"Куобахчаан дьиэтэ" орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.
план-конспект занятия (старшая группа)
Орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа. «Куобах дьиэтэ»
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
kuobahchaan_diete.docx | 27.76 КБ |
Предварительный просмотр:
Орто белех оголоругар аналлаах Сана дьыллаагы утренник сценарийа.
«Куобах дьиэтэ»
Оруолларга:
Остуоруйаьыттар – воспитатели
Тымныы огонньор –
Хаарчаана –
Куобахтар –
Саьыллар –
Ыттар –
Берелер –
Эьэлэр –
Бетуук –
Туттуллар материаллар: муус, мас дьиэлэр, ченечехтер.
Ункуу «Куобахчааннар ункуулэрэ»
Ункуу «»
Ункуу «»
Хоровод «Куобахчааннар ырыалара»
Ырыа «Сана хаар»
Хоровод «»
Кыьынны тыа. Куобах (мас) уонна саьыл (муус) дьиэтэ, мастар тураллар.
1 остуоруйаьыт: Тиийэн кэллэ Сана дьыл
Сахам сирин урдунэн
Утуе истин сонуннардаах
Бары дьонно кэьиилэрдээх.
2 остуоруйаьыт: Тиийэн кэллэ Сана дьыл
Сана ырыа матыыптаах
Дьикти кэрэ хоьооннордоох
Куобах дьиэтэ остуоруйалаах!
1 остуоруйаьыт: Ыркый ойуур быыьыгар мас субатыттан тутуллубут дьиэ турбут. Бу дьиэ5э куобахчаан олорбут.
Музыка
Куобах уонна куобах о5олоро ункуулууллэр
о5олорун илдьэн олордуталыыр
2 остуоруйаьыт: Бу тыа5а чугас со5ус куобах дьиэтин аттыгар сытыы мэйиилээх Саьылчаан муус дьиэ туттан олорбут. Бу икки кыыллар томороон тымныыны иккиэн эйэ-дэмнээхтик олорон туораабыттар.
Музыка
Куобах уонна саьыл тахсан ункуулууллэр
1 остуоруйаьыт: Тымныы кыьын ааьан кун уота куускэ тыган саас тиийэн кэлбитигэр саьыл муус дьиэтэ ууллан хаалбыт. Дьэ туран, саьылбыт дьиэтэ суох хаалан баран куобахха куулэйдии кэлэн баран куобах барахсаны дьиэтиттэн уурэн таьаарбыт уонна бэйэтэ киирэн куобах дьиэтин дьиэ гынан олорбут.
Музыка
Саьыл саьыл о5олорун ылан ункуулуур, олордуталыыр
2 остуоруйаьыт: Куобах барахсан тыа устун баран иьэн сытар маска олорон ытаабыт.
Музыка
Ыттар киирэн ыт о5олорун ылан ункуулууллэр
О5олорун илдьэн олордоллор
2 остуоруйаьыт: Ол оонньуу сылдьаннар куоба5ы керселлер.
Ыт: Хайа куобахчаан, то5о ытаатын?
Куобах: Саьыл муус дьиэтэ ууллан мин дьиэбэр киирэн олордо, миигин уурэн таьаарда.
Ыт: Ытаама, куобахчаан! Биьигини кытта барыс, саьылы эн дьиэ5иттэн ууруехпут (урэллэр).
Ыттар уонна куобах дьиэ5э кэлэллэр
Ыттар: (гав-гав-гав) Саьыл, тургэнник куобахчаан дьиэтиттэн та5ыс!
Саьыл: Тахсыбаппын! Тахсыам да5аны бэйэ5ин кэьэтиэм!
Ыттар урэ-урэ куотан тахсаллар
1 остуоруйаьыт: Ити курдук саьыл куоба5ы дьиэ5э киллэрбэккэ уурэн ыыталыыр.
2 остуоруйаьыт: Куобахчаан барахсан ытыы-ытыы тыа устун баран иьэр.
Музыка
Бере киирэн бере о5олорун ылан ункуулууллэр
Бере о5олорун олордуталыыр
1 остуоруйаьыт: Бере тыа устун баран иьэн куобахчаан ытыы олорорун керер.
Бере: Хайа, куобахчаан, то5о ытаатын, ким хомотто?
Куобах: Сур беречеен, хайдах ытыам суо5ай? Саьыл муус дьиэтэ уута ууллан миигин дьиэбиттэн уурэн таьаарда.
