"Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтэ"
материал

Сивцева Екатерина Дмитриевна

төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах "Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтэ" күрэхтэһии ис хоһооно, түһүмэхтэрэ.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл tyl_kune_yyytyylar_2018.docx25.51 КБ

Предварительный просмотр:

I-Өспөх нэһилиэгэр ыытыллар

“Сахам сайдам тылынан” тыл күрэхтэһиитин торума.

Бырайыак ааптара: Сивцева Е.Д.

Сүрүннүүр сүбэ: Сивцева Е.Д., Иванова С.И.

Тэрийэр бөлөх: Жирков Д.И., Алексеева М.Н., Борисов И.И.

Сыаналыыр сүбэ: Олесова С.Д., Данилова М.Н., Алексеева М.Н., Протопопова У.Ю., Иванова С.И.

Буолар күнэ: 2018 сыл олунньу 20 күнэ.

Сыала: 1. Ийэ тылы өрө тутуу.

2. Төрөөбүт норуокка таптал.

3.. Түмсүү, сомоҕолоһуу.

Кыттааччы: нэһилиэк 4 түөлбэтэ. Түөлбэ түмсүүтүгэр ирдэбил: педагог, икки оҕо (8-11 кылаас), ийэ (эдььй, балыс, кийиит), аҕа (таай, абаҕа, күтүөт), эбээ эбэтэр эһээ. Барыта алта кыттааччы. Түмсүү ааттанар, түмэр этиилэнэр, биир бэлиэлэнэр.

Күрэхтэһии тутула:

1.Түһүмэхтэринэн ыытыллар.

2. Сорудаҕы норуот туһа диэн үлэлии сылдьар тыл үөрэхтээх дьон оҥороллор.

Г.Г.Торотоев - М.К.Аммосов аатынан ХИФУ РФ хотугу норуоттарын тылларын уонна култууратын үөрэтэр Институутун дириэктэрэ, филология билимин кандидаата, доцент.

Л.Е.Манчурина. - М.К.Аммосов аатынан ХИФУ РФ хотугу норуоттарын тылларын уонна култууратын үөрэтэр Институутун саха тылын стилистикатын уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас кафедратын преподавателэ,  филология билимин кандидаата, доцент.

И.П.Белолюбскай –  “Дыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа

Е.Р.Николаев - республикатааҕы “Хатан” сурунаал редактора.

В.А.Федотов – “Уус-Алдан улууһа (оройуона)” МТ баһылыга

Т.С. Павлова  - “Россия – моя история” историческай парк экскурсовода

В.Г.Тимофеева –  Уус-Алдан улууһун КДН салайааччыта

В.Я.Стрекаловскай -  Сурдлимпиада көҥүл тустууга чемпиона

           

Музыкальнай нүөмэрдэр:

  1. “Чугдаарар чуораанчыктар” чабырҕах бөлөҕө. Салайааччы – Л.Ф.Жиркова.
  2. Оһуохай. Салайааччы – В.И.Мамаева.
  3. Тойук – салайааччы Л.Ф.Жиркова.
  4. “Чуораанчык” оҕо саадын оҕолоро
  5. Хомусчуттар бөлөхтөрө. Салайааччы – Н.М.Стрекаловская
  6. “Олоҥхо оҕотобун” хоһоон -  салаайааччы С.Д.
  7. “Тэбэнэт” ансаамбыл О.Кудрина тыла уонна мел “Суолга” – салайааччы Лыткина Ю.Р.
  8. “Күбэйэ” вокальнай ансаамбыл. “Мотуок солко мутукча”, “Толору кымыстаах чороону көтөҕөн”. Салайааччы –Сивцева Д.Д..
  9. “Аргыс” СК -  салайааччы Борисов И.И.
  10. П.А.Ойуунускай хоһооонун бөлөҕүнэн ааҕыы – салайаааччы Мартынова М.Е., Сивцева Е.Д.

Наҕараадалааһын: эппиэттээх – нэһилиэк солбуйар баһылыга Жирков Д.И.

Аппаратура, киэргэтии – “Аргыс” СК директор Борисов И.И., эдэр учууталлар МХ салайааччы Чохова И.А.

Алаадьынан айах тутуу –  үөрэх чааһыгар секретарь,төрөппүт кэмитиэтин салайааччыта Копырина Л.С.

Фото, видео устуу – “Аргыс”СК, Дугунов П.П.

