П.Ойунского "О5о куйуурдуу турара" 6 кл
план-конспект урока (6 класс) на тему

Данилова Венера Васильевна

Разработка урока по якутской литературе в 6 классе П.А.Ойунского "О5о куйуурдуу турара" Разработан план урока и технологическая карта данного урока

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon urok_p.oyunskogo.doc64 КБ

Предварительный просмотр:

6 кылаас. Саха литературата

Уруок темата:  П.А.Ойуунускай  «Оҕо куйуурдуу турара»

Уруок тиибэ:  Саҥа билиини иҥэрии

Уруок сыала (түгэх сыала): Тулуурдаах уонна дьулуурдаах киһи олоххо элбэҕи ситиһэр, үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар диэн өйдөбүлү оҕолорго иҥэрии

Соруктара:

  1. Кэпсээни   быһаарсыылаах ааҕыы
  2.  Уолчаан монологун уус-ураннык ааҕарга эрчиллии, айымньы ис хоһоонуттан көрөн суолталаах кэрчиктэргэ араарыы, кэрчиктэр сүрүн ис хоһооннорун быһаарсыы.
  3. Үөрэх-билии туһатын уонна  норуот туһугар олоруу туһунан айымньы этэр  санаатын дириҥэтэн ырытыы (үөрэтэр)
  4. Үөрэнээччи бэйэтин көрүүтүн-билиитин этэ-саҥара  үөрэнэрин ситиһии (сайыннарар)
  5. Киһилии киһи буоларга дьулуһуу, бэйэни ииттинии (иитэр)
  6.  П.А.Ойууунскай туһунан эбии саҥа билиини иҥэрии

Уруокка туһаныллар көмө матырыйаал:   П.А.Ойуунускай кинигэлэрин быыстапката, суруйааччы олоҕун кэпсиир презентация,  кэпсээҥҥэ оҕолор уруһуйдара, куйуур уонна муҥха туһунан хаартыска, уруһуй, хартыына

Уруок этаптара:

  1. Уруок тэрээһинэ.Күһүҥҥү булт : куйуур, муҥха туһунан оҕолор тугу билэллэригэр тирэҕирэн кэпсэтии таһаарыы.
  2. П.А.Ойуунскай  олоҕун кэрдиис кэмэ хаартысканан көрдөрүллэр.
  3. Сана темаҕа киллэрии түһүмэҕэ.  Ыйытыктар тиһилэктэрэ
  4. Кэпсээни  быһаарсыылаах ааҕыы.Айымньы ис хоһоонун илдьиритии. Оҕолор бөлөҕүнэн үлэлэрэ, (кинигэнэн үлэ)
  5.  Айыньыны дириҥэтэн ырытыы.  Дириҥэтэн ырытыы тирэх  ыйытыылара бэриллэр.
  6. Кэпсээни оруолларынан уус-ураннык ааҕыы (автор уонна уолчаан монолога)
  7.  Рефлексия. Ылбыт билиини чиҥэтии.
  8. Сыана туруоруу.
  9. Дьиэҕэ үлэ:  Талан толорор сорудахтар:

А) Айымньы аатын ис номоҕун быһаар: оҕо…..куйуурдуу….турара…

Б)  Кэпсээҥҥэ ойуута оҥор

В)  Куйуурдьут уолчаан монологун өйтөн хоһоонноохтук ааҕарга бэлэмнэн

Уруок хаамыыта:

               Уруок этаптара

Үөрэх дэгиттэр үөрүйэхтэрэ

Учуутал

Үөрэнээччи

  1. Уруогу тэрийии

 « Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» : куйуур, муҥха туһунан оҕолор тугу билэллэригэр тирэҕирэн кэпсэтии таһаарыы.

  • Билэр-көрөр үөрүйэх (истэр үөрүйэх, санаатын сааһылаан саҥарар үөрүйэх, )
  • Бодоруһар үөрүйэх

  • Сүрүн үөрэнэр үөрүйэх

 « Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн өс хоһооно этэринии саха киһитэ күһүн аһа-үөлэ дэлэйэр. Идэһэлэнэр, күһүҥҥү булт кэмэ саҕаланар. Күөл муууһа турдаҕына муҥхалыыр, куйуурдуур.

-муҥхаҕа сылдьыбыккыт дуо?

-хайдах муҥхалыыр эбиттэрий?

