Василий Алексеев - лирик-поэт
материал на тему

Федорова Анастасия Алексеевна

Василий Андреевич Алексеев 1949 сыллаахха муус устар 8 кунугэр Уеьээ Булуу улууьун Кырыкый нэьилиэгэр Ирина Спиридоновна уонна Андрей Васильевич Алексеевтар дьиэ кэргэннэригэр биэс о5оттон иккис о5онон кун сирин кербутэ. Исидор Барахов аатынан Дуллуку сэттэ кылаастаах оскуолатын бутэрбитэ.

Дьокуускайдаа5ы арыы собуотун маастардарын бэлэмниир оскуола5а уерэнэн, уон алта сааьыттан улэьит буолан, Таатта арыы собуотун маастарынан улэтин уьун суолун са5алаабыта. Манна тапталын Тыараьа кыыьа Катя Эртюкованы керсен, ыал буолан олохтоохтук оностон Черкееххе олохсуйбута. Ус уол, икки кыыс о5оломмуттара.

Кини айар тыл абыланар, уран тыл умсул5аныгар адьас кыратыттан ылларыллыбыта. Маннайгы хоьоонун 1961 сыллаахха Дуллуку оскуолатыгар алтыс кылааска уерэнэ сылдьан суруйбута. 1972 сылтан бэчээттэнэр буолбута. 1976 сыллаахха «Уктэммэтэх урдэллэр» диэн бастакы кинигэтэ тахсыа5ыттан нарын тыллаах, иьирэх иэйиилээх лирик поэт быьыытынан саха аа5ааччытыгар биллэн барбыта. Онон 17 сыл буолан баран 1993 сыллаахха «Кун анна туналга сууланна»  уонна «Талыы, талба Таатта5а» диэн икки кинигэтэ субуруччу тахсан дьону соьуппута. Дьэ онтон ессее «Судаарыскай» (1994) хоьоон-сэьэнэ, «Тапталым уота уостума» (1995), «Умсул5ан» (2009) барыта а5ыс кинигэтэ бэчээттэммитэ.

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл доклад 29.33 КБ

Предварительный просмотр:

«Уеьээ Булуутээ5и уерэх управлениета»  МТ «Кырыкый сурун оскуолата»

Кырыкый библиотеката

«Дорообо алааьым барахсан»

 Василий Андреевич Алексеев аатыгар улуустаа5ы НПК

Василий Алексеев айымньыларыгар

 ойууламмыт тереебут сирэ-дойдута

Толордо:  Кырыкый сурун оскуолатын

 начальнай кылаас учуутала

Федорова Анастасия Алексеевна

Кырыкый, 2011

Киирии

Василий Андреевич Алексеев 1949 сыллаахха муус устар 8 кунугэр Уеhээ Булуу улууhун Кырыкыйыгар тереебутэ –айыл5а, булт, сир аhын саамай ортотугар уескээбитэ. Ол эрээри онтон сэттэ кылааhы бутэрээт арахпыта – Якутскайдаа5ы арыы заводун маастардарын бэлэмниир оскуоланы 16 саастаа5ар бутэриэ5иттэн Таатта оройуонугар арыы заводун маастарынан улэлээбитэ. Дьолун булан,Таатта кыыhын кэргэн ылан,  беден хаhаайыстыбалаах ыал бэрдэ буолбута…

Василий уонтан эрэ тахса саастаа5ар кутуетун кытта кусту барса сылдьан ойуурга мунан алта хонон турар, онно кур отону, делуhуону ининсиэн тыыннаах ордубута. Кыра киhи ыам ыйынаа5ы тымныы тууннэргэ халтан танаhынан теhе эрэ тонно, аччыктаата, ыас харанаттан, ол-бу тыастан – уустан теhе эрэ куттанна, этэ саласта! Дьон бе5е араас хайысханан кердеен сордоммута, самолеттар-вертолеттар уеhэнэн – алларанан кетен далланнаспыттара да булбатахтара. Хас кеhунэн, ханан-ханан эргийбитэ биллибэт – сэттис кунугэр сыккырыыр тыына эрэ ерускэ тахсан кэлбит уонна чопчу кердуу сылдьар дьонно тубэспит, менуехтэрэ диэн куотаары суурэ сатаабыт да, сэниэтэ эстэн охтон туспут. Ме5уехтэрэ дуо, о5о кестубут диэн уеруу бе5ете буолбуттар. Дьинин ыллахха, ессе ол кун араначчылыыр айыл5атыгар махталлаах  саха биир талааннаах поэта булуллубут эбит!

Василий Алексеев айымньыларыгар

 ойууламмыт тереебут сирэ-дойдута

        Хас биирдии киhиэхэ тереебут дойдута саамай кунду, саамай кэрэ буолар. Саха киhитэ тереебут сирин дойдутун Кун сирэ, Айыы дойдута диэн ааттыыр. Кини  тереебут дойдутугар тапталын хоhоонно хоhуйар, ырыа5а ыллыыр, олонхо5о ойуулуур.  

