дьүһүйүү
материал

Гуляева Алина Ивановна

Оскуолабыт оһуордаах ыллыктара. Дьүһуйүү.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл duuyuu_oskuola_yubileya_2.docx40.06 КБ

Предварительный просмотр:

Оскуолабыт оһуордаах ыллыктара. Дьүһуйүү.

Ункуу. Ункууһэттиргэ арыаллатан Кэм кэрдии айанньыта киирэр

Кэм- кэрдии айанньыта: Мин  айанньыппын, кэм кэрдии суолларынан, ааспыт  сыллар ыллыктарынан, айанныыр маҥан атым. Бугун то5ус уон сылы уҥуордаан мин тиийдим  былыргы дьыллар мындааларыгар, урукку дьыллар уор5аларыгар.

Ханнык ба5арар кэмҥэ дьон  сэргэ үөрэххэ билиигэ тардыһара. Оскуола  ойуулаах ыллыктара эһиги миигин ханна а5аллыгыт?

1 чааьа.«Оскуолата суох хааллахпыт…»

Дьахтар уонна уол.

Дьахтар: Чэ, тоойуом, тиэтэйиэх. А5ан отун тиэйэн кэллэ5э буолуо. Хата, эн оскуола5а бараргар, эбэн  таҥас, кыра арыы дуома биэрэн абыраата. Аны харандаас кинигэ булларбыт..

Уол: Ийээ, учууталым биэрбит кинигэтин барытын аахпытым. Оскуолабын наьаа а5ынным.

Дьахтар: О5ом барахсан, маладьыас, кытаат, үөрэн. Биһиги а5а5ынаан эн үөрэнэргэр туохпутун да кэрэйиэхпит суо5а.

Утары дьахтар киирэр.

Иккис дьахтар: Хайа, бу дьоннор хантан күө- дьаа кэпсэтэн иһэ5итий?

Бастакы дьахтар: Ээ. Арыый иллэнсийбиччэ ийэбэр баран ыалдьыттаан иһэбит. О5ом оскуола5а барар сана таҥастанна, өйүө гынар арыыланна.

Иккис дьахтар: Оо, барахсаттар, истэ илик эбиккит дуу. Хайыахпыный, хомолтолоох сура5ы иһитиннэрэр буолла5ым…

Бастакы дьахтар: Тыый, ол туох буолла?

Иккис дьахтар: Игидэйгэ оскуоланы саппыттар. О5онньорум мунньахха сылдьан кэлбит.О5олорбут эмиэ үөрэ5э суох хаалар буоллулар.

Уол: Ийээ, оччо5о оскуола5а барбаппын дуо? ( ытыыр)

Бастакы дьахтар: Бээ , тоойуом, наһаа айманыма. Ама хайдах оскуолата суох хаалларыахтарай? Тугу эмэ тобулаллар ини.

Иккис дьахтар: Оннук оннук. Тукаам, ытаама. Сотору оскуола5ар сүүрэн эрэр буолуон.

Кэм кэрдии айанньыта:

1924 сыллаахха  Хайахсыт, Игидэй, 1, 2 Дьулэй нэһилиэктэрин делегаттара  тумсэн  , кулун тутар  10 күнүгэр  Чурапчы Хайахсытыгар  мунньах ыыппыттар. Бу кэмннэ 1918 сыллаахха Игидэйгэ аһыллыбыт оскуола  сабыллан турара. Онон Хайахсыкка эрэ оскуола баара. Биллэн турар, депуттаттар оскуоланы  бэйэлэрин нэһилиэктэрин сиригэр астара сатыыллара өйдөнөр суол. Сүрүн боппуруоһунан  түөрт нэһилиэк сирин  ортотугар  оскуола аһыллыыта буолбута. Дьулэй делегаттарынан  Ефим Егоров, Иван Пинигин,  Константин Павлов,  Иван Большаков,  Петр Эверстов,  Василий Евграфов,  Федот Тимофеев  оскуоланы сир ортото  буоларынан  О5ус Буута  диэн Денис Софронов алааһыгар  аһарга табыгастаах диэн этии киллэрбиттэрэ. Ити кэпсэтии тугунан тумуктэммитин  көрүө5ун эрэ!

Иккис чааьа.

Фотий Щукин: Хайа, табаарыстар, бары муһуннубут дуо? Чэ, мунньахпытын са5алыа5ын.Бастатан туран Хайахсыкка баран кэлбит делегаттарбыт  солуннарын истиэ5ин.

Иван Большаков: До5оттор! Солуммут соччото суох. О5ус Буутугар оскуола аһыллыытын ким да өйөөбөтө. Инньэ гынан эмиэ оскуолата суох хаалар дьон буоллубут.

