А.П.Рязанский - основатель Амгинского улуса
материал
Работа Старостина Ньургуна праправнука А Рязанского. В работе знакомит с жизнедеятьельностью и основными идеями первой главы Амгинского улуса
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
myandigi_ryazanskiy_starostin_nurgun.docx | 35.12 КБ |
Предварительный просмотр:
Саха АССР 100 сылыгар улуустааҕы «Амма улууһун историята»
Научно- практическай конференция
1 секция «История становления органов местной власти»
Хаан аймаҕым-Амма маҥнайгы кулубата
/Афанасий Петрович Рязанскай туһунан/
Чинчийэр үлэни оҥордо
Мээндиги орто оскуолатын
7 кылааһын үѳрэнээччитэ
Старостин Ньургун
Салайааччы: Захарова М.Н.
Мээндиги 2022-04-14
Иһинээҕитэ:
Киириитэ......................................................................................3
- Афанасий Петрович Рязанскай олоҕо……………….4-7
- Маҥнайгы кулуба кѳрүүлэрэ……………………… ...8-9
- Афанасий Петрович дьиэ кэргэнэ.............................10-11
- Тѳрүччүм………………………………………………..12
Түмүк…………………………………………………………..13
Сыһыарыылар- хаартысканан презентация
Туһаныллыбыт литература…………………………………...14
2
Киириитэ
Киһи барыта норуотун, улууһун историятын билиэхтээх, онно тирэҕирэн үлэлиэхтээх, үѳрэниэхтээх. Амма улууһун 27 киьи салайан, сайыннаран кэлбиттэрэ. Билигин 28-с баһылыгынан Николай Архипович Архипов үлэлиир.
Онтон мин бүгүн сырдатыам этэ- Амма улууһун маҥнайгы кулубатын, мин хос,хос эһэбин, норуот туһугар бэйэтин толук ууран сылдьыбыт, төрөөбүт дойдутун дьиҥнээх патриотын -Афанасий Петрович Рязанскайы.
Мин маҥнайгы кулубаны мээнэҕэ талбатым, мин хаан уруу киһим оҥорбут үтүѳтүн дьон билбэт диэн санааттан бу үлэни ылсан чинчийдим..
Yлэм сыала- Афанасий Петрович Рязанскай аатын-суолун тилиннэрии, норуокка үлэтин кылаатын арыйыы.
Туруоруммут соруктарым:
- Амма улууһун туһунан кинигэлэргэ ахтыылары ааҕыы, үѳрэтии, ырытыы.
- Мээндиги кыраайы үѳрэтэр музейыгар, Амма оройуоннай Гражданскай сэрии историятын музейыгар сылдьыы.
- Аймахтартан ахтыылары ылыы.
- Тѳрүччүтүн үѳрэтэн бэйэм тѳрүт маспын оҥоруу.
3
Афанасий Петрович Рязанскай олоҕо
Афанасий Петрович 1873 сыллаахха тохсунньу 1 күнүгэр Боотуруускай улуус 1 Чакыр нэһилиэгэр күн сирин кѳрбүтэ. Аҕата Петр Васильевич Рязанскай 1822 сыллаах тѳрүѳх Боотуруускай улуус Хадаар нэһилиэгиттэн, оттон ийэтэ Наталья Ивановна (Кардашевская) 1 Скараульскай (Соморсун) нэһилиэгиттэн тѳрүттээхтэр.
Боотурускай улуус Соморсун нэһилиэгэр олорбуттара. Сылгылыын, ынахтыын 30-ча сүѳһүлээхтэр эбит. Хамначчыт диэни туппатахтар. Боростуойдук аһаан, таҥнан олорбуттар. Кыстыга Арыы диэн сиргэ баар, сайылыга Эрэһээн алааһа ( 900м. усталаах,200м.туоралаах)
Афанасий церковно приходской оскуоланы бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы прогимназия 4 кылаастааах оскуолатын 1890 сыллаахха бүтэрэр. Ити билигин орто үѳрэххэ тэҥнэһэр. 1892- 1893 сылларга Боотурускай улуус инородческай управатыгар суруксут кѳмѳлѳһѳѳччүтүнэн үлэлиир. Бу кэннэ 1894- 1897 сылларга 1- Чакыр нэһилиэгин кинээһинэн олорор.
