беседа "О5о сынньалан бириэмэтэ"
учебно-методический материал на тему

Шергина Татьяна Анкиевна

Беседа для родителей начальных классов "О5о сынньалан бириэмэтэ"

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon o5o_synnalan_biriemete.doc32.5 КБ

Предварительный просмотр:

О5о күн аҥаара оскуола5а үөрэнэр. Үөрэхтэн ураты бириэмэтигэр ким дьарыктанара, ханна сылдьара ордугуй: төрөппүт дуу, оскуола (эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ) дуу? Ити боппуруоска туох санаалааххытын толкуйдуу олорун. Мин эһиэхэ саха бөлүһүөктэрэ, уһуйааччылара ити боппуруоска туох санаалаахтарын билиһиннэриэм.

О5о тэрилтэ5э иитиллэн киһилии майгыламмат.ха5ыс, тутах майгылаах, өһүргэс буолар куолута. Аныгы үйэ5э төрөппүт о5отун сарылаппытынан илдьэн уу ньирэйиттэн туора дьоҥҥо ииттэрэ биэрэн ийэмсэ5э-а5амса5а суох ха5ыс майгылаах, муус сүрэхтээх көлүөнэ үүннэ. Аны оскуола5а киирэн баран сарсыарда баран баран дьиэтин утуйарыгар эрэ булар. Киһи буолар кэскил – ийэ-а5а сылаас тыыныгар, тапталыгар буолуохтаах. Онтон о5о төрөппүтүн кытта алтыспат буолла5ына өйдөспөт буолуу, чугас сыһыан суох буолар. Улаатан баран кырдьыбыт төрөппүттэрин көрбөт-истибэт о5о ахсаана үксээн иһэр.

Онтон аны дьиэтиттэн тэйбэт, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр дьарыктаммат о5о, төрөппүттэр бириэмэлэрэ тиийбэтиттэн о5ону иитиигэ кыһаллар, бол5омто уурар кыахтара суо5уттан, о5о эрэйдээх син дьон-сэргэ ортотугар оло5у олорор курдук эрээри, дьиҥэр,сир-халлаан икки ардыгар быра5ыллар. Билиҥҥи о5олор элбэх бириэмэни телевизор, компьютер  иннигэр  сүтэрэллэр. Аһара үлүһүйүү буортулаа5ын таһынан, айыл5аттан, хамсаныылаах оонньууттан, кинигэттэн о5ону тэйитэр. О5о телевизор, компьютер иитиитигэр бэриллэр. Ыччат телевизор уонна компьютер иннигэр нэдиэлэ5э ортотунан 16- 20 чааһы атаарар эбит. Уон сыл устата (биэһиттэн уон биэс сааһыгар диэри, атыннык эттэххэ, саамай сайдар, үтүө5э уһуйуллар кэмигэр) о5о телевизорынан ортотунан 13 тыһыынча өлүүнү уонна өлөрүүнү көрөр. Оттон охсуһуулаах, өлөрсүүлээх, уорар-халыыр, күүһүлүүр ньымалары көрдөрөр киинэлэр буруйу оҥорууга, содур быһыыга кө5үлүүллэр, о5о уйул5атын айгыраталлар.

Онон хайдах буолуохха?

Сахалар этэллэринэн киһиэхэ тыыннаах буолар дьулуур уонна сайдар дьулуур баар. Тыыннаах буолар дьулуур уонна сайдар дьулуур тэнитэн ситэрсэн биэрэн, о5ону сөптөөх тосхолго тириэрдэр. Оттон тыыннаах эрэ буолар дьулуур баһыйбыт о5олоро бөлөхтөһө, суксуруһа сылдьан, киксэн, куолаан куһа5аны оҥорорго үлүһүйэллэр. Маннык суолга талаана арыллыбатах, дьо5ура сайдыбатах о5о үктэнэр. Төрөппүт о5ото бу дьо5ура сайдарыгар бол5омтотун ууруохтаах. О5о характерын уратытын, туохха дьо5урдаахтарын билэн, бэйэлэрин салайына үөрэнэллэригэр көмөлөһүөхтээх. О5о5о дьо5уру уһугуннарар быстах ньыманан угуйуу, умсугутуу, бэйэ мындыра, кэтээн көрүү, бар5алааһын, ирдэбил ааттанар. Төрөппүт барыта үөрэхтээх, дьо5урдаах, сатабыллаах буолбат. Онон о5о араас куруһуоктарга, секцияларга, анал үөрэхтээх специалистарга сылдьан дьарыктанара ордук. Онно төрөппүт хайаан да көх-нэм буолан, бириэмэлээх буолла5ына тэҥҥэ сылдьыһан интэриэһиргиэхтээх, көмөлөһүөхтээх.О5о кыра эрдэ5иттэн улаатыар диэри олорор-үөскүүр эйгэтин тургутан көрөн, билинни, быһыыны-майгыны учуоттаан, төрөппүт, иитээчи, учуутал, общество биир хайысханан, сүбэнэн-санаанан үлэлээн эрэ туох эмэ көдьүүстээ5и оҥорор кыахтаахтар.

Чөл оло5у эккэ-хааҥҥа, сиэргэ-майгыга иҥэрии төһөнөн эрдэттэн са5аланар да соччонон түмүктээх. Ол иһин о5о олох киэҥ аартыгар үктэниэр диэри дьиэ кэргэҥҥэ, о5о тэрилтэлэригэр, оскуола5а ситимнээх биир кэлим иитиллиини ылыахтаах.

 Г.С. Попова- Санаайа  Киһитийии сэһэнэ

 С,С, Лугинов  Кэскил дьиэ кэргэҥҥэ түстэнэр

Б.Н.Попов-Барыл5ан Киһи киһиэхэ сыһыана

Триш Маджи Как воспитать счастливого, уверенного в себе ребенка