Выпускниктар ситиьиилэрэ
статья
Об успехах выпускников школы последних лет во время учебы в ВУЗах и ССУЗах
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
vypuskniktar_sitiiilere.docx | 695 КБ |
Предварительный просмотр:
IX баһа. Мин оскуолам - мин дьылҕабар.
Уолбаным ыччата
Бүгүн да аатырар, аатырар,
Үлэҕэ . үөрэххэ
Бастакы сылдьыһар, сылдьыһар
П.Х. Андросов-Дьөҥкү Сээн
Боппосова Зоя Петровна,
нуучча тылын уонна
литературатын учуутала.
2008 – 2017сс Уолба орто оскуолатын бүтэрбит оҕолор республика үрдүк уонна орто профессиональнай үөрэҕин тэрилтэлэригэр киирэн, араас идэлэри баһылыыллар, сорохтор номнуо үлэһит буолан, олох киэҥ суолугар үктэннилэр. Кинилэр төрөөбүт нэһилиэктэригэр, үөрэммит оскуолаларыгар ылбыт билиилэрин, үөрүйэхтэрин, сатабылларын таба туһанан, студент ыччат инники кэккэтигэр сылдьалларыттан улаханнык астынабыт уонна киэн туттабыт.
Биһиги оҕолорбут үөрэнэр тэрилтэлэрин бары тэрээһиннэригэр активнайдык кытталлар. Кинилэр ортолоругар бааллар группа, факультет старосталара, техникум президенэ, университет, колледжтар студпрофкомнарынун чилиэннэрэ, ХИФУ “ОССО” түмсүүтүн чилиэннэрэ, ыччат республикатаа5ы союһун чилиэнэ, студеннар тутар этэрээттэрин биригэдьиирэ, колледж, ХИФУ бастыҥ үҥкүүһүттэрэ, ырыаһыттара, хайыһардьыттар, теннисчиттэр, мас тардыһааччылар...
Уолба орто оскуолатыгар ханнык салааҕа таһаарыылаах үлэ ыытылларын оҕолорбут республика ыччатын ортотугар сыаналаммыт ситиһиилэрэ көрдөрөр.
Студенныы сылдьан ситиһиилэрэ:
- Үөрэҕи Кыһыл дипломунан бүтэрии:
Баишева К.В. – ХИФУ Нерюнгри куоракка филиала Техническэй институт “Отечественная филология” салаатын выпускнига (2015 с.)
Боппосов М.М. – ХИФУ Автодорожнай факультет выпускнига (2016 с.)
Иванов С.П. - Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж выпускнига (2017 с.).
- Бастыҥ үөрэхтэрин, студент олоҕор активнай позицияларын иһин Москваҕа, Санкт – Петербурга Ороһооспотооҕу каникулга сынньанар путевкаларынан наҕараадаламмыттара:
Боппосов М.В. – 2015 сыл. ХИФУ АФ студена - Санкт - Петербург
Рахлеева Л.А. – 2015 сыл. ХИФУ ТИ (Нерюнгритааҕы филиал) студентката - Москва
Боппосов М.М. – 2016 сыл. ХИФУ АФ студена - Москва
- ВВ Путин стипендиаттара
Рахлеева ЛА – 2011 сыл. Чурапчытааҕы техническэй колледж студентката
Баишев МВ – 2011 сыл. ХИФУ ФИ студена
- ЕА Борисов аатынан стипендиат
Кудрин АА - Бэстээхтээҕи транспорт техникумун студена
- ГИ Чиряев аатынан стипендиат
Рахлеева АА – Бүлүүтээҕи педагогическай колледж студентката
- «Колледж Киэн туттуута» Бочуот Кинигэтэ
Егорова ТН - Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж студентката
Иванов СП - Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж студена (2017)
- “Колледж Бастыҥ Студена”
Рахлеева ЛА - Чурапчытаа5ы техническэй колледж студентката
- “Уһуйааччылар билиниилэринэн 2012 сыл Бастыҥ Выпускнига”
РахлееваАА - Бүлүүтээҕи педагогическай колледж студентката
- "Сыл Бастыҥ Студена"
Карбаканов АФ - ХИФУ ФИ студена (2014)
- Мас тардыһыыга Аан дойду чемпиона
Карбаканов АФ - ХИФУ ФИ студена
- Саха Республикатын мас тардыһыыга спордун маастардара
Баишев МВ – ХИФУ ФИ студена
Карбаканов АФ - ХИФУ ФИ студена
- "Таатта улууһугар физкультура уонна спорт сайдыытыгар кылаатын иһин" бэлиэ
Карбаканов АФ - ХИФУ ФИ студена (2014 с.)
- "Уолба нэһилиэгэ" МТ Бочуотун Кинигэтэ
Карбаканов АФ - ХИФУ ФИ студена (2014 с.)
- Тас дойдуга стажировка
Неустроева АИ – Китай
- Татарстан Республикатыгар опыт атастаһыы
Боппосов МВ – ХИФУ АФ студена (2014 с.)
- Конференциялар, конкурстар, күрэхтэһиилэр
Карбаканов А.Ф. – ХИФУ ФИ студена - мас тардыһыыга Россия чемпионатын 2-с призера (2013), Аан дойду кубогын 2-с призера (2013), 3-с призера (2015), Манчаары оонньууларын 3 - с призера (2013)
Рахлеева Л.А. – Чурапчытаа5ы техническэй колледж студентката – колледж иһинэн ыытыллыбыт НПК-лар лауреаттара, республиканскай “Шаг в будущее» НПК дипломана
Рахлеева Л.А. - ХИФУ Нерюнгритааҕы филиалын (маркшейдерскай дьыала) студентката – «Үрдэл” СҮА састаабыгар норуоттар икки ардыларынааҕы, үгүс республиканскай, куораттааҕы конкурстар лауреаттара, Бүтүн Россиятааҕы НПК дипломана, куорат теннискэ күрэҕин 3-с призера.
Рахлеев П.Р. – Чурапчытааҕы техническэй колледж студена – 2013 сылга колледж иһинэн ыытыллыбыт сварщиктар конкурстарын кыайыылааҕа
Багардынов Д.С. – ХИФУ ПИ студена - «Профилактика компьютерных преступлений среди подростков и молодежи» бырайыагынан Бүтүн Россиятааҕы үөрэх тэрилтэлэрин ыччаттарын конкурсун лауреата – Москва, 2012 сыл.
