Интеллектуальная игра . Тыл хонуута.
план-конспект занятия (2 класс)

Интеллектуальная игра "Тыл хонуута " рассчитан для учащихся 2-3 классов. Проводится в неделю якутской письменности. 13 февраля - день рождения Семена Андреевича Новгродова , первого якутского ученого -лингвиста , составителя первых якутских учебников. 

Игра проводится в 5 этапах :

1. Викторина 

2. Работа с фразеологизмами.

3. Якутские пословицы.

4. Работа с текстом.

5. Якутские загадки.

В игре участвуют 6 команд по 4 детей. Каждая команда имеет свое название , работают дружно по группам. В конце игры жюри подводит результат. Победители награждаются грамотой . Участники получают сертификат участия.

 

Скачать:


Предварительный просмотр:

В.Г.Павлов   аатынан  Сунтаардаа5ы  алын  сүһүөх  оскуолатын  2-3  кылаас  о5олоругар

«Тыл  хонуута»  интеллектуальнай  оонньуу  балаһыанньата.

Ыытыллар  күнэ:  олунньу  16  кунэ,  кунус  14 ч. 30 мун.

Ыытыллар  миэстэтэ:  Сунтаардааҕы  алын  суьуех  оскуола,   2  корпус.

Кыттааччылар:  кылаастан  4  оҕо.

Кыттааччылартан  ирдэнэр:  бары  кыттар  оҕолортон  сахалыы  таҥас.

Сыала – соруга:  

- төрөөбүт төрүт   тылга  боҕ5омтолоох  буолууну  иитии,  интэриэһи  үөскэтии;

- саха тылын тылын суолтатын билэригэ , байытарыгар  көмөлөһүү;

«Тыл  хонуута»  оонньуу  түһүмэхтэрэ:  

  1. Викторина « Сахалыы тыллары   төһө  билэҕин?»
  2. Сомоҕо тыллар.или (Оонньуу   “Тылла таһаар ”)
  3. Өс  хоһоонноро.
  4. Текси  кытта  улэ
  5. Сахалыы  таабырыннар.

Кыайыылаахтарга  анал  ааттар,  туоһу  суруктар   бэриллиэхтэрэ..

                        “Тыл хонуута” – интеллектуальнай оонньуу хаамыыта.

(2 – 3 кылаас о5олоругар )

I . Киирии тыл .

– Ийэ тыл – киһи иһирэх иэйиитэ уһуктар эйгэтэ . Саха тыла биьиги республикабытыгар государственнай тылбыт буолар. Ол аата биьиги сахалыы ыраастык саҥарыахтаахпыт, саҥарар тылбыт суолтатын билиэхтээхпит . Олунньу ый 13 күнэ – тереебүт тыл күнэ буолар.

Чыычаахха – чыычаах чуопчаарар тыла,

Сүүруккэ – сүүрук сипсийэр тыла -

Оттон бу миэхэ ийэм биэрбит тыла,

Олоҕум тыла-

Мин төрүт тылым, мин ийэ тылым

Саргылаах сахам

Саҥата буолар.

-Бүгүн манна Тыл хонуута диэн сахалыы өй оонньуутун ыытабыт . Сахалыы тыллар суолталарын, таабырыннары, өс хоьооннору  билэргитин көрдөрүөххүт. Оонньуубут 5 түьумэҕинэн барыа. Барыта 6  команда буолан күрэс киирсээри олороҕут. Сорудахтары болҕойон истэҕит , сөпкө толорорго кыһаллаҕыт.

Бастаан билсиьэбит . Хас биирдии кылаас оҕолоро тус туспа олорон командаларыгар сахалыы аат толкуйдууллар. Командаҕытын салайар биир киьигитин талаҕыт – командир буолар. (Мичээр , Чуораанчык , Кустук , Тиинчээн , Сулусчаан , Туллуктар )

II.Оонньуу хаамыыта.

1 түһүмэх .Викторина  “Өркөн  өй”.( Боппуруостары сыыппаран талан ылаллар. Талбыт боппуруостара поекторга көстөр. )

Боппуруостар

Эппиэттэрэ.

1

•Саха сирин биллиилээх суруйааччыта “Чыычаахтар күнү көрсөллөр ”диэн хоьоон автора .

•Сэргэ диэн тыл суолтатын быьаар .

•Петр Тобуруокап.

•Былыр сахалар аттарын баайар мастарын аата.

2

•Саха Республикатын Ил Дарханын толору аата .

•Сандалы диэн тыл суолтатын быһаар

• Николаев Айсен Сергеевич.

•Сандалы – сахалыы дь атахтаах остуол.

3

•Саха сирин биир улахан өрүһун аата .

•Балаҕан диэн тыл суолтатын быһаар .

•Өлүөнэ өрүс.

• Өбугэлэрбит былыр саах сыбахтаах дьиэлэрэ.

4

• Сунтаарга ханнык сиргэ туус хостоноруй .

•Сохсо диэн тыл суолтатын быһаар .