Бере: Ытаама, куобахчаан. Мин билигин бараммын саьылы дьиэ5иттэн ууруе5ум!
Куобах: Ыттар уурэ сатаатылар да саьыл тахсыбата. Эн да сатаан ууруен суо5а.
Бере: Суох! Мин саьылы ууруем!
2 остуоруйаьыт: Берелеех куобахчаан саьылы уурээри куобахчаан дьиэтигэр кэлэллэр.
Бере: Уууу…уууу….Саьылчаан, куобах дьиэтиттэн тахса тарт!
Саьыл: Тахсыбаппын! Тахсыам да5аны бэйэ5ин кэьэтиэм!
1 остуоруйаьыт: Беречеен куттанан тыа диэки суурэр.
2 остуоруйаьыт: Куобахчаан ханна барарын билбэккэ тыа устун ытыы-ытыы барар.
Музыка
Эьэ киирэн эьэчээннэри сиэтэн ылан ункуулууллэр
Эьэ о5олору илдьэн олордуталыыр
1 остуоруйаьыт: Эьэ тыа устун баран иьэн ким эрэ ытыырын истэн иьиллиир (кулгаа5ын даллатар)
2 остуоруйаьыт: Арай кербутэ куобахчаан ытыы олорор эбит.
Эьэ: Куобахчаан, то5о ытаатын? Ким ата5астаата?
Куобах: (ытыы-ытыы) Саьыл муус дьиэтэ ууллан дьиэбин былдьаан ылла.
Эьэ: Ооо, ытаама куобахчаан! Саьылы дьиэ5иттэн ууруе5ум!
Куобах: Сатаан уурбэккин. Ыттар уурбуттэрэ, бере уурбутэ, сатаан уурбэтилэр. Эн эмиэ уурбэккин.
Эьэ: Мин туохтан да куттаммаппын! Ууруе5ум!
1 остуоруйаьыт: Дьэ ити курдук эьэлээх куобах саьылга кэлэллэр.
Эьэ: Ррррр…ррррр….Саьыл, тургэнник куобах дьиэтиттэн та5ыс!
Саьыл: Тахсыбаппын! Тахсыам да5аны бэйэ5ин кэьэтиэм!
2 остуоруйаьыт: Эьэ барахсан куттанан тыа диэки ыстанар.
1 остуоруйаьыт: Куобах барахсан эмиэ кимэ да суох хаалан тыа устун ытыы-ытыы бара турар.
Музыка
Бетуукчээн киирэн хаьыытыыр «Ку-ка-ре-ку!». Кууруссаны уонна чоппуускалары сиэтэн илдьэн ункуулууллэр
Бетуук илдьэн олордуталыыр
2 остуоруйаьыт: Бетуукчээн хотуурун сукпутунэн тыа устун баран иьэр.
Бетуук: Ку-ка-ре-ку! Куобахчаан, то5о ытаатын?
Куобах: (ытыы-ытыы) Хайдах ытыам суо5ай бетуукчээн? Мас субатыттан дьиэбин саьыл муус дьиэтэ ууллан былдьаан ылла.
Бетуук: Санаа5ын туьэримэ куобахчаан. Саьылы билигин бараммын ууруем!
Куобах: Син биир уурбэккин. Ыттар да уурдулэр, бере да уурдэ, эьэ да уурдэ. Эн син биир сатаан уурбэккин.
Бетуук: Суох! Мин ууруе5ум!
1 остуоруйаьыт: Ку-ка-ре-ку! Кыьыл саппыкыбын кэтэммин
Хотуурбун тутаммын
Кэллим мин эйиэхэ
Саьыл эдьиийбэр.
Ыл, та5ыс тургэнник
Куобахчаан дьиэтиттэн!
2 остуоруйаьыт: Саьыл бетуук санатын истэн куттанар.
Саьыл: Та5ыстым-та5ыстым, танаспын таннабын, уоскуй ду Бетуукчээн!
Бетуук: Ку-ка-ре-ку! Тургэнник босхолоо куобахчаан дьиэтин!
Саьыл тахсан чоночоххо олорор.
Куобах: Баьыыба, Бетуукчээн! Дьиэбэр киирэн олоруо5ум, миэхэ кэлэн ыалдьыттаар!
1 остуоруйаьыт: Ити курдук бетуукчээн саьылтан куобах дьиэтин быыьаан биэрбит. Куобах дьиэтигэр киирэн уербут, до5отторун ункуугэ ыныртаабыт.