Баишева К.В. – ХИФУ Нерюнгри куоракка филиала Техническэй институт “Отечественная филология” салаатын студентката – интеллектуальнай оонньууларга Сибиир 12-с аһаҕас бастыыр иһин күрэҕин (Новосибирскай к., 2013 с.), студеннар Бүтүн Россиятааҕы «Языковедение» олимпиадаларын (Томскай к., 2015 с.) кыттыылааҕа.
Кудрин А.А. - Бэстээхтээҕи транспорт техникумун студена - илин эҥэр улуустарга ыытыллыбыт "КВН" оонньуу призера, хайыһарынан сүүрүү чемпиона, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар "Две Звезды" ырыа конкурсун лауреата, техникумҥа тэриллибит ырыа конкурсун Гран - притын хаһаайына.
Боппосов М.М. - ХИФУ Автодорожнай факультетын студена – Дьокуускай куорат үөрэҕин тэрилтэлэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт хайыһар күрэҕин призера, ХИФУ уопсайдарын икки ардыларыгар ыытыллыбыт волейбол, футбол күрэхтэһиилэр призердара.
Лягушина С.К. - Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун студентката - Дьокуускай куорат үөрэҕин тэрилтэлэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт хайыһар күрэҕин призера
Парфенова К.В. - Дьокуускайдааҕы Государственнай тыа хаһаайыстыбатын академиятын студентката - Дьокуускай куорат үөрэҕин тэрилтэлэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт хайыһар күрэҕин призера.
Егоров Л.А. – Дьокуускайдааҕы педколледж студена –Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж уонна Саха Республикатын композитордарын Союһа тэрийбит "Природы волшебные звуки" конкурс дипломана.
Егорова А.Г. – ХИФУ Нерюнгритааҕы филиалын (маркшейдерскай дьыала) студентката – “Үрдэл» СҮА састаабыгар норуоттар икки ардыларынааҕы, үгүс республиканскай, куораттааҕы конкурстар лауреаттара
Егорова Т.Н. – Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж студентката – “One dance» үҥкүү ансамбылын састаабыгар республиканскай, куораттааҕы конкурстар, фестиваллар лауреаттара, дипломаннара
Иванов С.П. – Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж студена - "Стоматология ортопедическая" Бүтүн Россиятааҕы профессиональнай маастарыстыба региональнай олимпиадатын дипломана, Омскай куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы профессиональнай маастарыстыба олимпиадатын кыттыылааҕа (2017)
Попов И.Е. – Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж студена – Мас тардыһыытыгар Россия эдэрдэргэ чемпиона.
Рахлеев А.А. - Бэстээхтээҕи транспорт техникумун студена – “КВН –ҥа” техникум иһинэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытыллыбыт конкурстар кыайыылаахтара, чемпионнара, техникум “Бастыҥ КВН- щига» анал аат хаһаайына
Боппосов И.И. – Бэстээхтээҕи транспорт техникумун студена – 2015 сылга техникум иһинэн ыытыллыбыт “Электромонтажное дело» профессиональнай таһым конкурсун кыайыылааҕа.
Гаврильев М.Н. – Бэстээхтээҕи транспорт техникумун студена - эдэр специалистар профессиональнай таһымнарын көрдөрөр региональнай «Молодые сварщики” (WorldSkillsRussia - 2017) конкурс кыайыылааҕа
Кусатов А.И. – Бэстээхтээҕи транспорт техникумун студена - Саратов куоракка ыытыллыбыт “Всероссийская олимпиада профессионального мастерства СПО” диэн күрэх кыттыылааҕа
Неустроева О.И. – Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын студентката – “Всероссийская олимпиада профессионального мастерства обучающихся укрепленной группе специальностей технологии легкой промышленности” (г. Горно-Алтайск) – “Лучшая коллекция” номинация; НПК “Шаг в будущую профессию” – 3 ст. диплом (2016, 2018); “IV открытый региональный конкурс молодых дизайнеров “Вознесись и сияй на FASHIONBOOM” – 1 ст. Диплом; “Всероссийский конкурс молодых дизайнеров” (г. Благовещенск) – 2ст. Диплом; “Международный конкурс “ETNOMODA” (г. Санкт-Петербург) – 2 миэстэ; “Всероссийский конкурс-фестиваль народных культур с Международным участием “Малахитовая шкатулка” – “Победитель” диплом, 3 ст. Лауреат.
Товаров В.С. – Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун студена – техникум иһинэн ыытыллыбыт мас тардыһыы күрэҕин кыайыылааҕа, куорат уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэр чемпионаттарын иккис призера
Попов Л.Л. - Автодорожнай техникум студена - техникум моделированиеҕа конкурсун призера
Попов Л.Л. - Дьокуускайдааҕы коммунальнай - строительнай техникум студена - "Молодые профессионалы" 5-с Аһаҕас региональнай чемпионат "Сухое строительство и штукатурные работы" компетенциятын талар конкурсун кыайыылааҕа, региональнай турун призера (WorldSkillsRussia 2016) , "Молодые профессионалы" 6-с Аһаҕас региональнай чемпионат "Сухое строительство и штукатурные работы" компетенциятын кыайыылааҕа (2017)
- Уолба нэһилиэгин Сыл Бастыҥнара конкурс номинацияларын кыайыылаахтара
“Сыл Бастыҥ Студена”
2014 – Рахлеева Любовь
2015 – Боппосов Мичил
2016 – Чашкин Петр
2017 – Егоров Леонид
“Сыл Арыйыыта”
2016 – Неустроева Оксана
“Сыл Бастыҥ Спортсмена”
2017 – Семенов Никита
Үлүскэн үөрүү
«5» сыаналаах дипломнай үлэлэр
Быйыл биһиги нэһилиэккэ оҕолорбут самаан сайыны көрсө Үлүскэн үөрүүнү бэлэхтээтилэр. Уон оҕобут колледжтары, ХИФУ араас институттарын, факультеттарын, ситиһиилээхтик бүтэрдилэр.Үөрэхтэрин түмүктүүр дипломнай үлэлэрин “5” сыанаҕа көмүскээн, ылыахтаах идэлэригэр бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр:
Багардынов Дьулус
Баишева Клавдия
Боппосов Михаил
Неустроева Айталыына
Винокуров Афанасий
Карбаканов Айаал
Слепцова Елена
Рахлеев Роман
Товарова Виктория
уонна биһиги оскуолабытыгар тохсус кылааһы бүтэрэн баран, Ытык Күөл оскуолатыгар үөрэммит
Слепцова Саргылана
Биһиги кинилэринэн киэн туттабыт уонна инники үөрэхтэригэр, үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!
