Экологический урок "Сохраним подснежники"
план-конспект урока (6 класс) по теме

Еримеева Саргылана Семеновна

Экологический урок "Сохраним подснежники". предметы: родной язык, ИЗО, музыка. Прилагаются техкарта, рабочий лист, презентация урока.

Скачать:

ВложениеРазмер
Package icon urok_po_ekologii_podsnezhniki.zip773.58 КБ
Package icon toroobut_sir_kii_iye_tyl_-_oloh_tordo.zip100.75 КБ

Предварительный просмотр:

Темата: «Ньургуһуну харыстаа»

Кылааһа: 5

Сыала: Ньургуһуну харыстааһын нөҥүө оҕо экологическай культуратын үрдэтии.

Соруктара:

- үөрэтэр: айылҕаны харыстыырга үөрэтии,

- сайыннарар: айылҕаны харыстааһын нөҥүө оҕо айар дьоҕурун сайыннарыы.

 - иитэр: айылҕаны харыстыырга бэйэтин кылаатын киллэрэрин өйдүүр.

Түмүк ситиһии

Личностные умения (Ытык ѳйдѳбγллэри иӊэрии тγмγгэ):  

  • Бэйэ-бэйэни убаастаһыы, истии;
  • Ньургуһуҥҥа, айылҕаҕа  харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы
  • Төрөөбүт дойдунан, кини айылҕатынан киэҥ туттуу.

Үѳрэх сатабылларын иҥэрии тγмγгэ:

 Билэр-кѳрѳр сатабыл: билиини хаҥатыы.

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Инники уруокка билбит билиитин сатаан туhанар. Соругун таба туруорунар, γлэтин былаанныыр. Туох ханнык тγмγккэ кэлиэхтээ5ин быhа холоон билэр. Итэ5эhин, ал5аhын быhаарар, кѳннѳрѳр, бэйэтин тылыгар-ѳhγгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуhарга дьулуhар. Тылын-ѳhγн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиhилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуhар. Ал5аhа суох саӊарарга, санаатын ыпсаран, хомо5ойдук этэргэ кыhаллар. Бириэмэтин аттарынар.

 Бодоруһар сатабыл:  

Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Атын о5о санаатын истэр, бэйэтин санаатын этэр. Алтыhыы туругар кэбэ5эстик киирэр.

Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтэр киhитин убаастыыр, сэӊээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар. Кэпсэтэригэр дьон бол5омтотун тардар, сэргэхситэр, сонуур5атар, кѳ5γлγγр сатабылы табан туhанарга дьулуhар. Кэпсэтэр кэмӊэ бэйэ кѳрбγтγн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир.

Тустаах γѳрэх биридимиэтин γѳрэтии тγмγгэ:  : хоһоону ырытыы, уруһуй көмөтүнэн ис санааны тириэрдии, музыка тэтиминэн ыллааһын.

Туттуллар матырыйаал: улэлиир тэтэрээт, презентация, ноутбук, ватман, уруьуйдуур тэрил, ырыалаах дискэ.

Уруок этаба

Учуутал дьарыга

Үөрэнээччи дьарыга

Түмүк ситиһии

  1. Проблеманы үөскэтии. Уруок тематын, сыалын туруоруу

. Ньургуһун туһунан ырыа холбонор.

  • Оҕолоор, бүгүҥҥү уруокпут темата туох туһунан буолуой?
  • Бүгүҥҥү уруокка тугу гынарбыт буолуой?

Эппиэттииллэр. Уруок тематын таһаараллар.

Уруок сыалын таһаараллар, былаанныыллар.

Үүнэн турар ньургуһуннары  булуу

Ытык ойдобуллэрии инэрии: бэйэ-бэйэни убаастаһыы, истии;

Бэйэни  салайынар: Соругун таба туруорунар, γлэтин былаанныыр. Туох ханнык тγмγккэ кэлиэхтээ5ин быhа холоон билэр.

Бодоруьар : үөрэнээччи – үөрэнээччи, үөрэнээччи-учуутал сыһыана.

  1. Баар билиигэ тирэҕирии

  • Ньургуһун туьунан ким тугу билэрий?
  • (слайд барар).

Эппиэттииллэр.

Бэйэни салайынар: бириэмэни аттарыныы, инники уруокка билбит билиитин сатаан туhанар.  

Билэр-корор: билиилэрин хаҥатыы.

Бодоруьар: тугу билэллэрин сааһылаан кэпсээһин, бэйэ-бэйэни сэҥээрии, истии.

Ытык ойдобуллэрэ инэрии: ньургуһуҥҥа, айылҕаҕа  харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы.

Тустаах үөрэх предметэ: хоһоону ырытыы, уруһуй көмөтүнэн ис санааны тириэрдии, музыка тэтиминэн ыллааһын.

Саха литературата.

 Ырыа  тылларын ырытыы

  • Үлэлиир тэтэрээккэ хоьоону ырытыы, сүрүн санаатын суруйуу, көмүскээһин.