Сорудахтар

Егор Револьевич Николаев – “Хатан” сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ

  1. Сахалыы буукубалардаах бэчээттиир массыыҥкаҕа бэчээттэммит аан бастакы лиистэри аан бастакынан Э.К. Пекарскай илиитигэр туппута биллэр. Дьэ, бу массыыҥканы ким бастаан көҕүлээн оҥорторбута буолуой?
  1. С.А. Новгородов.
  2. Өксөкүлээх Өлөксөй.
  3. Исидор Бараахап.
  4. В.В. Никифоров-Күлүмнүүр

(1924 с. бэс ыйын 24 к. Э.К. Пекарскай Күлүмнүүргэ суруйбут суругар ити туһунан ахтыллар эбит, ол архыыбыгар баар)

  1. Саҥа күн тахсарын мэлдьи кэтиибин,

Доҕорум кэлиэ диэн куруук күүтэбин.

Умнума төрөөбүт дойдум кэрэтин,

..., доҕор, умнума.

Бу ким ырыатыттан тылларый?:

  1. Исай Брызгалов.
  2. Валерий Ноев.
  3. Аркадий Алексеев.
  4. Анастасия Сыромятникова.

(Валерий Ноев, Хатыҥчааным барахсан)

  1. Быйыл Арассыыйаҕа төрөөбүт тылынан тахсар оҕо аймахха аналлаах сурунаалларга бастыҥынан  5 төгүл ааттаммыт сурунаал төрүттэммитэ 10 сылын туолар.
  1. “Чуораанчык”
  2. “Хатан”
  3. “Кэскил”
  4. “Юность Севера”

4. Саха сиригэр түҥ былыр динозаврдар олоро сылдьыбыттара дакаастанан турар. Түҥ былыргы “Ленское море” диэн киэҥ да киэҥ чычаас байҕал кытылынан ордук үөскүү сылдьыбыттар. Ол эрээри билиҥҥи туругунан биир эрэ “Динозавр” диэн айылҕа мэҥэтэ (памятник природы) баар. Ол ханнык улууска баарый?

1. Өлүөхүмэ.

2. Сунтаар.

3. Хаҥалас.

4. Орто Халыма.

  1. Ыам ыйа – ханнык айыы ыйа?
  1. Айыыһыт.
  2. Иэйэхсит.
  3. Аан Дьааһын.
  4. Үрүҥ Айыы.

  1. Саха сиригэр 1982 с. түҥ былыргы дьон олоро сылдьыбыт сирин булан тураллар. Ол аата туох диэний?
  1. Дириҥ Үрэх.
  2. Кулун Атах.
  3. Чурапчыга Алаас Эбэ.
  4. Андрюшкино, Халымаҕа.

6.Сэһэн Ардьакыап Екатерина II кытта хас сыллаахха көрсөн “Сахалар былааннарын” туһунан кэпсээбитэй?

1.1632 с.

2. 1771 с.

3. 1822 с.

4. 1789 с.

Алексей Васильевич Федотов – “Уус-Алдан улууһа (оройуона)” МТ баһылыга.

  1. “.... В истории якутского народа мое имя останется навсегда”. Бу ханнык биллэр киһи этиитэй? (В.В.Никифоров)
  2. “Этнопедагогика Кут-Сүр” диэн монография автора кимий, биһиги биир дойдулаахпыт кимий? (Иосиф Семенович Портнягин)
  3. Биир дойдулаахпыт Сергей Степанович Васильев-Борогонскай ханнык айымньытын иһин, Платон Алексеевич Ойуунускай аатына государственнай бириэмийэни улуустан бастакынан ылбытай? Кэнники бу айымньынан эмиэ биир дойдулаахпыт кинооператор  Иннокентий Аммосов П.А.ойуунускай аатынан бириэмийэни ылбыта. (“Улуу Ильмень”)
  4. Ильмень күөлгэ тахсыбыт кыргыһыы туһунан аан бастаан үөрэппит учуонай аата.  (Дмитрий Дмитриевич Петров)
  5. Мүрү күөлү картаҕа аан бастаан киллэрбит нуучча биллиилээх айанньыта. (Семен Ремезов)

Гаврил Григорьевич Торотоев

  1. 2018 сылга сахалыы тиэрминнэри оҥорорго  үлэлээбит 3 суруйааччы үбүлүөйэ буолар. Ол кимнээхтэрий? (Былатыан Ойуунускай, Алатн Сарын, Күндэ)
  2. Түүр тылларын чинчийээччилэр I  Бүтүн Сойуустааҕы сийиэстэрэ хаһан уонна ханна буолбутай? Сахалартан кимнээх кыттыбыттарай? (1926 сыл олунньу 26 күнүттэн кулун тутар 5 күнүгэр диэри Баку куоракка буолбута. Онно Алампа, Күндэ, Сиидэр Бараахап кыттыбыттара.)
  3. Саха төрүт дорҕооннорун тилэри бэлиэтиир сахалыы алпабыыт (Хомус Уйбаан бырайыага) хас уукубалааҕый? Билигин тутта сылдьар алпабыыппытыттан туох уратылааҕый? (Саха төрүт дорҕооннорун тилэри бэлиэтиир алпабыыт 40 буукубалаах. Билигин тутта сылдьар алпаабыппытыттан уратыта диэн нуучча тылын 13 буукубата киирбэт, ол оннугар дьуптуоннар, уһатыылаах аһаҕас дорҕоооннор туспа бэлиэ быһыытынан киирэллэр. Ону таһынан мурун й, дорҕооно баар.

