сценарий новогоднего утренника
план-конспект занятия на тему

Шергина Татьяна Анкиевна

сценарий новогоднего утренника и презентация

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл sanga_dyl_stsenariy.docx24.76 КБ

Предварительный просмотр:

1. Ункуу Зимушка Зима

2.Снеговик киирэр.

Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!

Саҥа саргы саҕаланна,

Саҥа дьыл салалынна!

Үөрүүнү-көтүүнү, ырыаны-тойугу төрдүттэн тутуоҕуҥ.

 

Мин таабырыннарбын таайыҥ эрэ.

Илиитэ да, атаҕа да суох гынан баран, муоста оҥорор үһү. Тымныы

Саас ирэр, кыһын ититэр, сайын сүтэр, күһүн тиллэр баар үһү. Хаар

Уу да ылбата, уот да сиэбэтэ баар үһү. Муус

Биир харыйа уон ордуга икки салаалаах үһү.  Төгүрүк сыл

Кыһын да, сайын да биир өҥнөөх үһү.  харыйа

Елка уота умай, умай

Луҥ, луҥ, луҥ.

Елка уота умай, умай

Ап хомуһун хомулун.

Елка уота умайар

Харыйабыт симэҕэ

Күлүмүрдүү чаҕылыйда

Саҥа саргы саҕаланна

Саҥа дьылбыт салалынна.

Быйылгы дьылбыт элбэх ситиһиилээх ааһан эрэр. Оҕолоор, эһиги элбэх күрэхтэргэ, конкурстарга үгүс ситиһиини ыллыгыт. Үөрэххитигэр эмиэ үчүгэй көрдөрүүнү ситистигит. Билигин оскуола директорыттан Людмила Кимовнаттан туйгуннук, үчүгэйдик үөрэнэр оҕолору эҕэрдэлииригэр көрдөһүөххэйиҥ.

3.Людмила Кимовна этиитэ.

4. Снегурочка киирэр

 Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан күндү оҕолор уонна ыалдьыттар.

Туйаара ырыата

Кулунчук киирэр.

Дорообо, Саҥа дьыл,

Дьол үөрүү аргыстаах,

Ыҥырар сулустаах

Кэллиҥ эн биһиэхэ.

Биһиги эрэлбит,

Инники кэскилбит,

Ырыабыт чугдаардын,

Саҥабыт сатардын,

Дорообо, саҥа дьыл.

Хаарчаана, дорообо.

Дорообо.  Быйыл бэйэн миэстэҕин кимиэхэ биэрэҕиҥ.

Козаҕа.

Коза киирэр

Үргэл сулус сирдьиттэнэн,

Араҥас сулус аргыстанан,

Үрүҥ туман миҥэлэнэн,

Кыыдаан дьыбар кымньыыланан

Саҥа саргы үүнэн эрэр,

Саҥа дьылбыт кэлэн иһэр.

Бөрөлөр киирэллэр

Хайа бу туох сыта баарый

Кулунчук дии, коза  дии. Аһыахпын наһаа баҕардым. Аччыктаатым аҕай дии. Дьэ аһыыр-сиир буоллубут. Дьиэбитигэр илдьэ барыаххайын.

Бөрөлөр козаны, кулунчуг, снегурочканы илдьэ бараллар.

Ат киирэр.

Мин кулунчукпун сүтэрэн кэбистим. Ким эмит көрдө дуо.

 Ат ытыыр олордоҕуна Снеговик киирэр

- Хайа тоҕо ытаатыҥ Ким атаҕастаата

- Кулунчукпун бөрөлөр илдьэ барбыттар.

- Көрдүү баоыахха

- Хайа бу хайа дойдуга тиийэн кэллибитий Куукулалар дойдуларыгар тиийэн кэллибит дии. Киирэн көрүөххэ

1 кылаастар

Дьэгэ Баабалар  киирэллэр.

Үүнэн иһэр саҥа дьылынан. Саҥа дьылбытын үөрэн-көтөн, ыллаан-туойан көрсүөҕүҥ.

Оонньуу ыытыы

Кулунчук, коза, снегурочка, бөрөлөр көстөн ааһаллар.

Коза сүүрэн киирэр.

  _ Мин козленокпын көрдүгүт дуо Оонньуу баран баран сүтэн хаалла. Хантан буларым буолла.

Снеговик, ат киирэллэр.

-Хайа тугу гына сылдьаҕын

-козленокпын көрдүү сылдьабын. Эһиги көрдүгүт дуо

-Суох. Биһигини кытта көрдүү барыс

-Хайа бу ханнык дойдуга кэллибит. Манна киирэн көрдүөххэйиҥ. Уолт Дисней  дии.  

4 кылаастар Мультик геройдара

9. Ковбойдар  киирэллэр.

Ылыҥ даа, оҕолор,

Ылсыаҕын илииттэн,

Көрүдьүөс оонньуута

Кеҕулээн иһиэҕин.

 Оонньуу ыыталлар.

Снеговик, ат, коза киирэллэр.

