"О переменах жизни в поэзии Ивана Егорова-Горного " ("Иван Горнай олох уларыйыытын туһунан")
статья по чтению
В поэзии Ивана Егорова-Горного, незрячего поэта Якутии, тифлопедагога, прослеживаются философсие мотивы. Поэт ярко и образно рассуждает о жизни, ее красках и мотивах в стихотворении "Перемены жизни" (“Олох уларыйыыта”).
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
retsenziya_potapova_es.docx | 19.03 КБ |
Предварительный просмотр:
Иван Горнай олох уларыйыытын туһунан
Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар саха литэрэтиирэтигэр ураты ис хоһоонноох айымньыларын ааҕааччы дьүүлүгэр таһааран, Иван Горнай диэн хараҕынан доруобуйата хааччахтаах мындыр поэт баар буолбута. Поэт айар үлэтин тухары уонтан тахса хомуурунньуктаах, хоһооннорунан эрэ муҥурдаммакка, кини өссө баллада да суруйара, нууччалыы да айарга-тутарга холоноро.
Иван Егоров-Горнай – сахалартан бастакы тифлопедагог, Ленинград куоракка үөрэҕин бүтэрэн баран төрөөбүт дойдутугар кэлэн, оскуолаҕа харахтарынан доруобуйалара хааччахтаах оҕолору иитиигэ, үөрэтиигэ өр сылларга үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик үлэлээбитэ.
Горнай айар үлэтин туһунан кылгастык этэн аһарар эбит буоллахха, кини ордук философскай санааларын хоһоонноругар тиһэрэ. Оҕолорго да аналлаах айымньыларга кистэлэҥ матыыптары булуохха сөп. Поэт олох, кини суолтатын, кырааскатын, иэйиитин тустарынан санаалара ордук “Олох уларыйыыта” диэн хоһоонугар көстөр.
Бу 2000 сыллаахха суруллубут хоһоон буолар. Бу кэмҥэ суруйааччы аата киэҥник биллэн, бэйэтин ааҕааччыларын, сүгүрүйээччилэрин булбута. Айымньы Иван горнай мындыр толкуйдааҕын, анааран көрөр айдарыытын толору арыйар хоһоон буолар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ол курдук хоһоон киһи олоҕун хайдах олоруохтааҕын туһунан саҕаланар:
Мин сырдык олоҕу оҥорсо сатаан,
Үтүө туһа диэммин, үөрүү туһа диэммин,
Күннэри-түүннэри үлэлээн-хамсаан
Үрүҥ-хара көлөһүммүн тоҕон биэртим.
Манна “мин” диэн солбуйар ааты элбэх ахсааҥҥа туруоран көрүөххэ сөп - “биһиги”, “эһиги”.
Хоһоон мунаарыыттан, санаарҕааһынтан, санаа түһүүтүттэн саҕаланар. Ол кэннэ бу түөрт строфаны олох урусхалларын туһунан санаалар салҕыыллар:
Ол эрэн бүгүн ол үлэм барыта
Көдьүүһүн оннугар күлүүнэн эргийдэ.
Олох күүгэнэ оргуйан таҕыста,
Дьэбэрэтэ-бадараана дэбилийдэ...
Хоһооҥҥо олох суолтатын, өйдөбүлүн эрэ тустарынан ырыппакка, сууйааччы өссө киһи олоххо сыһыанын, дьайыытын, кини туттуутуттан-хаптыытыттан олох хайдах уларыйарын туһунан аһаҕастык суруйар.
Кэрэ олоҕу кэскиллии сатаабыт
Кинилэр урут киэн туттар дойдулара
Ити аайы уйулҕата хамсаабыт
Элбэх оҕолоох ийэлии долгуйара.
Бу строфаларга Иван Горнай дойдутун, төрөөбүт сирин-уотун туһугар ыалдьарын, инникитин туһунан толкуйдуурун, кэлэр көлүөнэ ыччакка биһиги кэннибититтэн туох хааларын уо.д.а. тустарынан дьиҥ ыалдьарын, санаарҕыырын туһунан көҥүллүк тыл күүһүнэн хоһооҥҥо тиһэн көрдөрөр. Норуот сайдыытыгар, инники суолугар “кирдээх” харчы, арыгы, этиһии, бэйэ-бэйэни сотуһуу, сарбыйсыы улахан иэдээни аҕалыахтара диэн этэр.
Поэт хоһоон саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри кириэстии рифманы туһанар. Бу ньыма хоһоон мелодикатын, экспрессиятын күүһүрдэр, дорҕооннуур, ааҕааччы болҕомтотун айымньы тутулугар хатыыр.
