Олонхо5о бухатыыр ата
методическая разработка на тему
Конь-верный друг и помошник богатыря якутского эпоса олонхо
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
olonho_ata.doc | 33 КБ |
kinige5e_taptaly_iitii.docx | 28.35 КБ |
Предварительный просмотр:
Олонхо ата
Билигин норуоппут тылынан уус-уран айымньытын саамай мындаа чыпчаала олонхо аан дойду щедеврдэрин ахсааныгар киирдэ. Олонхону сэнээрии оссо кууьурдэ. Саха норуота олорон кэлбит оло5ун. Баай култьуратын, ыллыктаах тылын уерэтии чинчийии бутун аан дойду иннигэр арылынна.
Саха улуу олонхото Бухатыырдар героическай охсуьууларын кердорор эпическэй айымньы. Олонхо сурун геройа олонхо бухатыыра буолар. Айыы бухатыырыттан ураты атын уобарастар олонхо5о элбэхтэр. Олортон биир сурун уобараьынан ат, сылгы буолар.
Сылгы киьи миинэр минэтэ, келунэр келото, остуоллаах аьа. Ол иьин саха киьитэ тапталлаах Дьоьогойун о5отун уос номо5о, ырыа ымыыта гынна5а.
Киьилии кэпсэтэр, сахалыы санарар, ыксаллаах кэмигэр субэ-ама биэрэр. Торообут аан ийэ дойдутуттан, иэримэ дьиэтиттэн тэлэьийэ сылдьан, бухатыыр баар эрэ эрэнэр до5оро ата буолар.
Бухатыыр ата суох ханна да барбатын кэриэтэ. Ол иьин олонхо5о аты бухатыыр « кетер кыната, суурэр ата5а» диэн суруйаллар.
Сылгы дьуьунун эгэлгэтэ элбэх. Хас биирдии олонхо бухатыыра тус туьунан дьуьуннээх аттаах буолар. Тойон Дьа5арыма бухатыыр ата тебетугэр туерт туоьахталаах- ол аата сууьугэр 4 кыра манан ойуулаах, дьуьунэ кугас кыьыл. Оттон П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхотугар Ньургун Боотур ата:
«Дьулусханнаах Дьулуо манан халлаан
Дьураатыгар тура торообут
Дьулусхан субуйа суурук
Дьураа хара ат обургу»- диэн ойууланар.
Урун Уолан ата урумэччигэ тэннэх урумэччи манан ат.
Кун Дьирибинэ « куенэ ке5еччер аттаах. Куенэ ке5еччер диэн туоьун ене куехтуну еннеех сылгыны ааттыыллар.
Олонхо5о бухатыырдар эрэ охсуспаттар. Иччилэрин курдук аттар эмиэ охсуьаллар: « Ат оро ыйылыы туьэн баран, абааьы атын кэтэ5ин аьыгар тииьинэн тустэ, абааьы ата чохчос гына тустэ да, ус уостээх тимир кентоьун быьа тардан «тирк» гыннаран кэбистэ.
Олонхо ата кетуен , киьилии да санарыан соп. Олус тургэн сырыылаах буолар эбит.
«Хабархай айаннаах ат эбит.
Хамса буруотун курдук суос со5отохто
Субурус гынан хаалла.»
Ыксаллаах кэмнэ ат иччитигэр субэ-ама биэрэн кемелеьер.
Олонхоьут сылгыны силигин ситэрэн дьуьуннууругэр сирэйиттэн са5алаан сиэлин, кутуругун, атахтарын, дьуьунун этэр.
«Отут тутум оночо кутуруктаах», «сэттэ тутум нэлэрбэ ке5уллээх», «ус тутум уербэ ке5уллээх» диэн ойууланар.
Прокопий Ядрихинскай- Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» диэн олонхотугар ат бо5отун, кууьун, тургэн сырыылаа5ын, сылайбатын бу курдук хоьуйар:
«Киил мас курдук,
Кичимнээх сындааьыннаах,
Суон мас курдук
Туйгуттуур былчыннардаах,
Тохтубат хааннаах,
Сындыыс тэнэ сырыылаах,
Эмэхсийбит эттээх ат бэрдэ».