Ефим Егоров: Туруорса сатаан көрдүбүт, элэ была тылы барытын эттибит. Дьон  өйдүөхтэрин ба5арбаттар.( санаар5аабыттыы)  

Федот Тимофеев: Итини таах хаалларымыахха наада.  Хас сыл оскуолата суох олоруохпутуй? О5олорбут үөрэхтэн маттахтарына иэдээн. Фотий Григорьевич, эн туох дии саныыгын?

Фотий: Таатта улууьун исполкомугар  сайабылыанньата суруйуо5ун Дьулэй бастакы иккис нэһилиэктэрин делегаттарын аатыттан. Ыл, Дьэкиим, суруй эрэ, оностон олорон.

Фотий диктовкалыыр: Бу заявление5а заяви гынабыт, урукку Хайахсыт  1 ступеннаах  школатын район наслектара  мунньахтаан көрдүбүт. Ол мунньахпыт протоколун  холбоон туран этэбит. 4. Наслег ортото  О5ус Буута диэн сир. Бу сир саамай учугэй , биир оскуола  тууо5унаа5ар дереквня турар сирэ: ходуһа, сайылык, бурдук сирэ баар, уута урдугэр, ыал буолла5ына тула чугас олорор. Улахан оскуола тутуллуор диэри Тордохтооххо  Федора Большакова икки дьиэтэ баар. Онон эһигиттэн көрдөһөбут Эмэльникигэ дуу, О5ус буутугар дуу биир талбыккытыгар школа аһан абыраан, аныгы сырдыктан матарыман, дьаданы о5ото үөрэнэригэр  кыһанын диэн көрдөһөбут Школа аһарга диэн көрдөһуубутун тургэнник көрөн абыраан.

Представители : Фотий Щукин

Печать его описал: Ефим Егоров

И за него подписался  Иван Пинигин.

Константин Павлов: Дьэ, бу хата бэрт толкуй буолла. Сотору оскуолаланыахпыт диэн эрэниэ5ин, табаарыстаар!( Ытыс тыаьа)

Колхоз ырыата.

Уһүс чааһа

1.Бала5ан иһэ.

Дьахтар иистэнэ олорор. Аттыгар кыракый уол  талах ына5ынан оонньуур. А5алара кетен туьэр.

Дьахтар: Хайа, до5оор, бу хантан тиритэн хорутан кэллин?

Эр киьи: Дьэ учугэй солун бе5етун кэьии оностон кэллим. Хата  чэйгин оргут,били бурдукпут тобо5унан алаадьылаан сырылат.

Дьахтар: Ноо, ол туох солунай?

Уолчаан: А5аа кэпсии о5ус!

Эр киьи: Дьэ, тоойуом , бу куһун  бала5ан ыйыгар үөрэнэ бара5ын. Тордохтооххо Боссокуоптар дьиэлэригэр оскуола аһыллар уһу. Саатар эн уөрэнэн, уөрэхтээх киьи буолан , ийэн биьиги оннубутугар  толору дьоллоохтук олороор.

Уолчаан: Иэхэйбиин! Уөрдэхпин! Мин уерэниэхпин наьаа ба5арар этим.

Дьахтар: ии, о5ом барахсан. Мин сумка тигиэм, этэрбэскин абырахтыам, убайын хомуьуолун кыччатыам. Чэ, хата , дьоро киэьээ5э алаадьыта сиэххэйин, аал уоппутун аьатыаххайын.

Кэм – кэрдии айанньыта: .Дьулэй нэьилиэгэр Тордохтоох диэн алааска Саха АССр  уерэ5ин уонна  доруобуйа харыстабылын наркомун  1924 сыллаа5ы  бала5ан ыйын 12 кунунээ5и  бирикээьинэн  бастакы ступеннаах  3 бөлөхтөөх  оскуола аьыллыбыта. Учууталынан Мария Аммосова анаммыт.

Ити сана кэмигэр учуутал олороро көстөр. Тула о5олоро олороллор. Учуутал тугу эрэ кэпсиир. Онтон бары кэпсэтэ- кэпсэтэ тахсан бараллар.

Төрдүс   чааьа.

4 о5о киирэллэр.

1.Умнуом дуо, ама мин ол кемус  куьуну,

Сэбирдэх ункуулуур Тордохтоох алааьын,

Аа5арга суоттуурга  уерэтиэм диэн эппит,

Учуутал барахсан  уеруулээх тылларын.