1900-1901 сылларга Дьокуускай уокуругун комиссарын кѳмѳлѳһѳѳччүтүнэн үлэлиир кэмнэригэр, Николай Федорович Белолюбскай диэн киһилиин 1901 сыл сэтинньи 30 күнүгэр 10 нэһилиэк дьонун хабан улахан мунньах тэрийэллэр.
Бу мунньахха кини Амма улууһа диэн арахсан туспа улуус буолар туһунан боппуруоһу кѳтѳхпүтэ.Улуус тэриллиитин туһунан Рязанскай маннык быһаарар эбит:
- Боотурускай улууһа 36 тыһыынча нэһилиэнньэлээх, элбэх нэһилиэктээх, киэҥ сиринэн ыһыллан быраабаттан ыраах олорор. Онон ыйаахтар хойутаан кэлэллэр. Ыраахтааҕы суолун хомуйуу, араас түһээннэр кыайан хомуллубакка улахан иэс үѳскээтэ.
4
- Улуус киинигэр буолар мунньахха быыбарынайдар, кинээстэр, чаччыыналар, сир комиссиятын депутаттара кыайан кэлбэттэр, сылдьыһар суол суох, үрэхтэри туоруурга күргэ суох. Ол түмүгэр мунньах уһуур эбэтэр буолбат.
Итинник былааннаах Афанасий Петрович 1902- 1906 сылларга
уонна 1907- 1911 сылларга Боотуруускай улуус 1 Чакыр нэһилиэгин кинээһинэн талыллан үлэлиир.
1911 сыллаахха Дьокуускай губернаторын И.И. Крафт №121 бирикээһинэн Боотурускай улуустан Амма улууһа араарыллыбыта. 14 нэһилиэктээх. 122№ бирикээһинэн Афанасий Рязанскай кулубанан бигэргэтиллибитэ.
Онон 10 сылы быһа туруулаһан Амма улууһун тэрийэргэ сыратын биэрбит Афанасий Петрович сыалын ситэн Амма улууһугар 1911- 1913 сс. хабан кулубалаабыта. Кини туһунан А.Х. Давыдов «Дьадаҥы киһи кулуба буолла диэн, олохтоох баайдар үҥсэннэр, туруорсаннар талыллыбыт болдьоҕор толору олордубатахтара, эрдэ уураппыттара , - диэн Абаҕа нэһилиэгин кинигэтигэр суруйбута. Кырдьык, Афанасий Петрович сымыйа баайсыыттан, тэрээһиннээх сойуолааһынынан, олох оруна суох ууратыллыбыта. Кырдьаҕастар «Амма баайдара бэриккэ элбэх үптэрин куппуттара» , - дииллэр эбит. Ол да буоллар «кырдьык кыайан» 1915 сыллаахха муус устар 7 күнүгэр сыыһа дьаһал суут уурааҕынан кѳтүллүбүтэ: «Якутский окружной Суд приговорил Бывшего Голову Амгинского улуса А.П. Рязанского, на основании 1п.771ст.Уст.Угол.Судпр., считать по суду оправданным.»
Афанасий Петрович олорон биэрбэтэҕэ. Оннук да буолан Саха сирин губернатора уураппыт бирикээһин Иркутскай генерал губернатора 1914 сыл сэтинньи 22 күнүгэр «Я приказ этот отменяю» диэн кѳтүрбүтүн түмүгэр , Саха сирин суутун уурааҕа Рязанскай буруйа суоҕун быһаарда.
