Ыстатыйалар.
статья (8 класс)
Предварительный просмотр:
Варвара Окорокова, филологическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр.
Николай Алексеевич Габышев (10.04.1922-08.12.1991) саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин биир саамай биллэр, ааҕааччы эрэ уйадыйа, таптыы ылынар суруйааччыта этэ. Үөлээннээхтэрэ, доҕотторо кини энциклопедическай билиилээҕин, таһыччы сайдыылааҕын, нуучча уонна араас омук суруйааччыларыгар тиийэ кинини улаханнык ытыктыылларын туһунан элбэхтик ахтыбыттара. Суруйааччы, публицист, тылбаасчыт… Кини дэгиттэр талааннааҕа – суруйааччы, оскуолаҕа үөрэх кинигэлэрин бэлэмнээччи, публицист, тылбаасчыт, элбэх эдэр суруйааччыга көмөлөспүт, айымньыларын таһаарбыт эрэдээктэр. Ону таһынан, кини чинчийээччи быһыытынан биллибит. Үөрэҕин бүтэрэн, сүүрбэччэлээх уол ыраах хоту дойдуга Дьааҥыга тиийэн учууталлаабыта. Онно кини сырдатааччы, пропагандист уонна норуот олоҕун интэриэһиргиир киһи быһыытынан биллибит. Каникул кэмнэригэр ыраах сирдэринэн кэрийэ сылдьан олохтоох норуот айымньыларын хомуйбут, ордук олохтоох нууччалар тылларын, айымньыларын үөрэппит. Саха сирин Тыл, литэрэтиирэ уонна история институтун уонна ССРС НА тэрийбит эспэдииссэйэлэригэр кыттыбыт (1946 сыллаахха). Ол түмүгэр «Фольклор Русского Устья» (1986) диэн улахан үлэ тахсыбыт. Саха бастакы литэрэтииринэй пааматынньыгын – «Ахтыылар» ааптардара А.Я.Уваровскай олоҕун, айар үлэтин аан бастакынан чинчийбит, элбэх үлэни бэчээттэппит. Онон итиннэ барытыгар кини улахан учуонай, чинчийээччи үлэтин толорбут. Кэпсээн маастара Литэрэтиирэҕэ 1946 сыллаахха «Хотугу сэһэн» диэн бастакы кэпсээнинэн киирбит. Онтон 1951 сыллаахха «Ыраах Амычааҥҥа» сэһэнинэн ааҕааччы билиниитин ылбыт. Мантан ыла кини саха биллиилээх суруйааччыта буолан, кэпсээннэри, сэһэннэри, арамааны уонна пьесалары суруйбут. Николай Габышев саха литэрэтиирэтигэр кэпсээн маастарын быһыытынан бэйэтин өлбөт-сүппэт аатын уонна билиҥҥи саха прозата сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. Кини кэпсээннэрин кинигэлэрэ утуу-субуу бэчээттэнэн испиттэрэ – «Таптыыр оҕолорум» (1956), «Билэр дьонум» (1958), «Үчүгэй дьон» (1961), «Ый күлэр» (1961), «Таптал» (1964), «Мин муммутум» (1965), «Эн биһиги олохпут» (1972), «Ытыс саҕа кэпсээннэр» (1976), «Сүүс кэпсээн» (1982), «Көрдөөх Күндэлэй» (1986) уо.д.а. 300-чэ кэпсээни… Б.Н.Попов суруйааччыттан: «Ханнык айымньыгын программнай дии саныыгын?» – диэн ыйыппытыгар, онуоха суруйааччы: ««Таптал» диэн кинигэбин», – диэн эппиэттээбит. Чахчыта да, «Таптал» кинигэ 1964 сыллаахха тахсан, ааҕааччылар куттарын туппута. Үгүс кэпсээннэрэ хрестоматийнай буолбуттара. Ол эрээри ааҕааччы кинини ордук «Сүүс кэпсээн» диэн суруйааччы 60 сааһыгар тахсыбыт кинигэтинэн билэр. Николай Габышев барыта 300-чэ араас хайысхалаах кэпсээннэри суруйбута – лириичэскэй, романтическай, психологическай, детективнэй, приключенческай, сатирическай, көр-күлүү уонна миниатюра-кэпсээннэр. Киһи кэрэ өрүттэрин арыйыы Николай Габышев «ириэрии» кэмин настарыанньатынан өрө көтөҕүллэн айбыта. Ол курдук кини боростуой, олоххо күн аайы көрсөр киһибитин сүрүн дьоруой оҥостон көрдөрөр соругу туруоруммута. Ол иннигэр хомуньуустар уобарастарын арыйыы литэрэтиирэ улахан соруга буолара. Аны туран, суруйааччы ол дьоруойун хараахтарын уопсастыбаҕа, конфликка, охсуһууга буолбакка, киһи күннээҕи олоҕор-дьаһаҕар, дьиэтин иһигэр арыйан көрдөрөрү ситиспитэ. Маннык эрэ түгэҥҥэ киһи ис дьиҥэ көстөр диэн этэрэ. Суруйааччы киһи хараахтарын уратылара уонна кэрэ, күүстээх өрүттэрэ ордук тапталга арыллар диэн санаалааҕа. Онон романтическай көрүүлээх суруйааччы саха киһитин хараахтарын ордук кэрэ өрүттэрин арыйыыга болҕомтотун уурбута. Тапталы сиһилии ойуулаабыта Саха прозатыгар аан бастаан тапталы сиһилии ойуулаабыта, таптыыр дьоҕурдаах дьон бу күн сиригэр кэрэни айыахтарыгар кини итэҕэйэрэ. Ол курдук саха ааҕааччыта кини «Үрүҥ көмүс хатыҥ», «Анфиса», «Плисада уонна Миша», «Үрүҥ дьол» уо.д.а. кэпсээннэрин сөбүлээбитэ. Манна таптал арааһа ойууланар – бэриниилээх, үгүс сылларга күүтүүлээх, дьоллоох, соһуччу, толкуйдааһыннаах-ааҕыылаах уо.д.а. Холобур, Татьяна сүүрбэччэ сылы быһа сэриигэ баран сүппүт Костятын умнубат, күүтэр, ол да буоллар кини сааһыран иһэн эмиэ дьикти иэйиини билэр дьоллоох («Үрүҥ көмүс хатыҥ»), эдэр устудьуон уол икки оҕолоох нуучча дьахтарын таптаан кэбиһиитэ («Анфиса»), оттон Плисада төһө да сөбүлээтэр, хортуоппуйун, сибиинньэтин боппуруостарыттан кыайан арахсыбата, өрө көппөтө уо.д.а. Психологическай кэпсээннэригэр суруйааччы тапталлаахтар сыһыаннаһыыларын дьиктитин, тайтарыылааҕын чинчийэн көрөр. «Тиһэх көрсүһүү» кэпсээҥҥэ ыалдьа сытар дьахтар бастакы таптала көрсүһэ кэлбитигэр киллэрбэт, эдэрбин эрэ өйдөөтүн диир. «Ааныс» кэпсээҥҥэ сааһырбыт мааны киһи боростуой дьахтарга маҥнайгы тапталын өйдөөн көрбөккө, билбэккэ да хаалар. Ытыс саҕалар Уопсайынан да, Николай Габышев кэпсээн жанра саамай умсугутуулааҕын, үйэлээҕин уонна суруйарга уустугун бэлиэтиирэ. Оҕо эрдэҕиттэн Н.Неустроев, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, нуучча суруйааччыларын Чехов, Куприн, Горькай кэпсээннэринэн үлүһүйэн умсугуйбутун, айар суолга үктэммитин туһунан билинэр. Суруйааччы кыра кэпсээни сөбүлээн суруйара, «аһыы отоннор», «ытыс саҕа кэпсээннэр» диэн ааттыыра. Кини ордук көрдөөх Күндэлэй туһунан кэпсээннэрэ киэҥник тэнийбиттэрэ. Күндэлэй төһө да омуннаах, ардыгар сымыйанан күүркэтэр да курдук көһүннэр, кини саха киһитин өлөн-охтон биэрбэт, санаатын түһэрбэт хараахтарын кэрэһитэ буолбута. Онон бу кэпсээннэргэ көр-күлүү, сатира эрэ буолбакка, олох муудараһа көстөр. Саха дьоно былыргыттан да өлөн-охтон биэрбэт, куруук ат