Ахтыылар
статья (8 класс)

Николай Габышев туЬунан суруйааччылар ахтыылара.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл ahtyylar.docx21.11 КБ

Предварительный просмотр:

«Муҥурун булларбатах» суруйааччы Николай Габышев

Бүгүн, муус устар 10 күнүгэр, саха биллиилээх прозаига, драматура, тылбаасчыта Николай Алексеевич Габышев төрөөбүтэ 100 сыла. edersaas.ru ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1957 с.), САССР үтүөлээх үлэһитэ Николай Габышев кэпсээннэрин, сэһэннэрин сэргии аахпатах саха тыллаах суоҕа буолуо. Кини Үөһээ Бүлүү улууһун Дьүллүкү нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайга учууталлар икки сыллаах институттарын, СГУ филологияҕа факультетын, Москваҕа литература үрдүкү кууруһун бүтэрбитэ. Саха тылын, литературатын уонна устуоруйатын институтун Индигиирдээҕи этнографическай-лингвистическэй эспэдииссийэтин састаабыгар киллэриллибитэ. Ол сылдьан Русскай Устье сүүстэн тахса нууччалыы ырыаларын, үһүйээннэрин, остуоруйаларын суруммута. Ити бэлиэтээһиннэрэ кэлин элбэх тэттик да, улахан да кэпсээннэригэр, сэһэннэригэр киирбитэ. 1947-1961 сылларга Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар эппиэттиир эрэдээктэринэн үлэлээбитэ. «Хотугу сулус» сурунаал прозаҕа отделын салайбыта. Николай Габышев литератураҕа үлэтин 1946 сылтан саҕалаабыта. Кини — 20-тэн тахса кинигэ ааптара. Ааҕааччылар кинини «Таптыыр харахпынан» арамаанынан, «Ыраах Амычааҥҥа», «Күөх таас чолбоно» сэһэннэринэн уонна үгүс ахсааннаах кэпсээннэринэн билэллэр. В.Ажаев «Далеко от Москвы» арамаанын, М.Шатров «Шестое июля» уонна А.Корнейчук «Память сердца» пьесаларын уо.д.а. сахалыы тылбаастаабыта. Тыйаатырдарга «Икки дьол», «Көмүс балык», «Романовка кыһыл былааҕа», «Солооһун» пьесалара турбуттара. Николай Габышев олоҕун, айар үлэтин, киһи быһыытынан үтүө хаачыстыбаларын, литератураҕа сыһыанын уо.д.а. суруйааччы Василий Тарасович Сивцев хомуйан таһаарбыт «Муҥурун булларбатаҕа» кинигэтиттэн билсиэҕиҥ.  

«Хаама сылдьар энциклопедия»

«Николай Габышев эдэр эрдэҕинэ, күп-күөҕүнэн көрөн, көбүс-көнө уҥуохтаах, уһун синньигэс кыраһыабай уол этэ. Кыргыттар куттарын туппут бэйэтэ: араас кэрэкээн барахсаттар -– нууччалыын-сахалыын кинини биир кэм эккирэтэ сылдьар буолаллара».

Степан Тимофеев.

««Суруйан истэҕим ахсын олоҕу, дьону хайдах баарынан ойуулуурум табыллыа суох курдук буолан испитэ. Таптыыр хараҕынан көрүү кыларыйар кырдьыгы этэри эрэйэр. Олорор олоххун дьиҥнээх баарынан көрдөрүөхтээххин. Ол биһиэхэ көҥүллэнэр дуо?» -– диэн адьас ис дууһатыттан эппитэ. Мин саҥарбатаҕым. Ньукулай ити этиитэ, эргитэ санаан көрдөххө, иһэ истээх этии. Кини бэйэтигэр, бэйэтин талааныгар уһулуччу көрдөбүлү туруорунара уонна олорор кэмин сыһыана көстөр».

Моисей Ефимов.

«Кини хотугу дойдуну хоһуйар туспа темалаах, атын айар стиллээх, элбэҕи эрэннэрэр лирик кэпсээнньит быһыытынан суруйар үлэтин тэтимнээхтик, биһирэтэрдик уонна хоннохтоохтук саҕалаабыта. Кини талааныгар прозаик өйө уонна поэт сүрэҕэ биир ситим буолан, гармоничнайдык дьүөрэлэһэн сылдьаллар. Кини айар буочара туох уратылааҕый? Мин санаабар, суруйар тематын барытын сиһилии ырыта барбакка, штрихтэринэн (саамай бэлиэ түгэннэринэн) арыйары олус табан туттар. Геройдарыгар (бэл омсолоохторго) сыһыана мэлдьи сылаас, сырдык буолар, итэҕэһи быһаччы сэмэлээһин ньыматынан буолбакка, табаарыстыы көмөлөһөр хайысханан арыйар. Быһата, кини кэпсээннэриттэн дьоҥҥо, хайа баҕарар түбэлтэҕэ болҕомтолоохтук сыһыаннаһарга, киэҥ-куоҥ дууһалаах буоларга, кинилэр кыһалҕаларыгар кыһамньылаахтык кыттарга, көмөлөһөргө үөрэнэҕин».