5
Оннооҕор А.П. Рязанскайы эккирэтэн сууллара сатааһыҥҥа туора улуус кулубата кыттыыны ылбыта. «Прошение Д.Н. Прокопьева написано 16 августа 1913г. «Бу Аллан кулубата Дмитрий Николаевич олус далааһыннаах киһи этэ. Ол курдук кини Амма булчуттарын бэйэтигэр түүлээхтэтэрэ. Олоҥхоһуттарны хамнас тѳлѳѳн туран сылы- сыллаан дьиэтигэр олордон күрэхтэһиннэрэрэ. Кини Ѳксѳкүлээх Ѳлѳксѳйгѳ элбэх фольклорнай матырыйаалларынан кѳмѳлѳспүтэ. Онон түүлээх хомуйуутуттан сылтаан А.П. Рязанскайдыын атааннаспыттар быһыылаах. Афанасий Петрович 1921сылтан кулун тутар 1922сылыгар гражданскай сэриини сөбүлээбэккэ Одуну диэн сиргэ Горнайга учууталынан үлэлээбитэ. Онтон бэйэтэ суруйбутунан «.. неожиданно для меня был захвачен двумя вооруженными белоповстанцами и доставлен в Чурапчув распоряжение антисоветского областного управления(Г.С.Ефимов).Я желал подальше жить от такого пекла как гражданская война, был убежден в провале их дела и Ефимов угрожая мне предложил мне поступить к ним на должность уполномоченного по доставке из северных округов пушнины, и я был принужден согласиться на это, уехал на север нигде никакой пушнины не получал вернулся когда уже повстанческое движение было разгромлено, там прожил до конца 1923г.с возвращением на родину занялся мирным трудом.Я никогда не был врагом Советской власти..»
Афанасий Петрович немец,француз тылларын билэр үөрэхтээх ,билиилээх, улахан баай библиотекалаах интеллигент эбит (.. “хас да сыар5алаах атынан баран баайын көһөрүөхпүт диэбиттэрэ, дьиэтэ барыта кинигэ эбит” диэн бэккиһээбиттэр- Харысхал этэн турардаах) кыраайы үѳрэтиинэн эмиэ дьарыктанара. Кини суруйбут үлэлэрэ Санкт- Петербург кунсткамератыгар сыталлар.
1929сыллаахха 3 сылга диэн репрессияламмыта. Соловки лааҕырга тыына быстыбыта.
6
Онно киниэхэ буруйдааһыннара манныктар эбит:
- Советскай былааһы ѳйдѳѳбѳт ѳйдѳѳх-санаалаах интеллигент
- Ыраахтааҕы саҕана улуус кулубатынан үлэлээбитэ
- 1921-22сс баанда туруутугар кыттыгастаах
- Үрүҥнэр сорудахтарынан түүлээҕи хомуйууга хоту улуустарга командировкаламмыт
- Охотскайга тиийэн советскай былаастан куотан тиийбиттэр мунньахтарыгар кыттыыны ылбыт, мунньахха секретардаабыт
- Уола Асклифеодот советскай былааһы утары сэриилэспит, Кытайга күрээбит, ону Советскай Союзка аҕалаары туруорса сатаабыт.
- Съезкэ армияҕа дьону хомуйууну утарбыта
- Кытайга бараары оҥостор диэн уорбаламмыт.
Бэс ыйын 10 к. 1989 сыллаахха буруйа суоҕа дакаастанан ЯАССР прокуратуратынан реабилитацияламмыта. Соморсуҥҥа кини аатын үйэтитэн часовня туппуттара.
Эккирэтии содулугар маҥнайгы кулуба кыаҕын толору туһамматаҕа. Ол да буоллар кини оҥорбут үтүѳ дьыалалара ахтыыларга, музейга тиһиллэн тураллара кэрэхсэбиллээх.
Афанасий Рязанскай Чурапчыга улуус кулубатынан үлэлиир кэмигэр, Боотурускай улууһу бытарытан Амма,Таатта, Чурапчы улуустарыгар араарарга үгүс сыралаах үлэни ыыппыта. Улууска Сулҕаччы нэһилиэгэр сыстыганнаах ыарыылары эмтиир сытар балыыһаны туттарбыта. Манна үс сылы быһа эккирэтиһэн 4 кылаастаах оскуоланы астарбыта. Наркоземҥа үлэлии олорон нэһилиэнньэ тыын боппуруоһун быһаарсыбыта. Сир норуот баайа буоларын, хас биирдии 16 сааһын туолбут киһи ѳлбүгэ сирдээх буоларын ситиспитэ.
7
Маҥнайгы кулуба кѳрүүлэрэ
Афанасий Рязанскай улууһун иһинээҕи боппуруостары быһаарыынан эрэ муҥурдаммат сүдү ѳйдѳѳх киһи эбит. Ону элбэх ахтыылартан билиэххэ сѳп.1912 сыл атырдьах ыйын 25 күнүгэр Романовтар династиялара Россия престолугар олорбута 300 сыла туолуутунан сибээстээн сахалар 1 съезтэрэ тэриллэн ыытыллыбыта.
