Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа
план-конспект занятия (младшая группа) по теме

Пахомова Ульяна Дмитриевна

1 кыра белех о5олоругар "Куобах дьиэтэ" остуоруйа5а оло5уран суруллубут сана дьыллаа5ы сценарий

Скачать:


Предварительный просмотр:

 Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа

(1 кыра белех)

«Куобах дьиэтэ»

Туттуллар материал: муус, мас дьиэлэр, мастар, чоночохтор

Оруолларга: Остуоруйаьыттар

                        Тымныы О5онньор

                        Саьыл

                        Куобах

                        Ыттар

                        Бере

                        Эьэ

                        Бетуук

        

Кыьынны тыа. Куобах (мас)уонна саьыл(муус) дьиэтэ, мастар тураллар.

1 остуоруйаьыт: Тиийэн кэллэ Сана дьыл

                               Сахам сирин урдунэн

                               Утуе истин сонуннардаах

                               Бары дьонно кэьиилэрдээх.

2 остуоруйаьыт: Тиийэн кэллэ Сана дьыл

                               Сана ырыа матыыптаах

                               Дьикти кэрэ хоьооннордоох

                               Куобах дьиэтэ остуоруйалаах!

                             

1 остуоруйаьыт: Ыркый ойуур быыьыгар мас субатыттан тутуллубут дьиэ турбут. Бу дьиэ5э куобахчаан олорбут.  

Музыка

Куобах уонна куобах о5олоро ункуулууллэр

О5олорун илдьэн олордуталыыр

2 остуоруйаьыт: Бу тыа5а чугас со5ус куобах дьиэтин аттыгар сытыы мэйиилээх Саьылчаан муус дьиэ туттан олорбут.  Бу икки кыыллар томороон тымныыны иккиэн эйэ-дэмнээхтик олорон туораабыттар.

Музыка

Куобах уонна саьыл тахсан ункуулууллэр

1 остуоруйаьыт: Тымныы кыьын ааьан кун уота куускэ тыган саас тиийэн кэлбитигэр саьыл  муус дьиэтэ ууллан хаалбыт. Дьэ туран, саьылбыт дьиэтэ суох хаалан баран куобахха куулэйдии кэлэн баран куобах барахсаны дьиэтиттэн уурэн таьаарбыт уонна бэйэтэ киирэн куобах дьиэтин дьиэ гынан олорбут.

Музыка

Саьыл саьыл о5олорун ылан ункуулуур, олордуталыыр

2 остуоруйаьыт: Куобах барахсан тыа устун баран иьэн сытар маска олорон ытаабыт.

Музыка

Ыттар киирэн ыт о5олорун ылан ункуулууллэр

О5олорун илдьэн олордоллор

2 остуоруйаьыт: Ол оонньуу сылдьаннар куоба5ы керселлер.

Ыт: Хайа куобахчаан, то5о ытаатын?

Куобах: Саьыл муус дьиэтэ ууллан мин дьиэбэр киирэн олордо, миигин уурэн таьаарда.

Ыт: Ытаама, куобахчаан! Биьигини кытта барыс, саьылы эн дьиэ5иттэн ууруехпут(урэллэр).

Ыттар уонна куобах  дьиэ5э кэлэллэр

        

Ыттар: (ав-ав-ав) Саьыл, тургэнник куобахчаан дьиэтиттэн та5ыс!

Саьыл: Тахсыбаппын! Тахсыам да5аны бэйэ5ин кэьэтиэм!

Ыттар урэ-урэ куотан тахсаллар

        

1 остуоруйаьыт: Ити курдук саьыл куоба5ы дьиэ5э киллэрбэккэ уурэн ыыталыыр.

2 остуоруйаьыт: Куобахчаан барахсан ытыы-ытыы тыа устун баран иьэр.

Музыка

Бере киирэн бере о5олорун ылан ункуулууллэр

Бере о5олорун олордуталыыр

1 остуоруйаьыт: Бере тыа устун баран иьэн куобахчаан ытыы олорорун керер.

