"СЭДИП технология "Кэнчээри" о5о саадыгар
статья

Платонова Александра Власьевна

Тохсунньу 13 күнүгэр 2020 сылга тахсыбыт 01-10/22-дээх СР үөрэхтээһин министерствотын бирикээһин  Кэнчээри уһуйаан  "Одаренный ребенок" проект үлэтинэнэ Арылы кустук ситимнэ киириибит буолар.

Кэнчээри ыччаппыт кэскилин түстүүр „Кэнчээри“ оҕо уҺуйааммыт 1987 сыллаахха арыллан үлэлиир. 13 бөлөхтөөхпүт, онтон 4 нууччалыы, 8 сахалыы тыллаах группалардаахпыт уонна 1 логогруппалаахпыт.  459 иитиллээччилээхпит

Уhуйаанна барыта 85 улэhит улэлиир. Бэйэлэрин идэлэрин толору баҺылаабыт, үрдүк үөрэхтээх 24, орто анал үөрэхтээх 2 иитээччи, 8 специалист, 3 эбии үөрэхтээҺин педагогтара үлэлииллэр.

Дьокуускай куоракка оҕолору сахалыы тылынан үөрэтэр оҕо уҺуйаанын быҺыытынан биллэбит. Оҕо уҺуйааныгар, билиңңи кэмңэ, биир бастакы сүрүн соругунан төрөөбүт ийэ тыл эйгэтигэр бигэнэн, уран тылга уҺуйуллан, норуотун ырыатын-тойугун, уус-уран айымньыларын биҺирии, киэн тутта улаатарыгар  күүспүтүн, билиибитин биэрэн туран үлэлиирбит буолар.

Кырдьык оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылын, норуотун культуратын, историятын үөрэттэххэ, онно ииттэххэ инники кэскилбитин оңостобут.

Бэйэбит оҕо уҺуйаанын иҺинэн сахалыы көстүүлээх дьоҕус тиэргэннээхпит. Онно оҕолорбут барахсаттар саха балаҕанын иҺигэр киирэн төгүрүччү олорон, эбээ-эҺээ ырыатын ыллыы-ыллыы таабырын таайсаллар, остуолга төгүрүччү олорон хабылык хапсаллар, остуоруйа истэллэр.

Хас бөлөх аайы араас куруҺуоктар тэриллэн үлэлииллэр ол түмүгүнэн буолар:

- Мода театр үлэлэрэ араас эгэлгэ сахалыы тыыннаах иитээччилэр төрөппүттэри кытта толкуйдаан, киэргэтэн, коллекциялара тигэн араас күрэхтэргэ кыттарга Хас сылын аайы Гран при анал биҺирэбил хаҺаайыттара буолан омук сирдэринэн Франция5а, Турция5а, Москваҕа сылдьан үрдүк ситиҺии биҺирэбил аатын ылан кэлиилэрэ буолар. Киэн туттуубут биҺиги уҺуйаан 3 сылга республиканскай күрэххэ субуруччу Гран При анал аатын хаҺаайыннара буолуубут.

- Театральнай куруҺуоктар театральнай постановкалары, сахалыы остуоруйалары туруоран  НВК телевиденияҕа, интернет Ютуб каналга көстүүлэрэ буолар. Киэн туттарбыт нуучча бөлөх оҕолоро саха остуоруйатын Москва куоракка тиийэ көрдөрөн биҺирэбил үрдүк аатын ылбыттара.

- 2013 сылтан «Дьулуур» диэн сахалыы национальнай спортивнай куруҺуок Ирина Николаевна Птицына физкультурнай инструктор салайыытынан үлэлиир. КуруҺуок оҕолоро сылын аайы куорат иҺинэн ыытыллар күрэхтэргэ үрдүк ситиҺиилээхтэр. Киэн туттуубут диэн былырыын «Кустук» бөлөх иитиллээччитэ Борисов Борислав Куобах ыстаанытыгар рекорд олохтооҺуна.

Хас биирди омук ийэ буоруттан тардыҺан үүнэрин кэриэтэ, киҺи быҺыыта-майгыта кини төрүт дьонун, дойдутун хайдах сыаналыырыттан, тахсар. Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин, олорон ааспыт урукку олохторун, төрөөбүт айылҕаҕа тапталларын оҕоҕо иңэрии – төрөппүт, иитээчи соруга. Онон сирдэтэн, оҕолорбутун кыра саастарыттан дьиэ кэргэни кытыннаран араас дьоро киэҺээлэри, аҺа5ас кэпсэтиилэри тэрийэн ыытабыт.

Ол курдук былырыын «Оҕону сахалыы саңардыахха» диэн төрөппүттэргэ аналлаах аһаҕас кэпсэтии ток-шоу дискуссия быһыытынан буолан ааспыта.

