Кемус эбэнки баайа буолбатах
план-конспект урока (8 класс) по теме
Описание разработки урока по якутской литературе в 8 классе по рассказу Н.Якутского "Кемустээх уруйэ"
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
opisanie_uroka_po_rodnoy_literature.doc | 55.5 КБ |
Предварительный просмотр:
«Кемус-эбэнки баайа буолбатах»
саха литературатыгар 7 кылааска ыытыллыбыт уруок.
Учуутал: Слепцова Ирина Семеновна- педстаж 20 сыл, урдуку квалификационнай категория.
Уруок темата: Кемус-эбэнки баайа буолбатах
Уруок керунэ: ырытар-чинчийэр улэ
Уруок тиибэ:Тумуктуур уруок
Сыала: 1.Айымньыны ырытыы.
Дидактическай сыала: Уерэнээччилэр айымньы туьунан бэйэлэрин тус санааларын ситимнээн этэ, айымньыны ырыта уерэнэллэригэр дьулуур.
Соруктар: 1.Уерэнээччи айымньыны киэнник анааран ейдууругэр уьуйуу, дьин оло5у кытта дьуерэлээн керуутун ситиьии.
2. Уерэнээччи араас матырыйаалы туьанан тумук ейдебулгэ тиийэр сатабылын, айымньыны чинчийэр, аахпыты анаарар, киэнник толкуйдуур, санаатын этэр дьо5урун сайыннарыы.
3. Тереебут айыл5а5а харыстабыл, таптал иэйиитин уьугуннарыы
Уруок тэрилэ:
Н.Г.Золотарев-Якутскай мэтириэтэ, промышленность тиэмэтигэр суруйбут айымньыларын кинигэлэрэ, компьютернай слайда, проектор, экран, «Телке» электроннай УМК, ыйытыылаах карточкалар, тирэх таблицалар, тэттик иьитиннэрии ыстатыйалар, «Урдэл» сурунаал №2-3 2009, Саха сирин каартата, учебник, Кэскил, Эдэр саас хаьыаттар
Уруок бэлиэ этиитэ:
Айыл5а теье да баай буоллар, уолбат ойбон, тугэ5э суох ундук буолбатах эбээт! (Иван Гоголев)
Уруок хаамыыта:
1. Киириитэ(1 мун)
- Утуе кунунэн, о5олоор!
- Утуе кунунэн!
- Уоскуйдубут, олордубут. Бугунну уруокпутугар 9 Т ньыматынан улэлиэхпит.
(учуутал уруок туьумэхтэрин дуоска5а бэлиэтээн иьэр:
1 Турук-
2.Тирэх
3.Тэрээьин
4.Туеьуу
5. Туьаныы
6. Таьым
7. Тобулуу
8. Тулуйсуу
9. Тумук)
2. Турукка киллэрии (Уйул5аны уьугуннарыы- сонур5атыы ньыма)(2 мун)
-О5олоор, бугун мин уруокка эьиэхэ кэьиилээх кэллим ээ. Керун эрэ, бу тугуй? (кемус оноьук кердеруу)
- Киэргэл: ытар5а, биьилэх.
- Туохтан оноьуллубутуй?
- Кыьыл кемустэн
- Онтон кемус хантан кэлэрин билэ5ит дуо?
- (о5олор быьаарыылара)
-Сеп, маладьыастар. Кемус-Саха сиригэр хостонор биир кунду баайбыт буолар.То5о мин эьиэхэ кемус кердере а5албытым буолуой?
-(о5олор быьаарыылара)
- Бугун биьиги саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай «Кемустээх уруйэ» айымньытынан тумуктуур уруокпут буолар. Ааспыт уруокка аа5ан билбиппитинэн, сэьэн сурун ис хоьооно-Саха сиригэр кемус промышленноьа уескээьинин туьунан кэпсэнэр.