Ол курдук, кини сахалар 1 съезтэригэр бэйэтин санааларын туруорсубута. Саха айылҕаттан сэмэй омук билэрин тѳрѳѳбүт тылынан эрэ кэпсиир кыахтаах, нуучча тылын баһылыыра ѳссѳ да ыраах, тылыгар харгыстанар, онон реальнай училищега сахалыы кылааһы арыйарга этии киллэрбитэ. Кини үѳрэхтээһиҥҥэ улахан болҕомтону ууруохха, талааннаах оҕолорго стипендия анаан ѳссѳ үѳрэххэ тардыһалларыгар кыах биэриэххэ наада диэн тоһоҕолоон эппитэ.Стипендиялары кыахтаах дьон үбүлээһиннэринэн ыытыахха диэбит. Кини медицинскэй, юридическэй,гуманитарнай, педагогическай уонна тыа хаһаайыстыбатын салааларыгар оҕолору үѳрэттэриэххэ диэбитэ.
Бу съезкэ А.П. Рязанскай «Депутация» салайааччытынан талыллыбыта. Кини салайыытынан, Москваҕа үрдүкү салалтаҕа кѳрүүгэ элбэх боппуруос барбыта.
Кини Саха сиригэр дьону сыылкаҕа ыытыыны бопсоро, баайы олохтоох дьон туһанарын туруорсара,сир боппуруоһун кѳтѳҕѳрѳ.1926сыллаахха Амма улууһун депутаттарын делегатынан талыллыбыт.
А.П. Рязанскай бу съезкэ демографическай балаһыанньабыт мѳлтѳх туруктааҕын сыаналаан , «Аармыйаҕасулууспалааһын» боппуруоһугар соҕотогун утары этиини кѳтѳхпүт. Кини сахалары байыаннай сулууспаҕа булгуччу барыытын саха омуга аҕыйаҕын быһыытынан утарара.
8
Кини кѳрүүтэ олус киэҥ далааһыннаах этэ. Эдэр эрчимнээх эр дьон бары сулууспалыы баран истэхтэринэ күүстээх үлэ барбат диэн толкуйдуура. Саха дьонун генофондун эмиэ харыстыыра.
А.П. Рязанскай саныыр санаатын кимтэн да толлубакка этэрэ, норуотун туһугар кыһаллара, туруорсар боппуруостарыгар суоллары ыйан биэрэрэ.Соҕурууттан омук хаһыаттарын, сурунаалларын почтанан суруйтаран ылан ааҕар эбит. Билиигэ- кѳрүүгэ умсулҕаннаах буолан элбэх кинигэ баайдааҕын туһунан ахталлар. Ону отутус сыллардаахха хас да сыарҕалаах оҕуһунан тиэйэн киллэрэн оскуолаҕа туттубуттар.Ол иһин оччотооҕу кэмҥэ Саха сиригэр билиилээх дьоннортон биирдэстэринэн ааҕыллар эбит.
9
Афанасий Петрович дьиэ кэргэнэ
Афанасий Петрович дьиэ кэргэнэ, о5олоро дьикти дьыл5алаахтар,үөрэхтээх, өйдөөх ураты көрүүлээх дьон эбит.
Кини кэргэнинээн Мария Игнатьевна Илларионова-Рязанскаялыын биэс оҕоломмуттар. Мария Игнатьевна хара5ынан мөлтөхтүк көрөр эбит. Кини 1952 сылга дылы Чурапчыга Хайахсытыгар олорбут(“Аскыл эмиграцияҕа Кытайга сылдьан , үөскээбит алааһыгар самолетунан иккитэ кэлэ сылдьыбыт үһү.Соруга ийэтин илдьэн хараҕын эмтэтэн баран аҕалыы.Афанасий Петрович 1930с. ЧК-лар доппуруостарыгар”Жена,сын в эмиграции”-эппиэттээбит”.Суруйда М.В.Алексеев).
