мастер класс по теме фразеология
методическая разработка (7 класс) на тему
Изучение фразеологизмов в 6-7 классах. В начале урока родного языка ведется работа по краткому толковому словарю якутского языка. Ученики записывают фразеологизм в рабочую тетрадь; повторяют ранее записанные фразеологизмы. В 7 классе распределены были темы для практических работ и с этими работами выступили: 1- на городском НПК, 1- в школьном НПК, 3 - в классе. Разработаны карточки для проверечных работ. Дети стали использовать фразеологизмы в своей речи и в письменных работах.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
к мастер классу | 1.14 МБ |
мастер класс | 211.6 КБ |
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
Х ас биирдии омук, элбэҕиттэн-аҕыйаҕыттан тутулуга суох төрөөбүт тылын, төрүт үгэстэрин, омук быһыытынан уратытын харах харатын курдук харыстыахтаах. Мандар Уус С ыал: сомоҕу домоҕу үөрэтиигэ туттуллар оҕону көҕүлүүр уонна тылын сайыннарар үлэ тиһигин көрдөрүү. Т оҕооһо : үөрэнээччи сомоҕо домоҕу буларыгар ыарырҕатар, сэдэхтик туттар, суолтатын өйдөөбөт. Х айдах гынан оҕо кэрэхсэбилин уһугуннарыахха сөбүй? С аха тылын уруогу саҕаланыытыгар тылдьыкка үлэлээһини тэрийии. С омоҕо домох суолтатын биллэрэр үлэни тэрийии. О ҕо дириҥэтэн үөрэтэрин көҕүлээһин
Сомоҕо домох (фразеологизм) — өйдөбүлү уус-ураннык хоһуйар икки эбэтэр хас да тыл холбуу суолталаммыт ситимэ. Холобур: атахха биллэр – куот, ууну омурпут курдук – саҥарбат, бытыгын быһа үктүөр диэри – кырдьыар диэри. Сомоҕо тыл саха норуотун саҥарар саҥатын, тылын-өһүн киэргэтэр, байытар суолталаах.
С омоҕо домох үөрэтиллиитэ Оскуолаларга саха тылын үөрэтэргэ аналлаах саҥа оҥоһуллубут программаларга ордук чорботон оҕолор саҥарар культуралара үрдүүрүгэр, бэйэлэрин санааларын ыраас литературнай тылынан сатаан биэрэллэрин ситиһиигэ, ойуулуур-дьүһүннүүр этиилэри , ол иһигэр тылы киэргэтэр , күүһүрдэр , ордук имигэс , дьоҥҥо тиэрдэргэ өйдөнүмтүө оҥорор сомоҕо домохтору сатаан туттарга уонна баһылыырга болҕомто ууруллар . А.Г.Нелунов
Ү лэни тэрийии 7з кылааска сомоҕо домоҕу үөрэтии: 6-с кылаастан саха тылын уруогун саҕаланыытыгар тылдьыкка үлэ быһыытынан сомоҕо домоҕу бэлиэтэнии. Ч иэппэргэ биирдэ бэрибиэркэлиир үлэни ыытыы. 7-с кылааска сомоҕо домоҕор сыһыаннаах теманан чинчийэр үлэ
Т емалар С омоҕо домоҕунан уруһуйдар К ыыл аата киирбит с/д К иһи этигэр-сиинигэр сыһыаннаах сомоҕо-домохтор К иһи тас көрүҥэр сыһыаннаах сомоҕо домохтор К иһи туругар сыһыаннаах с/д К үннээҕи олоххо туттуллар с/д С/д өс хоһоонуттан уратыта А йымньыга туттуллубут с/д С омоҕо домох тылдьыттара С омоҕо домохтоох айымньы А нтоним с/д Н ууччалыы с/д кытта тэҥнээһин
С орудахтар
К иһи барахсан диэн санаа хаата хааһах буоллаҕа дии... Н иколай Лугинов К иһиэхэ сыһыан Б уор айах А йах адаҕата
Предварительный просмотр:
Маастар кылаас темата: Саха тылын уруогар сомоҕо домоҕу үөрэтии (6-7 кылаас)
Учуутал: Сорокоумова С.И. Дьокуускай куорат 7-с оскуолатын саха тылын учуутала.
Кыттааччылар : сэттис кылаас оҕолоро (10 оҕо).
Үлэ хаамыыта | Слайда | Эбии быһаарыы |
Хас биирдии омук, элбэҕиттэн-аҕыйаҕыттан тутулуга суох төрөөбүт тылын, төрүт үгэстэрин, омук быһыытынан уратытын харах харатын курдук харыстыахтаах.
| 2 слайд | Оҕолорго паартаҕа “Саха тылын кылгас быһаарыылаах тылдьыта”, Иннокентий Попов “Сомоҕо домоҕо” кылгас тылдьыта баар. |
3 слайд Сомоҕо домох (фразеологизм) — өйдөбүлү уус-ураннык хоһуйар икки эбэтэр хас да тыл холбуу суолталаммыт ситимэ.