2015 сыл. Сайын
Үбүлүөйтэн үбүлүөйгэ.
Рахлеева-Голикова Алиса Аркадьевна,
Хара Алдан орто оскуолатын омук тылын учуутала,
Уолба орто оскуолатын 2008 сыллаах выпускнига
Оскуола5а үөрэммит сылларым олоҕум саамай үчүгэй кэмнэрэ этэ. Маҥнайгы кылааска киирбиппин олус үчүгэйдик өйдүүбүн. Ыал бастакы оҕото буоламмын төрөппүттэрбинээн тэҥҥэ долгуйарым, кэтэһэрим, барыта саҥа, барыта сонун этэ.
1997 сыллаахха 21 буолан үөрэнэ киирбитим. Бу сылга биһиги оскуолабыт 90 сыллаах үбүлүөйэ этэ. Бастакы учууталбыт Варвара Петровна Рахлеева ааҕарга, суруйарга, суоттуурга үөрэппитэ, билиигэ-көрүүгэ сирдээбитэ. Кыра кылаастан саҕалаан араас конкурстарга, ааҕыыларга, олимпиадаларга кыттарбыт. Төһө да оскуолаҕа киирэрбитигэр элбэх буолларбыт, сорох оҕолорбут атын оскуолаҕа бараннар бүтэрэрбитигэр 8 буолан ситиһиилээхтик бүтэрбиппит.
Бэһис кылаастан биһигини төрүт культура учуутала Евдокия Семеновна Андросова оскуоланы бүтэриэхпитигэр диэри кылаас салайааччытынан үлэлээбитэ. Үгүс субуотунньуктарга бары кылааһынан көхтөөхтүк кыттарбыт. “Уолба” ТХПК-ны кытта дуогабар түһэрсэн онно баран араас үлэҕэ көмөлөһөрбүт. “Сиккиэр” үҥкүү бөлөҕөр (салайааччы Семенова Г.И.) дьарыктаммыппыт. Учууталым үҥкүүгэ уһуйбута билигин да олохпор туһалыыр.
Улахан кылааска тахсан баран үгүспүт ИЛ СИТИМ президенскэй аппаракка үлэлээбиппит. Мин 9-с кылааска президенинэн талыллыбытым. Онтон салгыы вице президент, культура министринэн талыллыбытым. Бары бииргэ түмсэн олус көхтөөхтүк үлэлиирбит. Президенскэй аппаракка үлэлээн элбэҕи билбитим, көрбүтүм. Ол кэлин устудьуоннуур да, үлэлиир да кэмнэрбэр олус туһалаабыттара.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан “Сыл бастыҥ гуманитарийа”, “Сыл бастын ааҕааччыта” анал ааттары ылбытым. Улуус баһылыгын, Республикабыт президенин харыйатыгар сылдьар чиэскэ тиксибитим.
Кылааһынан икки төгүл “Сыл бастыҥ кылааһа” ааты ылбыппыт. Уон биирис кылааска үөрэнэ сылдьан оскуолабыт 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө “Үбүлүөйтэн үбүлүөйгэ” диэн улахан тэрээһини маҥнайгы учууталбыт Рахлеева В.П., кылааспыт салайааччыта Андросова Е.С салайыыларынан ыыппыппыт. Манна биһиги төрөппүттэрбит бииргэ үөрэммит доҕотторо кэлэн ыалдьыттаабыттара олус интэриэһинэй этэ. Бу тэрээһиммитинэн оскуола иһинэн бастаан харчынан наҕараадаламмыппыт.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан биһиги кылаас олус эйэлээх этибит. Киэһэ хойукка диэри таһырдьа оонньоон, мэниктээн, кыра оҕолуу хаарга төкүнүйэн киэһэбитин билбэккэ аһарарбыт. Ол да буоллар оскуолабыт олоҕор актыыбынайдык кыттарбыт. Араас НПК-ларга, олимпиадаларга, конкурстарга кыттаммыт ситиһиилэнэн үөрэн-көтөн кэлэрбит.
Тапталлаах оскуолабытын бүтэрэр долгутуулаах күммүтүгэр төрөппүттэрбит 100% бары кэлэннэр үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстибиттэрэ, олох киэҥ аартыгар атаарбыттара. Биһиги оскуолабыт үбүлүөйдээх сылыгар киирбиппит уонна 100 сылыгар бүтэрбит үбүлүөйдээх выпустар буолабыт.
Элбэх оҕону иитэн-үөрэтэн таһаарбыт тапталлаах оскуолабыт барахсан, өссө да үүнэ-сайда турдун. Үөрэххэ-үлэҕэ үрдүк ситиһиилэнэн, албан аата аар-саарга ааттаннын!
Билиигэ-көрүүгэ сирдээбит мин кыһам.
Рахлеева-Атастырова Любовь Аркадьевна,
Уолба орто оскуолатын 2009 сыллаах выпускнига.
Биһиги 1998 сыллаахха Уолба орто оскуолатыгар маҥнайгы кылааска икки кылаас үөрэнэ киирбиппит. Кылааспытыгар 12 этибит. Маҥнайгы учууталбыт Февронья Егоровна Иванова кып-кыра дьону ааҕарга-суруйарга үөрэппитэ, үгүс билиини иҥэрбитэ. Мин кыра кылааска Б-га чугас дьүөгэбинээн Катя Винокуровалыын үөрэммиппит. Куруук бииргэ аргыстаһан барарбыт - кэлэрбит. Хаһан да арахсыспат этибит, бэйэ-бэйэбитигэр өрүүтүн көмөлөсүһэр этибит. Билигин да сибээспитин быспаппыт.
Бэһис кылааска тахсан баран икки кылаас холбоспуппут. Кылаас салайааччытынан Сардана Михайловна Баишева анаммыта. Ийэлии истиҥ сыһыаннаах учууталбын олус да күндүтүк саныыбын. Кини миэхэ ахсаан уустук предметин үөрэппитэ, уһуйбута. Сардана Михайловна биһиги туспутугар олус кыһаллара. Кылааһынан Уус Тааттаҕа шефтэһэ, Даайа Аммаҕа сааскы каникулга сынньана, Дьокуускай куоракка күүлэйдии барбыппытын хаһан да умнубаппыт. Маны таһынан учууталбытынаан араас походтарга сылдьарбыт, дуоһуйа оонньуурбут - көрүлүүрбүт. Манна барытыгар учууталбыт тэҥҥэ сылдьыһара. Кыра оҕолуу үөрэ-көтө бииргэ оонньуура.
