Дьырыбына Дьырылыатта. Прокопий Ядрихинскай суруйуутунан спектакль сценарийа.
классный час на тему
Дьырыбына Дьырылыатта.
Прокопий Ядрихинскай суруйуутунан спектакль сценарийа.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
dyrybyna_dyrylyatta.docx | 23.36 КБ |
Предварительный просмотр:
МБОУ Хадаар орто оскуолата.
Дьырыбына Дьырылыатта.
Прокопий Ядрихинскай суруйуутунан спектакль сценарийа.
Суруйда Никонова Вера Викторовна.
2009 сыл.
Дьырыбына Дьырылыатта.
Прокопий Ядрихинскай суруйуутунан.
Оонньуур дьоно:
А5алара Арылы Тойон о5онньор-
Ийэлэрэ Кэрэмэс Хотун эмээхсин-
Дьырыбына Дьырылыатта-
Тойон Дьеллуут-
Анды Баалыыр Тойон-
Черкей Етумэх эмээхсин-
Сыралыма Куо-
Сорук Боллур-
Аан Алахчын-
Обот Хабыай-
Тимир Чохчордоон-
Айыы дьоно-
Кыталыктар-
Абааhылар-
Зрзкз-дьэрэкэ о5олор-
Ураhа кѳстѳр. О5оннордоох эмээхсин тэлгэhэлэрэ. Сорук Боллур уол догдорус гына түспүт.
Сорук – Боллур:
Аhуулаа – тан,
Аhуула – тан
Тойон Дьѳллүүт Бухатыыр
Арылы Тойон о5онньор
Кэрэмэс Хотун эмээхсин
Тустуур ини бэйэ5итигэр
Туллук са5а дорообото
Тутаахтааң!
Сорук Боллур обургу
То5о кэллэ диэтэргит
Орто дойду улай ньууругар
Олохсуйан үѳскэбит
Анды Баалыыр о5онньор
Чѳркѳй Ѳтүмэх эмээхсин
Күңңэ булбут күѳрэгэйдэрин
Сэттэ былас сиэрэй
Солко суhуохтаах
Сирэйдээх үчүгэйэ
Сыралыма куо кыыстарын
Муус будул5ан дойдуттан
Тимир Чохчордоон обургу
Күүс ѳттүнэн күтүѳттээн
Уоран-талаан барда,
Баайы-дуолу бараата.
Чэйи, чэй,
Тойон Дьѳллүүт бухатыыр
Онно тиийэн үрүң тыыннарын ѳрүhүйүѳң,
Дурда-хахха буолуоңүhү.
Хоруйдуур тылгын кэтэhэн,
Үстүүр эрэ күлүккэр
Үңэн – сүктэн эрэбин.
Тойон Дьѳллүүт чучугур чуо5ур атын тутан аал уотугар сѳhүргэстээн олорон арыылаах саламаатынан айах тутар:
Дьэ бу!
Дьэ бу!
Дьоллоох уол о5оң
Күн улууhун кѳңүлүн
Кѳмүскүү
Атын дьабын ааттаахтарын
Кытта күрэс былдьаhа
Күѳн кѳрсѳ тэлгэhэбиттэн
Тэйэр күнүм үүннэ.
Тойон эhэкээниэм,
Саргыбын салайан түhэн биэрбэт тѳлкѳлѳѳ,
Охтон биэрбэт оңоhуулаа,
Кэхтэн биэрбэт кэскиллээ!
Эргиллэн кэлиэхпэр диэри
Оттубут уоппун умуруорума,
Суон сүллүгэспин тѳлѳрүтүмэ!
(Сүгүрүйээт, тахсан атынан ойутан барар)
Ураhа турар. Абааhы кыыhа үчүгэй кыыс буолан кубулунан 8 кыыс, 9 уол арыаллаах кѳрсѳн ураhа5а киллэрэр. Этиң этэр, тыас дэлбэритэ барар. Ураhаттан абааhы кыыhа бураллан тахсар. Ат куотар. (Ат туйа5ын тыаhа ).
Дьырыбына Дьырылыатта5а убайын ата кэлэр. Дьырыбына Дьырылыатта ийэлээх а5атыгар кэлэр:
Кѳр бу!
Кѳр бу!
Айбыт Аар Тойон А5аккаам,
Ииппит Күбэй Хотун ийэккээм,
Тойон убайыкаам туhааннаах соно5оhо
Аналлаах ата уңуо5а хардастан
Тириитэ хайдан кэлбит.
Тойон убайбын туора улуус тор5отторо
Умсардылар, ѳлѳрѳн ѳрѳгѳйдѳѳтүлэр быhыылаах.
Дьэ ол иhин кини ир суолун ирдээн,
Тоң суолун тордуу барабыан.
Миигин айаммар тэрийэн ал5аан
Алаhа дьиэбиттэн атаарың диэн
Үс дьүhүлгэн күлүккүтүгэр
Үңэн – сүктэн кѳрдѳhѳбүѳн!
