Орто саастаах о5олорго «доруобуйа күнүгэр» анаммыт тэрээhин былаана
материал (средняя группа) на тему
Предварительный просмотр:
МБДОУ «Детский сад общеразвивающего вида с приоритетным осуществлением деятельности по художественно- эстетическому развитию детей «Кэнчээри» с.Тумул МО «Намский улус»
Орто саастаах о5олорго
«доруобуйа күнүгэр»
анаммыт тэрээhин былаана
Бэлэмнээтэ: – музыкальнай салайааччы
Васильева Анна Мичилиевна.
Тумул-2015
Кыттааччылар:
Кыттааччы -
айболит-
Бармалей-
Саьыл-
Бере-
Попугай-
Тэрээhин сыала:
- Доруобай,чел олох туьатын билиьиннэрии ;
- Оголор бэйэ-бэйэлэрин кытары тапсан оонньуулларын ситиьии;
- Ого доруобай буоларыгар багатын кууьурдуу;
- Доруобай буолар быраабылаларын билиьиннэрии.
Тэрээhин хаамыыта:
(бэhиэлэй, көрдөөх ырыа тыаhыыр)
Ыытааччы: Дорооболорун, о5олоор! Ыалдьыбыт кыыларга, дьоннорго көмөлөhөр Быраас Айболиты өйдүүгүт дуо? (о5олор эппиэттииллэр)
Маладьыастар, сөпкө эттигир, кини араас ыарыыттан барытыттан эмтиир.
О5олоор, ыалдьыбат уонна куhа5ан түбэлтэлэргэ киирбэт инниттэн эhиги олус элбэ5и билиэхтээххит уонна сатыахтааххыт.
Суунуохпутун наада
Сарсыарда, күнүс, киэhээ-
Хас аhылык иннинэ,
Утуйаары сылдьан
Уонна утуйан туран баран!
О5олор эппиэттииллэр: Аhа!
Тииспитин суунуохтаахпыт
Сарсыарда уонна киэhээ
Куhа5ан микробтарбыт
Сүттүннэр диэн буолуо ээ!
Оголор эппиэттэрэ: Аhаа!
Сарсыарда ойон тураат
Эрчиллиэххэ наада дуо?
Оголор эппиэттэрэ: Наада! Наада! Наада!
Ыытааччы: О5олоор, миигин кытта быраас Айболикка күүлэйдии барсарга бэлэмңит дуо? Бэлэм буоллаххытына айаннаатыбыт!
Ырыа тыаhыыр: «Мы едем, едем, едем…»
Айболит кыылларын кытта ыллыы-ыллыы тахсан кэлэллэр:
- Атахпытын тыаhатан,
Хаамыталыыбыт муостаннан.
Биир, икки, биир, икки, үс,
Быраас дьээдьэ, көрөөрүүй.
- Саhыл кэннэ попугай,
Сиэрэй өңнөөх бөрөчөөн!
Миэстэннэн сүүрэкэлээн!
Айболит (улаханнык): Тохтоотубут! Биир, икки!
Биир эрээккэ тураллар.
Саhыл:
То5о биhиги бэhиэлэйбитий,
Түргэммитий, өйдөөхпүтүй?
То5о диэтэр сарсыардатын
Турда тураат эрчиллэбит!
Попугай:
Күн күлүмнээн көрөн ылар
Көрөр халлаан, былытчаан-
Эрчиллэ турарбытын
Көрөр уоран куобахчаан!
Бөрө:
Ардах түстэ, тыал үрдэ,
Күнү былыт бүрүйдэ
Сардыарда эрчиллэр о5о
Ыалдьыбат ээ, хаhан да.
Айболит:
Куттаныма күлэллэр диэн
Сарсыардатын эрчилин
Эрэллээх до5ордоохтор
Кэрэ5э эрэллээхтэр!
Оонньуу: «Такси» ( уочаратынан оонньууллар)
Бармалей иhиирбитинэн бандьыыттары кытта сүүрэн киирэллэр, кыыллары уонна Айболиты төгүрүйэллэр, муннукка илдьэн кэтит быаннан баайан кэбиhэллэр. Бармалей:
Мин көңөс, куhа5ан
Бар – ма – лей – бын!
Кырабыттан кырыыстыыбын
Быраастары!!!
Бармалей «Разбойники» диэн ырыа до5уhуолунан үңкүүлүүр. Үңкүүлээн баран утуйан хаалар..
Бармалей утуйаары сытан ыалдьар иэдэhин тутар:
Ой! Ой-ой-ой!
Попугай:
То5о бу бандьыыттар наhаа куhа5аннарый?
Айболит:
То5о диэтэр кинилэр кыра эрдэхтэриттэн быраастан куттаналлар, эмтэммэттэр уонна эрчиллибэттэр этэ.
Бөрө:
Оо, эрэйдээхтэр! Ол да иhин кинилэр билигин наhаа ыалдьаллар, онтон сылтаан наар кыыhыран тахсаллар!