Уруһуй.

  • Экологическай листовка оноруу “Ньургуһуну харыстааҥ!”

  • Листовка  оҥороллор.

Ырыа.

  • Ньургуһун туьунан ырыа толоруу

  • Листовкаларын  тутан туран ыллыыллар.
  1. Рефлексия
  • Бүгүҥҥү дьарыктан тугу биллибит.

Оҕолор эппиэттииллэр.

Илиискэ туруораллар.

Онорбут листовкаларын илдьэн ыйыыллар.

Бодоруьар: бэйэ санаатын толору этии, кэпсэтиигэ кыттыьыы.

Ытык ойдобуллэри инэрии: ньургуһуну харыстыахтаахпытын өйдөөһүн.



Предварительный просмотр:

 Төрөөбүт литературабыт 6 кылаас.

Темата

Төрөөбүт сир, киһи, ийэ тыл – олох ситимэ

Сыала

Үөрэтэр: Хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын үөрэтии;

Сайыннарар: Санаабыт санааны сааһылаан этэри сайыннарыы, ырытар дьоҕуру сайыннарыы;

Иитэр: Төрөөбүт дойду, тыл киһи олоҕун ситимэ буоларын тиэрдии. Олоҕу сыаналыырга, харыстыырга, ситиһиилээхтик олорорго дьулуһары өйдөтүү.

Уруок тиибэ

 Саҥа тема

Тγмγк ситиhии:

Ытык ѳйдѳбγллэри иӊэрии тγмγгэ:  Ийэни, Ийэ дойдуну, Ийэ тылы билии, убаастааһын, үтүө киһи арахсыспат аргыстара буоларын иҥэрии.

Үѳрэх сатабылларын иҥэрии тγмγгэ:

 Билэр-кѳрѳр сатабыл: Бэриллибит тема5а тугу билэрин кэпсиир. Бэлиэни символы туһанар үөрүйэҕи сайыннарар. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик оҥорор.   Тылдьытынан сатаан туһанар, тылдьыт туһунан билэр билиитигэр тирэҕирэр;

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Соругун таба туруорунар, γлэтин былаанныыр. Туох ханнык тγмγккэ кэлиэхтээ5ин быhа холоон билэр. Итэ5эhин, ал5аhын быhаарар, кѳннѳрѳр, бэйэтин тылыгар-ѳhγгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуhарга дьулуhар. Тылын-ѳhγн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиhилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуhар. Ал5аhа суох саӊарарга, санаатын ыпсаран, хомо5ойдук этэргэ кыhаллар. Бириэмэтин аттарынар.

 Бодоруһар сатабыл:  

Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Атын о5о санаатын истэр, бэйэтин санаатын этэр. Алтыhыы туругар кэбэ5эстик киирэр.

Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтэр киhитин убаастыыр, сэӊээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар. Кэпсэтэригэр дьон бол5омтотун тардар, сэргэхситэр, сонуур5атар, кѳ5γлγγр сатабылы табан туhанарга дьулуhар. Кэпсэтэр кэмӊэ бэйэ кѳрбγтγн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир.

Тустаах γѳрэх биридимиэтин γѳрэтии тγмγгэ:

- Төрөөбүт сир, киһи, ийэ тыл – олох ситимэ салааҕа тугу үөрэтиэхтээҕин быһа холоон билэр;

- Хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын (эпитет, метафора, хатылааһын, инверсия, тэҥнээһин, риторикалаах ыйытыы) билии.  

Туттуллар матырыйаал: Кинигэ, үлэлиир тэтэрээт, компьютер, проектор, презентация.

Үлэ кѳрүӊнэрэ:  бэйэ γлэтэ.

Уруок хаамыыта:

Уруок тγhγмэхтэрэ, сыала

Үлэ көрγӊнэрэ

Үѳрэнээччи γлэтэ

Учуутал γлэтэ

Тγмγк ситиhии

Тэрээhин тγhγмэ5э.

Сыала: о5ону γлэлиир турукка киллэрии.

Уруокка бэлэмнэнэллэр.

Уруокка бэлэмнэрин кѳрѳр, тэрийэр.

Бэйэни салайынар-дьаhанар: γлэлиир турукка киирэр.

Уруок тематын, сыалын туруоруу.

Сыала: Үѳрэнээччи сыалын-соругун туруорунар.

 Сыалы торумнууллар.

Уруок тематын этэр, сыалын чуолкайдыыр.

Бэйэни салайынар-дьаhанар: сыал-сорук туруорунар.

Саҥа теманы үөрэтэр түһүмэх.

Сыала: саҥа теманы билэллэригэр усулуобуйа тэрийии.

-Үлэлиир тэтэрээт 1 сорудаҕын толороллор. Тѳрѳѳбγт сир, киhи, ийэ тыл - олох ситимэ.  Бу этиини схема5а киллэрэн суруйуу. Биир хаалбыкка тугу суруйуоххунуй?   Стрелкаларын бэйэӊ хайдах саныыргынан тардан биэр.