Рафаэль Баҕатаайыскай

«Талааннаах, билиилээх киһи, аахпытынан муҥурун булларбатах киһи, атын дьону хайгыыра, атын дьон аатыгар сүгүрүйэрэ ордук ылыннарыылаах буолара… Оттон төрөөбүт литературатын кини саҕа билэр уонна таптыыр суруйааччы аҕыйах буолуо. Ону биһиги «Үтүө аргыстар» диэн кинигэтиттэн да көрүөхпүтүн сөп. Суруйааччылар тустарынан араас кэпсээннэри, анекдоттары хааһахтан хостуур курдук умсугутуулаахтык кэпсиирэ». Василий Сивцев.

 «Николай Габышев сүнньүнэн прозаик. Төһө да театрга турбут хас да пьесалардаах буоллар, ааҕааччыга киэҥник биллибитэ — проза. Литература бу сүрүн көрүҥэр үлэлээн төһө да биллэр суруйааччы буоллар, саха кэпсээнин «иитин-саҕатын» быһаарарга кини хойукка диэри чинчийэр санаатын уурбут эбит». Дмитрий Кириллин. «Николай Габышев уонна Софрон Данилов прозаҕа «күрэхтэһэ-күрэхтэһэ» үлэлээбит кэмнэрэ кинилэр айар үлэлэригэр эрэ буолбакка, бүттүүн саха литературатыгар үйэлээх суолу-ииһи хаалларбыттара. Николай Габышев лиричэскэй-романтическай стилиттэн В.Гаврильева, Прокопий Чуукаар, Е.Неймохов, Э.Соколов уо.д.а. силис тардан, айар үлэлэрин саҕалаабыттара».

 Варвара Окорокова.

«Суруйааччы быһыытынан кини аналитик суруйааччы этэ. Арааһа, учуонай да буолуон сөптөөх киһи этэ. Билигин үгүс суруйааччылар, кириитиктэр уонна учуонайдар кини суруйууларыгар сигэнэллэрэ үгүс». Кэтэх санаа хоммотох киһитэ «Николай Алексеевич киһи быһыытынан эмиэ кэрэ дьүөрэлэһиилээх. Кини киэҥтэн кыараҕаска киирбэккэ, кыараҕастан киэҥҥэ эрэ дьулуһар сырдык санаалаах, үтүө дууһалаах, бэл атаҕастааһыҥҥа да куһаҕанынан хардарсыбат, дьорҕойбут киһи бэйэтэ өйдүөр диэри тулуйан сылдьар дэлэгэй майгылаах, киэҥ көҕүстээх уонна үрдүк культуралаах киһи».

Рафаэль Баҕатаайыскай.

 «Киһини барытын аһынар, киһиэхэ барытыгар көмөлөһөр дэлэгэй дууһалааҕа. Дууһата эмиэ оннук аһаҕас, кистэл, кэтэх санаа диэн хоммотох киһитэ». Василий Сивцев. «Уу сахалыы эттэххэ, оҕуһу туруору тутан кэбиспит курдук, толуу көрүҥнээх киһи, олус намыын, симик саҥалааҕа. Онтуката «ытыс саҕа кэпсээннэрин» курдук бэрт кылгас, боростуой буолаллара».

Прокопий Степанов.

«Николай Габышев кыыс-дьахтар аймахтан ордорон айар үлэтин таптыыра. Айымньыларын төрөппүт оҕолорунуу саныыра, биир эмэ суруйуута сирилиннэҕинэ наһаа хоргутара, хараастара. Үчүгэйэ диэн, онтукатын өс-саас оҥосто сылдьыбакка, тута аһаран иһэрэ».

Егор Неймохов.

«Н.А.Габышев -– истиҥник саныыр суруйааччым. Киһи быһыытынан олус үтүө, эйэҕэс, үрдүк культуралаах, дириҥ билиилээх киһи. Эдэр суруйааччы киниттэн үөрэнэрэ, үлэҕэ-хамнаска холобур оҥосторо элбэх. Кини психолог суруйааччы буоларын билиҥҥи кириитиктэр өссө да ситэри арыйа иликтэрэ хомолтолоох. Улахан талааннаах киһи Суруйааччы ааҕыыччытын долгутуута -– бу ситиһиитэ, кыайыыта, дьоҕура уонна дьоло. Кини ааҕааччытын Дьиҥнээх киһи буоларга үөрэтиитэ -– бу талаана. Николай Габышев оннук киһи, оннук талааннаах суруйааччы быһыытынан биһиги сүрэхпитигэр хааллаҕа». Иван Мигалкин.

««… Айар былаан элбэх, онон айыахха-суруйуохха, ар-бур дэсиһиини хаалларыахха, үлэнэн күрэстэһиэххэ» диэн сүбэлиир дуу, ыҥырар дуу кэриэтэ этэрэ.. Ол да курдук, үлэлии олорон биирдэ сууллан түспүтэ -– олоҕун чүмэчитэ чаҕылхайдык умайа туран эмискэ умуллан хаалбыта, соҕотохто хабыс-хараҥа буолбута. Эмэн да, эдэр да доҕотторо бүдүмүккэ харбыалаһа түспүппүт, биһигини күүрдэр, кынаттыыр сүдү киһибитин сүтэрбиппит…»

Семен Руфов.