Имигэс үҥкүүһүт салайааччыбыт Галина Ильинична Семенова “Сиккиэр” үҥкүү бөлөҕүн тэрийэн араас омук үҥкүүтүн үөрэтэрэ, үгүс конкурстарга кыттан ситиһиилээх кэлэрбит. Саамай сөбүлээн “Өрөгөй үҥкүүтүн” үҥкүүлүүр этибит. Араас тэрээһиннэргэ өрө көтөҕүллүүлээхтик үҥкүүлээн, миэстэлэһэн, учууталбыт биһигинниин тэҥҥэ оҕолуу үөрэрэ, “маладьыастар” дии дии имэрийэ көрөрө. Араас хайысхалаах НПК-га учууталым Анна Петровна Боппосова салайыытынан кыттыбытым, кэккэ ситиһиилэммитим.
Кылаастарынан фестиваль - экспедиция чэрчитинэн биэчэрдэри, тэрээһиннэри ыытарбыт. Төрөппүттэрбитин кытта оскуолабыт 100 сылын көрсө улахан биэчэр ыыппыппыт. Манна бары наһаа көхтөөхтүк кыттыбыппыт. 100 сыллаах үбүлүөйү көрсө учууталбытынаан оскуолабыт выпукниктарын көрдөөн, Томпоҕо тиийэ бара сылдьыбыппыт. Уолаттарбыт элбэх буоланнар оскуола спортивнай олоҕор активнайдык кытталлара, ордук мас тардыһыытынан, волейболунан, тустуунан дьарыктаналлара.
Оскуола иһинэн ИЛ СИТИМ президентскэй аппаракка Савва Боппосов, Катя Винокурова, Петя Юнчанов уонна мин үлэлээбиппит. Биһиги иннибитинэ бырайыактаммыт “Казарма” бырайыагы олоххо киллэрбиппит. Бу бырайыак күн бүгүҥҥээҥҥэ дылы үлэлиир. Манна оскуола уолаттара хоно сытан 3 күннээх байыаннай үөрэҕи бараллар. Туһалаах бырайыагы киллэрбиппититтэн олус диэн астынабыт.
Оскуоланы 2009 сыллаахха 15 буолан бүтэрбиппит. Билигин үгүспүт үөрэхпитин бүтэрэн, үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Ыал ийэлэрэ, аҕалара буолабыт. Ол эрэн сибээспитин хаһан да быспаппыт, аныгы дьон сиэринэн бассаабынан учууталбытын кытта өрүү кэпсэтэбит, билсиһэбит.
Оскуолаҕа үөрэммит кэмнэрбэр истиҥник ахтар-саныыр учууталларбын олох киэҥ суолугар үктэннэрбиккитигэр, олоххо суолбутун буларбытыгар көмөлөспүккүтүгэр дириҥник махтанабын. Баҕарабын үлэҕит өссө таһаарыылаах, ситиһиилээх буоларыгар.
Умнуллубат түгэннэри бэлэхтээбитэ
Багардынов Дьулустан Станиславович
Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар проблемаларын үөрэтэр институт
«Саха тыла. Лексикография» салаатын аспирана,
оскуола 2011с. выпускнига.
Мин төрөөбүт Уолбам оскуолатыгар 2001-2011 сс. үөрэммитим. Оскуолабыт директора Атласова Тамара Ильинична этэ. Бу 11 сыл устата оскуолам миэхэ элбэх билиини, умнуллубат тугэннэри бэлэхтээбитэ.
Ол курдук, бастакы учууталым Гаврильева Элеонора Ильинична этэ. Кини биhигини ааҕарга, суруйарга олус үчүгэйдик үөрэппитэ. Ол сыллартан саамай өйдөөн хаалбытым диэн хас биирдии кылааспыт оҕото “Санаа” диэн ааттаах сыл аайы оҥостор хомууруунньук тэтэрээттээх этибит. Ол тэтэрээккэ араас уруһуйдарбытын, хоһооннорбутун, кэпсээннэрбитин, санааларбытын сурунар этибит. Араас күрэхтэһиилэри – “Мындыр Өй” олимпиадалары уонна кылааспыт иһинэн ыытыллыбыт “Царь Горы”, “Слабое Звено” уонна да атын күрэхтэри - бэркэ диэн саныыбын. Ону таһынан биһиги кылааспыт абхазскай үнкүүнэн ордук бэлиэтэнэрэ.
Орто сүһүөх кылаастарга учууталбытынан Боппосова Анна Петровна буолбута. Кини саха тылын уонна литературатын олус бэркэ диэн үөрэппитэ. Ону таһынан дьүһүйүүгэ, хоһоон ааҕыыларыгар көхтөөхтүк кытыннарара. Кылаас иһинээҕи тэрээһиннэргэ үчүгэй идеялары киллэрэрэ, солуннук салайан ыытара. Ол курдук биһиги кылаас сыл ахсын ыытар концерт-шоу, ярмарка, араас күрэх уонна поход үгэстээх этибит. Барыта олус көхтөөхтүк, киэҥник буолара. Ол курдук, ити тэрээһиннэрбит көмөтүнэн, сыл аайы кыралаан харчы мунньунан уонна төрөппүттэр көмөлөрүнэн 8-ыс кылааска Өлүөнэ очуостарыгар баран кэлбиппит. Олус солун, интэриэһинэй сырыы этэ. Ону таһынан араас музейдары – Чөркөөх, Хадаайы, Суотту музейдарын - кэрийэн турардаахпыт.
Оскуолабыт иһинэн араас тэрээһиннэр, күрэхтэр нэдиэлэ кэриҥэ буолаллара. Интеллектуальнай, музыкальнай, танцевальнай уонна спортивнай тэрээһиннэр олус көхтөөхтүк ааһаллара. Улуустааҕы, республикатааҕы күрэхтэргэ биһиги оскуолабыт ситиһиилэрэ баһаам. Биһиги кылаас уолаттара үксүн спорт өттүгэр кыттыыны ыларбыт, Артаньян Макарович салалтатынан баскетболга, волейболга, мас тардыһыытыгар көхтөөхтүк кыттааччыбыт.