Ол курдук биhиги биир дойдулаахпыт, поэт Василий Алексеев тереебут дойдутугар тапталын хоhооннорун нонуе истин иhирэх тылларынан дьонно-сэргэ5э тириэрдэр. Кини хоhоонноро хас биирдии киhиэхэ тереебут дойдуга тапталы инэрэр суолталаахтар.

Василий Алексеев поэзиятыгар айыл5аны хоhуйуу темата биир сурун миэстэни ылар. Поэт тереебут дойдутун кэрэтэ, алаастарын аата, айыл5аны хоhуйбут хоhоонноругар рифма5а сеп тубэhэн киирсэн, кестен ааhаллар. Кини  уескээбит Куо5астаах сайылыга Бахымах диэн алаас кытыытыгар баара. Теhе да кини тереебут дойдутуттан тэлэhийэн, ыраах ыырданан бардар, тереебут – уескээбит сирин мэлдьи ахта – саныы сылдьара. Ол ахтыл5анын хоhоонноругар хоhуйара.  Ол курдук, тереебут сирин айыл5атын  уран тылынан олус ис-киирбэхтик итиэннэ сурэ5и быары иьинэн киирэр курдук . Кырыкыйын сирин-дойдутун, дьонун – сэргэтин тустарынан урдук иэйиилээх элбэх хоhооннору суруйбута.

Поэт тереебут дойдутугар анаабыт айымньыларыттан биир сурун миэстэни  кыракый о5о сааhын суурэн-кетен, оонньоон улааппыт алааhыгар. Бахымахха анаммыт хоhоонноро ылаллар.

Биирдэ эмэ,

Биирдэ эмэ,

Биhирэмнээн

Биирдэ эмэ.

Бахымахха – биhикпэр,

Баар-суох диир кунду сирбэр.

Ахтыл5аммын таhаара,

Анаан-минээн

Аат-ааттаан

Тиийбит киhи,

Тиийбит киhи!

Василий Алексеев «Уктэммэтэх урдэллэр» (1976) диэн хоhооннорун бастакы кинигэтигэр «Бахымах тууннэрэ» диэн хоhооно киирбитэ. Бу  хоhоонугар поэт тереебут дойдутугар ахтыл5ана, таптала уонна алааhын сайынны нуурал туунун кэрэтэ туойуллар:

Куех чаран арыыта, тулата

Куерэгэй ырыата чуорааннаах –

Эhэлээх эбэккэм дойдута

Эриэккэс сир бара Бахымах!

Урун туун ункуутун кэрэхсии,

Утуекэн кыыс о5о нарына, - ,

Ахтыл5ан ырыатын ыллыыра.

Василий Алексеев тереебут дойдутугар ахтыл5анын таhаара сыл ахсын дьонун илдьэ Кырыкыйга кэлэн барара. Теhе да а5ыйах хонукка кэлэн бардар, кини хайаан да тереебут уескээбит алааhыгар Бахымахха таарыйан ааhара. Кини тереебут дойдутун салгынын э5ирийэн, бултаан-балыктаан терут буоруттан куус – уох ылан, о5о сааhын санаан,  астына-дуоhуйа сынньанан барара. Ол туhунан  «Улуу бэлэх», «Эбэм ете5ер», «О5о сааhым алааhа», «Телкем туспут алааhа», «Отехпер», «Дорообо, алааhым хатына» диэн хоhоонноругар хоhуллар.

Уйэ анара саастаах киьи

Уктэнэбин тереебут буорбар,

Теннердербун кэми-кэрдииьи

Тугэннэ да бэйэм туьабар.

Кербут киьи ньии, о5о сааспын,

Ата5ым суолун уулусса5а.

Айыыта суох ыраас харахпын… (Улуу бэлэх)

        Тереебут дойдутун туhунан хоhоонноругар поэт айыл5аны кытта сурдээх сибээстээ5э, айыл5аны ытыктыыра, харыстыыра кестер. Сорох  хоhоонноругар кини айыл5атын кытта кэпсэтэр, оту-маhы, кетеру-суурэри кытта тэннэ уерэр-хомойор.

Оруу маннык кэлэммит

Уерэр –кетер буолуохпут,

Ахтыл5аннын билэммит

Ааккын ере тутуохпут.

Ийэ дойдутун кэрэ айыл5атын таптыыр, кэрэхсиир буолан, хас биирдии тереебут дойдутун туhунан хоhоонноругар Василий Алексеев истин иэйиитэ, нарын таптала, куустээх  ахтыл5ана кестер. Кини тереебут дойдута хайдахтаах курдук баайын, кыраhыабайын ойуулаан, уустаан-ураннаан аа5ааччыларыгар тириэрдэр. Кини хоhоонноро киhи этин сааhын быыhынан музыка курдук сыыйыллан киирэллэр.  