2.Учугэй да этэ уеруулээх ол куьун

Хотуомка сугуулээх  тиэтэйэн суурбуппут,

Кинигэ тутаммыт олуьун уербуппут,

Ейдуубут учуутула эйэ5эс керуутун.

3. Кыраьыын лаампатын  елбееркей уотугар

Бытааннык да буоллар  тыллары аа5арбыт,

Ахсаанна бастакы ааннары арыйан,

Задача суоттаары кыьалла сатыырбыт.

4. Умнуман, о5олоор, ол дьикти кэмнэри,

Уерэххэ сирдээбит бастакы ыллыгы,

Кылааьы сырдатар кыраьыын лаампатын,

Дьаданы танастаах кырачаан дьоннору

 Былыргы олохтон ырыа.

Закадровай тыл. Мария Алексеевна Аммосова сыл анара улэлээн баран, ыалдьан барбыта. Кини оннугар  учууталынан Егоров Семен Ефимович киирбитэ. Оскуола5а Игидэйтэн уонна  Дьулэйтэн- бэрт ыраах сирдэртэн- сатыы сылдьан 35 о5о үөрэммитэ.

Бэьис чааьа: 1941 сыллаахха Дьулэй сирин дьонун сэргэтин ыра санаалара туолан  оскуола аьыллыбыта. Бу үөрууну сэрии иэдээнэ төһө да  үтүрүйдэр, син биир  кун ахсын  о5о аймах оскуола5а мустара. Ол ыар сылларга  оскуола  сырдык сана, олоххо эрэли са5ар таптал   истин иьирэх иэримэ дьиэтинэн буолбута.

Кылаас иьэ кестер. О5олор паарта5а олороллор. Учуутал киирэр

Учуутал: Дорооболорун , о5олор. Билигин аа5ыы уруогун са5алыыбыт. Дьиэ5э сорудахпытын бэрэбиэркэлиэ5ин эрэ. Хайа, бу Миша ханнаный? То5о уерэнэ кэлбэтэ?

Уерэнээччи: Николай Иванович, кини ийэтэ бэ5эьээ хара суругу туппута. А5ата   кыргыһыы кэмигэр елбут.( о5олор айдаарса олорон ах бараллар)

Учуутал: Оо, бу алдьархайы! Кырыыстаах сэрии… Хаарыан дьоммутун сиэн эрдэ5э.( сонуоран турар)

Ааны тонсуйаллар.

Учуутал: Киирин, киирин.

Миша киирэр.

Саната суох паарта5а тиийэн олорор.

Учуутал: Миша, эн кэлимиэххин да сеп этэ, тоойуом.

Миша ытыыр.

Учуутал: Ытаама, Миша, а5ан олорботох оло5ун эн олоруохтааххын. Кини биьиги барыбыт дьоллоох оло5ун туьугар сырдык  тыынын толук уурда5а. ( Саната суох иьийэн олороллор)

Чэ эрэ о5олор  тэтэрээппитигэр суруйуо5ун, Мин тереебут дойдубун таптыыбын.Олохпун дойдубар аныыбын.

О5олор бары улаханнык хатылыыллар: Мин тереебут дойдубун таптыыбын.

Олохпун эйиэхэ аныыбын

Учуутал:  Бугун биьиги аа5ыахпыт Серафим Романович Кулачиков Эллэй тереебут дойду диэн хоьоонун.

1 аа5ааччы: Оскуола эн аа5а суруйа, айыл5а кистэлэнннэрин баьылыы эрэ уерэппэтэ5ин, эн уерэппитин оло5у таптыырга, аьыныгас буоларга, тереебут дойду туьугар олорорго, улэлииргэ.

2 аа5ааччы: Учууталбыт! Эн сирдиигин уерэх билии урдук чыпчаалларынан, модун бай5алларынан  сайдыылаах сырдык олоххо, улэттэ н уеруугэ, утуеттэн дуоьуйууга.

3 аа5ааччы:Махтал эйиэхэ, Учууталга!

4 аа5ааччыЕруутун ахтабыт- саныыбыт, махтал истин тылларын аныыбыт утуекэн учуутал дьоннорго

Егоров Семен Ефимовичка, Аргунов Иннокентий Гавриловичка, Бояров Николай Прокопьевичка, Алексеев Николай Ивановичка, Кириллин Тимофей Петровичка, Эляков Афанасий Гаврильевичка, Кузьмин Алексей Семеновичка, Павлов Федор Ивановичка, Кононов Коммунар Ивановичка.

5 аа5ааччы: Уйэттэн уйэлэр тухары  угус ыччыаты уерэх били аартыктарынан атааран, аатын ааттана тудун, тапталлаах оскуолабыт!

Алгыс.