Биһигини үөрэппиттэрэ: нуучча тылын уонна литературатын учуутала – Боппосова Зоя Петровна, алгебра учууталлара – Баишева Сардаана Михайловна уонна Слепцова Анна Николаевна, история учуутала – Мосоркина Саргылаана Романовна, английскай тыл учуутала – Рахлеева Саргылаана Петровна, биология учууталлара – Кириллин Алек Алексеевич уонна Собакина Евдокия Григорьевна, информатика учуутала – Атласова Марика Алексеевна, физика учуутала - Иванова Жанетта Васильевна, черчение уонна уруһуй учуутала - Неустроева Мамика Спиридоновна уо.д.а.
Оскуолаҕа үөрэммит, оҕо сааhым ааспыт кэмнэрин билигин сүрдээҕин диэн истиҥник, кэрэтик саныыбын. Үөрэппит учууталларбар, бииргэ yeрэммит оҕолорбор уонна билигин да yлэлии-хамныы сылдьар учууталларбар үлэлэригэр, тус олохторугар бары үчүгэйи, дьолу-саргыны баҕарабын. Кылааһым салайааччыларыгар Элеонора Ильиничнаҕа уонна Анна Петровнаҕа, кылааһым төрөппүттэригэр махталым муҥура суох. Олус да үчүгэй умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэхтэрэ...
Билии-көрүү устун айаҥҥа
Неустроева Айталыына Иннокентьевна,
Саха НКИХ редактора,
оскуола 2011с. выпускнига.
Оскуола сыллара хас биир киһиэхэ сырдык, үтүө, олус истиҥ кэмнэр буоллахтара. Мин оскуола боруогун 2000 сыллаахха атыллаабытым. Онно дьонум саҥа көстүүм тиктэрбиттэрин, балаҕан ыйын маҥнайгы күнүгэр линейкаҕа сибэккилээх турарбын олус диэн өйдүүбүн. Онтон маҥнайгы кылааска киирэн баран долгуйаммын ааҕарбын да умнубутум, дьиҥэ эһээм оскуолаҕа киириэм иннинэ үөрэппитэ ээ. Ол курдук уруок кэннэ хаала-хаала хаттаан ааҕарга үөрэммитим. Онтон ыла уерэхпэр кыһаллар, дьиэтээҕи үлэбин хайаан да толорор буолбутум. Маҥнайгы учууталым Гаврильева Элеонора Ильинична буолар. Кини ирдэбиллээх, ол эрэн хаьан да хаһытыырын, кыыһырарын өйдөөбөппүн. Алын сүһүөх кылаастарга үөрэммит сылларбыттан саамай өйдөөн хаалбытым диэн, кылааһынан абхазскай үҥкүүнү үөрэппиппитин, ол үнкүүбүтүнэн араас куонкурустарга кыайбыппытын. Бу үнкүүнү олус диэн астынан туран толорорбут. Кэлин оскуоланы бутэрэр сылбытыгар эмиэ үнкүүлээбиппит.
Онтон бэһис кылаастан оскуоланы бүтэриэхпитигэр диэри кылааспыт салайааччытынан Боппосова Анна Петровна буолбута. Ол сыллар тухары араас таһымнаах куонкурустарга кыттарбыт, Саха сирин араас кэрэ-бэлиэ сирдэригэр, музейдарга сыл ахсын сылдьарбыт. Анна Петровна биһиэхэ иккис ийэбит кэриэтэ киһинэн буолбута. Кини биһиги туспутугар наһаа кыһамньылаах этэ, киэҥ билиилээх-көрүүлээх дьон буола үүнэрбитигэр элбэх сыратын ууран туран улэлиирэ. Билигин даҕаны биһиги хас биир кыайыыбытыгар, ситиһиибитигэр тэҥҥэ үөрсэр, сүбэ-ама биэрэр. Анна Петровна миэхэ инники идэбин таларбар, сөпкө тайанарбар улахан көмелеех киһи буолар. Ол курдук, кини салайыытынан хаһыаттарга сотору-сотору суруйарым, онтон 9 кылааска уерэнэ сылдьан «Кэскил» хаһыат ыыппыт сурутуу күрэҕэр кыайан, Владивосток куоракка баар «Океан» оҕо сынньанар лааҕырыгар баран кэлбитим. Бу олохпор биир саамай умнуллубат, сырдык өйдөбүл буолар. Кылааспытыгар олус көхтөөх, иллээх этибит. Ырыа-тойук, спорт, араас олимпиадалар, куонкурустар буоллуннар, барытыгар кыттарбыт.
2011 сыллаахха оскуолабытын 11 буолан бүтэрбиппит. Бары үөрэххэ киирэн ситиһиилээхтик үөрэммиппит. Мин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филологическай факультетын суруналыыстыка салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Устудьуоннуур кэмнэрбэр саамай улахан ситиьиим диэн Кытай Цицикар куоратыгар баран сыл аҥаара үөрэнэн кэлбитим. Бу мин олохпор суолталаах, умнуллубат кэм. Устудьуоннуу сылдьан университетым, факультетым олоҕор көхтөөхтүк кыттарым. Маҥнайгы куурустан факультеппыт устудьуоннарын идэлээх сойууьугар актыбыыстаабытым. Онон бу эдэр сааһым кэмнэрэ олус чаҕылхайдык ааспыттара, ону сэргэ элбэх эрэллээх доҕоттордоммутум. Онтон 2015 сылга үөрэхпин бүтэрэн баран, салгыы магистратураҕа үөрэммитим, икки сылынан, 2017 сылга, ситиһиилээхтик түмүктээммин, билигин “Саха”НКИК араадьыйатыгар үлэлии сылдьабын. Үөрэппит, киьи буоларбар, личность быһыытынан сайдарбар көмөлөспут, тапталлаах оскуолабын үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ыраахха, сырдыкка, үрдүккэ!
Баишева Клавдия Владимировна,
Дьокуускай куорат №7 оскуолатын
нуучча тылын уонна литературатын учуутала,
оскуола 2011с. выпускнига.
Хас биир киһи оскуола саҕаттан киһи буола улаатар, дьону өйдүүргэ, тулалыыр эйгэни кытта алтыһарга үөрэнэр.
Мин оскуоланы 2011 сыллаахха бүтэрбитим. Бу толкуйдаатахха номнуо 7 сыл ааһа охсубут эбит. Санаабар, бу соторутааҕыта эрэ кылааһым оҕолорун кытары тэҥҥэ үөрэххэ туттарса киирэн эрэргэ дылыбыт. Билигин үксүбүт үлэлээх-хамнастаах, сорох сорохтор ыал буолан, алаһа дьиэ тэриммиттэрэ ыраатта. Ол да буоллар көрүстэхпит аайы оскуолатааҕы сылларбытын үөрэ-көтө ахтыһабыт.