(суруйааччы мэтириэтин кердеруу)
3. Тирэх (уерэнээччи ылбыт билиитигэр тирэнии, чинэтии)(7 мун)
-О5олоор, билигин ааспыты санатыьа, билиибитин чинэтэ таарыйа «Мозаика» литературнай викторинаны оонньуо5ун. Бу карточкалартан талан ылан кэннигэр баар ыйытыыларыгар эппиэттиибит уонна мозаика-ойуу таьаарабыт.
(уерэнээччилэр карточка ылан кэннигэр баар ыйытыыны аа5аллар, эппиэттииллэр уонна дуоска5а илдьэн сыьыарын ойуу таьаараллар)
«Кемустээх уруйэ» айымньы жанра?
Сурун геройдар?
Ким кемуьу булла?
Кемус хантан кеьуннэ?
Герой кемуьу булан баран тугу гынна?
Герой ыарахан кунугэр ким кемелесте?
-Сеп, маладьыастар. Туох ойуу та5ыста?
-Айымньы автора Н.Якутскай мэтириэтэ
-Аны билигин суруйааччы туьунан туох ейдебул хаалбытын бэрэбиэркэлиэхпит («Телке» электр УМК тургутукка эппиэт)
-Ити курдук биьиги бу уруок иннинэ аахпыт «Кемустээх уруйэ» сэьэммитин хатылаан билиибитин сергехсуттубут, чинэттибит. Салгыы улэлииргэ тирэх ыллыбыт.
4. Тэрээьин (сыал-сорук туруоруу)(1 мун)
-Онон, о5олоор, бугуннну уруокка улэлиир, кэпсэтэр темабыт туох туьунан эбитий? (уруок сыалын-соругун этии)
5. Туеьуу (оло5у кытта сибээстээьин) (3 мун)
Компьютернай презентация керуу
- Билигин аныгы сайдыылаах уйэ5э Сахабыт сирэ чэчирии сайдарыгар ессе улахан кыахтар ууннулэр. Ол курдук эьиги хаьыаттан аа5ан, араадьыйанан истэн, тэлэбиисэртэн керен билэ5ит Мэнэ бырайыактар улэлэрин. Билигин олортон бугунну уруокпутугар быьаччы сыьыаннаах матырыйаалы билсиэ5ин (сурунаал 22-24с баар ыстатыйа аахтарыы)
- Маны таьынан «Саха ыччатын-промышленноска» диэн оскуола о5олорун кэнэ5эски идэ5э бэлэмниир бырайыак улэлиир. (хаьыаттары кердеруу)
6. Туьаныы (уруокка сананы туьаныы)(5 мун)
- Н.Якутскай «Кемустээх уруйэ» сэьэнэ аа5ааччы сэнээриитин ылбыта, киэн эйгэ5э тахсыбыта. (о5олор тэттик иьитиннэриилэрин истии)
- 1947 сыллаахха Саха республиката тэриллибитэ 25 сыла туолуутугар анаммыт республикатаа5ы уус-уран айымньыны керуугэ Николай Якутскай «Кемустээх уруйэ» диэн сэьэнэ бастакы бириэмийэни ылбыта. Сэьэн 1948 сыллаахха туспа кинигэнэн тахсыбыта. Кэлин нуучча, украина, чех уонна немец тылларыгар тылбаастанан киэнник биллибитэ.
- 1972 сыллаахха «Таджикфильм» киностудия «Кемустээх уруйэ» сэьэн матыыбыгар суруйааччы Лев Габышев сценарийынан «Ебугэлэр кистэлэннэрэ» (Тайна предков) уус-уран киинэни устубута.Манна норуодунай артыыс Дмитрий Ходулов, Спартак Федотов уонна Анатолий Васильев уьуллубуттара.
- Николай Якутскай «Кемустээх уруйэ» сэьэнэ Саха литературатыгар промышленность тиэмэтигэр суруллубут айымньылартан биир бастакылара уонна бастыннара. Бутун Союзтаа5ы кинигэ палатата Николай Якутскай бу айымньытын сэбиэскэй союз тэриллибитэ 50 сылын туолуутугар «Золотой фонд советской литературы» диэн уус-уран литература чулуу айымньыларын испииьэгэр киллэрбитэ.
