Чинэкэ рекордун олохтоспута
статья на тему

Ксенофонтова Саргылана Алексеевна

Кыым хаһыакка «1936 с. Чинэкэҕэ Аан дойду рекорда” диэн тэттик ыстатыйа бэчээтэммитэ. Биһиги эһэбит Корякин Александр Афанасьевич  ити бурдук куолаһа  Саха сирин  Аан дойдуга ааттырдарыгар  үгүс сыратын биэрбитэ.

    Эһэм бурдук куолаһын тутан турар хаартыската... Саһарбыт  хаартыскаттан  бэйэбинээҕэр эдэрчи көрүҥнээх  эһэм  диэн ааттыыр киһим одуулуур. 78 сыл анараа  өттунээҕи саһарбыт хаартыска...

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл Чинэкэ рекорд Корякин23.46 КБ

Предварительный просмотр:

                         Чинэкэ рекордун олохтоспута

     Кыым хаһыакка «1936 с. Чинэкэҕэ Аан дойду рекорда” диэн тэттик ыстатыйа бэчээтэммитэ. Биһиги эһэбит Корякин Александр Афанасьевич  ити бурдук куолаһа  Саха сирин  Аан дойдуга ааттырдарыгар  үгүс сыратын биэрбитэ.

    Эһэм бурдук куолаһын тутан турар хаартыската... Саһарбыт  хаартыскаттан  бэйэбинээҕэр эдэрчи көрүҥнээх  эһэм  диэн ааттыыр киһим одуулуур. 78 сыл анараа  өттунээҕи саһарбыт хаартыска...

     Эһэбит  1905 сыллаахха саас күөх от бытыгыраан тахсыыта күн сирин көрбүт, 7 кылаас үөрэхтээх.

    1928 сыллаахха тэриллибит «Дарда»  холкуоска бэрэссэдээтэллээбит. Бу холкуос тэриллэригэр үгүс көлөһүнүн тохпут  дьоннортон биирдэстэрэ.

    1935 сыллаахха бөдөҥсүйбүт  «Сталин» холкуос тэриллибит. Бэрэссэдээтэлинэн Николай  Таппаҕаарап, биһиги эһэбит биригэдьииринэн үлэлээбиттэр. Ол кэмҥэ 0,98 гектар сиртэн 46 центнер дьэһимиэн бурдугу үүннэрэн, оччотооҕуга аан дойду рекордун ситиспиттэр. Ол улахан ситиһиилэрин чиэстээн эһэбитин 1937 сыллаахха от ыйын 6 кунугэр Саха АССР тэриллибитэ 15 сылын бырааһынньыгар ыҥырбыттар. Ол бурдук куолаһа Москваҕа быыстапкаҕа барбыт. Эһэбит ону тутан түспүт хаартыската оҕолоругар- сиэннэригэр өйдүбүнньүк буолан сылдьар.

     1941 сыллаахха Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии саҕаламмыта. Саха ньургун уолаттара «холкуостарын соноҕос атынан суол буорун бурҕатан» сэриигэ аттаммыттара.

    От ыйын 3 күнүгэр 1941 сыллааха Бүлүү оройуонун Уотту нэһилиэгиттэн сэриигэ 43 киһи барбыт, кинилэр ортолоругар биһиги эһэбит Корякин Александр Афанасьевич баара.

    Эһэбит сэриигэ барарыгар баара суоҕа 35 саастааҕа. Эбэбит Мария Гаврильевна кэргэнэ сэриигэ барарыгар 3 кыра оҕолоох хаалбыта. Мин ийэм   Светлана Александровна саамай кыралара, күһүн аҕата сэриигэ барбытын кэннэ төрөөбүт, онон аҕата кинини көрбөтөх.

     Корякиттар улахан уоллара Василий Александрович үлэ ветерана, тустууга спорт маастара, кадровай булчут этэ. Кэргэнинээн Федора Харлампьевналыын  Бүлүү куоратыгар олорбуттара. Билигин  оҕолоро- сиэннэрэ эбэлээх эһэлэрин өтөхтөрүн кыымын күөдьүтэн, олохторун салҕаан олороллор.

    Улахан кыыстара Клара Александровна Семенова  кооперация туйгуна, үлэ ветерана. Кэргэнэ Егор Трофимовичтыын биэс оҕону төрөтөн, иитэн, үгүс сиэн эбэтэ, эһэтэ, хос эбэтэ, хос эһэтэ буолбуттара.

    Уоллара  Ким Александрович Корякин Саха  сиринээҕи булчуттар, балыксыттар уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Кэргэнэ  Февронья Никитичналыын оҕолорун атахтарыгар туруоран, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон сиэннэрин бүөбэйдииллэр.

    Кыра кыыстара  Светлана Александровна Герасимова ветеран учуутал, комсомол 15 съеһин делегата. Аҕабынаан Алексей Гаврильевичтыын  Мэңэ-Хаңалас Хорообутугар олороллор. Өр сыл ыччаты иитиигэ үлэлээбит педагогтар, үөрэҕирии ветераннара.

     Эһэбит кыракый оҕолорун тиһэх төгүл сүүстэриттэн сыллаан, алаһа дьиэтин аанын букатыннаактык сабан, сэрии илбис толоонугар көмүс уҥуоҕа урусхалламмыта.  Кини  4-26-53  действительнай армияҕа сэриилэспит.

    Ленинград куорат госпиталыгар ыараханнык бааһыран сытан  суруйбут суругун харахпыт харатын курдук харыстаан уура сылдьабыт. «Бука бары үчүгэйдик сылдьаргыт миэхэ күн тааһа буолан көстүөҕэ» диэн суруйбут. Оҕо үөрэнэр тэтэрээтин лииһин лоскуйун икки өттүгэр суруллубут сурукка 31.05.42  уонна  25.07.42  диэн ыйа- күнэ суруллубут. Бу 47 №-дээх полевой почтанан оҕолоругар ыыппыт тиһэх суруга.