Бере: Хайа, куобахчаан, то5о ытаатын, ким хомотто?

Куобах: Сур беречеен, хайдах ытыам суо5ай? Саьыл муус дьиэтэ уута ууллан миигин дьиэбиттэн уурэн таьаарда.

Бере: Ытаама, куобахчаан. Мин билигин бараммын саьылы дьиэ5иттэн ууруе5ум!

Куобах: Ыттар уурэ сатаатылар да саьыл тахсыбата. Эн да сатаан ууруен суо5а.

Бере: Суох! Мин саьылы ууруем!

2 остуоруйаьыт: Берелеех куобахчаан саьылы уурээри куобахчаан дьиэтигэр кэлэллэр.

Бере: Уууу…уууу….Саьылчаан, куобах дьиэтиттэн тахса тарт!

Саьыл: Тахсыбаппын! Тахсыам да5аны бэйэ5ин кэьэтиэм!

1 остуоруйаьыт: Беречеен куттанан тыа диэки суурэр.

2 остуоруйаьыт: Куобахчаан ханна барарын билбэккэ тыа устун ытыы-ытыы барар.

Музыка

Эьэ киирэн эьэчээннэри сиэтэн ылан ункуулууллэр

Эьэ о5олору илдьэн олордуталыыр

1 остуоруйаьыт: Эьэ тыа устун баран иьэн ким эрэ ытыырын истэн иьиллиир (кулгаа5ын даллатар)        

2 остуоруйаьыт: Арай кербутэ куобахчаан ытыы олорор эбит.

Эьэ: Куобахчаан, то5о ытаатын? Ким ата5астаата?

Куобах: (ытыы-ытыы) Саьыл муус дьиэтэ ууллан дьиэбин былдьаан ылла.

Эьэ: Ооо, ытаама куобахчаан! Саьылы дьиэ5иттэн ууруе5ум!

Куобах: Сатаан уурбэккин. Ыттар уурбуттэрэ, бере уурбутэ, сатаан уурбэтилэр. Эн эмиэ уурбэккин.

Эьэ: Мин туохтан да куттаммаппын! Ууруе5ум!

1 остуоруйаьыт: Дьэ ити курдук эьэлээх куобах саьылга кэлэллэр.

Эьэ: Ррррр…ррррр….Саьыл, тургэнник куобах дьиэтиттэн та5ыс!

Саьыл: Тахсыбаппын! Тахсыам да5аны бэйэ5ин кэьэтиэм!

2 остуоруйаьыт: Эьэ барахсан куттанан тыа диэки ыстанар.

1 остуоруйаьыт: Куобах барахсан эмиэ кимэ да суох хаалан тыа устун ытыы-ытыы бара турар.

Музыка

Бетуукчээн киирэн хаьыытыыр «Ку-ка-ре-ку!». Кууруссаны уонна чоппуускалары сиэтэн илдьэн ункуулууллэр        

        Бетуук илдьэн олордуталыыр        

2 остуоруйаьыт: Бетуукчээн хотуурун сукпутунэн тыа устун баран иьэр.

Бетуук: Ку-ка-ре-ку! Куобахчаан, то5о ытаатын?

Куобах: (ытыы-ытыы) Хайдах ытыам суо5ай бетуукчээн? Мас субатыттан дьиэбин саьыл муус дьиэтэ ууллан былдьаан ылла.

Бетуук: Санаа5ын туьэримэ куобахчаан. Саьылы билигин бараммын ууруем!

Куобах: Син биир уурбэккин. Ыттар да уурдулэр, бере да уурдэ, эьэ да уурдэ. Эн син биир сатаан уурбэккин.

Бетуук: Суох! Мин ууруе5ум!

1 остуоруйаьыт: Ку-ка-ре-ку! Кыьыл саппыкыбын кэтэммин

                                                       Хотуурбун тутаммын

                                                       Кэллим мин эйиэхэ

                                                       Саьыл эдьиийбэр.