Улаханнара Асклипиодот(Аскыл) 1897с. 1Чакырга төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы фельдшерскай оскуоланы бүтэрбитэ.Дьокуускайдаа5ы реальнай училищены , Москва5а университетка үөрэммитэ.1923с. Семен Новгородов “Аа5ар кинигэтигэр”эмп салаатын суруйсубута. Ол са5ана кини 7 омук тылын билэр журналист этэ .Гражданскай сэрии кэмигэр Кытайга барбыта.1942с.дылы онно олорбута,онтон Гонконгга,Великобритания армиятыгар сулууспалаабыта.1949сылтан Австралия5а Брисбен куоракка олохсуйбуттара.Кэргэнэ Елизавета Лепикова Никольск-Уссурийскай нууччата этэ (1932с.Кытайга холбоспуттара) Афанасий уонна Евгений диэн уол о5оломмуттара. Философскай наука доктора Асклипиодот Афанасьевич алтынньы 11к. 1968с.өлбүтэ. Кэргэнэ 98 сааһыгар Австралия5а өлбүт.Оҕолоро Афанасий скаут эбит спортивнай профессиональнай клубтаах ол гынан массыына саахалыгар түбэһэн ыарыһах буолбут,билигин дойдутугар приютка баар,кыра уоллара Евгений улахан художник 2014с.өлбүт. Кини кэргэнэ Ирэн Кельси Рязанскайдар архивтарыттан туох хаалбытын В.Е.Васильев –Харысхалга уонна О.Г.Сидоровка көрдөрбүт 2019с. (ГолдКост куоракка).Аскыл икки уола о5оломмотохтор.
10
Иккис уоллара Пантелеймон Франция5а үөрэнэ сылдьан ыалдьан, Дьокуускайга учуутал семинариятын бүтэрэн,Амма Абаҕатын оскуолатыгар учууталлыы сылдьан 1921с. ыалдьан өлбүт.(Норуот суруйааччыта Күннүк Уурастыырабы үөрэтэ сылдьыбыт)
Үһүс уол Гаврил Сул5аччы таҥаратын дьиэтигэр үөрэммит уол эдэригэр 1925с. өлбүт. Иккиэн Эрэһээн алааһыгар көмүллэн сыталлар.
Кыргыттара –Александра Афанасьевна 1912с.т. уонна Фекла Афанасьевна 1922с.т. а5алара репрессияланан үөрэхтэн маппыттара эрээри майгы-сигили өттүнэн дьон үтүөтэ этилэр. Александра Афанасьевна Рязанская-Ноеваттан уоллаах кыыс төрөөбүттэрэ Леонид Романович уонна мин эбэм Александра Романовна Ноева. Рязанскайдар аймах билигин 15 сиэннээхтэр уонна хос сиэннэрдээхтэр. Удьуор салҕанар...
11
Тѳрүччүм
А. П. Рязанскай тѳрүччүтэ «Түһүлгэ» сурунаал Амма улууһун 100 сылыгар аналлаах таһаарыытыгар баар. Ол иннинээҕи тѳрүччүтүн кыраайы үѳрэтээччи М.В. Алексеев оҥорбута. (сыһыарыылар). Ону ааҕан үѳрэтэн баран, Амма улууһун кулубатын хаан хос хос сиэнэ буоларбыттан үѳрэн бу бэйэм тѳрүччүбүн оҥордум. Афанасий бииргэ тѳрѳѳбүт үстэр. Степан диэн убайа 1 Чакырга кинээстээбит. Харитина диэн эдьиийдээх. Афанасий иккитэ кэргэннэнэ сылдьыбыт. Иккис кэргэнэ Мария Игнатьевна . Кини бэйэтэ биэс оҕолоох эбит. Асклипиодот, Пантелеймон, Гаврил, Александра, Фекла..Пантелеймон учуутал үѳрэхтээҕэ, ас барбат буолан ѳлбүт. Гаврил сэллик буолан ѳлбүт. Александраттан биһиги кэлэбит. Кини тѳрүччүтүгэр сиэнэ эбэтэр эбэм Александра Романовна баар. Кини Чурапчытааҕы физкультура институтугар пенсияҕа тахсыар диэри физиокабинет сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥар олорон Амматын чиэһин куруутун кѳмүскүүр. Ыраах дистанцияҕа сүүрэн республика5а,улууска мэлдьи миэстэлэһэр. Соморсун нэһилиэгин бочуоттаах гражданина буолбута.
Хос сиэнэ-мин аҕам Старостин Сергей Львович эмиэ сурулла сылдьар. Кини үрдүк үѳрэхтээх. Мээндиги П.И.Караканов аатынан оскуола5а ийэбинээн Анна Ивановналыын учууталлыыллар. А5ам оскуола5а физкультура уруогун үөрэтэр . Онтон хос хос сиэннэрэ биһиги кэлэбит.