 «Телкем туспут алааhа» диэн хоhоонугар Василий Алексеев тереебут дойдутуттан куорсун анньынан киэн сиргэ кеппутун туhунан суруйар. Манна поэт о5о сааhын ахтыл5ана, эбэтин, эhэтин таптала, бастакы булдун уеруутэ этиллэр. То5ус уоннаах о5онньор буолуохпар дылы эргиллэн кэлэ туруом диэн ба5а санаалаах эбит. Хомойуох иhин бу ба5а санаата туолбата, ол эрэн кини тереебут дойдутугар таптала хоhоон буолан келуенэттэн келуенэ5э бэриллэн иhиэхтэрэ.

Василий Алексеев  биhигин ыйаабыт дойдутун олус ахтар, кундутук саныыр киhи этэ: елбутун кэннэ сырдык дууhата  тереебут алааhын урдунэн тыал буолан хайаан да кырыйа кетен ааста5а буолуо... Манна кинини ахталларын, саныылларын, кини кинигэлэрин кэлэр келуенэлэр аа5алларын тухары кини иэйэр куойар дууhата алааhын урдунэн сылаас сиккиэр буолан ил гынан иэдэскэ охсуллан ааhа туруохтун: этэ сиинэ буору кытта буор буолтун да иhин, дьиннээх поэт кута-сурэ хаhан да елбет аналлаах.  

Тумук

Хас биирдии киhи, саха буоллун, нуучча буоллун,  ханна да тереетер тереебут дойдутугар таптала сурэ5эр – быарыгар елбет-суппэт дьикти иэйии буолан инэ сылдьар.

Биhиги биир дойдулаахпыт Василий Алексеев тереебут дойдутуттан теhе да ырааттар, куруутун ахта-саныы, суохтуу сылдьара.  Киниэхэ тереебут дойдутутугар ахтыл5ана сурдээх куустээх, сурдээх истин иэйиилээх эбит. Ол барыта кини суруйбут, хоhуйбут хоhоонноругар ойууланар.

Кини  хоhоонноро  тереебут дойдуну ытыктыырга. харыстыырга, тереебут дойдуга  бэриниилээх буоларга уерэтэр.

Дорообо, алааьым хатына!

Тереебут алааска

 Теннубут бу часка –

Утуекэн до5орум,

Yер – кет эн, сурэ5им.

Кер манна дьэргэлгэн

Кердеехтук ункуулуур,

Куел унуор куерэйэн

Кун кулэн мучуннуур.

Учугэй, учугэй

Yескээбит алааьым.

Дорообо, сэгэттэй,

Долгун куех хатыным.

Туьаныллыбыт литература:

  1. Алексеев В. Yктэммэтэх урдэллэр. Якутск, кН. Изд-во, 1976
  2. Алексеев В.А. Кун анна туналга сууланна. Стихи. Ассоциация «Литератор Якутии». Якутск, 1993
  3. Алексеев В.А. Тапталым уота уостума. Якутск, 1995.
  4. Алексеев В.А. Алаас тыала буолуохпут: таптал туьунан хоьооннор /Василий Алексеев; (хомуйан онордо, эрэдээксийэлээтэ С.Т Руфов). – Дьокуускай: Бичик, 2009
  5. В. Алексеев. Лиирикэ: Хоьооннор. /Василий Алексеев; (хомуйан онордо уонна ред С. Руфов). – Дьокуускай: Бичик, 2004


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Могут ли дружить мальчик и девочка? Исследовательская работа ученика 2 класса Горшкова Алексея

Можно ли мальчику дружить с девочкой? Странно и обидно, не некоторым ребятам всё ещё приходиться сталкиваться с насмешками, злобным хихиканьем, если заметят, что мальчик несёт портфель девочки, з...

Сергей Алексеев "Горячие гильзы"

Последний обобщающий урок в цикле уроков по данному произведению. Будет интересен учителям начальных классов при изучении данного произведения, на внеклассном чтении, при беседах с детьми о Великой От...

Презентация Н.А.Алексеев

Презентация посвящена московскому городскому голове Н.А. Алексееву....

Урок внеклассного чтения. С.П. Алексеев "Генерал Федюнинский".

Урок внеклассного чтения по рассказу о Великой Отечественной войне С.П. Алексеева "Генерал Федюнинский". Развитие восприятия учащимися в качестве жизненных ценностей малой родины – города, в кот...

Экскурсия в дом царя Алексея Михайловича в Коломенском

Фотоотчёт об экскурсионной поездке в дом царя Алксея Михайловича. что в Коломенском...

Продолжение проектной работы Куликова Алексея "Азбука в загадках"

В этом материале представлено продолжение работы Куликова Алексея "Азбука в загадках"...

Проектная работа обучающегося 1 класса Куликова Алексея "Азбука в загадках" ( буквы от ч до я)

В этой работе представлено продолжение проектной работы Куликова Алексея "Азбука в загадках ( буквы от ч доя"...