Саьыл: Куобах дьиэтин былдьааммын сыыьа гыммыт эбиппин, аны хаьан да куьа5аны оноруом суо5а.
Остуоруйаьыт: Дьэ, саьылчаан, куьа5аны онорума. Чиэьинэй буол!
Ункуу
Тыал тыаьа. Тымныы О5онньор киирэр.
Т.О: Сана Дьылынан! Сана Дьолунан!
Эьиэхэ кэллим мин ыалдьыттыы
Кэлэр кэм барытын оло5ор
Кэскилэ кэрэтиэн диэн тыллыы.
Устубут уон икки ыйдарга
Утуйан турбакка сынньанным
Ол онтон меьееччукпэр
Угаттаан кэьиибин а5аллым!
1 остуоруйаьыт: То5о ба5ас кундутэй
Елка маспыт киэргэлэ
Тор5о кемус сиэдэрэй
Лаампа уота имнэнэнэр
2 остуоруйаьыт: Керун эрэ харыйаны
Хайдах курдук кэрэний
Араас оонньуур ыйаммыт
Кини сыттаах лабаатыгар!
1 остуоруйаьыт: Биьиги о5олорбут Тымныы О5онньорго анаан ырыа, хоьоон бэлэмнээбиттэрэ.
Ырыа «Сана Дьыл»
Т.О. Маладьыастар! О5олоор, харыйа тула туран хороводтуо5ун!
Хоровод «Харыйачаан»
1 остуоруйаьыт: Тымныы О5онньор, о5олоргор кэьиигин а5аллын дуо?
Т.О: О5олорбор туерт дьыл кэмин устата наардаан бэйэм бэлэхтэрбин а5аллым. Эьиги тетеппуттэргитэр мин утулукпун онорорго курэх ыыппыт эбиккит дии. Кыттыбыт тереппуттэргэ эмиэ кэьиибин а5аллым.
Бэлэхтэри туттарыы
Хаартыскага туьуу
1 озо- Кэрэчээн харыйа налыччы киэргэммит
Араас да уотунан кулумнуу умайбыт
2 озо- Куобахтар, эьэлэр, саьыллар бэл бааллар
Сиэттиьэн бараннар кохтоохтук ыллыыллар.
3 озо- Хаар манан бытыктаах тымныычаан озонньор
Кэьиитин тунэтэр, уорууну уксэтэр.
4 озо- Кэрэтиэн сана дьыл киэьээтэ, сандааран салаллан кэлбитэ
Уоьээттэн хаар сулус кыыдамныыр, кырачаан кыым буолан кыламныыр.
Салайааччы – Утуо кунунэн! Утуо чааьынан кунду ыалдьыттар! Кэлэн иьэр сана дьылынан!
Сана дьылбыт тиийэн кэллэ, харыйабыт киэргэйдэ! Сана ууммут сылынан эьиэхэзэ эзэрдэ!
1 озо - Сана дьыл уоруутугэр
Сана дьыл бэлиэтигэр
Чээлэй куох харыйаны
Лаглаччы киэргэппиттэр!
2 озо-Элбэх араас мааскалар
Елка тула мустаннар,
Дьиэрэьитэ ыллыыллар,
Дьиэрэнкэйдээн тэбэллэр!
3 озо- Сана дьыл дьоро киэьээтэ,
Дьолу- соргуну толколоото
Озо – аймах уордэ –котто,
Харыйа тула ыллаата
Ыытааччы:
Күндү оҕолор,
Төрөппүттэр, ыалдьыттар!
Ыҥырабыт барыгытын залга,
Күлүмүрдүү киэргэммит
Дьикти кэрэ елкаҕа.
Ыҥырабыт залга
Ырыа – тойук ыллаарыбыт,
Үҥкүү- битии көрөөрүбүт,
Көрү – нары көҕүлүү,
Саҥа Дьыллааҕы эҕэрдэни бэлэхтии.
Залга мустубуттарын кэннэ курант тыаһа тыаһыыр.
Фоновай музыка салгыы барар.
Ыытааччы: Дьэ- эрэ оҕолоор, остуоруйа истэргитин сөбүлүүгүт дуо? Бүгүн эһиэхэ Саҥа дьыллааҕы дьиктилээх остуоруйаны бэлэхтиэхпит. Бары чуумпуран, болҕойон олорон көрүөҕүн.
Ыытааччы: Олус да үчүгэй остуоруйаны көрдүбүт. Остуоруйаттан сылыктаатахха быйыл ханнык сыл үүнэр эбитий, оҕолоор?