• Кемпендэй.

•Булт тэрилэ . Сохсо арааьа элбэх . Эһэ, куобах , кутуйах сохсото.

5

•Сунтаарга «Айыл5а музейа» ханнык нэһилиэккэ баарый

•Дьабака диэн тыл суолтатын бы

•Элгээйигэ.

• Түүлээх кытыылаах , хороҕор төбөлөөх кыыс , дьахтар бэргэһэтэ.

6

• Сахалыы алпаабыт хас буукубалааҕый?

•Чаппараак диэн тыл суолтатын быьаар.

• 40 буукуба.

•Былыр сахалар аты симииллэрэ . Ыҥыырыгар ойуу танаска түьэрэн киэргэтэллэрэ.

2 тһүмэх .Сомо5о тыллар .

  • Командаттан биирдии  оҕо кэлэн сомоҕо тылларын талан ылар .Группатыгар илдьэн сомоҕо тыл суолтатаны быьаарсан суруйаллар. Илиилэрин уунан эппиэттиллэр .

Атахха биллэрэр .                     Сүрэҕэ айаҕар таҕыста.

Иьигэр киллэрбэт.                    Туйаҕын хатарар.

Тириитин таьынан истэр.       Силин быһа ыйыһынна

3 түһүмэх.  Өс хоһоонноро.( Бэриллибит өс хоһооннорун сааһылыыллар.)
Үчүгэй доҕор эмискэ көстүбэт.

Аҕыйах тыл минньигэс, эдбэх тыл сымсах.

Үтүө ат биир кымнньыылаах , үтүө киһи биир тыллаах.

Уу диэбитэ хаар , хаар диэбитэ уу.

Эдэртэн эйэтин ,  кырдьаҕастан сүбэтин ыл.

Атах туһугар атах тостор.

Силиһэ суох мас үүммэт.

Ойуурдаах куобах охтубат

Туттуон иннинэ толкуйдаа, кэрдиэн иннинэ кээмэйдээ.

 4 түһүмэх.  Тиэкси кытта үлэ.( Командаларга текст бэриллэр . Көппүт тыллар оннуларыгар сөптөөх тыллары туруортаан биэрэллэр )

          Саас буолбута . Күөх от үүммутэ . Күөрэгэй көтөн кэлбитэ. Кини күөрэйэ көтө- көтө дьирилээбитэ. Онтон күөрэгэй уйа туттубута, көмүс сымыыт уурбута . Сотору түөрт күөрэгэй оҕото көстүбүтэ. Күөрэгэй оҕолорун кумаарынан , араас үөнунэн аһатара .

 5 түһүмэх.  Таабырыннар.

Элбэх сонноох эрээри, тимэх тиктибэт эмээхсин баар үһү.

Ардах кэнниттэн алааран тахсар баар үһү.

Сайын сүтэр , кыһын тиллэр баар үһү.

Көмүс тэриэлкэ көтөн тэлээрэр үһү.

Кынаттаах да көппөт , айахтаах да саҥарбат баар үьү.

Сууйбут соппут иһин барбат баар үһү.

III. Түмүк.

Кыттыбыт оҕолорго тоуһу сурук , кыайыылаах командаҕа анал ааттар бэриллэллэр


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Интеллектуальная игра по русскому языку"Игра словами и со словами"

Игра проводится для учащихся 2 классов во время проведения недели русского языка в школе. Участвуют команды учащихся, учителей и родителей. В ходе проведения игры учащиеся вспомнят разделы русского яз...

Интеллектуальная игра - викторина " Своя игра"

Интеллектуальная игра - викторина проводилась на параллель 4-х классов ( 2009 - 2010 учебный год)...

Интеллектуальная игра для мудрых детей и талантливых родителей "Своя игра".

Игра для детей и родителей. Позволяет родителям лучше узнать своих детей . а ребятам получить огромное удовольствие от общения с  самыми близкими людьми....

Интеллектуальная игра для учащихся 2-го класса по теме "Своя игра"

Интеллектуальная игра для учащихся2-го класса по теме "Своя игра"...

«Пятью пять» - интеллектуальная игра, основной целью которой является расширение зоны активного познания младших и средних школьников. Основой игры является детская игра по составлению слов на базе данного ("Балда", "Виселица" и т.д.)

Садись за уроки всегда в одно и то же время.Проветри комнату за 10 минут до начала занятий.Выключи радио, телевизор. В комнате, где ты работаешь, должно быть тихо....

Интеллектуальная игра "Своя игра"

Игра проводиться во  внеурочное время, для расширения и совершенствования знаний, полученных на уроках, так и в воспитательных целях. Загадки подобраны по темам: "Животные", "Растения", "Явления ...

Интеллектуальная игра по теме «Зимние Олимпийские игры» для обучающихся 2-4 классов

Интеллектуальная игра по теме «Зимние Олимпийские игры»среди обучающихся 2-4 классов Цель: изучить информацию о зимних Олимпийских играх (история появления Олимпийских игр, виды зимних видов спор...