Конспект открытого занятия "Кыра саастаах о5олорго эксперимиэннэр"
план-конспект занятия (младшая группа)

Сидорова Сардаана Аркадьевна

Кэнспиэк толору тутула, хаммыыта.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл kyra_saastaah_o5olorgo_eksperimienner_sidorova_sa.docx16 КБ

Предварительный просмотр:

Кыра саастаах о5олорго экспиримэннэр

Сыала:

- Уу, кумах, кумаа5ы туох дьиктилээхтэрин оонньуунан кордоруу;

- о5олор интириэстэрин тардыы;

- толору эппиэти ситиьии.

Хаамыыта:

Иит: Корун эрэ о5олоор, эьиги иннигитигэр туохтар туралларый?

О5олор: эппиэттэр.

Иит: Саамай соп, билигин биьиги уу, кумах уонна куммаа5ы хайдах уларыйарын коруохпут, собулэьэ5ит дуо?

О5олор: сооп.

Бастакы экпиримиэммит остуолугар чугаьыахайын эрэ, бу манна бааллар иьиккэ уу, киистэ, кырааска уонна мас тала5а, тала5ы угарга баанка.

Опыт №1

Туттар матырыйааллар: уулаах иьит, ыстакаанна ма5ан кырааскалаах уу (бэйэбит буккуйабыт), кыра оонньуурдар.

Иит: Бу тааска баар ууга оонньуурдары уктахпытына хайдах буолуой? (угаллар).

О5олор: Оонньуурдар костоллор.

Иит: Бу ыстаакаанна билигин биьиги ма5ан кыраасканы буккуйабыт, корун эрэ о5олор, уубут хайдах дьуьуннэннэ? То5о?

О5олор: Ма5ан.

Иит: Маладьыастар. Аны бу уубутугар оонньуурдарбытын уган коруо5ун эрэ. (оонньуурдары угаллар). Хайа, оонньуурдар ханна саьан хааллылар, то5о костубэттэрий?

О5олор: Бу уу ма5ан кырааскалаах ол иьин костубэт.

Иит: Маладьыастар. Бу мас тала5а, маны ууга уктахха кини тыллан барар, сотору сэбирдэхтэнэр. Биьиги эмиэ кэтээн коруохпут, тоьо ор буолан юаран сэбирдэхтэр тахсалларын, собулэьэ5ит дуо о5олор?!

(Тала5ы ууга угаллар).

Опыт №2

Иит: Билигин кумаа5ыны коробут. Бу тугуй?

О5олор: Салфетка

Иит: Соп. Салфетка кини хайда5ый? Сымна5ас, чэпчэкитик кумаланар.

Иит: Онтон бу уруьуйдуур кумаа5ыбыт, кини хайда5ый? Кытаанах, ыараханнык кумаланар. Билигин биьиги салфетканы ууга угабыт, корун эрэ о5олоор, хайдах буолла?

О5олор: Инчэйдэ, тургэнник алдьанар.

Иит: Онтон кумаа5ыны угабыт, кини хайдах эбитий? Саамай соп, кытаанах буолан ор инчэйэр.

Опыт №3

Иит: Иккис остуолбутугар туох турарый? Кумах, палочка.

Иит: Бастакы иьиккэ баар кумах хайда5ый? Кураанах, тогурук кыра кыырпахтартан турар. Кума5ы ханна коробутуй? Кумах хайдах дьуьуннээ5ий?

О5олор: Кураанах, илииттэн добоннук туьэр, оонньуур былаьааккаларга, сотуолуур сиргэ, сиэрэйдини онноох.

Иит: Тыытан корун эрэ, кумах кычыгырыыр, ытыскытыгар ылын эрэ, кини тургэнник суурэн туьэр. Онтон тэбээтэхпитинэ ытыспытыгар хаалар эбит дуо?  Онтон кумахха уруьуйдуохха соп дуо, о5олор? (уруьуйдаан коробут). Туох уруьуйдаммыта чуолкай костубэт эбит ди о5олор. Онтон уу куттахптына кумахпыт хайдах буолуой? Илийэр, дьуьунэ уларыйда дуо?

О5олор: Кумах илийдэ, дьуьнэ уларыйда, харана буолла.

Иит: Илийбит кумах илиигэ сыьынна5ына туспэт, кыырпахтар хаалан хаалаллар. Аны билигин инчэ5эй кумахха уруьуйдаан коробут дуо? Тарбахпыт киттийбэтин туьугар палочканан уруьуйдуубут. (кордоруу, ыйан биэрии).

Иит: Хайа, о5олоор, учугэй эбит дуо? Бугун биьиги тугу гынныбыт? Тугу кордубут? Уу, кумах уонна кумаа5ы дьиктилэрин биллибит. Арина тугу ордук интириэьиргээтин? Онтон Аделина кумахха тугу уруьуйдаатын? Итд.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)

үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)...

Үөрэтэр оонньуу кэнспиэгэ: «Тылы ситэр» (6-7 саастаах о5олорго аналлаах)

үөрэтэр оонньуу кэнспиэгэ: «Тылы ситэр» (6-7 саастаах о5олорго аналлаах)...

"Бииргэ оонньуохха" оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5олорго региональнай компоненна оло5уран дидактическай оонньуулар

Ааптарскай остуол оонньуулара о5олору тереебут дойдуларын таптыырга, убаастыырга, киэн туттарга иитэллэр - уерэтэллэр. Саха норуотун утуе угэстэрин, олохторун - дьаhахтарын кытта билиhиннэрэллэр....

“Кыра саастаах о5олорго сиэр-туом үөрэ5э” (6-7 саастаахтар, бэлэмнэнии бөлө5ө) эбии үөрэхтээһин үлэлиир бырагырааммата

Үлэ сыала: о5o толкуйдуур дьо5урун, кини этнопсихологическай уратытытын учуоттаан, төрүт үгэскэ, бэйэ норуотун үгэhин сыhыаран үөрэтии. О5о5о төрөөбүт ийэ тылын, норуотун сүрүн-кутун, сиэрин...

Технологическай карта Тема: «Паром» (4-5 саастаах о5олорго)

Технологическай карта Тема: «Паром»(4-5 саастаах о5олорго)...