Ураты суолталаах дьикти тыл
статья на тему

Самсонова Туйаара Прокопьевна

Ол эрээри мин эһиэхэ биир ураты тыл туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Бу тыл олоххо олус киэҥник туттуллар,  омос көрдөххө, судургу курдук эрээри, ис-иһигэр киирдэххэ, үгүс дьиктилэрдээх ураты тыл буолар. Ол  “баар” диэн тыл.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл uraty_suoltalaah_dikti_tyl.docx24.08 КБ

Предварительный просмотр:

И.А. Федоров аатынан III Малдьаҕар сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолата

Хаҥалас улууһа

Ураты суолталаах дьикти тыл

Толордо: И.А. Федоров аатынан

 III Малдьаҕар сүрүн уопсай

 үөрэхтээһин оскуолатын

саха тылын учуутала

Самсонова Туйаара Прокопьевна

Киирии

   Тыл төрүт суолтатынан, хайдах уларыйарынан, этиигэ туттулларынан, ис хоһоонунан атын тылтан уратылаах буолар. Ол курдук сорох тыллар предмети, сорох тыллар хайааһыны, сорохтор предмет бэлиэтин эбэтэр ахсаанын эрэ көрдөрөллөр. Итиннэ олоҕуран тыллары тус-туспа бөлөххө араараллар. Ону саҥа чааһа диэн ааттанар. Ол эрээри мин эһиэхэ биир ураты тыл туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Бу тыл олоххо олус киэҥник туттуллар,  омос көрдөххө, судургу курдук эрээри, ис-иһигэр киирдэххэ, үгүс дьиктилэрдээх ураты тыл буолар. Ол  “баар” диэн тыл. Хайа баҕарар анал үөрэхтээх киһиттэн бу тыл ханнык саҥа чааһа, туох суолталаах тыл буоларын ыйыттахха, ылбычча кыайан эппиэттиэ суоҕа. Тоҕо? Бу ыйытыы миигин мэлдьи үүйэ-хаайа тутар этэ. Ол иһин бу тылы анаан-минээн чинчийэргэ санаммытым. Ол үлэбин эһиги дьүүлгүтүгэр ыытарга быһаарынным.

Сыала: “Баар” диэн тыл уратытын чинчийии;

Соруга: 1. “Баар” диэн тылы саҥа чааһын быһыытынан үөрэтии;

              2. “Баар” диэн тыл уратыларын булуу;

Тоҕооһо: “Баар” диэн тыл кэпсэтии да тылыгар, уус-уран айымньыга да бэрт киэҥник туттуллар, араас саҥа чааһа буолуон сөптөөх, лексическэй суолтатынан, ис хоһоонунан даҕаны ойуччу турар, ураты  суолталаах дьикти тыл буолар. Бу тылы тылдьыттан көрдөххө, даҕааһын аат, туохтуур, аат (аат тыл, аат туохтуур), эбиискэ эмиэ буолуон сөп эбит.

  1. “Баар” диэн тыл даҕааһын уонна аат суолтатыгар.

   Даҕааһын аат предмет эбэтэр көстүү бэлиэтин көрдөрөр. Предмет бэлиэтэ араас буолуон сөп: хаачыстыбата, быһыыта-таһаата, өҥө, кээмэйэ, о.д.а. Холобур: кэрэ, итии, чэбдик, көнө, сонос, маадьаҕар, кытаанах, үрүҥ, саһархай уо.д.а.

   Араас бэлиэни ааттааһын даҕааһын аат саҥа чааһын быһыытынан бастакы уратыта буолар.

   Даҕааһын аат сүнньүнэн уларыйбат. Арай кэпсиирэ буолбут даҕааһын кэпсиирэ сыһыарыытын ылынар, түһүктэнэр. Холобур: мин үөрэхпэр үчүгэйбин; эн олус күүстээххин.

   Ааттыйдаҕына, аат тыл курдук түһүктэнэр, тардыы, элбэх ахсаан сыһыарыытын ылар: кэрэни кэрэхсээ, кырам кэллэ, харалар ханыыластылар.

   Даҕааһын аат этиигэ сүрүн оруола – быһаарыы. Холобур: Сымнаҕас айахтаах кулун тиэргэн иһинээҕи биэни барытын эмэр (өс хоһ.).

   Маны таһынан даҕааһын аат этиигэ кэпсиирэ, туһаан, толоруу быһыытынан киэҥник туттуллар, сиһилии эмиэ буолуон сөп. Холобур:

Мал саҥата үчүгэй, доҕор эргэтэ ордук. – кэпсиирэ

Эрэйдээх этигэс, муҥнаах булугас. – туһаан

Аттаахтан кымньыытын, сатыыттан тайаҕын былдьаабыт. – толоруу

Сыыры намыһаҕынан дабайаллар. – сиһилии.

