , « Сахалыы сурук-бичик » диэн ааттанан , 1917 сыллаахха балаҕан ыйын 4 кунугэр 4000 экземплярынан тахсыбыта . 1922 сыллаахха Дьокуускайга С.А. Новгородов салалтатынан бастакы букубаары тупсаран оңо h уллубут «Бастааңңы сурук - бичик » диэн букубаар 3300 экземплярынан бэчээттэнэн тахсыбыта , саха тылын үөрэтэргэ туттуллубута .
1923 сыллаахха Петроградка Семен Андреевич сүүрэн-көтөн , типографияҕа сахалыы алфавит шрибин куттарар , ол түмүгэр «Ааҕар кинигэ » 5000 экземплярынан бэчээттэнэр .
Новгородов алфавитынан « Кыым » ха h ыат , бастакы литературнай сурунаал « Чолбон », нэ h илиэнньэни үөрэхтээ h и ҤҤ э улуу суолталаммыт туох баар үөрэх бастакы кинигэлэрэ , букубаардар , учебниктар , пособиелар – барыта 30-ча кинигэ уонна 200 -тэн тахса ааҕар кинигэ бэчээттэммитэ . Уонунан ты h ыынча үөрэҕэ суох саха дьоно төрөөбүт тылларынан ааҕа-суруйа үөрэммиттэрэ, бар дьон киэн туттар чаҕылхай дьоммут уунэн тахсыбыттара .
Төрөөбүт соругум Испиттэн эппэңнээн бардым , Таспынан дьалкыйан бардым … Этэр тылым Эрэ h элээх иччитин , Эгэлгэтин эриэнин И h иллээн туруң эрэ ! Y өскээбит кэскилим , Төрөөбут соругум диэн Саха эрэйдээххэ Саргыны салайарга Сананан сылдьабын , Саңастарым барахсаттар ! Дьонум сордоохтору Дьолго тиксэрэргэ Дьо h уннанан сылдьабын , Доҕотторум оҕолоро! Ытык ырам Ыттыйыа суоҕа, Айыы санаам Алдьаныа суоҕа, Кэрэ санаам Киэркэйэн биэриэ ! Саха урааңхай Дьоло томтойуор , Өрөгөйө үрдүөр, Баайа барҕарыар, Быйаңа дэлэйиэр , Өйө-санаата у h уор , Y өрэҕэ дириңиэр диэритин Оңорбут оңо h уум Ордук учугэй буолан и h иэ , Тэрийбит тэрээ h иним Тэлгэнэн и h иэҕэ, Санаабыт санаам Сарсыарда аайы сайдан , Күнүс аайы күү h үрэн, Киэ h э аайы киэбирэн , Түүн аайы түмүктэнэн и h иэҕэ, Өйдөөбүт өйүм Өҕүллүө суоҕа, Эппит тылым Экчи бы h а Мүччүрүйүө суоҕа! C. А.Новгородов
Саха тылын чинчийиитигэр сункэн кылааттарын киллэрбит учуонайдар
Бётлингк Отто Николаевич 1851 сыллаахха улахан µірэхтээх киґи аан дойдуга аатырбыт «Саха тылларын туґунан » диэн дьоґуннаах научнай грамматиканы немецтии тылынан суруйан бэчээттэппитэ . Онно кини оІорбут алфавита баара . Академик Бётлингк алфавита кэнники сахалыы алфавиттары тупсаран оІорорго тирэх буолбута .
Худяков Иван Александрович (1842-1876) И.А. Худяков Курган куоракка тіріібµт . Нуучча фольклориґа , историк. Д.В. Карказов дьыалатыгар тµбэґэн , революционнай демократ буолан 1866 сыллаахха сыылка±а Верхоянскайга кэлбит . Иван Александрович Саха тылын µірэппит уонна ити кэнниттэн саха грамматикатын оІорорго ылсыбыт . Сыылка±а олорон эрэ биир биллэр « Верхоянский сборник» диэн кинигэтин та±ааттарбыт . Манна саха фольколорун суруйбут . Кини бастыкынан саха фольколорун киэІник уонна бары іттµттэн учуонайдарга уонна µірэхтээх дьоІІо билиґиннэрбит . Кинигэ 1890 сыллаахха Иркутскайга бэчээттэммит .