Кылааспыт аатыттан махтаныа этим сыралаах үлэтин иһин маҥнайгы учууталбытыгар Гаврильева Элеонора Ильиничнаҕа. Бастакы кылаастан эйэ - дэмнээхтик, бэйэ - бэйэбитин өйөһөн улааппыппыт. Бу баар курдук өйдүүбүн Элеонора Ильинична уруогун. Дуоскаҕа араас өҥнөөх миэллэринэн хайыһардыы сылдьар дьону, кыыллары уруһуйдаабыт этэ. Билэр буукубаларбытын уонна сыыппараларбытын суруйбуппут.
Махтаныам этэ кылааһым салайааччытыгар Боппосова Анна Петровнаҕа. Сэттэ сыл устата биһигини үтүөҕэ, сырдыкка угуйан таһаарбытын иһин. Сылын аайы кылааһынан кэнсиэр тэрийэр үгэстээх этибит. Анна Петровна биһигини бэйэ - бэйэбитигэр көмөлөһөргө, ыарахан түгэҥҥэ өйүүргэ үөрэппитэ. Кылааһынан Республикабыт биллиилээх музейдарынан, кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн күүлэйдээбиппит. Бу санаатахха кылааһы түмэргэ улахан да үлэ ыытыллыбыт эбит.
Бэйэм билигин Дьокуускай куорат 7 нүөмэрдээх оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлии сылдьабын. Ону таһынан 7 кылаас оҕолоругар кылаас салайааччытынабын.Үлэлээбитим саҥа биэс ыйа. Сэттистэрбин куруук бэйэм кылааспар тэҥниир курдукпун.
Оҕо эрдэхпиттэн кинигэҕэ, литератураҕа сыһыаннаах буоламмын нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин таллаҕым. Литератураҕа тапталы угуппут учууталынан Зоя Петровна Боппосова буолар. Махтаныам этэ киниэхэ. Нуучча тылын чэпчэкитик, киһи начаас өйдүүр гына быһаарар. Ол иһин БКЭ - м түмүктэрэ үрдүк этилэр. Үөрэтэр оҕолорбун кылааһынньыктарбар холоон көрөр буоллахпына, бэйэм миигин үөрэппит учууталларбар тэҥнэһэ сатыыбын.
Уолбам оскуолатыгар махталым олус улахан!
Мои школьные воспоминания.
Габышева-Старкова Туйаара Евгеньевна,
педагог-психолог Уолбинской СОШ,
выпускница школы 2012г.
Воспоминания о школе? Самые умилительные… В основном вспоминаются 5-9 классы. Походы, чаепития, игры, дискотеки, конкурсы, олимпиады, чтения докладов, президентский аппарат. Жуткие контрольные, конец четверти, экзамены, волнения.
Веселые у нас были походы! Как играли в казаки-разбойники, и Ньургун так красиво убегал. Как ухохатывались на чаепитиях, когда играли в «крокодила». Дискотеки были самые шумные и романтичные, танцевали под немецкую рок- группу «Rammstein».
Самые теплые и ценные воспоминания у меня связаны с президентским аппаратом – как мы придумывали игры, конкурсы и тематические вечера. Все мы были одной дружной семьей. Мы утвердили у директора Илюштомы Ильиничны Атласовой школьный КВН, традиционно американский праздник Хэллоуин и эти мероприятия проводятся по сей день.
Одно из самых веселых воспоминаний – как мы писали однажды контрольную по биологии. Нам раздали карточки с заданиями. Решения мы не знали, но вскоре решение пришло само. Карточки использовались не в первый год, и поэтому на них остался продавленный карандашный след от ответов. Карандаш был стерт, но след остался.
И мы как детективы вычисляли, что там написано. Как только мы ни вертели эту несчастную карточку, как только ни колдовали. И что самое удивительное – разглядели правильный ответ. Всех оценили на 5. И самое главное - столько смеха и радости.
О школе у меня остались самые теплые воспоминания. Если бы предоставили шанс, я бы проучилась еще годика три. Лучшие годы – школьные годы.
Махтанабын учууталларбар.
Рахлеев Аммос Аркадьевич,
Аллараа Бэстээхтээҕи транспортнай техникум
3 курсун устудьуона,
Уолба орто оскуолатын 2013 сыллаах выпускнига
Олоҕум биир саамай үчүгэй кэмэ төрөөбүт Уолбабар ааспыта. Сүүрбүт-көппүт оскуолам олбуора, тапталлаах Кургааммыт олус да кэрэ буоллаҕа.
Маҥнайгы кылааска 2002 сыллаахха үөрэнэ киирбитим. Үөрэммитим тухары оскуолабыттан үчүгэй эрэ кэмнэр хаалбыттара. Аан бастаан оскуола боруогар үөрэ-көтө көрсүбүт ачыкылаах маҥнайгы учууталбын Иванова Ф.Е., бэһис кылаастан саҕалаан ийэлии, эдьиийдии истиҥник бүөбэйдээн, атаахтатан да ылбыт астынар учууталбын, кылааһым салайааччытын Егорова О.П., араас предметтэргэ умсугутан үөрэппит учууталларбын Слепцова А.Н., Баишева С.М., Боппосова З.П., Собакина Е.Г., Рахлеева С.П. Атласова И.И., Мосоркина С.Р., Неустроев А.М. олус күндүтүк саныыбын, улахан махталбыт тиэрдэбин. Кинилэр миигин олоххо бэлэмнээх буоларга иитэн-үөрэтэн, такайан таһаарбыттара.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар мас тардыһыытынан, хайыһарынан, волейболунан, сүүрүүнэн дьарыктаммытым. Улууска хас да төгүллээх призер чемпион буолан ситиһии үөрүүтүн билбитим. Байыаннай патриотическай оонньууларга улууска, региоҥҥа кыттан бириистээх миэстэлэргэ тиксибиппит. Улуустааҕы «Полевой сборга» сылдьаммын «Бастыҥ хамандыыр» аатын ылбытым. Бииргэ үөрэнэр уолаттарбынаан хас да төгүл КВН-ҥа кыттан үөрбүппүт-көппүппүт. Бу кыттыым билигин мин устудбуоннуур кэммэр олус туһалаатылар. Ол курдук сыл аайы кыттаммыт техникум хамаанда үс инники миэстэттэн түспэтэҕэ. “Бэрт бэтиэхэ” анал аат хаһаайына, техникум икки төгүллээх кыайыылааҕа, буолбутум. Мэҥэ Хаҥалас улууһун чемпиона буолары ситиспитим.