Концерт

  1. Хор

! вед. Төрөөбүт күҥҥүнэн , тапталлаах оскуолам,

Бугунну мин үөруум эйиэхэ ананар

Тереебут куннунэн о5о саас уйата

Оло5ум суоллара бу мантан арыллар.

2 вед. Дьоллоох дьоро киэьээнэн, кунду до5оттор! Эһигини үөрэ көтө көрсөр иитиллибит улааппыт алаьа дьиэ5ит, төрөөбүт оскуола5ыт.

  1. Ункуу
  2. ! вед. Бугун биьигини кытта уерэр Таатта сирэ барыта. Бугун биьиги уеруубутун уллэстэллэр  туналыьар чараннар, эргэнэ хара тыалар, алаарар алаастар.Оскуоланы бастакы бутэрбит о5олорго аныыбыт бу ырабытын.Кузьмина Людмила
  3. 2 вед. Э5эрдэбитин аныыбыт 50- 60 сылларга улэлээбит учууталларга. Ыллыыр Асен Кузьмин
  4. Ункуу. Ыа5айалаах.
  5. Оскуола эн бааргын  эргийбэт эдэрим, о5о саас уеруутэ , теннубэт куннэрим. Эн миэхэ ууннэрдин бу аптаах кынаты, эн миэхэ анаатын бу сырдык  алгыьы.

7.То5ус тойон. Ерегей.

8.Аня Павлова . Ыччат Сахаларга

9.Сыанка «Лапта»

10. 70- 80 сылларга уерэммит уолаттарга уонна кыргыттарга,  утумэн ыччаты улахан олоххо  атаарбыт учуутал дьоннорго аныыбыт. Неустроев Г.К.

11. Ункуу.

12. Толбон Аан дойду ыччатын сурэ5э

13. Э5эрдэ эьиэхэ урукку кэмнэр уоттаах хомсомуол ыччаттарыгар, хомунньуус учууталларыгар! Эьиги утуену сыдыгы тар5атан, инники эрэллээхтик хаамаргыт, сайдыыга дьулуьаргыт.

То5ус тойон Кыайыыга дьулуур.

Саргылаах сана кэм оскуолата! Энкиэн бай5алынан айанныыр  модун хараабыл кэриэтэ5ин.  Буур5алартан, бааллартан куттаммакка иннин диэки тургэнник уста5ын.

Э5эрдэ эйиэхэ 21 уйэ   оскуолата.

14. КВН

Сахалыы мода

Э5эрдэ эьиэхэ, сана кэм  учууталларрыгар, балысхан сууруктээх модун сууруктэринэн кынаттаах аалларынан айанныыр уерэнээччилэргэ.

15. Федоровтар.

16. Ульяна Чупрова

17.Ункуу.

18.Флешмоб ПЕИ

19. 21 уйэ оскуолата о5о5ону наука урдук чыпчаалларыгар сирдиир, искусство кэрэ эйгэтигэр киллэрэр, бизнес  ахсым аттарынан айаннатар

20. Алаас ахтыл5ана

21.Ансамбль Эр дьоннор

22. КВН.

23.Ункуу

Бугун оскуолабыт тереебут кунэ

Бугун барыбыт уеруутэ

90 сыл кемуруе хаары оймоон,

Аааспыт кэм ааннарын арыйан,

Эдэр саааьы эргитэн,

Дьоллоох кэмнэ ыалдьыттаан

Оонньоон кулэн хаалыа5ын.

О5о сааска теннуе5ун

Махтал эйиэхэ, оскуолабыт,

Хаьан  да ханна да буолларбыт

Еруутун эйиигин саныахпыт,

Куруутун аймана ахтыахпыт

О5о саас дьэрэкээн куннэрин,

Умнуллубат тугэннэрин

Репертуар:

  1. Ункуу «Дьиэрэнкэй»
  2. Ункуу «Ыа5ыйалаах»
  3. Ункуу «Кумысный»
  4. «Толбон» Колхоз ырыата
  5. «Толбон» Аан дойду ыччатын сурэ5э То5ус тойоттор кыттыьаллар
  6. «То5ус тойон» Ерегей
  7. «То5ус тойон» Кыайыыга дьулуур
  8. КВН «Тик-Так»
  9. Ансамбль «Алаас ахтыл5ана» Олонхо дойдута
  10. Сахалыы мода
  11. Ансамбль Оскуола эр дьоно
  12. Кузьмин Арсен «Чугдаар чуораанчыгым»
  13. Кузьмина Л.Н.
  14. Неустроев Г.К.
  15. Чупрова У.И.
  16. Федорова Т.Р.
  17. Флеш-моб