Сергей Васильев Кун Эрили бухатыырын ата
«Тар уьааттарын
Таннарыта аспыт курдук
Турта5ар таныылаах,
Аарыма ойбоннору
Атахтаьыннара алларбыт курдук
Арылхай харахтаах…
.. Туорт туорэн туйахтаах…
…То5ус быластаах
Долгуннаах оночо кемус кутуруктаах…»
Олонхо аттарын дьуьуннэрэ: ара5ас, буулуур, ке5еччер, кэрэ, кугас, манан, сиэр, сур, тура5ас, улаан, хара, хонор. Хас биирдии дьуьун бэйэтэ туспалаах. Олонхо аттара бары атын-атын дьуьуннээхтэр, иччилэрин бухатыыр аатыгар соп тубэьэр курдук.
Урун Уолан ата- урумэччи манан, Дьулуруйар Ньургун Боотур ата- Дьулусхан субуйа суурук дьураа хара ат.
Саха дьоно дьоьогой о5отугар сугуруйэллэрин, «саха сылгы тыыннаах диэн ос хоьооно итэ5этэр.
Предварительный просмотр:
Кинигэ5э тапталы иитии
21 уйэ духуобунай сайдыылаах саца киһи уйэтэ. Дууьа, духуобунай сайдыы кууьунэн ыччаты иитэн таьаарар, сайыннарар соруктар олус куускэ туруохтара.Киьини дууьатын сайыннарыы- сонун көруу.
Кинигэни умсугуйан аа5ар киьи саңа уйэ5э бэлэмнээх буолуо5а, сөптөөх суолу тутуһуо5а.Киэн билиилээх киьи дьону кытта тэннэ сылдьыа5а, уорэ5и ылынарыгар, улэни- хамнаьы булунарыгар, оло5ун соптоохтук оносторугар, киэн суол арыллар
Билигин угус о5олор кинигэни аа5ыылара лаппа намтаата. О5о билигин компьютертан, телевизортан информация ылара элбээтэ. Урут о5о барыта библиотека5а сылдьар, аа5ааччы дневнигын оностор, тоьо кинигэни аахпытынан куоталаьар эбит буолла5ына, билинни о5о сыл устата биир да5аны кинигэни аахпатах тубэлтэтэ эмиэ баар.Кинигэни аахпат о5о билиитин-коруутун таьыма молтох, учугэйгэ тардыьыыта, кэрэ5э умсугуйуута ээл-дээл буолар.
Кинигэ- олох кэрэьитэ.Олоххо баар утуо-моку барыта кинигэ5э тиьиллэр.Кинигэ утуо5э иитэр, омсолоох быьыыттан тэйитэр.
Киьи бастатан туран, ойо–санаата, дууьата сайдыахтаах, ыраастаныахтаах. Онно кинигэни аа5арбыт тирэх буолла5ына эрэ, сана уйэ сайдыылаах дьонун кытта тэннэ хардыылыахпыт. Ону о5олорго ойдотон, ко5улээн аа5алларын ситиьиэхтээхпит. Маннык сыалы- соругу туруорунуохха.1.Былаан чэрчитинэн кылаас таьынан аа5ыыга утумнаах улэни ыытыы 2.Олохтоох библиотеканы, библиотекары кытта сибээстээхтик улэлээьин
3. Тороппуттэр о5олорун аа5арга угуйалларын кө5улээьин.
4. О5о кинигэни аа5ар ба5ата куодьуйэрин курдук ,араас, улэ коруннэрин тэрийии.
5.Аа5ааччылар кулууптарын тэрийии.
6. Кинигэ комотунэн о5ону сиэргэ-майгыга иитии.
А5ардас кинигэни аа5ыы культурата киьини уерэтэр- такайар куустээх. Кинигэ5э тапталы иитии, толкуйдата уорэтии, кинигэни аа5ыыга ой -санаа уостубат наадыйыытын уоскэтии, аа5ыы культуратын урдэтии — бугунну учуутал, иитээччи, тороппут сурун соруга .
Кинигэ киьи уонна бутун общество оло5ор суолтата олус улахан. Кинигэ — биьигини ааспыты уонна кэлэри кытта сибээстиир куус. Кинигэ- тулалыыр эйгэ кистэлэннэригэр киирэр суол. Кинигэ — киьи ойун -санаатын, дууьатын, майгытын — сигилитин араас оруттэрин арыйар кулуус.
Кинигэ туьунан маннык сыаналаах быьаарыыны биэрбиттэрэ: «Кинигэ – биир колуонэ атын колуонэ5э хаалларар духовнай кэриэьэ… Кинигэ - биьиги билинни эйгэни баьылааьынна киирэр докумуоммут; кини – кэлэр кэм программата».
