Даҕааһын аат.
план-конспект урока (6 класс) на тему

6 кылааска да5ааьын ааты хатылааьын уруок. Саха тыла уонна омук тыла холбоон интегрированнай комбинированнай уруок конспега.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл urok_da5aayn_aat_6kylaas_.docx31.63 КБ

Предварительный просмотр:

            Учуутал: Иванова Мария Ивановна

 саха тылын уонна литературатын учуутала

Эдьигээн орто оскуолата

Саха  тылын уруога , 6 кылаас
Тиэмэтэ: Даҕаа
һын аат. Хатылааһын.

Уруок тиибэ:интэгриирэбэннэй  уонна  кэмбиниирэбэннэй  уруок (саха тыла уонна омук тыла)
Сыала-соруга:

1.Бөлөҕүнэн  үлэ кэмигэр  бэйэ  санаатын  этии ,  эйэлээхтик , биир  санаанан улэлээһин.
2.Даҕаа
һын  ааты  хатылааһын , барбыты  чиҥэтии
3.Саҥаны сайыннарыы , араас даҕаа
һыннары этиигэ тутта үөрэнии

4.О5о саҥарар  саҥатын  сайыннарыы

5.Үөрэнээччигэ  саха  тылын  уонна  омук  тылын  интэриэһин  көбүтүү.
Уруок формата: бөлөҕүнэн  үлэ
Ту
һаныллар  тэрил: Н.Н.Неустроев, Е.К.Васильев, С.С.Семенова  учебниктара. Саха тыла, 6 кылаас, тыл, интэрэктивнэй  дуоска  этии  карточкалара , араас  ойуулар.

Уруок  хаамыыта.
1.Тэрээһин чааһа. Умсугутуу , угуйуу.
Үтүө  күнүнэн , күндү о5олор!

   Билигин  биһиэхэ  төрөөбүт  тылбыт  уруога  буолар. Бүгүҥҥү  уруокка  биһиги  бөлөҕүнэн   үлэлиэхпит , хатылыахпыт , туох  эрэ саҥаны  билиэхпит , омук  тылынан  даҕааһын  ааттары   тылбаастыахпыт. Биһиэхэ бүгүн  омук тылын  учуутала   ыалдьыттыы кэллэ. Бүгүн  араас тыллары омуктуу тылбаастыахпыт. Онон оҕолоор, көхтөөхтүк , эйэлээхтик   үлэлиэхпит  диэн эрэнэбин.

 Good morning dear children! Today we will work together.

2.Урут барбыты  чуолкайдааһын , билэр ньыманы туттан  көрүү этаба.(интерактивн.дуоскаттан этиилэри ааҕыы)

      1 тиэкис:  Айталга  учуутал  кинигэ биэрдэ.Ийэм ыһыахха былааччыйа  кэттэ.

-Бу  этиилэргэ  ханнык  тыллары  ситимнээн  суруйуохха  сөбүй?

      (саҥа , солко)

  - Бу даҕааһыннар  ханнык? хайдах? диэн ыйытыыларга  хоруйдуур.

     Оҕолоор, тоҕо саҥа  чааһа «даҕааһын» дэммитэ  буолуой?

(Кини  аат тылы ситэрэр , быһаарар ,чуолкайдыыр, куруук  аат  тылга  сыста сылдьар. Атыннык  эттэххэ , аат тылга  мэлдьи  даҕайса  сылдьар).

   2 тиэкис: өс хоһооннорун ааҕыы.

Аҕыйах  тыл минньигэс , элбэх  тыл сымсах.

Эйэҕэс киһи  элбэх доҕордоох.

Улэһит  оҕо түргэнник улаатар.

Ойуурдаах  куобах  охтубат , дьонноох киһи быстыбат.

3. Уруок  сүрүн  чааһа. Бөлөхтөрүнэн  үлэ.

Үөрэнээччилэр  сүбэлэһэн оҥорбут  үлэлэрин  дуоскаҕа  тахсан көмүскүүллэр.

1)Аат  тылларга  даҕааһыннары  булуу  уонна  даҕааһын  ааттары  омук тылынан  тылбаастаа.