Саhыл:
Ээ, мин тугу гынарбытын биллим! Кинилэри түргэн со5устук эмтиэххэ наада.
Айболит:
Күүскэ утуйа сытар кэмнэригэр быабытыттан босхолонон көрүөххэ эрэ. Айболит уонна кыыллар быаларын аргыый а5айдык сүөрэллэр, олоппоско утуйа сытар Бармалейы олордон баран баайан кэбиhэллэр, Бармалейдара уhуктан кэлэр.
Айболит(кыыhырбыттыы): Биhиги билигин эйигин эмтиэхпит!!!.
Бармалей тобуктара талыгырыы түhэллэр, тиистэрэ хачыгыраhан бараллар.
Кыыллар уочаратынан таблицалары тутан тахсаллар:
Аhыаххыт иннинэ илиигитин суунун! | Тиискитин суунун. | Сарсыарда аайы эрчиллиилэри оңорун |
Тыңыраххытын кырына сылдьын. | Баттаххытын тараанар буолун. | Сиикэй ууну иhимэн. |
Ыытааччы: О5олоор, Бармалей тииhэ то5о ыалдьара буолуо дии саныыгытый? (сууммат).
Онтон Бармалей иhэ то5о ыалдьар эбитий? (Илиитин сууммат). (Сиикэй ууну иhэр).
Бармалей илиитэ, ата5а, төбөтө то5о ыалдьара буолуой? (Эрчиллибэт)
Айболит Бармалейы эмтиир (бэрэбээскэтин устар, тииhин туурар).
Бармалей: Баhыыба! Баhыыбы! Баhыыба!
(Айболиты кууhан ылар).
Эhиги миигин эмтээтигит!
Аны хаhан да кырачаан кыыллары ата5астыам суо5а!
Уруй, уруй Айболитка,
Уруй буоллун быраастарга!
Бары бииргэ оонньуохха.
Оонньуу: «Бөрө уонна куобахчааннар»
Ыытааччы: мин эhиэхэ билигин таабырын таайтарыам, ону бары бииргэ таайыахтааххыт:
- Эмтиир кыра о5олору,
Чыычаахтары, кыыллары,
Ачыкы нөңүө көрөр
Быраас киhи … (Айболит).
- Элбэ5и мин туспунан билэр:
Аатым кимин, ийэбин
Ыйааhыммын, уhуммун,
Аhыырбын, утуйарбын,
Харахтарын араарбат
Эмтиир киhибит - …(Быраас).
Маладьыастар, о5олоор!
Бармалей: биhигини эрчиллэргэ үөрэтин эрэ, биhиги хаhан да оңорон көрө иликпит ээ…
Ыытааччы: Чэйин эрэ, о5олоор, Бармалейы эрчиллии оңорорго үөрэтэбит дуо?
( О5олор эппиэттииллэр).
Оччо5уна бары тахсан улахан төгүрүктэ оңоруо5ун, эрчиллиэхпит билигин.
Эрчиллии оңоhуллар «На зарядку становись» (диск).
Бармалей: Эhиэхэ наhаа үчүгэй эбит дии, наhаа сөбүлээтим! Мин билигин атын о5олорго баран эhиги хайдах курдук үчүгэйгитин кэпсиэм, илиибин сууна үөрэппиккитин, тииспин сууннарбыккытын, эрчилиннэрбиккитин! Мин эhиэхэ аны күүлэйдии кэлэр буолабын даа?
Чэйиң эрэ, о5олоор, көрсүөххэ диэри!
Барар.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)
үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)...
Үөрэтэр оонньуу кэнспиэгэ: «Тылы ситэр» (6-7 саастаах о5олорго аналлаах)
үөрэтэр оонньуу кэнспиэгэ: «Тылы ситэр» (6-7 саастаах о5олорго аналлаах)...
"Бииргэ оонньуохха" оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5олорго региональнай компоненна оло5уран дидактическай оонньуулар
Ааптарскай остуол оонньуулара о5олору тереебут дойдуларын таптыырга, убаастыырга, киэн туттарга иитэллэр - уерэтэллэр. Саха норуотун утуе угэстэрин, олохторун - дьаhахтарын кытта билиhиннэрэллэр....
“Кыра саастаах о5олорго сиэр-туом үөрэ5э” (6-7 саастаахтар, бэлэмнэнии бөлө5ө) эбии үөрэхтээһин үлэлиир бырагырааммата
Үлэ сыала: о5o толкуйдуур дьо5урун, кини этнопсихологическай уратытытын учуоттаан, төрүт үгэскэ, бэйэ норуотун үгэhин сыhыаран үөрэтии. О5о5о төрөөбүт ийэ тылын, норуотун сүрүн-кутун, сиэрин...
Технологическай карта Тема: «Паром» (4-5 саастаах о5олорго)
Технологическай карта Тема: «Паром»(4-5 саастаах о5олорго)...
Конспект открытого занятия "Кыра саастаах о5олорго эксперимиэннэр"
Кэнспиэк толору тутула, хаммыыта....