Олох санаттан сана эйгэтин арыйан, колуонэлэр опыттарын инэринэн, кинигэ нонуо о5о бэйэтин ойун, чувствотын сайыннарар, олоххо бигэ коруутун чочуйар, бэйэтин -бэйэтэ сыаналыыр, иитэр. Кинигэни дьаныьан аа5арга уорэтии — олох олорорго уорэтии буолар.
Духуобунай сайдыы тордо – кинигэ. Бу киьи бэйэтин сайыннарыыта, кини урдуккэ, ырааска, утуо сыьыанна тардыьыыта буолар. Бэйэни ииттинии, сайыннарыы киьиэхэ оло5ун устатын тухары тиьигин быспакка барар. Кинигэни аа5ыы - бу ой улэтэ. Кинигэ5э тапталы иитии, толкуйдата уорэтии, кинигэни аа5ыыга ой -санаа уостубат наадыйыытын уоскэтии, аа5ыы культуратын урдэтии — бугунну сурун сорукпут.Биьиги кинигэбит анардас духуобунаска эрэ буолбакка, о5ону сиэрдээх – майгылаах буоларга эмиэ уорэтэр.
Олохпут балысханнык сайда турар кэмигэр о5ону киһилии сиэрдээх- майгылаах гына иитэр уустугуран иһэр. Омук- омук бэйэтэ туспа үгэстэрдээх, үтүө сиэрдээх.Онно оло5уруу о5ону иитии- такайыы биир сурун тирэ5инэн, ирдэбилинэн буолла.
Саха о5отун иитэр сүрүн тосхоло сэмэй майгылаах, үүнэ-тэһиинэ суох бас-баттах майгыттан туттунар, сиэрэ суох быһыыттан тардынар киһилии киһини иитэн таһаарыы буолар. Утуе сиэрдээх-майгылаах киьини уйэттэн- уйэ5э ере туталлар, сыаналыыллар. Кэрэ киьи диэн ейдебулэ киэн, киьи тас керунунэн эрэ буолбакка, кини ис дууьатын, майгытын , дьонно сыьыанын кердерер. Киьи тас кестуутэ эрэ кэрэтэ татым. Ис дууьа кэрэтэ диэн ейдебул баар. Ол аата эйэ5эс, аьыныгас, олоххо кэрэни, кэскиллээ5и кемускуургэ бэлэм, оруннаах тус санаалаах, ыраас суобастаах, сэмэй, боччумнаах, дуоспуруннаах итинтэн да атын утуе хаачыстыбалардаах киьини ааттыахха сеп. Киьи дууьатын кэрэтэ этическэй уонна эстетическэй иитиититтэн тутулуктаах.
Сиэр-магы туьунан туьунан уерэтэр- такайар, ыйар-кэрдэр, утуе субэлэр, куьа5антан туора турар соргулаах этиилэр, мунаарпыт, мунчаардыбыт то5олор эппиэттэрин барытын кинигэттэн булабыт..
Бу курдук, кинигэ киьини ис хоьоонунан утуе5э угуйар, кэрэ5э уорэтэр.
Билигин угус о5олор кинигэни олох аахпат буоллулар.Урут о5о барыта библиотека5а сылдьар, аа5ааччы дневнигын оностор, тоьо кинигэни аахпытынан куоталаьар эбит буолла5ына, билинни о5о сыл устата биир да5аны кинигэни аахпатах тубэлтэтэ эмиэ баар.Кинигэни аахпат о5о билиитин-коруутун таьыма молтох, учугэйгэ тардыьыыта, кэрэ5э умсугуйуута ээл-дээл буолар.
Бу маннык тугэннэ , оскуола, дьиэ –кэргэн, общественность, библиотека буттуун кууьу, субэни тумэн улэлээтэхтэринэ эрэ биллэр – костор ситиьиилэниэн соп.
Ол курдук, кылаас таьынан литература5а ыытыллар улэлэр коруннэрэ араастар. Кэмиттэн – кэмигэр ыытыллар аа5ааччылар конференциялара, литературнай, юбилейнай биэчэрдэр, нэдиэлэлэр, литературнай аа5ыылар куннэрэ, куруьуоктар, кинигэни таптааччылар обществоларын, литературнай тумсуулэр уонна музейдар улэлэригэр кыттыы буолуохтарын соп.
Литературнай куруьуоктарга, кулууптарга маннык улэлэр тэриллиэхтэрин соп:
-кинигэ быыстапкатын тэрийии;
-булугас ойдоохтор курэхтэьиилэрин тэрийии;
-литературнай биэчэрдэр сценарийдарын оноруу;
-литературнай сонуннары иьитиннэрии;
-«Кинигэ, уьун уйэлэн!» операцияны тэрийии;
-кинигэни харыстааьын, харайыы туьунан бэсиэдэлэри ыытыы;
-сана тахсыбыт кинигэлэри билиьиннэрии.