Кыттыыны ыллылар ыҥырыылаах ыалдьыттар: «Ийэ тыл сайдыыта» түмсүү бэрэссэдээтэлэ   Никитина Вилюяна Николаевна,  «Бэлэм буол» хаһыат  редактора Захарова Анна Михайловна, «Чуораанчык» сурунаал редактора   Жиркова  Татьяна Ильинична, «Хатан» сурунаал редактора  Петрова Вера Прокопьевна, НВК «Биьикчээн» биэрии ыытааччыта Барбасытова Лилия Васильевна, «Бичик» бэчээттиир киин сүрүн редакторын солбуйааччыта   Андросова Надежда Петровна, маркетолог  Индеева Анна Валерьевна, 31 № оскуола алын кылааһын учууталлара — Андреева Зинаида Егоровна, Рожина Лена Игнатьевна уонна маннык кэпсэтии булгуччу наадалаах диэн этии киллэрбит биһиги уһуйааммыт төрөппүтэ «Кыым» хаһыат суруналыыһа Туйаара Сиккиэр.

Муус устар ыйга Саха сирин аҕалар күннэригэр аналлаах «Аҕа уолунаан» диэн сахалыы хамсаныылаах оонньууларынан күрэх, ынырыылаах ыалдьыттардаах «Оҕону иитиигэ аҕа оруола» диэн аҺа5ҕас кэпсэтии ыытан турабыт. Ыалдьыттарынан буолаллар: Габышев Айхал Иванович «Лига отцов в РС(Я)» председателя, Чемоханов Гавриил Александрович, индивидуальнай предприниматель, «Добрые люди Якутска» общественнай тэрилтэ салайааччыта, Птицын Константин Романович, хас да төгүл Саха республикатыгар ыытыллар «Аҕа күрэҕэ» кыайыылааҕа, «Кустук» детсад плаваниеҕа тренера, Белолюбская Елена Алексеевна, «Боотур» спортивнай кулууб салайааччытын солбуйааччыта, Старостина Любовь Дмитриевна, СВФУ психология кафедратын доцена, Николаев Анатолий Владимирович, республиканскай кадетскай оскуола офицера.

Хас биирдии иитээччи бэйэтин хайысхатыгар таьаарыылаахтык, ситимин быспакка улэлээтэ5инэ о5о чочуллан олонхону истэн ырытар, толкуйдуур дьо5ура сайдыа5а, уус-уран айымньыны сэргээн, кэрэхсээн истэр, умсугуйар буолуо, тылын саппааьа байан уустаан-ураннаан кэпсэтэр, өйө-санаата кэниир, дириниир, этигэр-хааныгар инэринэн дьин сахалыы куттаах-сурдээх киьи буола улаатыа.

Бу саңа үйэҕэ үктэнэр 2000 сылтан бастакынан Поликарпова Е.М. авторскай үлэтинэн олонхо педагогикатын киллэрэн саҕылаабыппыппыт. Айымньылаах иитээччи фольклор эбии үөрэхтээҺин педагогунан Тамара Ивановна Акимова үрдүк таҺарыылаахтык үлэлээбитэ. Кини салайыытынан туруоруллубут:

  • Олоҥхоттон быһа тардыы:

- «Дьырыбына Дьырылыатта», «Модун Эр соҕотох», «Эрэйдээх – буруйдаах», «Быыра Баадьай бухатыыр»

  • Композиция чабырҕахтар:

- Кыыллары хоһуйуу,  Тиҥсил титирик, Туора быһыы тумна хаамтын

  • Композиция өс хоһоонунан:

- Ыҥырыа уйатын тоҕо тардыман

- Үс дьүөгэлии (Өс хоһоонунан композиция)

  • Фолькор жанрдарынан композиция:

- Һээ дьэ-гэ, дьэ-гэ һэгэртэйиэм

  • Ырыалар:

- Кимий диибин, Оҕо-оҕо эрдэххэ

- Марфа ырыата

- Оҕолору харыстааҥ

- Мааныһыт кыыс

- Эбээм, эһээм ырыата эриэккэһин эбитин!

  • Тойуктар:

- Дьэ буо! Дьэ буо!

  • Остуоруйалар:

- Уустук үллэрии

- Куобах кутуруга суох буолбутун туһунан

  • Дьоро киэһэлэр:

- Байанай ыйыгар аналлаах дьоро киэһэ

- Эбээм, эһээм ырыатыатын кэрэхсээммин ыллыыбын

  • Дьиэ кэргэн күрэх «Сайдам ыал»

Билигин Людмила Григорьевна Семенова, фольклор эбии үөрэх педагогунан үрдүк таҺаарылаахтык үлэтин саҕылаан кэккэ ситиҺиилээхтэр.

Бүгүн «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхоттон быҺа  тардыыны эҺиэхэ көрдөрүөхтэрэ.

Куоракка, республикаҕа араас тэрээҺинэргэ көхтөөхтүк кыттабыт. БиҺиги оҕо уҺуйаамыт сахалыы тылыннан остуоруйалары туруоран элбэхтик НВК „Саха“ каналыгар оҕоҕо аналлаах биэриилэргэ көстүбүппүттэрэ, хаҺыат, сурунаал нөңүө тарҕаммыттара.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл статья семинара19.87 КБ

Предварительный просмотр:

"СЭДИП технология "Кэнчээри" о5о саадыгар

Платонова Александра Власьевна,

заместитель заведующей ВМР

МБДОУ «ЦРР-Д/с № 21 «Кэнчээри»

Тохсунньу 13 күнүгэр 2020 сылга тахсыбыт 01-10/22#-дээх СР үөрэхтээһин министерствотын бирикээһин  Кэнчээри уһуйаан  "Одаренный ребенок" проект үлэтинэнэ Арылы кустук ситимнэ киириибит буолар.