Үгэни хайдах суруйтарыахха?
план-конспект занятия (6 класс) на тему
Предварительный просмотр:
Маастар кылаас.
Үгэни хайдах суруйтарыахха?
Ɵйтɵн суруйуу биир ньыматынан үɵрэнээччи айар үлэтэ буолар дии саныыбыт. Ол иhин үлэбитигэр үгүстүк толкуй суруктары, айар сорудахтаах суруйуулары биэрэбит. Yгэни уруокка хайдах айан суруйтарыахха сɵбүн кɵрүɵђүҥ. Уруок сорудахтара үс бɵлɵђүнэн арахсан үлэлииргэ таҥылынна.
1 түhүмэх – үгэ ɵйдɵбүлүн чиҥэтии.
(тылдьытынан үлэ)
1. Тылдьыттан үгэ ɵйдɵбүлүн булан аађыҥ, бэйэђитигэр бэлиэтэниҥ. (кɵмɵ тылдьыт түҥэтиллэр)
2. Үгэ уратытын быhаарыҥ, ɵйдɵɵҥ.
(бɵлɵђүнэн үлэ)
Киhиэхэ баар куhађан кэмэлдьилэри атынынан сирэйдээн, ханалытан кɵрдɵрɵр, өйдөтөр, үөрэтэр сыаллаах, үксүн хоһоонунан суруллар кыра айымньы үгэ диэн ааттанар.
үгэ 4 бэлиэ уратылаах:
1. Үгэђэ дьон үксэ хамсыыр харамайынан, көтөрүнэн-сүүрэринэн, отунан-маһынан , предметтэринэн сирэйдэнэн көрдөрүллэр. Холобур, тураађынан киһиргэс киһини эбэтэр өрүһүнэн сүрэхтээх, үлэһит, көлүйэнэн-сүрэђэ суох киһини сирэйдээн көрдөрөллөр. Олођу итинник тэгэлитэн көрдөрүүнү аллегория дэнэр.
2. Үгэ толоос, куһаҕан быһыыны хомуруйар, сэмэлиир, өйдөтөр, үөрэтэр суолталаах. Ол эбэтэр киһи куһаҕан кэмэлдьитин күлэр, олору утары охсуһар ис хоһоонноохтор.
3. Үгэ дириҥ ис хоһоонноох буолан баран, суруллар кээмэйэ кыра буолар.
4. Үгэ үгүс өттө хоһоонунан суруллар, ол эрээри кэпсээн форматынан суруллубут үгэ эмиэ баар буолар.
2 түhүмэх -аллегория өйдөбүлүн көрдөрүү.
1. Бөлөхтөргө таблица түҥэтиллэр
1 бөлөх - көтөр, 2 бөлөх-кыыл, 3 бөлөх үүнээйи аатыгар сыһыаран, кинилэр характердарын уратытын суруйуохтааххыт.
Холобура, хотой-былаас, күүс, муударай;
Хахай-былаас, күүс, дьоһуннаах;
Эбисийээнэ-дьону үтүктээччи:
Хатыы от- күүстээх, тулуурдаах, эр санаалаах, сатаан көмүскэнэр.
(таблица схемата түҥэтиллэр)
1 бөлөх
Көтөр | Характерын уратыта |
Хотой | Былаас, күүc, муударай. |
Күөрэгэй | |
Тураах | |
Суор | |
Куурусса | |
Барабыай | |
Кэђэ | |
Хаххан |
2 бөлөх
Кыыл | Характерын уратыта |
Хахай | Былаас, күүс, дьоhун. |
Эбисийээнэ | Дьону үтүктээччи |
Эhэ | |
Саhыл | |
Бөрө | |
Куобах | |
Тииҥ | |
Тайах | |
Кутуйах |
3 бөлөх
От-мас | Характерын уратыта |
Хатыы от | Күүс, тулуур, эр санаа, харыстанааччы. |
Роза | |
Хатыҥ | |
Харыйа | |
Тэтиҥ | |
Ньээм от | |
Сардаана | |
Ньургуhун |
3 түhүмэх –үгэ суолтатын быһаарыы
(суруйааччылар үгэлэрэ түҥэтиллэр)
- Саха суруйааччыларын үгэлэрин иитэр-үөрэтэр суолтатын булан быһаарыы.
1 бөлөх- Рафаэль Бађатаайыскай «Сыыс оттоох хаппыыста» (178с)
2 бөлөх- Петр Тобуруокап «Тигээйи уонна Тураах» (142 с);
3 бөлөх- Күн Дьирибинэ «Сахсырђалаах Таракаан» (11с)
4 түhүмэх- үгэ суруйуу.
- Үгэ туһунан билиибитин чиҥэттибит, хаҥаттыбыт, эрчиллэр үлэ толордубут. Билигин бэйэбит үгэ айарга бэлэм буоллубут. Бөлөҕүнэн куолаан үгэ айарга холонобут. Үгэбит геройдарын кыылга-сүөлгэ, көтөргө-сүүрэргэ, окко-маска холоон суруйабыт.
5 түһүмэх- үлэни сыаналааһын, анализтааһын.
Бөлөхтөргө тирэх ыйытыылар бэриллэллэр, атын бөлөх суруйбут үгэтин кылгастык ырыталлар.
Истибит үгэҕин анализтаан көр:
(бу ыйытыылары туhан)
- Бу айымньыны үгэ диэххэ сөп дуо? Тођо?
- Бу айымньы кылгас дуу, уhун дуу ?
- Ханнык форманан суруллубутуй?
- Айымньы сюжета төһө судургунуй?
- Сүрүн геройдар кимнээђий?
- Бу айымньыга аллегория туттуллубут дуо? Түктэри быhыыны сэмэлиир, өйдөтөр суолталаах дуо?
- Айымньы суолтата?
- Үгэ иитэр суолтаталаах дуо? Туохха үөрэтэрий?
6 түһүмэх – үөрэнээччи үгэтэ
6 кылаас үөрэнээччилэрэ суруйбут үгэлэрин истии. Павлова Айыына «Саһыл уонна эһэ»,
Слепцова Сахаяна «Тураахха тииҥ сүбэтэ», Фомина Уля «Тэтэрээт дьылҕата».
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Презентация по истории Кыргызстана на тему "Государство Хайду" (7 класс)
В данной публикации содержится презентация для учителей истории и обществознвния по истории Кыргызстана периода средневековья (IX - XVIII вв.)...