-Хайа бу ханнык дойдуга кэллибит.  Манна киирэн ыйыталаһыаххайыҥ.

Сэргээн, истиҥ

Кулгааххытын чөрөтүн

Остуоруйа дойдутуттан

Кэллилэр ыалдьыттар.

10 2 кылаастар  саарыстыбалара

Эмээхситтэр киирэллэр.

- Көмнөх хаарбыт анныттан

Көрдөөх-нардаах дьылларбыт

Күөрэйэн көтөн кэлиитигэр,

Күлэн-оонньоон көрсүөҕүн.

Оонньуу ыыталлар.

11. Снеговик, ат, коза киирэллэр.

Саҥа дьылбыт чугаһаан иһэр да козленокпытын, кулунчукпутун булумаары гынныбыт. Ханнык эрэ королевствоҕа кэллибит. Наһаа да үчүгэй дойду быһыылаах. Ыалдьыттаан, сынньанан ааһыаххайын.

12. 3 кылаастар 

13. Снеговик, ат, коза киирэллэр.

-Тымныы да буолла. Дед Моруоспут дойдутугар кэллибит быһыылаах.

Хаарчааналар үҥкүүлэр

Оҕолоор, бары Тымныы оҕонньорбутун ыҥырыаххайыҥ эрэ.

Киммит ата тыбыырталыыр?

Ким сыарҕата сырылыыр?

Киммит хааман кыычырҕатар?

Киммит  ааны  тоҥсуйар?

Торуоската тос-тос тыаһаан

Тиийэн кэллэ Дед Мороз

Үчүгэйдиир үйэлэрбит

Үүнэн тахсан кэлиитигэр,

Үмүөрүһэн тураммыт,

Үөрэн-көтөн көрсүөҕүн.

14. Дед Моруос, Саҥа Дьыл киирэллэр.

Эдэр дьон, эһиэхэ,

Истиҥ эҕэрдэ  буолуохтун.

Эрдэ туран тиэтэйэммин

Тиийэн кэллим бүгүн мин.

Кунду оҕолор, учууталлар, ыалдьытар. Эһигини барыгытын үүнэн иһэр саргылаах саҥа дьылынан, 2015 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Баҕарабын бу үүнэр сылга үтүө доруобуйаны, туйгун үөрэҕи, улэҕэ үрдүк ситиһиилэри, үгүс үөрүүнү-көтүүнү.  Мин үгүс сирдэри көрөн,  ыалдьыттаан аастым. Ракетанан айаннааммын Күн куоратыгар сырыттым,  көбүөр самолекка олорон Остуоруйа дойдутугар таарыйдым, кыһыл көмүс балыкчаанныын аргыстаһан уу саарыстыбатыгар киирэ сырыттым. Онтон ытынан, табанан айаннаан бу эһиэхэ сиэн уолбунаан тиийэн кэллим.

 Саҥа Дьыл хоһоон ааҕар.

Эргичийдэ хоровод,

Чуор ырыа дьиэрэйдэ.

Саҥа дьылбыт сандаарда,

Елкабыт киэркэйдэ.

Кылбачыйар, килбэчийэр

Хас биирдии иннэтэ,

Музыкабыт кутуллар,

Елкабыт киэркэйэр.

Эһээбит манна олорон сынньан. Билигин биһиги бэйэбит ырыабытын-тойукпутун бэлэхтиэхпит.

15. Муз нүөмэрдэр

Чэ, анны бары хороводтуоххайыҥ.

Саҥа дьылбыт сандаарда,

Елкабыт киэркэйдэ.

Эргийдэ хоровод,

Чуор ырыа дьиэрэйдэ.

Хоровод.

 -Ырыаҕыт-тойуккут иһин баһыыбаларыҥ. Барыгытын үүнэн иһэр саҥа дьылынан, саҥа дьолунан эҕэрдэлиибит. Уонна бэйэм аҕалбыт бэлэхтэрбин туттарабын.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сценарий новогоднего утренника "Новогодний карнавал"

Разработка новогоднего утренника для учащихся 3-4 классов...

Авторская разработка.Сценарий новогоднего утренника "Новогодняя сказка"

Очень интересный сценарий, в котором задействованы герои  добрых русских сказок....

Сценарий новогоднего утренника: «Новогодние приключения».

Сценарий новогоднего утренника: «Новогодние приключения»....

Сценарий новогоднего утренника: «Новогодние приключения».

Сценарий новогоднего утренника: «Новогодние приключения»....

Сценарий новогоднего утренника для начальной школы:" Новогодняя сказка".

Сценарий новогоднего утренника для начальной школы....

Сценарий новогоднего утренника "Приключения у новогодней ёлки"

Цель: создать условия для развития творческих способностей у младших школьников через активную деятельность при подготовке к новогоднему празднику.Задачи:развитие творческих способностей,во...

Сценарий новогоднего утренника для 1-х классов "Новогодняя сказка"

Познакомить детей с традициями проведения новогоднего праздника.Способствовать воспитанию у учащихся чувства уважения к истории своей страны, её традициям.Содействовать формированию дружного школьного...