хоһоонунан дьүһүйүү
творческая работа учащихся (7, 8 класс)
7-8 кылаас уолаттарын толоруутугар ийэҕэ аналлаах хоһоонунан дьүһүйүү
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
iyege_anallaah_hohoonunan_duhuyuu.docx | 16.11 КБ |
Предварительный просмотр:
Ийэҕэ аналлаах хоһоонунан дьүһүйүү
- Киириитэ.
(Богдан) Төрөөбүтүм мин бу сиргэ
Төлкөлөөх олоҕу олороору
Кэрэ кэскили бэйэбиттэн
Тутулуктаах диэн этээри.
Төрөөбүтүм киһи аналын
Түһэн биэрбэт ыралаах.
Төһө күүһүм кыайарынан
Туругурдар эрэ баҕалаах.
- Ырыа.Уол оҕо (К. Афоня, Б. Афоня, Саша П., Арсен, Ганя)
3.(Марат)Өбүгэлэрбит кырдьаҕаһы ытыктыырга, сиэри – туому тутуһарга көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр үтүө үгэстээхтэр. Ол курдук, уол оҕо кырдьаҕастарга, кыргыттарга, дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ сыһыаҥҥа угуттанан, эр киһи, аҕа буолан эрэллээх эркин буола улаатар.
4.(Ганя Х.)Ийэни – аҕаны өрө тутан, өйүгэр – санаатыгар иҥэрбит уол оҕо олоххо баар ытык өйдөбүллэргэ үөрүү – көтүү үктэллээх, дьол – соргу тосхоллоох дабайан тахсар.
5.(Коля Б.)Кэлэн ааһар олоххо
Ийэ, аҕа тылынан
Өлбөт, сүппэт үйэлээх
Айымньыны айбыттар
Өрүү тыыннаах буолуохтара.
6.(Саша П.)Саха норуодунай поэта Серафим Романович Кулачиков – Эллэй күн сардаҥатын көрдөрбүт күн күбэй ийэтин хараҕын харатын курдук харыстыыр, айбыт аҕатын ханна да сырыттар ахтар – саныыр, кэскиллээх инникитин туһугар, үүнүү - сайдыы чыпчаалыгар дабайан тахсарыгар көстүбэт күүс эйгэлэммитэ.
7.(Афоня К.)Бүгүҥҥү күлүөнэ дьон талааннаах суруйааччы, биир дойдулаахпыт Эллэй айбыт аҕатын, төрөппүт ийэтин туһунан билэрбит татым соҕус буолуо. Суруйааччы бэйэтин ахтыытыгар ааҕабыт:
8.(Миша П.) “Аҕам сорох сайын баай дьон ходуһаларын аҥарын куортамнаһан оттуура, оскуолаҕа мас кэрдэрэ, саһаан туруорара. Кыһынын алта оҕотун куобахтаан аһатара...
9.Аҕам (Гриша О.)
Туос түннүк быыһынан
Тураргын көрөбүн...
Саһархай хараххын,
Санаарҕыыр дьүһүҥҥүн.
Хаптаһын хайытар
Харыларын үрдүгэр
Хаар бөҕө түһэрэ
Харахпар элэҥниир.
Оо, аҕам оҕонньор,
Туох тимир күүстээххин?
Өттүктээн сынньанар
Үгэһи билбэккин.
10.(Саша Б.)Сайыҥҥы куйааска
Кыһыҥҥы дьыбарга
Соҕотох да чааска
Сололоох турбаккын.
Оо, аҕам оҕонньор,
Оҕолоргун иитэҕин,
Утуйар – сынньанар
Олоҕу билбэккин.
11.(Афоня Б.)Ийэбит, саха элбэх ийэлэрин курдук, иистэнньэҥ бэрдэ. Кини сылгы тириититтэн тикпит саары этэрбэһэ, саараама сииги да өтүппэт этэ”, - диэн Серафим Романович Кулачиков – Эллэй төрөппүттэрин туһунан дириҥ махталынан суруйан хаалларбыта, кини саха дьиҥ олоҕуттан силис – мутук тардынан тахсыбытын бэлиэтээбитэ.
12.Ийэбэр. (Коля Б.)
Ийээ, өйдүүбүн, хаһан да умнуом суоҕа
Били от ыйын киэһэтин,
Ол күн арҕааттан эйиигин соһутуох
Этиҥ эмискэ эппитин.
Этиҥ этэрин кытары, ийээ,
Эн хоспор сүүрүүнэн киирбитиҥ
Түөскэр сүрэххин туттаҥҥын
Миэхэ бу курдук эппитин:
“Оо, оҕом тыыннаах эбиккин, дьэ кэрэ.
Уой даа, сии сыста дии этиҥ.
Ийэ сүрэҕэ – оҕоҕо дииллэрэ
Кырдьык да эбит!” – диэбитиҥ.
13.(Арсен Т.)Ийээ, мин кырдьа бардарбын даҕаны
Син биир эйиигин ахтабын.
Күнү көрдөрбүт ийэм барахсаны
Күнтэн күндүтүк саныыбын.
Миэх тымныыга сылаас уот этиҥ эн,
Сырал куйааска – сөрүүн тыал,
Ньыгыл таас хайа буоларыҥ этиҥтэн,
Дохсун буурҕаҕа – халыҥ тыа.
14. (Марат) Ийээ, өлүүттэн харыстаан эн миигин
Өлбөт үөстээбит эбиккин,
Хайа да кэмҥэ кэхтибэт силискин
Миэхэ, ыччаккар биэрбиккин.
Бу аан дойдуга эн кээспит кэриэһин,
Майгыҥ бастыҥа, алгыһын
Араҥаччылыыра миигин мэлдьитин.
Оннук да буоллун анытын.
15.Ырыа. Таптыаҕыҥ, ийэни! (Арсен Т., К Афоня, Б. Афоня, П. Саша, Ганя Х.)
Күн көрүө – от үүнүө,
Сибэкки тэтэриэ.
Күнэ суох туох үүнүөй?
Күөх сирэм күкээриэ.
Ол тэҥэ – күн тэҥэ
Эн ийэҥ, мин ийэм,
Ийэтэ суох иинэн,
Иһийиэ сир ийэ.
Күнүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн –
Таптыаҕыҥ ийэни!
16.Түмүк (Саша П.)
Эн ийэ дойдугун,
Ийэҕин таптыыр буол,
Оҕоҕун – уруугун
Ийэлии иитэр буол.
17. (Гриша)Ханна да бардаргын,
Ыл ийэҥ, аҕаҥ алгыһын.
Ханна да буолларгын
Кинилэри эн аҕын!