   Оттон аны “ баар” диэн даҕааһыны ылан көрүөххэ. Тылдьыкка “баар” диэн даҕааһын суолтата маннык эбит:

Баар 3. Даҕ. Суолт. Сирэйинэн сылдьар. Присутствующий, наличный. Хос иһигэр баар дьон бары ах баран им-ньим олороллор. Н.Якутскай. Лариса буоллаҕына атаҕын анныгар баар тааһы үҥкүрүтэ тэбиэлии турда. Эрилик Эристиин.

   Көстөрүн курдук, “баар” диэн даҕааһын суолтата даҕааһын аат предмет, эбэтэр көстүү бэлиэтин көрдөрөр уопсай суолтатыгар сөп түбэспэт эбит.

   Даҕааһын аат суолтатынан икки бөлөххө арахсар: хаачыстыба даҕааһын уонна сыһыан даҕааһын. Хаачыстыба даҕааһын предмет тус ураты айылгытын бэлиэтиир. Бу предмет мэлдьи баар ис бэлиэтин курдук өйдөнөр: кыһыл былаах, төгүрүк остуол, чэгиэн оҕо.  Сыһыан даҕааһын предмет тулалыыр эйгэҕэ, кэмҥэ, атын предмеккэ сыһыанынан бэлиэтин көрдөрөр: үрэхтээҕи от, былыргы кэпсээн, саалаах киһи. Маннык бэлиэ сүнньүнэн уларыйымтыа, тас бэлиэ курдук сыаналанар. Хаачыстыба даҕааһыннарыгар күүһүрдэр эбиискэ, күүһүрдэр тыл эбиллиэн, олохторуттан сыһыат, туохтуур үөскүөн сөп: кып-кыра, наһаа кыра, кыратык. Оттон сыһыан даҕааһыннарыгар бу кыаллыбат.  “Баар” диэн даҕааһыҥҥа эмиэ күүһүрдэр эбиискэ, күүһүрдэр тыл эбиллибэт.  Онон  “баар” диэн тыл сыһыан даҕааһына буолар эбит диэн өйдөбүл үөскүүр.

   Бу  тыл ааттыйар түбэлтэтигэр,  даҕааһын аат ааттыйбытын курдук буолбакка, омуоньум быһыытынан, атын саҥа чааһын курдук көрөрбүт сөптөөх курдук. Ону тылдьыкка баар “баар” тылы быһаарыы да бигэргэтэр.

Баар 2. аат суолт. 1. Туох эмэ сирэйинэн сылдьара, дьиҥнээҕэ, чахчыта. Существование кого-чего-л.; подлинность чего-л. Кинини мин илэ көрдүүбүн,

Кинини мин түһээн көрдүүбүн, Суоҕугар бүтэйдии ахтабын, Баарыгар тылбыттан матабын. С.Данилов. баай хара тыам Байанайдаах булдуттан Ойдоох бууру охторон Отууланар саҕа Уол оҕоҕо Улуу баарын билбэппин. С.Зверев.

2. көсп. Туох эмэ өйгө-санааҕа иҥэн сылдьара, арахпата, умнуллубата. Что-то неизгладимое, незабываемое. Сүүһүнэн мөлүйүөн сүрэҕэр Ильич баарын мин билэбин. П. Ойуунускай.

Аны бу тылы араас грамматическай категорияларынан уларытан көрдүм. Холобур:

1. “Баар” диэн тыл кэпсиирэ сыһыарыытын ылыыта.

Мин баарбын, эн бааргын, биһиги баарбыт, эһиги бааргыт

2. “Баар” диэн тыл түһүктэниитэ.

Төрүт түһүк                            баар

Араарыы түһүк                       баарда

Сыһыарыы түһүк                    баарга

Туохтуу түһүк                        баары

Туттуу түһүк                          баарынан

Таһаарыы түһүк                     баартан

Холбуу түһүк                         баардыын

Тэҥнии түһүк                          баардааҕар

3. “Баар” диэн тыл тардыы сыһыарыытын ылыыта.

Мин баарбын, эн бааргын, кини баара

Биһиги баарбыт, эһиги бааргыт, кинилэр бааллара

4. “Баар” диэн тыл этиигэ туттуллуута.

Кинини мин илэ көрдүүбүн,

Кинини мин түһээн көрдүүбүн,

Суоҕугар бүтэйдии ахтабын,

Баарыгар тылбыттан матабын. (С.Данилов) – сиһилии.

