Классные часы для начальных классов
классный час
Предварительный просмотр:
С. Д. Флегонтов аатынан Хадаардаа5ы орто оскуола
Кылаас чааhын темата:
«А5а дойдуну кѳмүскээччилэр»
Тэриллибит кылааhа:
алын кылаас сүhүѳҕүн
үѳрэнээччилэригэр.
Хадаар 2015 сыл
Иитии үлэ сыала:
- Ийэ дойдуга тапталы иҥэрии;
- Тѳрѳѳбүт тѳрүт дойдуну харыстыырга, убаастыырга иитии.
- Ытык иэhи тѳлүүргэ бэлэмнээх буолууну, патриот буолууга иитии.
- Саллаат хайдах хаачыстыбалаах буолуохтааҕын ѳйдѳтүү.
Киирии чааhа:
-Дорооболоруҥ, оҕолоор! Аҕа Дойдуну кѳмүскээччи күнүгэр аналлаах кылаас чааспытын саҕалыыбыт. Биhиэхэ ыалдьыттыы кэллэ оскуолабыт учуутала интернационалист буойун, лейтенант Берёзкин Илья Сергеевич.
Кэпсэтии:
- Аҕа дойдуну кѳмүскээччи күнэ хаhан буоларый?
-Тоҕо Олунньу 23 күнүгэр буоларый?
1918 с. Олунньу 23 күнүгэр Кыhыл Армия бастакы полкалара сэриигэ киирэн ѳстѳѳхтѳрүн кыайбыттара. Ол иhин ити күн-Армия күнүн бэлиэтиибит.
Слайд №1
Бастаан Кыhыл Армия күнэ диэн этэ. Онтон Советскай Армия уонна Военнай Морской флот күнэ диэн ааттаммыта.
Билигин А5а Дойдуну кѳмүскээччи күнэ диибит.
Биhиги дойдубутун уолаттар, эр дьон кѳмүскүүллэр. Ол иhин уолаттар бырааhынньыктара дэнэр. Россия дьоно Тѳрѳѳбүт сирбитин, дойдубутун наhаа таптыыбыт. Ол да иhин кѳмүскүүргэ мэлдьи бэлэммит.
Ити туhунан ырыата истиэхэйиҥ, Антон уонна Андрей Ноевтар толорууларыгар: «Солдатушки».
-Махтаныахайыҥ, оҕолоор!
Слайд №2 -1941-1945 сс.
-Бу туох даататай? Ким билэрий?
1941 с. Фашисткай Германия биhиги дойдубутугар сэриинэн түспүтэ. Түѳрт сылы быhа алдьархайдаах ыарахан, элбэх сүтүктээх сэрии буолбута.
Слайд №3
Саха сириттэн сэриигэ 63 тыhыынчаттан тахса буойун барбыта. Аҥардас Чурапчы улууhуттан 2085 киhи баран сэриилэспиттэрэ.
Слайд №4 Онтон Хадаартан 136 буойун сэриигэ барбыта. 66 сэриигэ ѳлбүтэ.
Слайд №5- Кыайыы күнэ
КЫАЙЫЫ ѳрѳгѳйдѳѳх күнэ 1945 сыллаахха 9 Маайга буолбута. Быйыл Кыайыы 70 сыла туолар.
Слайд №6 -С. Д. Флегонтов
Флегонтов Семён Дмитриевич-Чѳкѳѳ уола. 1918 сыллаахха Υрүҥ Уулаах диэн алааска тѳрѳѳбүтэ. Кини 16 саастаа5ар, 1934 с.дойдутугар Хадаарга- нэhилиэк сэбиэтин секретарынан үлэлээбитэ. Оттон 1941 сыл атырдьах ыйыгар армия5а ыҥырыллыбыта. Кини 5 бойобуой орденнаах, оскуолабыт кини аатын сүгэр.
Слайд №7
Онтон биhиэхэ сэрии ветерааннарын кимнээ5и билэ5итий?
Софронов Пётр Павлович уонна Филиппов Николай Николаевич.
Слайд №8
Онтон билигин, аныгы кэмҥэ сорох сирдэргэ эмиэ сэрии буолар дии. Холобур террористары утары сэриилэспит саллааттары интернационалист буойун диибит. Хадаартан туѳрт киhи сылдьыбыт.
Слайд №9 Ноев Николай Николаевич- Антоннаах Андрей убайдара, Сидоров Мичил Еримеевич, Давыдов Иван Иванович- Владик аҕата уонна Берёзкин Илья Сергеевич.
Тылы биэрэбит Илья Сергеевичка.
(Берёзкин Илья Сергеевич ахтыыта)
-Оҕолоор, Илья Сергеевичка махтаныахайын, биhиэхэ бүгүн кэлэн ыалдьыттаабытыгар, саллаат хайдах буолуохтааҕын эппитигэр, аны билигин кыратык оонньуохпут, күрэхтэhиэхпит.
Уолаттар күрэхтэhиилэрэ:
- «Бэргэн» - сыалы табыы
- «Ким болҕомтолооҕуй?»-хараҕа баайыылаах хааман тиийэн мээчиги тэбэр.
- «Ким сымсаный?»- үтүлүк ылыы.
Кыайыылаахтары эҕэрдэлээhин.
Хоhоон ааҕыыта.
Түмүк:
-Оҕолоор, оччоҕуна хайдах киhи Аҕа дойдуну кѳмүскүүр буолуой?
Хаартыскаҕа түhүү.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий классного часа для начальных классов «Знакомимся с гербом и флагом России»
Знакомство младших школьников с историей герба и флага России...
Материал для классного часа в начальных классах "Олимпийская викторина"
Данная викторина разработана на основе материалов учителя физкультуры МОУ Озёрской ООШ Бебер О.О. и адаптирована для учащихся начальных классов. Также в нее добавлены вопросы по Олимпийским играм ...
разработка классного часа в начальных классах на тему "Права человека"
Цель: раскрыть понятия «права человека», «права ребенка»; познакомить учащихся с Декларацией...
конспект классного часа для начальных классов
Развивать способность различать и оценивать отношения и поведение с позиций нравственного смысла...
Конспект классного часа для начальных классов «Зимние игры и забавы»
Беседа - игра посвященная зимним играм и забавам....
Разработка классного часа для начальных классов на тему: «Урок доброты на сказочной Цветочной поляне.»
Цели урока Доброты. Воспитывать гармонично развитую личность в каждом ребенке.Воспитывать позитивное мышление.Учить размышлять о разных сторонах жизни и свойствах человеческого характера, способствова...
Презентация к классному часу для начальных классов "Новый год шагает по планете" Презентация в виде игры-путешествия поможет узнать, как встречают Новый год в разных странах мира.
Цель:Познакомить с основными традициями встречи Нового года в разных странах мира.Задачи:1.Познакомить с основными атрибутами и символами Нового года .2.Воспитывать уважение и любовь к нацио...