Пекарскай Эдуард Карлович (25 октября 1858) Минскэй губерния Игуминскай уеґыгар дворянин-поляк дьиэ-кэргэнигэр тірібµтэ . 1881 сыллаахха сэтинньи 2 кµнµгэр Боотурускай улууґун 1-кы Игидэй нэґилиэгэр сыылка±а кэлбитэ . Кини 25 сыл сыылка±а олорон саха тылын чинчийбитэ . Сµрµн улахан µлэтинэн «Саха тылын тылдьыта » µс томнаах кинигэни 45 сыл суруйан 1907-1930 сс Петербург куоракка бэчээттэппитэ . Бу µлэтин тµмµгµнэн икки кыґыл кімµс мэтээлгэ тиксибитэ : 1907 сыллаахха наукалар Академияларыттан , 1911 сыллаахха нуучча географическай обществотыттан .
Ионов Всеволод Михайлович (1851-1922) Астрахань куоракка почта µлэґитин дьиэ кэргэнигэр тіріібµтэ . 1883 сыллаахха Байа±антай улууґугар сыылка±а кэлбитэ . Саха о±олорун аа±арга-суруйарга µірэппитэ . 1893 сыллаахха Мария Николаевна Андросова диэн саха кыыґын кэргэн ылбыта . Кэнники саха тылын µірэтэригэр кэргэнэ кµµс-кімі буолбута . Чааґынай « Ионовскай » оскуола аґан о±олору µірэтэрин сал±аабыта . Кэлин Таатта±а кіґін кэлэн олорон Э.К. Пекарскай тылдьытын оІороругар кіміліспµтэ .
Виташевскай Николай Алексеевич (1857-1918) Одесса±а Тирасполь куоракка нотариус идэлээх дьиэ-кэргэІІэ тіріібµтэ . 1883 сыллаахха Байа±антай улууґун иккис Игидэй нэґилиэгэр сыылка±а кэлбитэ . Саха тылын интэриэґиргээн туран µірэппитэ . Э.К. Пекарскайы , В.М. Ионовы кытары ыкса до±ордоспута . Саха тылын , фольклорун , оло±ун-дьаґа±ын µірэтиитигэр бэйэтин сµдµ кылаатын киллэрсибитэ .
Маҥнайгы чинчийээччилэр саха тылын ту h унан этиилэрэ «Саха тыла муора курдук муҥура суох баай …» Эдуард Карлович Пекарскай - «Саха тылын тылдьыта» үлэ автора «Сказочный якутский язык отличается какой-то особой нарядностью, яркостью,щеголеватостью , полный приставок и завитушек.» В.Л. Серошевский – автор монографии «Якуты»
Саха тыла – аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт отучча ахсааннаах түүр тылларыттан биир саамай былыргылара … Ю.И.Васильев – Дьаргыстай Сахалыы сана, Саха үөрэҕэ Салааланан сайдан Сандааран таҕыстын! А.И. Софронов – Алампа C аха омук тыла үрүйэ уутун курдук сэргэх , сир симэҕин курдук сиэдэрэй Амма Аччыгыйа
Хайа да омук сайдарыгар , үрдээн -үүнэн тахсарыгар ханна даҕаны кирилиэ h ин маңнайгы үктэлэ буолара - норуот ырыата , норуот олоҥхото. Ырыаҕа – олоҥхоҕо саамай сыаналааҕа диэн баар – тылын күү h э, дьү h үнүн күү h э, этиитин күү h э… Саха тыла c айдыан баҕарабын, сайдыа диэн эрэнэбин . П.А.Ойуунускай
Би h иги ийэ тылбыт - дуу h аны долгутар , өйү үлү h үтэр күүстээх- кыахтаах , имэннээх - илбистээх кэрэ - дьикти тыл! Күннүк Уурастыырап
Тыл ту h унан өс хо h оонноро Тыл – норуот тыына Тыл – олох муудара h а Тыл – ки h и ис дуу h атын кэрэ h итэ Сиэрдээх тылы утарар кытаанах Ки h и тыла – уот Ки h и тыла уоттааҕар абытай Тыл сүрэ уот буолар
Ки h и тыла – ох Ки h и тыла охтооҕор сытыы Ох тыл уотунан салыыр Бар дьон тыла- ох, санаата - батас Ки h и тыла- батыйа Сүгэ-балта тыл Тыл - эрдии , ки h и – оңочо
Тыл уңуоҕа суох Ки h и тыла сүүс кө h ү саба сүүрэр Ки h и тыла сэттээх , ки h и тыла сүлү h үннээх Ки h и тыла иччилээх Куhаҕан тылтан бэл от- мас хагдарыйар Эппит тыллааҕар эппэтэх тыл ордук Уус тыл уу күү h э күүстээх
Саха іс хоґооннорунан оІоґуллубут ребустары таайыІ