                                                       Ыл, та5ыс тургэнник

                                                       Куобахчаан дьиэтиттэн!

2 остуоруйаьыт: Саьыл бетуук санатын истэн куттанар.

Саьыл: Та5ыстым-та5ыстым, танаспын таннабын, уоскуй ду Бетуукчээн!

Бетуук: Ку-ка-ре-ку! Тургэнник босхолоо куобахчаан дьиэтин!

Саьыл тахсан чоночоххо олорор.

        

Куобах: Баьыыба, Бетуукчээн! Дьиэбэр киирэн олоруо5ум, миэхэ кэлэн ыалдьыттаар!

1 остуоруйаьыт: Ити курдук бетуукчээн саьылтан куобах дьиэтин быыьаан биэрбит. Куобах дьиэтигэр киирэн уербут, до5отторун ункуугэ ыныртаабыт.

Саьыл: Куобах дьиэтин былдьааммын сыыьа гыммыт эбиппин, аны хаьан да куьа5аны оноруом суо5а.

Остуоруйаьыт: Дьэ, саьылчаан, куьа5аны онорума. Чиэьинэй буол!

Ункуу

Тыал тыаьа. Тымныы О5онньор киирэр.

Т.О: Сана Дьылынан! Сана Дьолунан!

         Эьиэхэ кэллим мин ыалдьыттыы

         Кэлэр кэм барытын оло5ор

         Кэскилэ кэрэтиэн диэн тыллыы.

         Устубут уон икки ыйдарга

         Утуйан турбакка сынньанным

         Ол онтон меьееччукпэр

         Угаттаан кэьиибин а5аллым!

1 остуоруйаьыт: То5о ба5ас кундутэй

                               Елка маспыт киэргэлэ

                               Тор5о кемус сиэдэрэй

                               Лаампа уота имнэнэнэр

2 остуоруйаьыт: Керун эрэ харыйаны

                               Хайдах курдук кэрэний

                               Араас оонньуур ыйаммыт

                               Кини сыттаах лабаатыгар!

1 остуоруйаьыт: Биьиги о5олорбут Тымныы О5онньорго анаан ырыа, хоьоон бэлэмнээбиттэрэ.

Ырыа «Сана Дьыл»

Хоьоон «Куобахчаан»

«Харыйачаан»

Т.О. Маладьыастар! О5олоор, харыйа тула туран хороводтуо5ун!

Хоровод «Харыйачаан»

1 остуоруйаьыт: Тымныы О5онньор, о5олоргор кэьиигин а5аллын дуо?

Т.О: О5олорбор туерт дьыл кэмин устата наардаан бэйэм бэлэхтэрбин а5аллым. Эьиги тетеппуттэргитэр мин утулукпун онорорго курэх ыыппыт эбиккит дии. Кыттыбыт тереппуттэргэ эмиэ кэьиибин а5аллым.

Бэлэхтэри туттарыы

        

                                                       

        



Предварительный просмотр:

Сана дьыллаа5ы аралдьытыы сценарийа

2 кыра белех

«Ус сибиинньэ уонна бере» остуоруйа

Оруолларга: Ыытааччы

                        Ниф-Ниф

                        Нуф-Нуф

                        Наф-Наф

                        Бере

Туттуллар материаллар: соломо, талах, кирпииччэ дьиэлэр, кирпииччэлэр.

Зал бырааьынньыкка анаан киэргэтиллибит, о5олор, тереппуттэр олоппосторго олороллор.

Ыытааччы: Ахсынньынан аныьыйан

                       Турда дохсун тымныыбыт

                       Кууппут кэммит

                       Сана дьылбыт

                       Тиийэн кэллэ до5оттоор!

                       Ус сибиинньэ уонна бере

                       Остуоруйа кэьиилээх!

                       Бол5ойон олорон керуе5ун

                       Остуоруйабытын са5алыа5ын!        