Ийэтэ: Дьэ-hээ
Буо-hуо
Күңңэ тэңниир кэрэ кыыспыт,
Дьырыбына Дьырылыаттаа,
Ыйдаа5ар ыраастык, күннээ5эр күндүтүк
Сэрэнэн-сэлбэнэн сылдьаар
Тойон убайгын абыраа!
А5ата: Кѳр бу!
Кѳр бу!
Саалаахтан самныма,
Охтоохтон охтума
Уу харахтаах утары кѳрбѳтүѳн,
Үрүң санаа кыайа турдун
Дьырыбына ыдьырылыатта,
Кыайан-хотон эргиллээр!
Аан Алахчынмастан тахсар:
Дьэ, буо!
Дьэ-hэ-буо!
Сэттэ былас хаарыс солко
Толбоннурар уhун суhуохтаах
Хара тииңнэри хардарыта уурбут курдук,
Хара дыргыл хаастардаах,
Арылхай сытыы харахтардаах,
Сыыйылла5ас кырыылаах муруннаах,
Обугур чараас уостардаах,
Кэчигир таас тиистэрдээх,
Сэргэх чуор кулгаахтаахдьырыбына Дьырылыатта
Алгыс эрэ аргыстан,
Санааң хоту абылын.
Обот Хабыай(абааhы кыыhа):
Иэхээйикпин, чуохаайыкпын
Иhилим-таhылым,
Күѳрэ-лаңкы
Түңкүр-таңхыр
Дүңүр аңаара дүңүрдээх,
Былаайах аңаара былаайахтаах,
Уда5ан одьунааhайа
Обот Хабыай буолабын.
Хуух-хаах
Хи-хи-хи-хии
Ха-ха-ха-хаа
Хуух-хаах.
Охсуhаллар. Ол сырыттахтарына Дьырыбына Дьырылыатта ох саанан ытар. Илиэhэй уола Тимир Чохчордоон хара буруонан кэлэр.
hа-hа-hа-hаа!
hо-hо-hо-hоо!
Дьырыбына Дьырылыатта!
Кэрэ бэйэ5ин кэhэтиэм!
Үрүң суба5ын хайытыам!
Суhуоххуттан соhуом!
Сокуоннах ойох гыныам!
Дьырыбына Дьырылыатта:
Тойон убайым үрдүк аатын
Быыhыы диэн кэллим.
Илэhиэй уолун, эйигин,
Тимир Чохчордоону
Сиhиңүѳhүн сыйда5ым буоллун!
Тимир Чохчордоон:
Дьэ эрэ!
Хайабыт буолар?!
Мин да ѳлѳрѳр – ѳhѳрѳр
Санаалаахпын!
Дьырыбына Дьырылыатта:
Чээй!
Охсуhуу!
Сыралыма Куо:
Абыраа!
Ыый-ыый-ыыйбыан!
Аай-аай-аайбыан!
Ѳлѳр күнүм кэллэ диэммин
Ытыы-соңуу турбутум
Айыы кыыhа Дьырыбына
Дьырыбына Дьырылыатта
Үрүң күммүн ѳрүhүйдэ!
Улуу махтал буоллунууй,
Уруй-айхал буолла дьэ!
Тойон Дьѳллүүт:
Дьэ, буо!
Орто дойду аналынан
Олох олорор до5оруом
Сыралыма Куо барахсан
Үс саханы үѳскэтиэх
Түѳрт саханы тѳлкѳлүѳх!
Сыралыма Куо:
Дьэ, буо!
Эппит тылың экчи буоллун
Алаhа дьиэни иччилиэх,
Аал уоту оттунуох!
Тѳрѳтѳр о5ону тѳлкѳлүѳх!
Иитэр сүѳhүнү күрүѳлүѳх,
Сыспай сиэллээ5и үѳскэтиэх!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Презентация "Прокопий Устюжский"
Данная презентация рассказываем о Святом Прокопии Устюжском как о прототипе русского Деда Мороза....
Линейка памяти Героя Советского союза Прокопия Ивановича Аврамкова
Мероприятие проводится в рамках культурно-массовой спортивно-оздоровительной и патриотической работы...
Ололар көнөнә байрам сценарийы.
Ололар көнөнә арналған байрам сценарийы....
Бирги класстарга тураскааткан байырлалдын сценарийи "Бичии хогжумчу"
Сценарий посвещения первоклассников ДШИ ...
Белем иленә рәхим итегеҙ! 1-се кластар өсөн асыҡ ишектәр көнөнө байрам сценарийы.
Буласаҡ беренсе кластар һәм уларҙың ата- әсәләре өсөн асыҡ ишектәр көнөнә әҙерләнгән байрам...
Шагаа сценарийи
Класстан дашкаар Шагаа сценарийи...
Путешествие в страну поэзии ненецкого писателя и поэта Прокопия Явтысыя "Зов морошковой земли".
Воспитанники 3 группы совершили необычайное путешествие в страну поэзии ненецкого писателя и поэта Прокопия Явтысыя. Ребята отправились в путешествие по его книге «Зов морошковой земли». Я...