Оҕолор: Кролик сыла
Ыытааччы: Бугун эмиэ Сана Дьыл күнэ үүннэ. Бүгүн эмиэ биһиэхэ киэргэллээх харыйа ыалдьыттыы кэллэ. Хайдах,туох киэргэллээх эбитий?
Оҕолор: Оонньуурдар, хаардар,мишура киэргэллээх.
Ыытааччы: Уонна оҕолоор, харыйабытыгар туга тиийбэтий?
Оҕолор: Уота суох!
Ыытааччы: Кырдьык да уота суох. Оҕолор харыйа уотун умай диэн көрдөһүөҕүн эрэ.
Оҕолор: Умай, умай
Киэргэллээх харыйа! (Харыйа уота умайар, бары таһыналлар).
Тымныы Моруос: Эҕэрдэтэ
Хаарчаана: Күүтүүлээх күҥҥүтүгэр, күндү ыалдьыт буоламмыт
“Родничок” ого уьуйаанын, “Сулусчаан” орто
белех оголоругар тэринэммит кэллибит.
Кэллибит бырааппынаан, кырдьаҕас эһээбинээн
Эһигини үөрдээри Саҥа дьылы аһаары.
Үчүгэйкээн кэһиибитин оҕолорго биэрээрибит.
Саҥа Дьыл: Үүнэр сылы арыйа, үөрүү – көтүү үксээтэ,
Үҥкүү- битии аргыстаах, кэллим хоһоон кэһиилээх.
Үгүс элбэх үөрүүнү, үтүө- сырдык санааны,
Дьоллоох кэрэ түгэни түстүү кэллим Саҥа дьыл!
Моруос О5онньор: Үчүгэй да5аны ырыалары хоhооннору иhиттибит, үнкүүнү көрдүбүт. Сылайбытым ааhан хаалла. Билигин миигин кытта уонна Хаарчааналыын оонньуу оонньуохутун ба5ара5ыт дуо?
О5олор: аhаа!
(О5олору кытта оонньууллар)
Моруос О5онньор: Наhаа маладьыас о5олор эбиккит, мин эhиэхэ бэлэхтэрбин Хаарчаанабынаан түҥэтиэм (Кэhии түҥэтэллэр)
Дьэ үчүгэй да5аны о5олорго ыалдьыттаатым.
Аны атын дойдуларга айанныырым кэллэ,
Эhиги курдук о5олору көрсүө5ум.
Эhиил бачча5а кэлэрбэр
Өссө улаатан көрсөөрүн.
Төрөппүттэргитигр туhалаах дьон буолаарын,
Саҥа дьылынан! Саҥа дьолунан!
Көрсүөххэ диэри, күндү о5олор!
О5олор: Көрсүөххэ диэри!
Ыытааччы: Манан биhиги Сана Дьыллаа5ы бырааhынньыкпыт түмүктэнэр, барыгытыгар кэлэн ыалдьыттаабыккытыгар махтанабыт.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.
Африка декорацията кестер: Обезьяна ыстаналаан оонньуу сырытта5ына холууп кетен кэлэн обезьяна5а сурук туттурар. Холууп санарар – Обезьянка «Жанна» ханна баарый? Обезьянка –Баарбын. Туох баары...
Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)
сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...
Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа
1 кыра белех о5олоругар "Куобах дьиэтэ" остуоруйа5а оло5уран суруллубут сана дьыллаа5ы сценарий...
«Куьунну мозаика» дьуьуйуу. (Улахан белех о5олоругар аналлаах аралдьыйыы сценарийа)
Цель – закрепить знания детей о сезонных изменениях в природе, о признаках осениЗадачи: -формировать навыки самостоятельного исполнения выученных стихов, песен и танцев;-создавать празднич...
Сана дьыллаа5ы аралдьытыы сценарийа "12 ый"
Сценарий новогоднего утренника на якутском языке...
Кыьын туьунан дьайымал ( орто белех о5олоругар аналлаах)
Кыьын ( Орто белех о5олоругар аналлаах дьайымал ).Сыала: О5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы – кэцэтии. Кыьыццы дьыл кэмин туьунан хатылааьын, о5о билиитин салгыы чицэтии, ойуур – тыа олохт...
Сана дьыллаа5ы аралдьыйыы сценарийа "Остуоруйа алыптаах дойдута"
Сана дьыллаа5ы аралдьыйыы...