Музыка тыаьыыр

Ыытааччы: Арай биирдэ олорбуттара эбитэ уьу ус сибиинньэ. Кинилэр уьуен наьаа   майгыннаьар эбиттэр: теп-тегуруктэр уонна тэтэркэй дьуьуннээхтэр. Сибиинньэлэрбит ааттара кытта майгыннаьар эбиттэр: Ниф-Ниф, Нуф-Нуф уонна Наф-Наф.

            Куех сайыны сибиинньэлэрбит куех окко оонньоон, кун уотугар сыламнаан, чалбахха сетуелээн атаарбыттар. Дьэ куьун тиийэн кэлбитигэр улахан убайдара Ниф-Ниф эппит:

Ниф2: Бырааттарыам, куьун буолан наьаа тонор буоллум. Дьиэтэ туттуо5ун уонна бары бииргэ олоруо5ун.

Ыытааччы: Онуоха бырааттара улэлиэхтэрин ба5арбатахтар, убайдара эппитигэр себулэспэтэхтэр.

Нуф: Аааа кыьын ессе да ыраах, куулэйдии туьуеххэ! (кувырок онорор)

Наф: Эээ наада буолла5ына бэйэм да дьиэ туттуо5ум (сытар)

Нуф: Мин эмиэ.

Ниф: Чэ оччо5уна мин бэйэбэр дьиэ туттуом.

Ыытааччы: Ити курдук Нуф2 уонна Наф2 ыксаабатахтар, сал5ыы оонньуу сылдьыбыттар. Кун аайы сарсын туттуохпут дии сылдьыбыттар. Дьэ халлааннара кун

туун аайы тымныйан испит, чалбахтара мууьунан буруллубутугэр дьиэлэрин туттан са5алаабыттар. Нуф2 биир кун иьигэр дьиэтин соломоттон туттубут уонна ыллыы-ыллыы быраатыгар Наф-Нафка барбыт.

Дьиэбин туттан бутэрдим

Бутэрдим, бутэрдим

Маннык дьиэни булбаккыт

Булбаккыт, булбаккыт.

(тахсан барар)

                Ол бириэмэ5э Наф2 дьиэм сылаас буолуо диэн талахтан туттан бутэрбит уонна уеруутуттэн ырыа ыллаабыт:

Учугэй да дьиэлээхпин

Дьиэлээхпин, дьиэлээхпин

Ардах миигин куттаабат

Куттаабат, куттаабат.

(талах кэнниттэн Нуф2 тахсан кэлэр)

Наф2: Мин дьиэм бэлэм! Эппиппит дии, дьиэбит бэлэм буолуо диэн.

Нуф2: Убайбытыгар бара сылдьыахха эрэ, керсубэтэхпит ыраатта.

Наф2: Барыахха!

Ыытааччы: Ниф2 хас да куну быьа хаамыскалары таспыт, сыбах мэьийэн онорбут уонна дьиэтин тыал, ардах алдьаппатын гына таастан туттубут.

(Нуф2, Наф2 киирэллэр)

Нуф2: Кимниин сэриилэьээри кириэпэс тутуннун?

Ниф2: Таастан дьиэбин тутуннум

Тутуннум, тутуннум

Дьиэбэр сатаан киирбэттэр

Киирбэттэр, киирбэттэр.

Эьигиттэн ейдеехпун

Ейдеехпун, ейдеехпун!

Нуф2: Дьиэ5эр ким сатаан киирбэтин этэ5иний?

Ниф2: Берену этэбин.

Наф2: Береттен куттана5ын дуо? Манна ханнык да бере суох, баар да буолла5ына куттаммаппыт.

(иккиэн ыллыы-ыллыы эргийэллэр)

        Береттен куттаммаппыт        

Куттаммаппыт, куттаммаппыт

Ханна баарый беречеен

Беречеен, беречеен?

(тахсан баран иьэннэр берену керселлер)

Бере: Кимнээх ыллыыллар?!!        

