Сборник стихов П.Н. Тобурокова, как средство изучения языков
методическая разработка по иностранному языку (1, 2, 3 класс)
В данном сборнике мною разработаны лексико-грамматические упражнения к стихам якутского писателя П.Н. Тобурокова. Стихи переведены с якутского на английский язык. Данным пособием могут воспользоваться воспитатели в детских садах, учителя для внеклассной работы, педагоги дополнительного образования и сами школьники.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
stihi_toburokova.docx | 921.13 КБ |
Предварительный просмотр:
Күнү кытта оонньуубут.
Күнү быһа биһиги
Кими кытта оонньуубут?
Күнү быһа биһиги
КҮНҮ кытта оонньуубут!
We Play With the Sun
What do we play with
The whole day long?
The whole day long
We play with the Sun!
Эрдэ турбут оҕолор
Эрдэ турбут оҕолор
Элбэхтик да оонньууллар
Хойут турар оҕолор
Куоттараахтаан ытыыллар.
Сhildren who get up early
Play outdoors much,
Children who get up late
Cry because they don’t.
Кинигэ
Бэҕэһээ чугас лааппыттан
Мин саҥа кинигэ атыыластым,
Аҕыйах лииһи ааҕаатын
Аһыырбын умна ыллардым.
A Book
Yesterday in the shop
I bought a book of new,
Having read pages a few
I forgot even to eat.
Буквалар оонньууллар
Буквалар – кыргыттар
Буквалар – уолаттар
Сорохторо мэниктэр
Сорохторо көрсүөлэр.
Буквалар – оҕолор
Оонньуулларын таптыыллар,
Хам-бааччы олорботтор,
Көрүлүүллэр, ыллыыллар.
Letters Play
Letters are as girls,
Letters are as boys.
Some are naughty,
Some are modest.
Letters are as children,
They like to play
And don’t sit still
Have fun and sing.
Улаатарым буоллар мин
Улаатарым буоллар мин
Оскуолаҕа барыах этим,
Кинигэбин, тэтэрээппин
Киртиппэккэ тутуох этим.
When I Become Bigger
When I become bigger
I will go to school
I’ll keep my books and copy-books
Very clean and neat.
Хатыҥ
Ырыаҕа ыллламмыт,
Хоһооҥҥо холбоммут
Маҥанчаан хатыҥым
Мааныгын даҕаны!
Birch Tree
Sung in the song
Written in the poem
My white birch-tree
You are so elegant!
Биир
Биир диэн тугуй?
Биир диэн биир:
Доҕоро да суох,
Туга да суох,
Ханыыта да суох,
Ханныга да суох,
Соҕотох.
One
One. What is it?
One is one:
No friends.
Nothing is.
Alone.
Үс
Биир эһэ
Кэппит куобах бэргэһэ,
Иккис эһэ
Кэппит кырса бэргэһэ,
Үһүс эһэ
Кэппит саһыл бэргэһэ.
Барыта хас эһэний?
Барыта хас бэргэһэний?
Three
One bear
Put on a cap of hare,
The second bear
Put on a cap of sable,
The third bear
Put on a cap of fox.
How many bears?
How many fur-caps?
Түөрт
Күһүн буолан мутукча
Көмүс курдук саһарда;
Кыһын кэллэ, тымныйда,
Кырыа ойуур утуйда;
Саас харалдьык таҕыста,
Сандал күммүт сылыйда;
Сайын куйаас да куйаас,
Сөтүөлүүргэ уу сылаас!
Күһүн, кыһын, саас, сайын –
Түөрт кэмҥэ олордубут,
Ааҕыҥ эрэ барытын,
Бүтүн сылы толордубут.
Four
Yellow autumn has come
And trees become golden;
Cold winter has come,
Frozen forest falls asleep.
Warm spring has come,
The sun shines brightly.
Hot summer has come,
Water is fine to go to swim.
Autumn, winter, spring and summer –
We have lived in four seasons,
Please, count them all,
The whole year is over.
Биэс
Биир илиибэр тарбаҕым
Билэҕин дуо хастарын?
Бастакыта – ылгыным,
Иккис тарбах – аата суох,
Үһүс тарбах – ортоку,
Төрдүс тарбах – сөмүйэ,
Бэһис тарбах – эр бэрдэ
Эрбэх бөҕөс бэйэтэ!
Биэс тарбаҕым иллээхтэр,
Биир үтүлүк дьиэлээхтэр,
Бэһиэн бииргэ оонньууллар,
Биирдэ да охсуспаттар.
Five
Fingers on one hand
Do you know how many?
The first is a little finger,
The second finger is nameless,
The third is the middle,
The fourth finger is the index,
The fifth is a thumb,
The strongest is itself.
Five fingers are friends
One mitten is their house,
All play five
One does not even fight.
Сэттэ
Бэнидиэнньик –
Бэрт да күн,
Биэртэ маамам бирээнньик,
Оптуорунньук
Онтон ордук –
Оонньообутум уһуннук,
Сэрэдэҕэ
Кирээдэҕэ
Уу кутустум хаппыыстаҕа,
Чэппиэргэ
Эдьиийбиниин бииргэ
Сырыттым күөх ойуурга,
Бээтинсэҕэ
Киинэҕэ
Витя уоллуун барсыбытым.
Субуотаҕа
Оскуолаҕа
Оонньуу көрө тахсыбытым.
Баскыһыанньа – сынньалаҥ,
Баскыһыанньа – бу бүгүн,
Тиэтэйбэккэ холбоон ааҕын –
Нэдиэлэҕэ сэттэ күн.
Seven
Monday –
What a nice day,
Mom treated me a gingerbread.
