дьүһүйүү
творческая работа учащихся (9, 10, 11 класс)

Гуляева Алина Ивановна

Үрдүкү каылаас уолаттар толорууларыгар "Учууталга" диэн хоһоонунан монтаж сценарийа

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл montazh.docx14.71 КБ

Предварительный просмотр:

Учууталга

  1. Толя: Сардаҥанан сандаарбыт

            Сырдык ыраас суолларбыт,

            Оҕо сааһы сирдээннэр

            Оскуолаҕа тиэрдэллэр.

            Үөрэх – билии биһигэр

            Үөрэ- көтө сылдьабыт.

Бары: Үөрэх – билии биһигэр

           Үөрэ- көтө сылдьабыт.

  1. Гриша: Күлүмүрдүү күндээрэн,

               Кылаас аана аһыллар,

               Сылааһынан илгийэн,

               Сырдык аартык арыллар.

               Үөрэх – билии биһигэр

               Үөрэ- көтө сылдьабыт.

Бары: Үөрэх – билии биһигэр

            Үөрэ- көтө сылдьабыт.

  1. Марат: Оҕо саастыын хардыылыыр

Оскуоланы таптыыбыт,

Өркөн өйү сытыылыыр

Өрөгөйүн алҕыыбыт.

Үөрэх – билии биһигэр

Үөрэ- көтө сылдьабыт.

Бары: Үөрэх – билии биһигэр

             Үөрэ- көтө сылдьабыт.

  1. Коля: Дьоҕурбутун буламмыт,

           Дьулуурбутун уураммыт

           Дьоһун идэ талыахпыт,

           Дьоллоох суолу таҥыахпыт.

           Үөрэх – билии биһигэр

          Үөрэ- көтө сылдьабыт.

Бары: Үөрэх – билии биһигэр

            Үөрэ- көтө сылдьабыт.

  1. Афоня Б. Билии – көрүү эйгэтигэр

                            Бигээн, сиэтэн уһуйбуттар,

                            Үөрүү үрдүк үктэлигэр

                           Үөрэтэннэр дьоллоотулар.

                           Ийэм, аҕам тэҥэ буолбут

                          Истиҥ дьонум учууталлар.

         Бары: Ийэм, аҕам тэҥэ буолбут

                    Истиҥ дьонум учууталлар.

  1. Ганя: Күндү дьонум, учууталларым

           Сөптөөх суолу тэлэйэннэр,

           Олох сырдык, үөрүүлээх

           Күннэрин бэлэхтииллэр.

                     Ийэм, аҕам тэҥэ буолбут

                    Истиҥ дьонум учууталлар.

        Бары: Ийэм, аҕам тэҥэ буолбут

                   Истиҥ дьонум учууталлар.

  1. Афоня К. Ыра санаа

                       Ыллыгынан сирдиир,

                 Сылааһынан илгийэр

                 Аартыгы арыйар.

                          Ийэм, аҕам тэҥэ буолбут

                           Истиҥ дьонум учууталлар.

         Бары: Ийэм, аҕам тэҥэ буолбут

                     Истиҥ дьонум учууталлар.

  1. Саша:Үтүө кэрэ баҕаларын

                 Үллэрэннэр түҥэппиттэр,

                      Санаа истиҥ сылааһын

                      Саргылааннар иҥэрбиттэр.

                      Ийэм, аҕам тэҥэ буолбут

                      Истиҥ дьонум учууталлар.

       Бары: Ийэм, аҕам тэҥэ буолбут

                   Истиҥ дьонум учууталлар.

  1. Арсен: Аан дойдуну анаарар

            Аартык аанын аһаллар,

           Алгыс тылы анааннар

           Ахта – саныы хаалаллар.

                     Ийэм, аҕам тэҥэ буолбут

                     Истиҥ дьонум учууталлар.

        Бары: Ийэм, аҕам тэҥэ буолбут

                    Истиҥ дьонум учууталлар.

  1.  Богдан: Көлүөнэ дьону иитэр, үөрэтэр,

                Убаастыыр учууталларбыт!

               Олоххо бэлэмниир,

               Сатабыллаах уһуйааччыларбыт!

                Аныыбыт эһиэхэ,

                Ыччаттарыҥ махталын.

Бары: Аныыбыт эһиэхэ,

            Ыччаттарыҥ махталын.