Урок якутской литературы "Илья Дорофеевич Винокуров-Ча5ыл5ан "Дьокуускай урдунэн" хоhооно"
учебно-методический материал (3 класс) на тему
Уруок сыала-соруга:
-Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан олоҕун, айар үлэтин билсии, поэт “Дьокуускай үрдүнэн” хоһоонун ааҕыы, ырытыы; «Үргүөрүн үрдүгэр», «кэрдиитин иһигэр», «тунаара Туймаада» хочону хоһуйан ойуулааһыны ырытыы.
-ааҕыыга интэриэһи тардыы, сайыннарыы; өйгө оҥорон көрөр дьоҕуру сайыннарыы, ырытар,сыаналыыр тылы-өһү туттуу.
- тулалыыр эйгэҕэ болҕомтолоох буоларга иитии, литература искусство биир көрүҥэ буоларын болҕойуу.
Уруок тиибэ: саҥаны билии.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
urok_yakutskoy_literatury.docx | 16.4 КБ |
Предварительный просмотр:
Төрөөбүт саҥабыт. 3 б кылааска аһаҕас уруок. Сэтинньи 19 күнэ. Дьокуускай куорат 23-с №-дээх орто оскуолата.
Уруок тиэмэтэ: Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан “Дьокуускай үрдүнэн” хоһооно.
Уруок сыала-соруга:
-Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан олоҕун, айар үлэтин билсии, поэт “Дьокуускай үрдүнэн” хоһоонун ааҕыы, ырытыы; «Үргүөрүн үрдүгэр», «кэрдиитин иһигэр», «тунаара Туймаада» хочону хоһуйан ойуулааһыны ырытыы.
-ааҕыыга интэриэһи тардыы, сайыннарыы; өйгө оҥорон көрөр дьоҕуру сайыннарыы, ырытар,сыаналыыр тылы-өһү туттуу.
- тулалыыр эйгэҕэ болҕомтолоох буоларга иитии, литература искусство биир көрүҥэ буоларын болҕойуу.
Уруок тиибэ: саҥаны билии.
Уруок хаамыыта:
1. Тэрээһин түгэнэ.
-Оҕолор, билигин Төрөөбүт саҥабыт уруога. Бүгүҥҥү уруокка биһиги саҥа хоһоону ааҕыахпыт.Ол хоһоонтон саҥаҕа, кэрэҕэ үөрэниэхпит.
Чопчу ыйытыылырынан бэсиэдэ.
2. Саҥаны, сонуну ылыныы.
---Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин билиһиннэрии.
-Саха норуотун чулуу поэтын олоҕун, айар үлэтин билиһиннэриэҕэ Федотова Сандаара.
---Бары суруйааччылар, поэттар төрөөбүт сирдэрин, дойдуларын хоһоонноругар хоһуйан суруйаллар.
-Биһиги үөрэнэр, олорор сирбит, турар сирэ ханнык куоратый? (Дьокуускай куорат)
-Ким Дьокуускай куоракка төрөөбүтэй?
Айымньыны ааҕыы. Ырытан, толкуйдаан ыйытыыларга эппиэт.
Биһиги төрөөбүт дойдубут- Дьокуускай куорат.Ол курдук Илья Дорофеевич Винокуров олорбут, үлэлээбит сирэ-Дьокуускай куорат.Кини Дьокуускай туһунан «Дьокуускай үрдүнэн» диэн хоһоон суруйбут. Кинигэбитин 60 стр арыйабыт. Бастакы куплеты ааҕар үөрэнээччи.
Өлүөнэ эбэккэм үргүөрүн үрдүгэр,
Кэрискэ бырааным кэрдиитин иһигэр,
Тунаарар Туймаадам туманын киинигэр
Туругуран тураҕын Дьокуускай куоратым!
-Бу кэрчиктэн тугу өйдөөбүппүтүн кэпсэтиэҕиҥ эрэ. Дьокуускай куорат ханна турарый?
(Өлүөнэ өрүс кытылыгар, Туймаада хочотугар, бу Туймаада хочото бырааннаах эбит.Ол иһигэр биһиги куораппыт турар эбит.)
-Иккис куплеты ааҕыы.
Күннэри-түүннэри эн үрдээн, тэнийэн,
Эн тутууҥ, собуотуҥ тыаһынан ньиргийэн,
Күлүмэх күүскүнэн өрүтэ күүрэҥҥин,
Туругуран тураҕын, Дьокуускай куоратым!