Хос иһигэр баар дьон бары ах баран им-ньим олороллор. (Н.Якутскай) – быһаарыы.

Кырдьыга, ытыах киһи хоноһо кыыс баарыттан “эр киһи буолан баран ытыыр эбит” диэн хоһулуо диэн кыатанна, ол да буоллар мунна бэркэ сурдурҕаата. (Суорун Омоллоон) – толоруу.

  1. “Баар” диэн туохтуур.

   Туохтуур предмет туругун, хайыырын, хайдах тыаһыырын, дьүһүннэнэрин көрдөрөр саҥа чааһа. Туохтуур чопчу суолталаах (конкретнай) уонна тэгилийбит (абстрактнай) диэн икки бөлөххө арахсар. Чопчу суолталаах туохтуур харахха көстөр, кулгаахха иһиллэр, киһи билимньитэ билгэлиир кыахтаах хайааһынын бэлиэтиир.

   Холобур: ытаа, ыллаа, хаһыытаа, ыстан, ытыр...

   Тэгили суолталаах туохтуур өйгө-санааҕа эрэ биллэр хайааһыны бэлиэтиир.

   Холобур: санаа, тулуй, хомой, өйдөө, бил, итэҕэй...

   Ол эрээри туохтуур буолар тыллар ортолоругар “баар” диэн туохтуур суолтатынан, ис хоһоонунан эмиэ ойуччу турар.

   Холобур: Сылгыларыҥ бары бааллар дуо?

   Бу этиигэ “бааллар” диэн тыл ис хоһоонун көрдөххө, хайааһыны да бэлиэтээбэт, туругу да көрдөрбөт, дьүһүннүүр, тыаһы үтүктэр суолта эмиэ суох. Онон туохтуур өйдөбүлүгэр сөп түбэспэт курдук. Ол иһин мин эмиэ тылдьыты ылан “баар” диэн тылы көрдүм.

Баар I. Туохт. Ханна эмэ илэ сырыт, чахчы буол. Быть, существовать, присутствовать. Бу улуу аармыйа кэккэтигэр саха норуотун буойун уолаттара эмиэ бааллара. Суорун Омоллоон”

“Баар” диэн тыл туохтуур уопсай өйдөбүлүгэр сөп түбэспэтин көрөн, туохтуур категорияларынан уларытан көрдүм.

  1. Туохтуур сирэйдэниитэ.

бил.кэм

б.а.кэм

у.а.кэм

кэлэр кэм

мин

баарбын

баар этим

баар эбитим үһү

баар буолуом

эн

бааргын

баар этиҥ

баар эбитиҥ үһү

баар буолуоҥ

кини

баар

баар этэ

баар эбитэ үһү

баар буолуо

биһиги

баарбыт

баар этибит

баар эбиппит үһү

баар буолуохпут

эһиги

бааргыт

баар этигит

баар эбиккит үһү

баар буолуоххут

кинилэр

бааллар

баар этилэр

баар эбиттэрэ үһү

баар буолуохтара

Манна көрдөххө, бу туохтуур билиҥҥи кэмтэн ураты кэмнэргэ көмө тыл эрэ көмөтүнэн үөскүүр. Кэм, сирэй сыһыарыытын көмө тыла ылар, бэйэтэ уларыйбат.

  1. Туохтуур туһаайыыта

Төрүт туһаайыы – баар

Дьаһайар туһаайыы – баар гыннар

Бэйэни туһаайыы – баар оҥоһун

Атынтан туһаайыы – баар гынылын

Холбуу туһаайыы – баар гыныс

Туохтуур туһаайыытыгар бу тыл эмиэ көмө тыллаах эрэ үөскүүр.

  1. Туохтуур киэптэрэ.

Кэпсиир киэп – баар

Буолуон сөптөөх хайааһын киэбэ – баар буолар этэ

Буола илик хайааһын киэбэ – баар буола илик

Үгэс буолбут хайааһын киэбэ – баар буолааччы

Соруйар киэп – баар буоллун

Сэрэтэр киэп – баар буолаарай

Сэрэйэр киэп – баар буоллаҕа

Болдьуур киэп – баар буоллар, баар буоллаҕына

Бигэргэтэр киэп – баар буолууһу

Буолуохтаах киэп – баар буолуох тустаах

Бу манна көрдөххө, “баар” туохтуур киэптэринэн уларыйар эбит.

  1. Туохтуур көрүҥнэрэ.