Туяра Степановна Павлова – “Россия – моя история” историчекай парк экскурсовода.

  1. С.А.Новгородов начаальнай үөрэҕи дьиэтээҕи чааһынай оскуолаҕа умсугуйан туран үөрэммитю “Олус дьоҕурдаах, олус сүрэхтээх үөрээнээччитин атын оҕолорго холобур оҥостор учууталын аатын ааттааҥ. (политссыльнай – Иван Цыценко)
  2. Сахалыы тылынан бастакы ханнык общественнай-политическай. Литературнай сурунаал тахсыытыгар быһаччы үлэлэспитэй? (“Саха саҥата”)
  3. Болтоҥо нэһилиэгин сирэ-уота төрүт-уус Новгородовтар дойдулара. С.А.Новгородов Дьокуускайга реальнай училищеҕа үөрэнэр сылларыгар, ыраах Петербуртан да кэлэн  бу төрөөбүт алааһыгар дуоһуйа сынньанар эбит. (Чуораайытта).
  4. Кэргэнин таптаан ким диэн ааттыырай? (Маайыс. Сахалар сөбүлээн ааттыыр ааппыт диэн)
  5. Реальнай училищеҕа хаһыс кылааска үөрэнэ сылдьан сахалыы суругу-бичиги уларытар туһунан санааҕа ылларбытый? (5-6)
  6. С.А.Новгородов төрөөбүт ноуротун туһугар үлэлиир баҕа санаатын туһунан суруйбут хоһооно? (“Төрөөбүт соругум”)

Лидия Егоровна Манчурина

Тыл үөрүйэҕин кэспэккэ тылбаастаа.

  1. Охота на зайцев – куобах булда
  2. Загнать зайцев – куобах күрэҕэ
  3. Ловить рыбу неводом – муҥха
  4. Сгребать снег – хаар күрдьэр
  5. Колоть лед – муус көйөр.
  6. Прорубить прорубь – ойбон алларар
  7. Забить корову – идэһэ сиир
  8. Сенокос – от үлэтэ
  9. Поднявшись на вершину стога топтать ногами (при стоговагии) – от түстээ.
  10. Поднимать сено большими длинными вилами при стоговании (кыдамалыыр)
  11. Привозить сено – от тиэйэр.
  12. Собирать ягоды ... грибы – отоннуур, хаптаҕастыыр,  дьэдьэнниир, тэллэйдиир
  13. Ягода поспела – отон буспут
  14. Варенье из земляники – дьэдьэн барыанньата
  15. Шьет одежду – иистэнэр
  16. Вышивает бисером – оҕуруо анньар.
  17. Ставит заплатку – абырахтыыр
  18. Кроет по образцу  - киэбинэн быһар.

Этиигэ сыыһа киирэ сылдьар тылы булан көннөр.

  1. Оскуолалар намыһах таһымы ситистилэр (көрдөрдүлэр)
  2. Онон Эллэй манан ааспыт буолуохтаах диэн саарбаҕалыыбын (сабаҕалыыбын)
  3. Ийэ сибиинньэ атыыланар (тыһы)
  4. Ынах үүтүттэн оҥоһуллубут кымыһы атыылыллар (быырпах)
  5. Минньигэс ас сыта туналыйда ( тунуйда, тунуйа тарҕанна)

Иван Прокопьевич Белолюбскай – “Тыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх чемпиона.

  1. Майаҕатта бултуур-алтыыр алаастарын туох диэн ааттаабытай? Хотун Төҥүлү, Тойон Мүрү, Кыыс Хаҥа)
  2. Дыгын дьоно кэлбиттэр
  3. Майаҕатттаҕа Бэрт Хара диэн аат хаһан иҥмитэй? Хаһан кимнээх кинини аан бастаан маннык ааттаабыттарай? (Дыгын ыһыаҕар, Бүлүү дьоно сөҕөн махтайан)
  4. Оҕо сылдьан хайдах этэй? (босхоҥ)