Учууталларбыт Боппосова З.П., Атласова Т.И., Егорова О.П. салайыыларынан хоһоон ааҕыытынан дьарыктаммыппыт. «Азия оонньууларын» факелын кылааспыт үс уола арыаллаһар чиэскэ тиксибиппит. Оскуоланы бүтэрэн “Тиһэх чуорааммытыгар” спортсмен учуутал Святослав Тихонович Макаров аатынан стипендияны тутаммыт олус соһуйбутум да үөрбүтүм. 2012 Улуус баһылыгын харыйатыгар кыттыбыппыт.
Билигин санаан көрдөххө оскуолатааҕы кэмнэрим олус да үчүгэйдэр эбит.
Тапталлаах оскуолам учууталларыгар баҕарыам этэ уһун үйэлээх олоҕу, үлэҕитигэр үгүс ситиһиилэри. Сабыс-саҥа сырдык таас оскуола тутуллан өссө да таһаарыылаахтык үлэлииргитигэр.
Оскуолам олук уурбута.
Неустроева Оксана Иннокентьевна,
Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн
колледжын 4 кууру7ун устудьуона,
оскуола 2014 с.выпускнига.
Оскуолаҕа үөрэммит сылларбын олус күндүтүк саныыбын. Хас биирдии киһи олоҕор оҕо сааһа ааспыт оскуолата, уон биир сыл тухары бииргэ алтыспыт оҕолоро умнуллубат кэрэ кэм буолар. Мин В.И.Ленин аатынан Уолба орто оскуолатын боруогун 2003 сыллаахха атыллаабытым. Маҥнайгы учууталбытынан Рахлеева Саргылана Петровна буолар. Кини олус сэмэй, холку майгылаах, ийэлии истиҥ санаалаах буолан бары олус таптыырбыт,ытыктыырбыт. Биһиги уо икки буолан киирбиппит. 3-4 кылаастарга Егорова Анна Брониславовна буолбута уонна 5-11 кылаастарга салгыы Саргылана Петровна кылаас салайааччыта буолан үөрүүбүт үрдээбитэ, бары биир ыал оҕолорун курдук буолбуппут. Мин алын кылаастан саҕалаан оскуола олоҕор көхтөөхтүк кыттарым. Ол курдук Сиккиэр оҕо үҥкүү ансаамбылыгар сөбүлээн сылдьарым. Салайааччы Семенова Галина Ильинична этэ. Ону таһынан спордунан утумнаахтык дьарыктанарым. Сылын аайы ыытыллар Михайлова А.С. аатынан Республиканскай хайыһар күрэхтэһиитигэр ситиһиилээхтик кыттарым. Улахан кылааска тахсан баран технология уруогун сөбүлээн бэйэбэр таҥас тиктэрим. Учууталым Товарова Марина Васильевна иискэ үөрэтэн, сыһыаран араас таһымнаах республиканскай, улуустааҕы олимпиадаларга, выставкаларга кытыннарбыта. Бу миэхэ инники идэбин таларбар олук буолбута. Оскуолабын бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжыгар туттарсан киирбитим. Быйыл үөрэхпин түмүктээри сылдьабын. Бүтэрдэхпинэ күндү түүлээхтэн тигэр специалист буолабын. Ону тэҥэ аныгылыы моһуоннаах таҥастары эмиэ тигэбин. Бу үөрэнэр сылларбар дойду үрдүнэн ыытыллар конкурстарга, конференцияларга колледжым аатыттан куруутун кыттабын , кэккэ ситиһиилэрдээхпин. Үөрэхпин бүтэрэн баран салгыы үрдэтинэр баҕалаахпын. Киһи буолан үүнэн-сайдан тахсарбар олук уурбут, тирэх буолбут үөрэммит кыһам 110 сыллаах үбүлүөйүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Хаһан да, ханна да буолларбын оскуолабын, учууталларбын умнуом суоҕа.
Күндүтүк саныыр кылааһым.
Рахлеев Айсен Иннокентьевич,
ЯГСХА устудьуона,
оскуола 2014с. выпускнига.
Биһиги 2014 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиппит. Кылааспытыгар сүрүннээн 12 , 6 кыыс, 6 уол буолан үөрэммиппит. Бары олус доҕордуу этибит, бэйэ бэйэбитигэр көмөлөсүһэн эйэлээхтик үөрэммиппит. Кыргыттарбыт туохха барытыгар дьоҕурдаах этилэр, сатаабатахтара диэн суох этэ. Ол курдук бары ыллыыллар, үҥкүлүүллэр, хоһоон этэллэр, фольклор толороллор, уруһуйдууллар уонна үөрэхтэригэр эмиэ үчүгэйдэр этэ.Оскуола бары тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттарбыт. Улуустааҕы фестивалларга, драм көрүүлэргэ, конкурстарга кыттарбыт. Оксана, Люба, Саша спортка үрдүк ситиһиилээх буолааччылар, хайыһарга, сүүрүүгэ, волейболга, баскетболга, теннистээн да ылаллара. Уолаттар кыра сылдьан “Сиккиэр” үҥкүү ансамбылыгар сылдьарбыт. Кэлин улаатан баран спордунан ордук дьарыктаммыппыт, чуолаан мас тардыһыытыгар, Мичил сүүрүүгэ, ОФП-га республикаҕа, улууска үрдүк ситиһиилэрдээх этибит. Никитабыт мас тардыһыытыгар Россияҕа тиийэ күрэхтэһэн ситиһиилэммитэ. «Снежный барс” военнай-спортивнай оонньууга Мичил, Алеша, Люба, Саша, Оксана, Марианна куруук кытталлара, ситиһии кынаттаналлара. Улахан кылааска тахсан баран Васябыт ырыаһыт буолан барыбытын соһуппута. Марианнабыт Ил Ситим президенинэн үлэлээбитэ, киниэхэ күүс-көмө буоларбыт. Кылааһынан үс киинэ устубуппут, ол умнуллубат дьикти түгэн этэ, куруук күлэ-үөрэ ахтабыт. Элбэхтик оскуола субботниктарыгар сылдьарбыт. Билиҥҥи мастерскойга күүстээхтик үлэлээбиппит, улэҕэ киирбитигэр наһаа үөрбүппүт, кылааппытын киллэрдибит диэн астыммыппыт. Бары бииргэ кылааһынан сылдьарбытын сөбүлүүрбүт, ордук походтуурбутун, араас көрдөөх түгэннэри куруук ахтабыт. Ити курдук оскуолатааҕы кэмнэрбит сүрдээх үчүгэйдик, истиҥник, сылаастык ааспыттара. Учууталларбытыгар Саргылана Петровнаҕа, Анна Брониславовнаҕа, Сардана Михайловнаҕа, Тамара Ильиничнаҕа, Зоя Петровнаҕа, Оксана Петровнаҕа, Любовь Васильевнаҕа, Марина Васильевнаҕа, Артаньян Макаровичка, Галина Ильиничнаҕа, Евдокия Семеновнаҕа махталбыт улахан, оскуолабыт үбүлүөйүнэн барыгытын эҕэрдэлиибит!
