Суруйааччы биографията
учебно-методическое пособие (8 класс)
Саха норуодунай суруйааччытын Николай Габышев олого, айар улэтэ.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
gabyshev_nikolay_alekseevich_olo5o_ayar_ulete.docx | 15.89 КБ |
Предварительный просмотр:
Габышев Николай Алексеевич
Габышев Николай Алексеевич (10.04.1922—08.12.1991) — саха сэбиэскэй кэминээҕи суруйааччыта, кэпсээнньит, драматуур, тылбаасчыт. Суруналыыс, учуутал, үөрэх мэтэдьииһэ.
1922 сыл муус устар 10 күнүгэр Үөһээ Бүлүү Хомустаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бииргэ үөскээбит үөлээннээхтэрэ Николай кыра эрдэҕиттэн билиигэ тардыһар, түүннэри кинигэ ааҕар уолчаан этэ диэн ахталлар эбит. Дьокуускайдааҕы учуутал институутун бүтэрбит, онтон 1941 сыллаахха 19 саастааҕар Аллайыахаҕа учууталынан анаммыт. Литература А. М. Горькай аатынан инстутуутун үрдүкү литературнай куурустарыгар үөрэммит. Элбэх сылларга учууталлаабыта уонна суруналыыстаабыта, «Хотугу сулус» сурунаалга проза салаатын салайбыта.
Айар үлэтэ.
Үһүс кылааска сылдьан айбыт хоһоонноро оскуола эркин хаыатыгар тахсаллар эбит. 1946 сыллаахтан бэчээттэммит. 1947 сыллаахха «Хотугу сулус» альманаахха Индигиир өрүскэ буолбут быһылаан туһунан «Хотугу сэһэн» диэн кэпсээнэ тахсыбыта. Бастакы бөдөҥ айымньытын, «Ыраах Амычааҥҥа» сэһэни, 1951 сыллаахха бэчээттэппитэ.
Кылгас көрдөөх кэпсээннэр уонна сатиира кинигэлэрин ааптара. Алмаасчыттар, геологтар тустарынан "Пламя голубого камня" ("В алмазной тайге") диэн сэһэни суруйбута. "Дети мои любимые"(1956) уонна «Таптал» (1964) кэпсээннэр хомуурунньуктарын, "Цветы Колымы" сэһэни (1967) бэчээттэппитэ. Ону тэҥэ "Мои знакомые" (1958) сэһэннэр уонна кэпсээнэнэр хомуурунньуктарын, "Два счастья" пьесаны (1960) суруйбута.
В. Ажаев "Далеко от Москвы" диэн арамаанын сахалыы тылбаастаабыта, М. Шатров "Шестое июля", А. Корнейчук "Память сердца" уо.д.а. пьесалары тылбаастаабыта.
Саха литэрэтиирэтин оскуолатааҕы бырагырааммаларын, учуобунньуктарын уонна хрестоматияларын оҥортообута[1].
«Бичик» кинигэ кыһата 2008 сыллаахха «Уран тыл уустара» сиэрийэҕэ суруйааччы айымньыларын хомуурунньугун таһаарбыта (ISBN 5769629525, 9785769629525)
1991 сыл ахсынньы 8 күнүгэр өлбүтэ.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Суруйааччы чабыр5а5а
Урок по якутской литературе...