Хоһоон кульминацията – олох сүрүн таабырына буолар. Поэт олоҕу Айааччы (Творец) курдук көрбөт, кини – биһиги курдук хайдах курдук ырахан түгэннири ааһарга, туоруурга, охсуута суох ылынарга суолу тобулар, күннээҕи түбүктэри сыалы-соругу ситиһиигэ кубулутар.
Биирдии хардыыны тэйэ-тэйэ киһи
Иккилии хардыыны иннин диэки барар,
Оннук эрэ сайыннаҕына кини
Улуу сыалын ситиһиэҕэ буолуо баҕар.
Хоһоону тиэмэтинэн уонна композициятынан араарар эбит буоллахха, бу икки чаастан турар айымньы буолар. Бастакы 14 строфаны хомуурдук ылан көрдөххө, “олох диэн тугуй, хайдах буолуохтааҕый?” диэн ыйытык кистэнэ сытар. хоһоон иккис аҥара – бу ыйытыкка киһи хоруй көрдөөн олоҕу билиҥҥи кэм тутулунан, салайыытынан табатык олоро сатыыр суола ойууланар:
Оттон эн урукку олоҕуҥ бүтэн,
Саҥа олох саҕаланна диириҥ сыыһа:
Ханнык да уларыйыы түмүгүнэн
Хайаан да буолааччы кини салҕаныыта.
Иван Горнай олох таабырынын хас биирдии иннинэн сирэйдээх таайа сатыыр диэн кэм уларыйыытыгар көрдөрөр. Хоһоон лирическэй геройа киһи бу олоххо түбэспиччэ, быстах кэмҥэ кэлэн ааһар ыалдьыт дуу, биитэр олох дьэргэлгэн кэрэ көстүүтэ буолар дуу диэн ыйытыгынан салайтарар, ону ааптар строфаларга кистээн, ааҕааччы бэйэтэ таайарыгар, хоруйу тобуларыгар сирдиир күүстээх тутуллаах этиилэринэн биэрэр.
“Олох уларыйыыта” хоһоон – философскай элегия. Поэт И. Горнай айымньы устата ааҕааччыттан ыйыппыт, кинини долгуппут дириҥ философскай ыйытыгар бүтэһик строфаҕа бэйэтэ хоруй биэрэр:
Үтүө туһа диэн үлэ-хамнас эрэ
Үүнэр үйэбит үөрүүтүнэн буолуоҕа.
Ыраах кэмнэртэн кэлбит ыраас, кэрэ
Ырабыт кэмниэ кэнэҕэс дьэ туолуоҕа.
Елена Семеновна ПОТАПОВА,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна,
үлэ бэтэрээнэ,
В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолатын алын сүһүөх кылаастарын учуутала
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Презентация по теме "Жизнь и творчество Ивана Никитина" урок литературного чтения 1-4 класс
Презентация познакомит учащихся с жизнью и творчеством Ивана Никитина на уроках литературного чтения для начальной школы по любой программе...
ТЕСТ по повестиЛ.Давыдычева «Жизнь Ивана Семёнова, второклассника и второгодника.»
Выполнение этого теста учащимися 2 класса следует за чтением и позволяет за предельно короткое время ( 5-7 мин) проверить на уроке знания учащихся содержания изложенного м...
Интегрированное внеклассное мероприятие в 4 классах по английскому языку и музыке на тему «С.Я. Маршак – в поэзии, музыке, жизни».
ДАННОЕ МЕРОПРИЯТИЕ ПОСВЯЩЕНО ТВОРЧЕСТВУ С.Я. МАРШАКА....
Конспект урока по литературному чтению в 3-м классе по теме "Жизнь и творчество М.Ю. Лермонтова" («Горные вершины….», «На севере диком стоит одиноко….»
Конспект урока отражает жизнь и творчество М.Ю.Лермонтова...
Статья "Жизнь во время перемен"
Статья написана для распространения опыта по оформлению рекриаций школ для занятий по группам во время перемен....
Сочинение по картине Ивана Билибина "Иван-царевич и лягушка-квакушка"
Разработка урока, технологическая карта, презентация к уроку....
Классный час "Горная звезда"(Жизнь и творчество К.Л. Хетагурова)
Цель : углубить знания о великом осетинском поэте, основоположнике осетинского языка и литературы Коста Левановиче Хетагурове, познакомить с горной природой в творчестве Коста Хетагурова....