Tuesday –
Better than Monday;
I played the whole day long.
On Wednesday
Watered the cabbage
On the patch.
On Thursday
I went for a walk
In the forest with my sister.
On Friday –
I went to the cinema
With Vanya, friend of mine.
On Saturday –
I was at school
To see the concert.
Sunday – is the day off
Sunday is today.
Now please, don’t be in a hurry and
Read again all the days of the week.
Танюша туһунан
- Танюша сиэникээм,
Танюша биэбэкээм,
Чааскыта сууйсуһууй,
Ыскаапка уурсуһууй!
- Шоколад биэрдэргин
Сууйсуһуох этим син.
About Tanusha
My granddaughter Tanusha,
My little dear Tanusha,
Help me please to wash the cup
And put them on the shelf!
If you give me a chocolate, Granny,
I’ll help you to do it may be!
Ытанньах герой буолбат
Кутуйахтан куттанаахтаан
Куота-куота ытыыр оҕо,
Баҕачаантан соһуйбахтаан
Маккыраччы ытыыр оҕо
Моряк буолбат,
Лётчик буолбат,
Герой буола улааппат.
Cry-Baby Won’t Be a Hero
A child who’s afraid of mice
And crying runs away very fast
A child who is frightened of frogs
And cries and cries always much
He won’t be a sailor,
He won’t be a pilot,
He won’t be a hero
When he grows up.
Тоҕо күммүт тыгарый?
Тоҕо күммүт тыгарый?
- Сирбит сылаас буоллун диэн.
Тоҕо сирбит сылыйар?
- Бурдук бөҕө үүннүн диэн.
Тоҕо бурдук үүнэрий?
- Килиэп, буулка буолуум диэн.
Тоҕо буулка буоларый?
- Оҕом аһаан, тоттун диэн.
Тоҕо тото сатыыбыный?
- Күүстээх-уохтаах буолуум диэн.
Тоҕо күүстээх буолабыный?
- Тракторы ыытыым диэн,
Самолекка көтүүм диэн,
Муораларга устуум диэн,
Киһи бэрдэ буолуум диэн!
Why?
Why does the Sun shine?
- To warm the ground very well.
Why should the ground be warm?
- The wheat to be grown very much.
Why should the wheat grow?
- To bake tasty bread and buns.
Why should be bread and buns?
- My child be full and healthy.
Why should I be full and healthy?
- To be my child very strong.
Why should I be strong?
- To drive a tractor,
To fly the plane,
To sail in the sea
To be the best of the best!
Ааппыт туһунан
Аата суох диэн
Аан дойдуга суох!
Быһах, сүгэ, харандаас,
Былаат, үтүлүк, матараас,
Үөрүү, оонньуу, аймалҕан,
Оннооҕор мас балаҕан –
Оннооҕор мас балаҕан,
Оннооҕор бу бэс халҕан –
Өйдөөн кээһиҥ, атастар,
Барылара ааттаахтар.
About Our Name
Without name
There is nothing
In the world!
A knife, an ax, a pencil,
A scarf, a mitten and a mattress,
Joy, a game and trouble,
Even a wooden house,
Even this pine door –
Remember, please, my dear
That all have their names.
Өскө наһаа баҕарыаҥ
Өскө наһаа баҕарыаҥ,
Наһаа күүскэ кыһаныаҥ –
Баҕарбыккын толоруоҥ,
Санаабыккын оҥоруоҥ!
Өскө наһаа баҕарыаҥ –
Күүстээхтэн күүстээх буолуоҥ,
Сулустарга айанныаҥ,
Муоралары уҥуордуоҥ!
Өскө наһаа баҕарыаҥ,
Наһаа күүскэ кыһаныаҥ –
Өйдөөхтөн өйдөөх буолуоҥ,
Күүстээхтэн күүстээх буолуоҥ!
If You Wish Greatly
If you wish greatly –
Try and do your best,
Then your wishes come true,
And what you think you’ll do!
If you wish greatly –
You’ll be the strongest,
You’ll fly to the stars
And sail through the seas!
If you wish greatly,
Try and do your best –
Then you’ll be the cleverest
And strongest of all the strongest!
.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сборник стихов "Съедобная страна"
Сборник стихов учащихся 3 класса по теме "Здоровое питание", который стал проектом в процессе ознакомления с курсом программы "Правильное питание". Сборник оформлен авторскимо рисунками детей.Для офор...
Сборник стихов на праздник 8 марта
Стихи для поздравления мам, бабушек и одноклассниц....
Ежиная книга (Сборник стихов и рассказов о ежах)
В данный сборник включены рассказы и стихи о ежах, созданные писателями, чьи имена связаны с нашим Новгородским краем. Материал может быть полезен для прведения уроков внеклассного чтения....
Сборник стихов и рассказов учеников класса "Родничок"
Это первая в истории класса книга. Кто её авторы? Вы, ребята! Каждый желающий смог принять участие в создании сборника. Желаю удачи на вашем творческом пути! Автор идеи и руководитель проекта: Г...
Сборник стихов на праздник 8 марта
Сборник стихов на праздник 8 марта...
Обучающие карточки на уроках английского языка как эффективное средство изучения и запоминания новых слов, а также повторения ранее изученного лексического материала.
В этой статье показан один из эффективных способов изучения, закрепления и повторения лексического материала по любой теме на уроках английского языка. В статье представлена лишь одна из многочисленны...
Сборник стихов «Ягоды Югры»
В народе говорят: «Каждый оплачивает свои долги сам». Но у нас есть и общие долги. И один из них – сбережение в целостности и сохранности природы -нашего общего дома. Важная роль в э...