Маны таьынан, библиотека – оскуола урдунэн кылаас таьынан аа5ыы тэрээьинигэр учууталы кытта тэннэ эпиэттэьэр биир сурун куус.
Библиотекарь сыллаа5ы улэтин былаанын онороругар учууталы кытта субэлэьэн, кинилэр былааннарын учуоттаан онордо5уна эрэ, биир суруннээх улэ тутуьуллар кыахтанар.
Библиотека о5о аа5аачы быьыытынан культуратын урдэтиигэ, киниэхэ билиини инэриигэ анал программалаах. Бу программаны кытта учуутал эмиэ билсиьэрэ наада.Программа толоруллуутугар анардас библиотечнай уруоктарынан мунурдаммакка, араас кылаас чаастарын, предметнэй уруоктары уонна да атын тугэннэри библиотекарь туьанар.
Оттон, уорэнээччи дьиэтээ5и аа5ыытын, аа5ар усулуобуйатын тэрийиигэ, хонтуруоьуллааьынна тороппуту быьаччы комо5о тардыллар.
Дьиэ – кэргэн сахалыы уус – уран кинигэ мунньунан библиотека тэриниитэ, тороппут хайдах, тугу, тоьо аа5ара, аахпытын туьунан о5олорун кытта санаатын уллэстиитэ кинигэ5э интэриэьи, аа5ар ба5аны уоскэтэр, ко5улуур.
Холобур, Тороппут Моякунова Христина Захаровна СР доруобуйатын харыстабылын туйгуна, урдук категориялаах мед.сиэстэрэ кинигэ туьунан маннык санаалаах: Бу элбэх кинигэ уйэтигэр о5олорго олус наадалаах, жанрынан, ис хоьоонунан соп тубэьэр кинигэни талан аахтарар ыарахан. Бу сана уунэн эрэр киьиэхэ, кини ыйытар, интириэьиргиир боппуруостарыгар эппиэттииир кинигэлэр наадалар.
Аа5ыллыбыт кинигэлэртэн о5олор аан дойдуну анааран коруулэрэ, майгылара, толкуйдуу уорэнэллэрэ, араас кыаллар-кыаллыбат боппуруостарга ойдоон-тойдоон эппиэт булалларыгар комолоьор. О5о5о бары жанр барыта наада: хоьоон, остуоруйа, фантастика, улуу дьон оло5о, история, наука, сэрии, кинигэ-субэ, кинигэ-инструкция, аа5ааччы бэйэтин туьунан, о5о саас туьунан. Психологическай сэьэннэр, кэпсээннэр, дьиэ-кэргэн, оскуола туьунан.О5олору до5ордоьуу, таптал, улахан дьону кытта сыьыан, хорсун быьыы, «биьиэнэ-миэнэ», чиэьи харыстааьын — барыта интириэьиргэтэр.
Мин санаабар, о5ону сана киьини ойдоон коруо5уттэн ыла кинигэни билиьиннэриэхтээхпит, о5о 3 сааьыгар ордук бол3омтолоохтук ылынар эбит.О5о ыраас кырааскалаах, онноох кинигэни, сурунаалы интириэьиргиир, учугэй музыканы истэ уорэнэр.
Кинигэ аа5ыыта буолла5ына, тороппут кинигэ дуу, сурунаал дуу о5о5о эмиэ кордорон кэпсии уорэтэр. Кинигэни интириэьиргэтии табыгастаах кэминэн о5о санарар буолбутун кэннэ, оскуола5а киириэн иннинээ5и кэм. Билигин кинигэ арааьа элбэх, наадалаа5ы талан эрэ ылыахха наада.
Манан тумукпэр этиэхпин ба5арабын бу бырайыакпытынан соптоох хайысханы тутуспут буоллахпытына, уорэх сылын бутуутугэр уорэнээччилэрбит кинигэни аа5ыылара эбиллиэ5э. Ону таьынан бэйэлэрэ ба5аран туран аа5алларын ситиьиэхпит.Улэ сылын аайы утумнаахтык сал5анан барда5ына, оскуоланы бутэрэллэригэр сиэр майгы ортунэн иитиллиилээх, киэн билиилээх- коруулээх, литератураны сатаан туьанар, улэлиир, уорэнэргэ бэлэмнээх дьон иитиллэн тахсалларыгар комо-тирэх буолуо.