| ||
Сомоҕо домох тылы ордук кэрэ, сытыы, этигэн оҥорор. “Саха тылын сомоҕо домоҕун” автора Никита Спиридонович Григорьев суруйарынан: “Урукку өттүгэр сомоҕо домох, чорботуллан бэлиэтэммэт буолан, аахайыллыбат этэ. Арай саха тылын кичэйэн көрбүт истибит А.Е.Кулаковскай сомоҕо домоҕу улаханнык сыаналаабыта. Ол гынан баран өс хоһоонун, өс домоҕун кытта холбуу хомуйбута. Оччолорго сомоҕо домоҕу арааран үөрэтэр үөрэх сайда илигэ.” Алексей Елисеевич Кулаковскай сомоҕо домохторун “Научные труды” кинигэтигэр булан көрүөххэ сөп. Н.С.Григорьев тылдьытын бастакы холонуу, онон сомоҕо домоҕу барытын кыайан хаппатаҕын, урут үөрэтиллэ илик салаа буолан сыыһалаах буолуон сөп диэн бэлиэтиир. Бу тылдьыты оҥороругар Эдуард Карлович Пекарскай “Саха тылын тылдьытын”, Отто Николаевич Бетлинг “Сахалыы-немецтии тылдьытын”, А.Е.Кулаковскай “Якутские пословицы и поговорки” уонна да атын тылдьыттары туттубут. Кэлиҥҥи кэмҥэ сомоҕо домоҕун үөрэтэн тылдьыт оҥорбут киһинэн Анатолий Гаврильевич Нелунов буолар. Кини тылдьыта “Сомоҕо домох сахалыы-нууччалыы тылдьыта диэн ааттаах. Киирии тылыгар суруллубут: Оскуолаларга саха тылын үөрэтэргэ аналлаах саҥа оҥоһуллубут программаларага ордук чорботон оҕолор саҥарар культуралара үрдүүрүгэр, бэйэлэрин санааларын ыраас литературнай тылынан сатаан биэрэллэрин ситиһиигэ,ойуулуур-дьүһүннүүр этиилэри, ол иһигэр тылы киэргэтэр, күүһүрдэр, ордук имигэс, дьоҥҥо тиэрдэргэ өйдөнүмтүө оҥорор сомоҕо домохтору сатаан туттарга уонна баһылыырга болҕомто ууруллар.” | 4 слайд Сомоҕо домох үөрэтиллиитэ Оскуолаларга саха тылын үөрэтэргэ аналлаах саҥа оҥоһуллубут программаларга ордук чорботон оҕолор саҥарар культуралара үрдүүрүгэр, бэйэлэрин санааларын ыраас литературнай тылынан сатаан биэрэллэрин ситиһиигэ, ойуулуур-дьүһүннүүр этиилэри, ол иһигэр тылы киэргэтэр, күүһүрдэр, ордук имигэс, дьоҥҥо тиэрдэргэ өйдөнүмтүө оҥорор сомоҕо домохтору сатаан туттарга уонна баһылыырга болҕомто ууруллар.
| Көрдөрөр матырыйаал, кинигэлэр:
|
5 слайд Үлэни тэрийии
| 5 слайд | |
7 кылааска оҕолорго бэриллибит темалар. Бу темаларынан оҕолор чинчийэр үлэни саҕалаатылар. | 6 слайд Темалар
| |
Оҕолор иһитиннэриилэрэ:
Кылаас киһигэр кыттыбыттар:
| НПК туттуллубут слайдаларынан кэпсииллэр.
| |
Карточкаҕа үлэ көрүҥнэрэ Оҕолор бөлөҕүнэн толороллор, быһаараллар. | 7 слайд 1 карточка 8 слайд 2 карточка 9 слайд 3 карточка | Карточкаҕа үлэ араас сыаллаах буолар. төһө билэри хатылыыр, тылы сайыннар, толкуйдатар, айар сорудахтаах. |
Айар үлэ араас көрүҥнэрэ ыытыллаллар: Ребус, кроссворд. Сэттис кылааска өйтөн суруйууга киирдибит: сомоҕо домоҕун туттан, ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн айар үлэ. | Ноева Аня “ Сайылыкка” өйтөн суруйуута. Ыалдьыттарга сомоҕо домоҕор сыһыаннаах ребус таайтарыыта – Татаринова Юлена. | |
Тыл киһиэхэ эрэ баар. Тыл киһиэхэ араастык дьайар. Буор айах уонна айах адаҕата. Бу сомоҕо домохтор киһиэхэ хайдах дьайаллара буолуой? Киһи хайдах санаан маннык эппитэ буолуой? | 8 слайд Киһи барахсан диэн санаа хаата хааһах буоллаҕа дии... | |
Сомоҕо домоҕунан омук тугу сөбүлүүрүн, түгү сүөргүлүүрүн билиэххэ сөп. Сорудах: Бэриллибит табличкалары дуоскаҕа магнит көмөтүнэн сыьыарыҥ, хайдах эмэ наардыын гына толкуйдааҥ. Аата алдьанна – куһаҕан өттүнэн билиннэ. ( ааты үлахаҥҥа уураллар) Аатын ааттатта - үчүгэй ыччат, дьонун үчүгэйдик ааттатта. (көрсүөтүк, үтүө майгынан олоруохтааххын диэн) Бэлэһигэр биэс иннэлээх-тыллаах. (солуута суох саҥарары сөбүлээбэттэр) Ис минэ киһи-эйэҕэс үчүгэй киһи ( үчүгэй майгылаах киһини хайгыыллар) Килэгир харах – акаары ( Муус сүрэх- аһыныгаһа суох Өй хаата- улахан өйдөөх Халбас хара (та)- туохха да таба ылларбат, эрэлэ суох. Түмүк: сахалар түгү сөбүлүүр, сирэр эбиттэрий? Ааты харыстыахтаах эбиппит, | Аһыллар дуоска кэннигэр уруһуй арыллар. Киһи омооно ойууламмыт. | Сомоҕо домохтордоох табличкалар бэриллэллэр. Оҕолор сыһыараллар. Киһи куһаҕан өрүтэ, үтүө өрүтэ диэн наардыахтарын сөп. Кэпсэтии түмүгэ тахсар. |
Учуутал түмүгэ: сомоҕо домоҕун үөрэтэн биһиги саха омук киһиэхэ тугу кэрэхсиириттэн саҕалаан тулалыыр эйгэҕэ сыһыанын ырытыыга тиийэ тахсыахтаах эбиппит. |
Карточкалар:
1 карточка
2 карточка
Сомоҕо домоҕун хатылааһын
- Көппүт сиргэ сомоҕо домоҕун туруоран уһул.