- Суруйааччы Василий Сивцев «Николай Якутскай тиьэх куннэрэ» диэн аахпыт киьи эрэ хараастар ыстатыйатыгар «…Алдан должен остаться хлебной житницей, пора закончить развитие золотой промышленности в этом районе. Пускай золотоискатели, алданские патриоты никуда не уезжают. Пусть живут там, как на своей родной земле. Якутия имеет огромное будущее. Только головой работать надо. Восстановить природу золотых приисков Алдана! Это заветная моя мечта!»- диэн дьоьуннаах киьи елееру да сытан тереебут кыраайын инники кэскилин саныыр»,- диэн суруйута.
- киинэ уста сылдьан буолбут тубэлтэни кэпсээьин
-Биьиги оскуолабыт 10 кылааьын уерэнээччитэ Неустроев Кеша бу тема5а бэйэтин санаатын суруйбутун истиэ5ин (сурунаалга тахсыбыт ыстатыйаттан быьа тардан о5о5о аахтарыы)
7. Таьым (уерэнээччилэр бэйэлэрин таьымнарынан улэлэрэ)(10 мун)
-Билигин айымньыны ырытыыга пааранан улэлиэхпит. Бэйэ5ит талбыт чинчийиигитин куолаан оноро5ут уонна кемускуугут.
1 паара- уобараьын оноруу
(стр 258, 260,264,280, 295 туьан)
Уобараьы арыйар ньымалар | Сэдьук (стр260,295) | Уйбаанча (стр258,295) | Арапаас (стр264,278,296) | Адычча уола (стр280-1810 |
Терде-ууьа, иитиллибит эйгэтэ | ||||
Ис туруга, майгыта. Дьонно-сэргэ5э сыьыана | ||||
Ейе–санаата, ба5а санаата | ||||
Герой туьунан тумуктэ онорун |
2 паара- чинчийэн керуу
Кемус-баай дуо?
(каартаны туьан)
Кемус туьата | |
Кемус буортута | |
Саха сиригэр кемус баар сирэ | |
Бэйэ санаата |
3 паара-диринэтэн ырытыы
Сиртэн хостонор баай уонна терут омуктар дьыл5алара
(стр262 , 273, 295,туьан)
Сэдьук о5онньор уерэ5э | |
Уйбаанча санаата | |
Кемус кестуутэ эбэнки норуотугар дьайыыта |
8. Тобулуу (толкуйу тобулуу, санааны сааьылааьын)(7 мун)
Уерэнээчилэр пааранан куолаан улэлэрин кемускээьиннэрэ.
9.Тулуйсуу (уерэнээччи, учуутал биир тыыннаах буолуулара)(3 мун)
-Билигин эьиги онорбут улэ5итин тумэн «Кемустээх уруйэ» сэьэннэ эргономика ньыматынан уопсай биир улэни онорон таьаарабыт. (учуутал дуоска5а о5олор этиилэринэн графическай схема оноруута)
10. Дьиэ5э улэ (2 мун)
- Уруокка ылбыт билиигитигэр тирэ5ирэн, чинчийиигитигэр, диринэтэн ырытыыгытыгар оло5уран «Кемустээх уруйэ-мин дойдум» толкуй сурук суруйуу
11. Тумук (айымньы тугэх сыала)(3 мун)
Кемус-эбэнки баайа буолбатах.
Кырдьа5ас киьи субэтэ дьолго тиэрдэр
Кырдьа5аьы хааьахха хаалыы сылдьан субэлэт
Айыл5а теье да баай буоллар, уолбат ойбон, тугэ5э суох ундук буолбатах эбээт! (Иван Гоголев)
Тостубут лабаа маьыгар сыстыбат, ургэммит сибэкки хонуутугар хат ууммэт.
Тереебут дойдугун хара5ын харатын курдук харыстаа.
12.Сыана туруоруу (1 мун)