“Чемпионнар кылаастара” дииллэрэ...
Боппосов Александр Трофимович,
ХИФУ АДФ студена
оскуола 2017 сыл выпускнига
Мин оскуолаҕа 2006 сыллаахха үөрэнэ киирбитим. Бастакы учууталым – Февронья Егоровна Иванова. 8 буолан үөрэнэ киирбиппит, Вячеслав Штыровтан кэһии туппуппутун өйдүүбүн. Аҕыйах да буолларбыт олунньу 23 күнүн, кулун тутар 8 күнүн, ийэ, аҕа күнүн көтүппэккэ ылар этибит. Маҥнайгы кылааска Дария Иннокентьевна салалтатынан оригами кружогар сылдьыбытым. Онтон иккис кылаастан саҕалаан сэттис кылааска диэри тустуунан утумнаахтык дьарыктанан, кэккэ ситиһиилэрдэммитим, тренердарым Владимир Иванович Егоров уонна Иван Васильевич Собакин этилэр. Алын сүһүөх кылааска үөрэнэ сылдьан “Мындыр өй” лааҕырын көтүппэккэ сылдьар этибит.
5 кылааска үктэммиппитигэр бастаан Сардана Михайловна кылаас салайааччытынан үлэлээн иһэн, саҥа кэлбит эдэр учууталга Евдокия Григорьевнаҕа туттарбыта. Евдокия Григорьевна биһиэхэ Чөркөөх музейын көрдөрөн, катоктуурга үөрэтэн, элбэх да элбэхтэ походтатан олус учугэйдик илдьэ сылдьыбыта. 8 кылааска Никита төттөрү үөрэнэ кэлбитэ, уолаттар бары мас тардыһар буолбуппут, ону тэҥэ кыра эрдэхпититтэн “Снежный Барс” күрэххэ ситиһиилээхтик кыттар этибит. 9 кылааска бары Таатта улууһун сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэммит мас тардыһыытыгар “Первенство Республики» бастаабыппыт, учууталларбыт чемпионнар кылаастарыгар киирдибит дииллэрэ.
9 кылааска салайааччыбытынан Саргылана Романовна Мосоркина буолбута. Бу кылааска тахсан бастакыбытын ОГЭ туттарбыппыт, кутталлаах баҕайы этэ. 10 кылааска кылааспыт салайааччытынан Светлана Ивановна Кусатова буолбута. Походтуурбутун туохтааҕар да ордорор этибит. Кыра эрдэхпититтэн алын кылаастары кытта табаарыстаһар буоламмыт, бириэмэбитин олус эйэ - дэмнээхтик бииргэ атаарарбыт. 11 кылааска үктэнээт ЕГЭ тематыгар киирэн, бастаан наар сэрэхэдьийэр этим. Консультацияларга сылдьан, учууталларбыт бэлэмнээннэр экзаменнарбытын туттарбыппыт. Оскуолабытын үчүгэйдик бүтэрэн, бары үөрэххэ киирэммит студенныы сылдьабыт.
Өйтөн-санааттан умнуллубат.
Нелунова Июлия Гаврильевна,
медколледж студентката
оскуола 2017 с выпускнига.
Мин В.И.Ленин аатынан Уолба орто оскуолатын 2017 сыллаахха бүтэрбитим. Оскуолам туһунан мин өйбөр - санаабар элбэх умнуллубат түгэннэр бааллар. Мин маҥнайгы кылааска 2006 сыллаахха үөрэнэ киирбитим. Маҥнайгы учууталбыт Февронья Егоровна Иванова этэ. Бастаан биһиги сэттиэ этибит, онтон алын сүһүөх оскуоланы бүтэрэрбитигэр бэһиэ эрэ буолан хаалбыппыт. Мин кыра кылааска сылдьан араас кружоктарга сылдьыбытым. Аан бастаан Александра Петровнаҕа оҕуруоҕа дьарыктаммытым, онтон Дария Иннокентьевнаҕа араас оригами оҥоһуктары оҥорорго үөрэммитим. Үһүс кылаастан саҕалаан хайыһарга дьарыктанан саҕалаабытым. Ол курдук аҕыс сыл дьарыктаммытым. Хайыһар миэхэҕэ элбэх умнуллубат түгэннэри, элбэх доҕоттору бэлэхтээбитэ. Биһиги наһаа элбэх кылаас салайааччылардаах этибит, оннук элбэх кимиэхэ да суоҕа буолуо... маҥнайгы кылаастан уон биирис кылааска диэри биэс кылаас салайааччылана сылдьыбыппыт.
Миэхэҕэ онус уонна уон биирис кылаас сыллара олус ыараханнык ааспыттара. Тоҕо диэтэххэ мин бастаан ханнык үөрэххэ барарбын, туох специальноһы таларбын, ханнык экзаменнары туттарарбын билбэтэҕим уонна экзамен туттарарбыттан наһаа куттанар этим. Онтон, дьэ, экзаменнарбын үчүгэйдик туттаран, сөбүлүүр идэбин талан, сөбүлүүр үөрэхпэр киирэн этэҥҥэ үөрэнэ сылдьабын. Аны үс сылынан дьон эрэнэр, дьон хайҕыыр уонна төрөппүттэрим киэн туттар эмчиттэрэ буолуом диэн эрэнэбин! Оскуолабар уонна чугас дьоннорбор махтанабын миэхэ5э күүс, сүбэ - ама буолбуккутугар уонна элбэх үөрэх- билии биэрбиккити