Холобур: Массыына ,  кинигэ ,  остуол ,  ыт , куоска.

      Аат тыл

Даҕааһын аат

омук тыла

массыына

улахан

A big car

кинигэ

саҥа

A new book

остуол

төгүрүк

A round table

ыт

кыра

A little dog

 Тумук:  Аат  тылы  хас  да  даҕааһын  быһаарыан  сөп  эбит.

2) Маннык   суолталаах  даҕааһынна толкуйдаан этиҥ  предмет быһыыта - таһаата:

көнө ,…..

  • кээмэйэ : кэтит ……….
  • Өҥө: эриэн ,……
  • киирии даҕааһын: эрэйдээх…..

3) Даҕааһын  ааттар  суолталарынан маарыннаһаллар.

Улахан , баараҕай , сүдү , суҥкэн

Кыра , оччугуй , дьо5ус,быычыкаан ,тэттик

Бөдөҥ , суон , модьу, төрөлкөй

Туйгун , бастыҥ ,сымса , сылбырҕа

- Суолтатынан   маарыннаһар даҕааһын элбэх эбит.

4.Даҕааһын  аат хайдах   үөскүүрүй?

-аат тылтан сыһыарыы  көмөтүнэн:

Кыһын + тымныы- кыһыҥҥы тымныы

Сүрэх+о5о-сүрэхтээх оҕо

-пааралаһан    үөскүүр:

Холобур: сырдык-хараҥа

Ыраах- ...

Үчүгэй - ...

   Give the opposite meaning.    

For example: black-white

beautiful – …

Cold - …

Rich - …

Fat - …

Big - …

5 Өс хоһооно  диэн тугуй? Өс хоһооно  диэн олох-дьаһах, быһыы-майгы туһунан түмүктэммит өйү-санааны  аҕыйах тылынан дьүһүннээн этии ааттанар. 

Өс хоһооннорун төһө билэҕитий?

Билигин эһиги сахалыыттан омук тылынан тылбаастаан , сөптөөх эппиэти наардаан булуохтааххыт.

Task 1. Do you know English proverbs well? Can you give Yakut equivalents to the following proverbs?

English proverbs

Өс хоhоонноро

  1. To build a fire under oneself

а) Көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар

  1. The early bird catches the worm

б) Баҕа бэйэтин бадараанын хайыыр

  1. Nothing is impossible to a willing heart

в) Ууну олумун булбакка эрэ кэһимэ

  1. Look before you leap

г) Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хара5ын хастар

  1. Measure twice and cut once

5) Биир сыптарыннаах ынах хотону сутуйар

  1. One scabbed sheep will mar a whole flock

д) Кэрдиэн иннинэ кээмэйдээ, туттуон иннинэ толкуйдаа

  1. A bird may be known by its song

дь) Киhини үлэтинэн сыаналыыллар

  1. East or West home is best

е) Олорор мутуккун кэрдимэ

  1. Every bird likes its own nest

ж) Сытар ына5ы туруорбат киhи

  1.  He can’t say «boo» to a goose

з) Биhикпин ыйаабыт сирим

6. You should translate this poem into english.

Сардаана (оригинал) Семен Капитонов хоһоонуттан быһа тардыы.

Бу бэриллибит хоһоону омук тылынан  тылбаастаан  холонуҥ эрэ.

Ып-ыраас ыраны,

Сып-сырдык санааны,

Нап-нарын тапталы

Саната5ын, сардаана.

Перевод на английский язык

Sardana

A beautiful dream,

A very bright thought,

Tender my love

Reminds me of Sardana

7үмүк сыаналаныы.

-Хайдах  үлэлээтибит дии санаатыгыт?

-Бөлөххүт  төһө үчүгэйдик  үлэлээтэ?

- Даҕааһыны булан омук  тылынан  тылбаастаабыккытын  ыарырҕаттыгыт дуо?

8.Дьиэҕэ  үлэ. Эрчиллии 109.

Уруокпут  манан  бүтэр.Тахсан  сынньаныҥ

Now the lesson is over. Thank you for your hard work. See you soon.