сценарий "Ытыктаан, харыстаан киһини"
материал (9 класс) на тему
Оо, уйэлэр дьапталларыттан
Ойдоох обугэ дарханнарбыт
Сир сиигинэн сибигинэйэр
Сибэтиэй кэс тылларын
Сибилигиннэ да диэри
Сиилэтин ситэри сирийиэ5ин:
"Тэбиэн са5а хара санаатаа5ар
Туон са5а урун сана ордук».
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ytyktaan_harystaan_kihini.docx | 19.4 КБ |
Предварительный просмотр:
ЫТЫКТААН, ХАРЫСТААН КИhИНИ
(Поэт, журналист С.С.Овчинников 65 сааЬыгар аналлаах уруок)
Бэлиэ тыла: Сандаархай
чэбис куннуу
Дууьам куруук
сырдык буолуохтун!
Уруок тирэх тыла: Оо, уйэлэр дьапталларыттан
Ойдоох обугэ дарханнарбыт
Сир сиигинэн сибигинэйэр
Сибэтиэй кэс тылларын
Сибилигиннэ да диэри
Сиилэтин ситэри сирийиэ5ин:
«Тэбиэн са5а хара санаатаа5ар
Туон са5а урун сана ордук».
С.Овчинников.
Уруок сыала-соруга:
- үөрэнээччи билбитигэр-көрбүтүгэр оло5уран, онно уйдаран, алтыhар, кэпсэтэр, ырытар дъо5урун сайыннарыы;
- үөрэнээччи тиэкиhи, эбии литератураны кытта улэтин уөрүйэ5ин, чинчийэр дьо5урун сайыннарыы;
- хаhыат ыстатыйатын суруйуу үөрүйэ5ин чинчийии
Көмө матырыйааллар: С.Овчинников оло5ун кэрдиис кэмнэрин туhунан презентация, кинигэ, хаьыат быыстапката.
Уруок хаамыыта:
- Yтүө күнүнэн, санаабытын сайа кэпсэтэр то5оостоох күн үүммүтүнэн, күндү уэрэнээччилэрим. Бүгүн биhиэхэ ураты күн. Ол курдук биьиги оскуолабыт учуутала, Нам сириттэн торуттээх, кутуот буолан кэлбит, олохтоох талааннаах поэт, журналист баара буоллар 60 caahын үөрэ-көтө бэлиэтиэ этэ. Ол кимий? Саамай сөп, С.С.Овчинников. Олорбут кэрэ сирдэрин, таптыыр кэргэнин, о5олорун xohooнугар хоhуйбут, ырыатыгар ыпсарбыт, алтыьар айыл5атын туойбут биир киэн тугтар поэппыт, журналиспыт.
Мастырыскыай уруок сыалын-соругун, хаамыытын презентация көмөтүнэн көрдөрөбүн, быhаарабын. Уруок тиэмэтэ эрдэттэн этиллибэт, о5олор тирэх матырыйаалы туhанан бэйэлэрэ быhаараллар.
Мастырыскыай улэтин түhүмэхтэрэ:
- 1 түhүмэх. Анабыл хоhооннортон саамай суолталаах, бэлиэ тыллары булан суруйуу. А.Лонкунова, В.Сидоров, Н Чуор, Степан Овчинниковка анаабыт хоhооннорун аа5ан, ырытан маннык суолталаах тыллары булаллар.
- 2 түhүмэх. Санаа атастаhыы. Санаа атастаhыы түмүгэр о5олор презентация көмөтүнэн поэт олоххо коруутун, сыьыанын ырытыьаллар.
- 3 түhүмэх. Бөлө5үнэн үлэ. Хас биирдии суруйааччы, поэт саныыр санаата, иэйиитэ, ырата xohooңңo түмүллэр. О5олор «Уйул5а», «Литературнай кириитиктэр» бөлөххө арахсан С.Овчинников хоhооннорун ырыталлар.
- «Уйул5а» бөлөххө сорудах:
- Поэт киhи олоххо аналын туhунан санаатын булуң, xohooн тылларынан холобурдааң.
- Көннөрү киhи уонна поэт туох уратылаахтарый? Поэт диэн... Поэт киhи хайдах буолуохтаа5ый? Хоhоонтон быhаарыытын булун.
Литературнай кириитиктэргэ сорудах.
- Поэт ханнык уус-уран ньымалары, уобарастааhыны туттар эбитий?
- Хоhоон тутулун быhаарың.
- 4 түhүмэх. Санаа атастаhыы. Тирэх өйдөбүллэри, суолталаах тыллары суруйуу.
- 5 түhүмэх. Саха биир бастың поэта эрэ буолбатах, кини - талааннаах журналист. Ыстатыйа суруйуу - поэт айар үлэтин биир бэлиэ, суолталаах кэрчигэ. Бөлөххө ыстатыйа суруйарга сорудах
бэриллэр. О5олор ыстатыйа суруйалларыгар поэт туhунан эбии
матырыйаалынан үлэлииллэригэр усулуобуйа тэриллэр. - 6 түhүмэх. Ыстатыйаны аа5ан иhитиннэрии. Санаа атастаh ыы.
Уруок түмүгэ. Степан Степанович Овчинников поэзията кэннигэр хаалларбыт нэhилиэстибэтэ буолар. Кини хоhоонноро олоххо у5араабат тапталы күөдьүтэллэр, киhини үрдүккэ, кэрэ5э угуйар аналлаахтар. Поэт сөпкө да эппит; : Сандаархай
чэбис куннуу
Дууьам куруук
сырдык буолуохтун!
- Уруок тумугэ.