уорҕатыгар сылдьар уол оҕонон киэн тутталлара. Онон Күндэлэй Илиҥҥи литэрэтиирэлэр Насреддиннарыгар майгынныыр уобарас буолбута. Умнуллубат уобарастар, тиэмэлэр Айар үлэбэр икки сүрүн тиэмэни арыйдым – таптал уонна хотугу дойду олоҕо диирэ. Чахчыта да оннук. Кини хотугу хорсун, үлэһит дьон олоҕун-дьаһаҕын көрдөрүүгэ үгүс айымньытын анаабыта. Төрөөбүт дойдуга таптал күүстээҕин арыйан көрдөрбүтэ. Николай Габышев тиэмэлэрэ, уобарастара умнуллубаттар. Ону кытта суруйааччы ааҕааччыны абылыыр кистэлэҥнэрэ үгүстэр. Ол курдук кини бэлиэ, ааҕааччы өйүгэр хатанан хаалар деталлары туттар – үрүҥ көмүс хатыҥ, саас муусуката, төрөөбүт сир буора, абылаҥнаах харах, «кэпсиир» илии, туундара суола, үрүҥ дьол уо.д.а. Холобур, хоту олорор ыраах Чурапчыттан төрүттээх Балбаара кыра мөһөөччүккэ төрөөбүт сирин буорун ылан сыллыы, айаҕар ыстыы сылдьар, оччоҕо ахтылҕана тахсар, уоскуйар. Оттон киин сиргэ уолугар олорор хоту киһи туундаратын ахтара бэрдиттэн ыалдьар, дойдутугар төннөн кэлэн, салгынын эҕирийэн, ахтылҕаннаах буоругар умса түһэр да, өлөн хаалар. Төрөөбүт дойдуга таптал оннук күүстээх буолар эбит. Николай Габышев айылҕаны, ордук хоту дойду айылҕатын уратытык ойуулуурун бэлиэтииллэр. Холобур, Ю.И.Васильев кини ойуулааһыннарыгар 500-тан тахса тэҥнэбиллэри булбута. Кини тыла олус судургу диэн этэллэр эбит. Онуоха суруйааччы мин норуотум саҥарар, өйдүүр тылынан суруйабын диэн эппиэттиир эбит. Кини тылын Амма Аччыгыйа үчүгэйдик суруйар диэн хайҕаабыта. Николай Габышев саамай ураты, ааҕааччыны абылыыр дьиктитэ – кэпсиир интонацията. Кини наһаа иэйиилээхтик, лириическэйдик суруйар, ол иһин ааҕааччы уйулҕатын хамсатар, сүрэҕэр дьайар. Уопсайынан, кэпсээннэригэр прозаны уонна поэзияны холбообута дииллэр. Ол да иһин кини сүрүн кэпсээннэрэ бары лириичэскэй, романтическай тыыннаахтар. Кыһалҕалаах олох Тус олоҕо кыһалҕата суох, үүт-тураан буолбатах этэ. Аҕата кулаак буолан, ииппит аҕата, чугас аймахтара эрэпириэссийэлэнэн, бэрт кутталлаах, ыарахан кэмнэри этинэн-хаанынан билэн улааппытын туһунан суруйаллар. Ол да буоллар сырдыкка, кэрэҕэ тардыһыылаах уол үүнэн-сайдан, суруйааччы буолбута, норуотугар элбэҕи айан хаалларбыта. Кини киһи быһыытынан уратытын, киһини эрэ тардар дьүһүннээҕин, муус күөх харахтарынан олоҕу «цветнойдук» көрөрүн, ураты кэрэ-мааны майгылааҕын туһунан үгүстүк таптыы-ахта кэпсииллэр. Түмүк оннугар Николай Габышев үгүс саҥаны арыйан, саха кэпсээнин сайыннарбыта. Уонна саха прозата сайдарыгар кылаатын киллэрбитэ. Ол курдук кини кэпсээннэрин сөбүлээн, кини сабыдыалынан литэрэтиирэҕэ киирбит, биллиилээх прозаик буолбут суруйааччылар бааллар – В.Гаврильева, Е.Неймохов, Э.Соколов уо.д.а. Онон 70-80-с сылларга саха прозата муҥутуу сайдыбыта.
© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/oloh-keretin-aryjbyta-nikolaj-gabyshev-t-r-b-te-100-sylygar/