Кыра аайы аахса сылдьыбат, ...... ....... киһи этэ. Ылбаҕайа, киһиэхэ сыһыана үчүгэйэ – чахчы ............... киһи. Бу үрэх ............ кини үгүстүк тииһиммитэ. Ол курдук кини туоҕа да суох ......... хаалла. Дьоммут тыаттан байанайдара бэрсэн .................................киирдилэр.
Туһаныллар тыллар: илии тутуурдаах, өттүк харалаах, илии соттон, көмүс хатырыктаах, киэҥ көҕүстээх, ис минэ.
- Быһаар.
Ала кулуну төрөппүт-
Кулун кутуруга-
Кулун куллуруһуу-
Куойатыгар-маҥкытыгар оҕустарбат-
Кус сүрэх-
Күлүгүн быһа хаампат-
Кыа угакылгас соннон-
- Талан уруһуйда оҥор. Өйдөө: уруһуй сирэйинэн уруһуйданар, онтон таайыллар.
3 карточка
- Аҥара таҥара маһа, аҥара күрдьэх маһа - икки бииргэр төрөөбүттэртэн биирдэстэрэ мааны киһинэн ааҕыллар, биирдэстэрэ көйгөтүллэн көрүллэр буоллаҕына, итинник этиллэр.
Аалын баһа хоҥнон биэрбэт – бытаарар, тардыллар.
Ааннарын сапппат буолла – субу-субу, сотору буола-буола сылдьар буолла.
Аата-ахсаана суох – олус элбэх.
Аатын киртит – холуннар, саакка киллэр.
Бэлэһигэр биэс иннэлээх – тыллаах.
Икки тараҕай быттаспытыгар дылы – икки туга да суох киһи бэйэ-бэйэлэриттэн көрдөспүттэрин этэллэр.
Илини-арҕааны билбэт- адьас акаары
Илии тутуурдаах, өттүк харалаах – бултаах.
- Икки сомоҕо домоҕор уруһуйда оҥор
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Урок русского языка в 10 классе по теме "Фразеология"
Урок повторения и обобщения знаний по теме "Фразеология" в 10 классе. разнообразие видов работ позволяет проявить себя любому учащемуся, даже со слабыми знаниями. Практическая направленность большинст...
конспект урока русского языка в 6 классе по теме "Фразеология" в форме КВН
Урок представляет собой обобщение и закрепление пройденного материала в игровой форме (КВН).Это позволяет вызвать интерес детей к изученному материалу....
Урок-путешествие в 6 классе по теме "Фразеология"
Урок представляет собой занятие по закреплению изученного материала по теме "Фразеология"...
Разработка открытого урока по русскому языку в 6 классе по теме: «Фразеология. Роль фразеологизмов в речи»
Цель урока: знакомство с фразеологизмами – устойчивыми сочетаниями слов, их ролью в обогащении речи.Задачи урока:1) Образовательная: сформировать у учащихся представление о фра...
Урок русского языка в 10 классе по теме "Фразеология"
Урок русског о языка в 10 классе по теме "Фразеологизмы"...
Внеклассная работа в 6 классе по теме "Фразеология"
Для развития русской речи учащихся, обогащение их активного словаря русскими фразеологизмами поможетданный материал.Представленный материал можно использовать и на уроках русского языка и в 10 кл...
Урок русского языка в 5 классе по теме "Фразеология"
Урок разработан в соответствии с учебником Русский язык 5-9 классы. /Автор-составитель С.И. Львова. – М.: Мнемозина, 2009 и учебника: Львова С.И. Русский язык. 5 класс. В 3 частях: учебник для о...