Бэйэм дьиэ- кэргэним тѳрүччүтүн хос хос эһэм олоҕун салгыы сайыннарыахпыт диэн сыалтан оҥордум. Кини эппит ыйбыт этиитигэр сѳпсѳһѳн, 1 ганан сиэннэрэ бары ѳлбүгэ сир ыллыбыт. Саха киһитин баайа сиргэ буолар.
12
Түмүк
Хаан урууну ѳрүс да уутунан сууйуллубат. Тѳрүттэргитин үѳрэтин, олорон ааспыт олохторун сыаналаан. Мин бу үлэбин оҥороору тѳрүттэрим туһунан олус элбэҕи биллим.
Афанасий Петрович Рязанскай биһиги аймахха үтүѳ холобур, киэн туттар киһибит буолар. Кини аатын Амма олохтооҕо барыта билиэхтээх диэн санаабын түмүктүѳм этэ.
Мин, ѳбүгэм туйаҕын хатаран, үрдүк үѳрэҕи баһылаан, сыаналанар салайааччы буолан Аммабыт чэчирии сайдарын туһугар үлэлиэм диэн эрэнэбин.
13
Туһаныллыбыт литература:
- Алексеев М.В. Улуус маҥнайгы кулубата. Амма олоҕо. 7.09. 1996.
- Амгинский улус: История.Культура.Фольклор.-Якт.: «Бичик»,1997-280
- Артемьев Е.Р. «Амма улууһун кылгас историята» . Амма олоҕо. 1996.
- Старостин С.Д. Улахан үтүѳлээх киһи этэ. Амма олоҕо. 31.03.98.
- «Түһүлгэ» сурунаал 2012с. кулун тутар 15 күнүнээҕи таһаарыыта
- Якимов О.С. С клеймом уголовника преступника.(История отца и сына Рязанских). Илин. №1-2. 1996г
- Асклиопиодот Рязанскай аата дьонугар-сэргэтигэр эргилиннэ. –Амма оло5о, ред. Алтынньы 3 кунэ.2019с.-стр.3.
- Соморсун үйэлэр кирбиилэригэр/хомуйан оҥордулар:М.В.Алексеев, П.С.Бытыров, Н.Г.Белолюбская уо.д.а./-Якт.: «ООО Чороон 21век»,2015.-716с.:хаарт.
14
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
урок 5 ОРКСЭ "Возникновение религий. религии мира и их основатели"
урок 5 в 4 классе по курсу "Основы мировых религиозных культур"...
Презентация по курсу ОРКСЭ "Пророк Мухаммад- основатель ислама"
Данная презентвция поможет ближе познакомиться с Пророком, узнать его человеческие качества, ближе познакомится с его семьей...
75 лет Рязанской области
Тема: «75 лет Рязанской области»Руководитель: Иевлева Светлана Александровна, учитель начальных классовАвторы: учащиеся 4 класса МОУ «Павелецкая СОШ №1»Тип проекта: краткосрочный исследоват...
Картотека"Охраняемые растения Рязанской области"
Дополнительный материал для занятий по окружающему миру....
Диаграмма Опытно практическая работа по ВКР тема Использование приемов развития критического мышления на уроках родного литературного чтения. Методика разработанная учителем начальных классов Тюнгюлюнской СОШ Мегино-Кангаласского улуса, Баишевой Е.Н
Критическое мышление ОПР по ВКР. Использование приемов критического мышления для формирования УУД у учащихся младших классов. Отслеживание динамики развития уровня сформированности критического ...
План занятия ВУД «История Хангаласского улуса»
Тема: История создания и жизни Улах-Анской ямщицкой станцииЦель: Ознакомить с историей создания ямщицкой станции, жизнью и бытом ямщиков....
Республиканская научно-практическая конференция «Тункинская долина: история, современность, перспективы», посвященная 100-летию Тункинского района и Году педагога и наставника. Номинация: География Тункинского района Тема: «Топонимика моего улуса»
Республиканская научно-практическаяконференция «Тункинская долина: история, современность, перспективы»,посвященная 100-летию Тункинского района и Году педагога и наставника.Номинация: Гео...