-Биһиги куораппытыгар дьоҥҥо, оҕоҕо аналлаах ханнык миэстэлэр баалларый?
( Араас сынньанар, күүлэйдиир сирдэр бааллар: Культура парката, Ойуунускай аатынан Саха театра, Пушкин аатынан нуучча театра, Опера уонна Балет театра, Үүнэр көлүөнэ театра уо. д. а. Араас спортивнай тутуулар: “Чолбон”, “Долгун” бассейннар, “Модун”, “Чэбдик” уо.д. а. Спортивнай комплекстар. Куораппытыгар баар эбит собуот, араас тутуу. Сылын аайы саҥа .дьиэлэр тутуллаллар. Саҥа дьиэ матырыйаалын оҥорор собуоттар үлэлииллэр)
-Ол аата биһиги куораппыт үүнэ, сайда, туругура турар эбит.
-Үһүс куплеты ааҕыы.
Күлүм күн анныгар күөгэйэ муҥутуур
Үөскээбит Ийэ сир дьолугар туругур!
Үйэттэн үйэҕэ киэркэйэн үүнэ тур,
Эн, үрдүк аналлаах Дьокуускай куоратым!
-Эһиги Дьокуускай куоракка олороҕут, үөрэнэҕит. Куораппыт хайдах буолуон баҕараҕытый? ( Ыраас уулуссалардаах, сибэккилээх болуоссаттардаах, саҥа үрдүк дьиэлэр үксүү туруохтарын баҕарабыт.)
- Поэт Илья Дорофеевич Дьокуускай куораппытыгар үчүгэй баҕа санааны эппит эбит. Манна олохсуйан олорор араас омук дьоно куораппытын киэргэтэн, сайыннаран киһи-аймах олоҕо тупсарын туһугар бары үлэлии-хамсыы, үөрэнэ сылдьабыт.
-Үрдүк аналлаах Дьокуускай диэни хайдах өйдүүгүтүй? ( Үрдүк анал диэн үтүөҕэ үөрэтэр, холобур буолар, кэрэҕэ тардар аналлаах. Сахабыт сирин дьоһун аатын ааттатар, ытык кырдьаҕас куораппыт бу Дьокуускай куорат буолар.)
-Дьокуускай инники дьылҕата биһигиттэн эмиэ тутулуктаах.
Түмүк санаалары этии.
--- Онтон, оҕолоор, биһиги оскуолабыт ханна турарый? (Дьокуускай куорат киинигэр. Поярков уулусса иккитигэр.)
-Бүгүн биһиги оскуолабытыгар бырааһынньык. Туох бырааһынньыга буола турарый? (Оскуолабыт аҕыс уон сааһын бэлиэтиир үбүлүөйэ.)
-Оскуолабытыгар биһиги баҕа санааларбытын этиэххэйиҥ!
( Биһиги оскуолабыт мэлдьи ыраас, кыраһыабай буоллун.Үчүгэй кыһамньылаах үөрэнээччилэрдээх, үтүө учууталлардаах буоларыгар баҕарабыт.)
-Үүнэ, сайда тур күндү ытыктыыр оскуолабыт!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
урок якутского языка 3 класс
материал к уроку по якутскому (родному) языку...
календарное планирование уроков якутского языка в 3 классе
материал состоит из пояснительной записки и тематического планирования по дням...
Презентация "Сана чааhа" для уроков якутского языка
Презентация "Сана чааhа" электронный плакат для показа учителем на уроках якутского языка....
Презентация для уроков якутского языка "Этии"
Презентация к урокам якутского языка на уроках открытия нового и на уроках закрепления пройденного....
Мультимедийное пособие «От буквы к букве» к уроку якутского языка в 1 классе
В данной статье говорится об использовании мультимедийного пособия "От буквы к букве" на уроках якутского языка в 1 классе....
План урока по литературному чтению на якутском языке. Тема урока: Николай Якутскай «Дьукаахтыылар».
План урока по литературному чтению на якутском языке. Н.Г. Золотарев-Якутский "Дьукаахтыылар"...
Использование мультимедийных презентаций зрительных диктантов по методике И. Т. Федоренко на уроках якутского языка
Использование мультимедийных презентаций зрительных диктантов по методике И. Т. Федоренко на уроках якутского языка ...