    Ленинград уобалаһыгар Кировскай куоракка баар музейга эһэбит партийнай билиэтэ баар эбит. Онно «туох эмэ буолар түбэлтэбэр бу билиэти улахан уолбар Бааскаҕа тиксэрээриҥ» - диэн суруктаах үһү. Аата өйдөбүннүк дуоскаҕа суруллан турарын таайым Ким Александровичтаах дьиэ кэргэнинэн бара сылдьан көрбүттэр. Братскай могилаҕа көмүллэн сытар сиригэр сибэкки,  мас олордубуттара ыччаттарын ааттарыттан чэлгийэ-үүнэ турдахтара.

     Эһэбит сэриигэ барарыгар эбэбит Мария Гаврильевна үс оҕолоох, төрдүһүн оҕолоноору сылдьан хаалбыт. Эһэбит биир суругар «Кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ Светлана диэн ааттаарыҥ. Светлана диэн күөх харахтаах нуучча кыыһа сэрии толоонуттан соһон таһааран быыһаабыта» диэн суруйбут. Ол иһин кыыс оҕо төрөөбүтүгэр, ол амарах санаалаах нуучча кыыһын аатынан ийэбин  Светлана диэн ааттаабыттар.

    Эһэбит 1943 сыллаахха кулун тутар 30 кунугэр ыараханнык бааһыран Ленинград куорат госпиталыгар өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбит. «В бою за Социалистическую Родину, верный воинской присяге, проявив геройство и мужество был убит 30.03.43. и похоронен южнее озера Долгое Мгинского района, Ленинградской области, станция Малая Малукса. Командир части Головин, Начальник штаба майор Пластин» - диэн ис хоһоонноох биллэриини тутан баран, эбэбит Маарыйа ытыы олорон оҕолорун аймаамаары хараҕын уутун кистээбитин өйдөөн хаалбыттарын, оҕолоро бу курдук ахталлар  «Аҕабыт кэлиэ диэн бары кэтэһэ саныырбыт. Биирдэ таһырдьаттан киирэн кэлбиппитигэр ийэбит ытыы олорор этэ. Кистии-саба туттан кэбиспитэ. Аҕабыт өлбүтүн туһунан биллэрии туппут этэ. Аҕабыт туhунан санаабакка ийэбитин аһыммыппыт. Чугаһаабакка дьалты хааман, атын сиргэ тиийэн иһийэн олорбуппут.»

    Эбэбит Маарыйа ыарахан үлэҕэ миккиллэн, түөрт кыра оҕоҕо эриллэн, сыыстаран улаханнык ыалдьан сотору-сотору суорҕаннаах тэллэххэ охтон хаалара үһү. Ийэбин уу ньулдьаҕай оҕону, эһэм бииргэ төрөөбүт балта Настааччыйалаах иитэ ылан киһи оҥорбуттар.Сэрии саҕаланыытыгар төрөөбүт, ыарыһах ийэлээх, кыһыл оҕону киһи буоларыгар ким да эрэммэт эбит. Настааччыйа кэргэнэ Сөдүөт : « Оҕону ылан иитэн көрүөххэ. Дьылҕата буоллаҕына киһи буолуо. Убайыҥ сэрииттэн эргийдэҕинэ оҕоҕун көрбөккөбүт хоргутан өлөрбүппүт диэхпит дуо?» - диэн  уолларыгар Хабырыылга ханыы гынан ииппиттэр. Ийэм  бииргэ иитиллибит убайа Гаврил Федотович Корякин өр сылларга партийнай – салайар үлэҕэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, 3 оҕолоох, сиэннэрдээх. Билигин «эһээ Cөдүөт, эбээ Настааччыйа”  диэн ийэм  ииппит дьонун истиҥник ахтабыт.    

     Аҕалара өлбүтүн кэннэ хойут биир саппыкы, биир былаат, биир куопта сэрии тулаайахтарыгар диэн кэлбит. «Аҕаҕыт оннугар ыыппыт маллара диэн ийэбит ытыы-ытыы кэпсиирэ, ол саппыкыны ийэм кэтэрдэ сатыырын, «аҕабын өлөрбүт немецтар саппыкыларын кэппэппин» диэн атах сыгынньах сылдьарым» - диэн  ийэм Светлана Александровна саныыр.  Аҕа амарах таптала диэни билбэккэ улааппыт, соҕотох ийэ тиийиммэт – түгэммэт кыһалҕатыгар иитиллибит, сэрии ыар содулун тыыннаах туоһута, ийэм Светлана Александровна оччотооҕу олох туһунан элбэҕи кэпсиир.

        1936 сыллаахха бурдук  үүннэрэн Аан дойду рекордун олохтоспут дьонтон биирдэстэрэ Александр Корякин  эдэр сааһыгар Ийэ дойдутун иннигэр олоҕун толук уурбута. Үтүө киһи аата үйэлэр тухары ахтыллар. Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар  олохтоммут рекорд көмүс буукубаларынан суруллан өйдөбүнньүк кинигэтигэр үйэ саас хааллаҕа. Ол көмүс туорах саһарчы буһарын туһугар сыраласпыт дьон ааттара ахтылла турара махталлаах дьыала.

      Хаартыскаттан эһэм мичээрдиир. «Оҕолорум,  сиэннэрим мин ситэ олорботох олохпун эһиги салҕыыгыт”  дииргэ дылы...

  Саргылана Ксенофонтова,  А.А.Корякин сиэнэ, Сунтаар улууһун Кириэстээх орто оскуолатын учуутала.