Төхтүрүтэлиир көрүҥ – баар буолуталаа

Тиэтэтэр көрүҥ – баар буола оҕус

Саҕалыыр көрүҥ – баар буолан бар

Уһуур көрүҥ – баар буола тур

Кылгатар көрүҥ – баар буолан ыл

Түмүктүүр көрүҥ -  -

Мантан көрдөххө, “баар” туохтуур көрүҥнэринэн уларыйар, ол гынан баран түмүктүүр көрүҥҥэ кыайан турбат, табыгаһа суох.

  1. Туохтуур кыччатар формата: баар буолаахтаа

Манна эмиэ көмө тыл көмөтүнэн уларыйар, кыччатар форма сыһыарыытын көмө тыл ылар.

  1. Туохтуур үлүбүөй формата: баар буоларга, баар буолуохха
  2. Туохтуур буолбат формата: баар – суох. Буолбат формаҕа турарыгар “баар” туохтуур “суох” диэн атын тылынан бэриллэр.
  1. “Баар” диэн тыл эбиискэ суолтатыгар.

Эбиискэ – көмө саҥа чааһа. Онон ыйытыы турбат, этии чилиэнэ буолбат. Оттон чопчу бу “баар” диэн тылы эбиискэ быһыытынан көрөр буоллахха, атын эбиискэлэртэн  туох да уратыта суох эбит. Үөскээбит төрүтүнэн аат уонна туохтуур эбиискэ буолар.

   Тылдьыкка суруллубутунан, “баар” диэн эбиискэ кэлэр кэмнээх аат туохтууру уонна кини сыһыарыы түһүккэ форматын кытта ситимнэһэн хайааһын буолуохтааҕын, буолара наадатын баҕарыы дэгэтин көрдөрөр эбит. Холобур: Оҕонньору кытта сүбэлэһиэх баар.”ХС”. Эмэгэтин малытыахха баар. Н.Якутскай.

   “Этэ” эбиискэни кытта ааспыт кэм суолтата дэгэттэнэр. Холобур: Сэрэниэх да баар этэ ( Амма Аччыгыйа). Ол оттон бүгүн тиийиэххэ баар этэ (С.Ефремов).

   Сөҕүүнү, сиилээһини, кыһыйыыны уо.д.а. дууһа долгуйуутун көрдөрөр (туохт. ааспыт кэмин, сорох ааттары кытта туттуллар эбит). Холобур: Маайа барахсан Даайыһы көрсүөм этэ диэн, бачча дойдуга ат аттанан кэлэн испитэ баар (А.Софронов). Оо, сатаан саҥарбат муҥум баар! (Амма Аччыгыйа)

Түмүк

“Баар” диэн тылы үөрэтэн, чинчийэн көрөн баран бу курдук түмүккэ кэллим:

  1. “Баар” диэн туохтуур ханна эмэ илэ сырыт, чахчы буол диэн суолталаах соҕотох туохтуур. Онон, бастатан туран, бу тыл туохтуур сүрүн өйдөбүлүгэр, ол эбэтэр хайааһыны, туругу көрдөрөр ис хоһоонугар сөп түбэспэтинэн уратылаах.
  2. “Баар” диэн даҕааһын суолтата даҕааһын аат уопсай суолтатыгар эмиэ сөп түбэспэт ураты тыл эбит.
  3. “Баар” диэн туохтуур туохтуур грамматическай категорияларынан көмө тыллаах эрэ уларыйар, туохтуур категориятын сыһыарыытын көмө тыла ылар.
  4. “Баар” туохтуур буолбат формаҕа кыайан турбат, “суох” диэн атын тылынан солбуллар.
  5. “Баар” диэн тыл аат эрэ суолтатыгар кэпсиирэ сыһыарыытын ылар эбит.
  6. “Баар” диэн тыл түһүктэнэр
  7. Туһаантан ураты этии ханнык баҕарар чилиэнэ буолар.
  8. “Баар” диэн даҕааһыҥҥа күүһүрдэр эбиискэ уонна күүһүрдэр тыл эбиллибэт.
  9. “Баар” диэн эбиискэ атын эбиискэлэртэн уратыта суох эбит.

   Онон бу тыл лексическэй суолтатынан, ис хоһоонунан даҕаны ойуччу турар, ураты  суолталаах дьикти тыл буолара дакаастанар.

Туһаныллыбыт литэрэтиирэ.

  1. Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта. II том. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын академига П.А. Слепцов уопсай эрэдээксийэтинэн. Новосибирск, “Наука”, 2005.
  2. Неустроев Н.Н., Ядрихинская А.Г., Семенова С.С. Саха тыла, 7 кылааска үөрэнэр кинигэ. Дьокуускай, “Бичик”, 2009.
  3. Филиппов Г.Г., Винокуров И.П. Саха тыла. Грамматика ыйынньыга. Дьокуускай, “Бичик”, 1996.