 

- Толкуйдааннар этиини схемаҕа киллэрэллэр.  Биир хаалбыт ячейкаҕа бэйэлэрэ тыл суруйаллар. Стрелкаларын тардаллар. Үлэлэрин көмүскүүллэр.

- Быһаарар, көмүскүүр  үлэни тэрийэр.

Тустаах үөрэх сатабыла: Төрөөбүт сир, киһи, ийэ тыл – олох ситимэ салааҕа тугу үөрэтиэхтээҕин быһа холоон билэр.

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: бириэмэтин аттарынар.

 Тыл нуорматын тутуһан саҥарарга дьулуһар.

Бодоруһар сатабыл: атын оҕону истэр, ырытыыга кыттыһар, алтыһар, кэпсэтии сиэрин тутуһар.

Билэр-көрөр сатабыл: бэлиэни символы туһанар үөрүйэҕи сайыннарар. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик оҥорор.

Ытык ѳйдѳбγллэри иӊэрии тγмγгэ:  Ийэни, Ийэ дойдуну, Ийэ тылы билии, убаастааһын, үтүө киһи арахсыспат аргыстара буоларын иҥэрии.

Аа5ыы

Аа5аллар. Тэӊнээн кѳрѳллѳр.

Тустаах γѳрэх сатабыла: сѳпкѳ аа5ыы.

Бодоруhар сатабыл: кэпсэтиигэ кыттар, бэйэтин санаатын тиэрдэн этэр.

Үлэлиир тэтэрээт 2 сорудаҕа:

Учебник кэннигэр баар литература тѳрγт ѳйдѳбγллэрин кылгас тылдьытыттан хоhоон ойуулуур-дьγhγннγγр ньымаларын булан  устуу.

- Учебник кэннигэр баар тылдьыттан хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын усталлар.

Соруда5ы быhаарар.

Тустаах γѳрэх сатабыла: хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын билии;

Билэр-кѳрѳр сатабыл: тылдьытынан сатаан туһанар; тылдьыт туһунан билэр билиитигэр тирэҕирэр;

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл: бириэмэтин аттарынар.

Бодоруhар  сатабыл: кэпсэтиигэ кыттар.

Физкультминутка

Учуутал этэрин оҥороллор.

Харах эрчиллиилэрин оҥоруу:

Харахпытын түргэнник чыпчылыҥнатабыт, сабабыт,  5 дылы ааҕабыт.(иккитэ)

Харахпытын күүскэ сабабыт, 3 дылы ааҕабыт, аһабыт ырааҕы көрөбүт. (иккитэ).

 Хоһоонтон быһа тардыыларга ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары булуу.

-Бэриллибит быһа тардыылары ырытарга холонор

Үлэни тэрийэр, быhаарар.

Тустаах γѳрэх сатабыла: билбитигэр тирэҕирэн ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары булан быһаарар.

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл: бириэмэтин аттарынар, былааннанар.

Рефлексия.

Сыала: уруок тγмγгэ.

-уруок уруокка тугу биллигит?

- тугу  ыарыр5аттыгыт?

-Уруокка тугу, хайдах γлэлээбиттэрин тэтэрээттэригэр сыаналаналлар.

-сыана туруорар.

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл: бэйэни сыаналаныы.

Дьиэ5э γлэ.

Ырытыыны ситэрии

-Дьиэ5э γлэни суруналлар.

-Дьиэ5э γлэни быhаарар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

конспект занятия "Цветы в легендах и преданиях "Подснежник, тюльпан"

Цель занятия:Дать представление о разнообразии и красотецветов нашей Родины.Рассказать о цветах в народном творчестве.Научить проявлять фантазию при создании цветка. Закрепить навыки работы с бумагой....

Урок «Подснежник»

Урок "Подснежник" - выполнение поделки из бумаги - создание картины "Подснежники"...

Мастер-класс по изготовлению подснежников в технике модульного оригами

Ранней весной распускаются первые цветы - подснежники. Хотите подарить их мамам на 8 Марта? Я вас с удовольствием научу их делать своими руками....

Методическая разработка открытого занятия к программе «Самоделки +» Тема: Модульное оригами – подснежники в лукошке.

Занятие по теме «Модульное оригами - подснежники в лукошке» относится к 5 разделу программы «Самоделки +» - «Работа с бумагой» и рассчитана на 2 учебных часа. Занятие проводится с использованием ...

Методическая разработка открытого занятия "Изготовление подснежников"

Техника: изготовление цветов из ткани. Возраст детей 10-12 лет....

Пять сюжетов в биографии хора "Подснежник"

Хоровая школа-студия - творческий коллектив с интересной историей, богатыми творческими традициями....

Экологическая акция "День подснежника" (для учащихся 5-11 классов)

Экологическая акция проводится 19 апреля,согласно экологическому календарю  - День подснежника.Цель: формирование у учащихся ценностного представления о первоцветах ЕАОЗадачи:Привлечь внимание де...