-Куйуур диэн тугуй, хайдах куйуурдуулларый?

(учуутал кэпсэтии таһаарар, кэпсэтиини салайар, уруһуй, хартыына, хаартыска көрдөрөр, билбэт тылларын тылдьыттан булан көрөллөрүн ирдиир)

-Кэпсэтиигэ кыттар, санаатын сааһылаан саҥарар.

-Муҥха, куйуур туһунан тугу билэрин кэпсиир

-атыттары болҕойон истэр, сэҥээрэр

-кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ билбитин –көрбүтүн сэһэргиир

-хартыынаҕа, уруһуйга муҥха, куйуур тэриллэрин булан көрдөрөр

-өйдөөбөт тылын тылдьыттан булар (маҥкы, куойа)

  1. Саҥа темаҕа киллэрии түһүмэҕэ.  Ыйытыктар тиһиликтэрэ

Билэр-көрөр үөрүйэх

-Бүгүн тоҕо куйуур, балык булдун туһунан кэпсэппиппит буолуой?

-үөрэнэр баҕаттан куйуурдаан айаҕын булуммут, кэлин бу кыһалҕалаах оҕо сааһын туһунан умнуллубат чахчыларыгар олоҕуран  «Оҕо куйуурдуу турара» кэпсээни суруйбут П.А.Ойуунускай туһунан кэпсэтиэхпит

-Үөрэнээччи уруок тематын сабаҕалыыр (муҥха, куйуур , булт туһунан айымньыны ааҕарбыт буолуо)

  1. Саҥа теманы үөрэтии киирии түһүмэҕэ.  Суруйааччы олоҕо

Билэр-көрөр үөрүйэх

Учуутал презентация көмөтүнэн П.А.Ойуунускай  эрэйдээх оҕо сааһын, быстар дьадаҥы ыал оҕото үөрэнэригэр хайдах эрэйдэммитин, куйуурдаан айаҕын булуммутун, тулуурдаах, дьулуурдаах уонна санаата күүстээх буолан кэлин үɵрэхтээх киhи буолбутун туһунан кэпсиир.

-үөрэнээччи көрөр-истэр

-сэҥээрэр. ыйыталаһар

-кэпсэтиигэ кыттар

  1. Учуутал ааҕыыта

Истэр дьоҕур сайдыыта

Учуутал кэпсээни быһа тардан хоһоонноохтук ааҕар

-үөрэнээччи истэр

-истибитин дьүһүннээн көрөр

  1. Кэпсээни  быһаарсыылаах ааҕыы.(айымньы ис хоһоонун илдьиритии)

-Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэх

-тойоннуур дьоҕур

-толкуйдуур дьоҕур

-өйгө оҥорон көрөр дьоҕур сайдыыта

- Сүрүн үөрэнэр үөрүйэх

Кэпсээни быһаарсыылаах ааҕыыга киллэрэр, кэпсииргэ, санаа атастаһарга көҕүлүүр

-хараххытыгар тугу көрдүгүт?

- Тугу истэҕит?

-Аччык оҕо  дьүһүнэ хайдаҕый?

-оҕо күөлтэн тугу көрдөһөрүй, тоҕо балыктыырый?

-оҕо бастыҥ баҕата тугуй?

Учуутал түһүмэҕи түмүктүүр: суруйааччы ыарахан оҕо сааһа, олоххо дьулуура, тулуура, санаатын күүһэ  кэпсээҥҥэ хайдах бэриллибитин чопчулуур.

-оҕо тугу  истибитин дьүһүннээн көрөн кэпсиир ( ойбон алларар тыас,  анньыы тыаһа, уу оргуйар, курулуур, эргийэр -ытыллар тыаһа

-оҕо тугу хараҕар көрөрүн (оҕо туртаччы тоҥмут сирэйэ, соболор, аччыктаан байааттаҥныыр, хаарга тайанар, куоҕаҥныыр) кэпсиир.

-билбэт тылын суолтатын тылдьыттан булан быһаарсар (туртайбыт, куоҕаҥныыр,нүөлүйэр, алаархай, дьүһүнэ умуллар, үтэ, бэс үөрэ, тар, хабала айаҕа, соххор-доҕолоҥ, дьэбэрэ түгэҕэ)

  1. Айыньыны дириҥэтэн ырытыы.  

-Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэх

-тойоннуур дьоҕур

-толкуйдуур дьоҕур

-Сүрүн үөрэнэр үөрүйэх

-бэйэни салайынар-дьаһанар үөрүйэх

-бодоруһар үөрүйэх

Дириҥэтэн ырытыы тирэх  ыйытыылара бɵлɵхтɵргɵ бэриллэр.

-Куйуурдьут оҕо кэлин хайдах киһи буолбута буолуой? Сабаҕалаан көрүҥ.

-айымньыны ис хоһоонуттан көрөн, суолталаах кэрчиктэргэ араартааҥ. Кэрчиктэр сүрүн ис хоһооннорун быһаарыҥ

-киһи күүһэ –тулуур, дьулуур диэн тоҕо этэллэрий ? Айымньыттан холобурда аҕалыҥ

- учуутал оҕолор санааларын, этиилэрин түмэр:  үлэһит, тулуурдаах, дьулуурдаах, кытаанах санаалаах, норуот туһугар үлэлиир, билиигэ-көрүүгэ тардыһар, үөрэхтээх киһи буолар баҕалаах

  -уус-уран айымньыны ырытыыга, кэпсэтиигэ баҕатыйан кыттар.

-уус-уран айымньыныны тус суолталаахтык ылынан кэпсэтиигэ кыттар.

-Ырыҥалыыр, ырытар, үлэтин былаанныыр

- бэриллибит сорудаҕы толорууга  бөлөҕүнэн үлэлиир

  1. Кэпсээни оруолларынан уус-ураннык ааҕыы (автор уонна уолчаан монолога)

-Ааҕар дьоҕур сайдыыта

-Билэр –көрөр үөрүйэх (бэлиэни-символы туһанар үөрүйэх)

Учуутал үөрэнээччи уус-ураннык ааҕарыгар суолталаах тыллары этэр, суолталаах тыллар  бэлиэтэммит эрдэттэн бэлэмнэммит  тиэкиһи түҥэтэр (Е.М.Поликарпова хоһоонноохтук ааҕыы методиката туһаныллар)

-айымньылаах ааҕыы ньымаларын баһылыырга эрчиллэр,

-уус-уран айымньыны ааҕыынан умсугуйар, ааҕыыга тардыстар,

-оруолларынан  уус-ураннык ааҕар (пааранан ааҕарга кыттар)

  1. Рефлексия. Ылбыт билиини чиҥэтии.

Тус санааны, сыһыаны сайыннарар үөрүйэх

Уруок түгэх сыалыгар тириэрдэр:

Олоххо дьоһуннук олоруу ыарахаттары тулуйуунан, дьулуурунан, тулуурунан, кытаанах санаанан ситиһиллэр.  

Уруок хоһоонунан түмүктэнэр: Үлэбит биhиэнэ-Үөрэх, үөрэх,

Үчүгэйдик үөрэнии Үрдүк сорук

Үгүс билии,Үгэс курдук,

Үтүө кынат-Үөһэ көтүтүө,

Үөрүүгэ тиэрдиэ. Үөрэххэ кимиэххэ,Үөрэҕи билиэххэ,

Үрдээн иһиэххэ- Үүнүөххэ,  үүнүөххэ!  

 

-Айымньыга санаатын этэр

-П.Ойууунскай дьулуурунан, тулуурунан, билиигэ-үөрэххэ тардыһыытынан хайдах уһулуччулаах киһи буолан тахсыбытын бэлиэтиир

  1. Сыана туруоруу.

Бэйэни салайар –дьаһанар үөрүйэх

Учуутал оҕолор үлэлэрин сыаналыыр, оҕо сыанабылын истэр……

-Үөрэнээччи бэйэтин сыаналанар

-Түмүк оҥостор (тугу ситистим, тугу кыайбатым, ыарырҕаттым, тугу сөбүлээтим, туох саҥаны биллим)

  1. Дьиэҕэ үлэ:  Талан толорор сорудахтар

Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэх

А)Айымньы аатын ис номоҕун быһаар: оҕо…..куйуурдуу….турара…

Б) Кэпсээҥҥэ ойуута оҥор

В) Куйуурдьут уолчаан монологун өйтөн хоһоонноохтук ааҕарга бэлэмнэн

-өйтөн хоһоонноохтук ааҕыынан дьарыктанар.

-сөбүлээбит  түгэнигэр уруһуйдуур

-тойоннуур, ырытар ньыманы туттан кэпсээн аатын ис номоҕун быһаарар