(Нуф2, Наф2 куоталлар, дьиэлэригэр киирэллэр)

Бере: (тонсуйар) Ааннын арый!!!        

Нуф2: Суоооох!

        (бере устэ урэр, дьиэтэ сууллар)        

Ыытааччы: Нуф2 дьиэтэ алдьанан Наф-Нафка куотан тиийэр, бере эккирэтэн тиийэн ааннарын тонсуйар.

Бере: Дьэээ, билигин икиэннитин сиэ5им!

(бере устэ урэр, дьиэтэ сууллар)

Ыытааччы: Нуф2, Наф2 дьиэлэрэ алдьанан убайдарыгар Ниф-Нифка куотан тиийэллэр. Ниф2 бырааттарын дьиэтигэр киллэртиир. Ол киллэртээтин кытта бере кэлэн ааннарын тонсуйар.

Бере: Ааннытын арыйын! Арыйыаххыт суо5а да5аны дьиэ5итин уруе5ум!

Ыытааччы: Бере тонсуйа сатаан баран дьиэлэрин хас да тегул урбууут, дьиэлэрэ сууллубатах. Бере дьиэ тула хаста да эргийэ хаампыт уонна хам аччык хара тыатын диэки бара турбут.

Ыытааччы: Онтон ыла сибиинньэлэр убайдарын тылын истэр буолбуттар уонна бары бииргэ эйэлээхтик олорбуттар.

Сибиинньэлэр ункуулэрэ (музыка)

Ыытааччы:                                       Сана дьылбыт тиийэн кэллэ

              Салаасканан сырылаан

                       Сана дьылбыт тиийэн кэллэ

              Харыйанан дыргыйан!

               Бугун бары ыллыахпыт

              Араас хоьоон этиэхпит

                Ункуулээн да тэйиэхпит

                Оонньоон да ылыахпыт!

                      Сана дьылбыт тиийэн кэллэ

            Уеруу-кетуу уксээтэ!

    Сана дьылынан! Сана дьолунан!

Музыка - тыал тыаьа

Ыытааччы: Тыал бе5е тустэ, ыччуу! Ким эрэ иьэр быьыылаах. Ким буолуой о5олоор?

Хаар Куо киирэр.

Ыытааччы: Хайа бу ким кэллэ?

Хаар Куо: Кырыа кыьыннаах

                  Чысхаан тыаллаах

                  Хотугу Муустаах муораттан

                  Эьигини кытары керсееру

                  Сана дьылынан эгэрдэлээри

                  Айаннаан кэллим!

Оонньуу «Хаары куоттар»

(музыка тыаьыыр)

Ыытааччы: Кыьыл мурун, кырыа бытык

                    Тымныы Моруос о5онньор

                    Торуоскатын тос-тос охсон

                    Кэлэн иьэр о5олоор!

Музыка. Тымныы О5онньор киирэр

Т.О.  Сана дьылынан! Сана дьолунан!

          Эьиэхэ кэллим мин ыалдьыттыы!

          Кэлэр кэм барыгыт оло5ор

          Кэскилэ кэрэтин диэн тыллыы

          Устубут уон икки ыйдарга

          Утуйан турбакка уьанным

          Ол онтон бу манна меьееччукпэр

          Угаттаан кэьиибин а5аллым!

Тымныы О5онньор: Хайа, о5олоор, харыйабыт уота то5о суо5уй?

Ыытааччы: Т.О. харыйабыт уотун уматыан дуо?

Т.О. Аптаах торуоскам кеметунэн уматыам!

Ыытааччы: О5олоор, бары бииргэ «Елка уота умай!»

Т.О. торуоскатынан устэ тонсуйар. Харыйа уота умайар.

Ыытааччы: То5о ба5ас кундутэй

                       Елка маспыт киэргэлэ

                       Тор5о кемус сиэдэрэй

                       Лаампа уота имнэнэр

Ырыа «Сана дьыл»

Т.О. О5олоор, миигин кууттугут дуо? (о5олор эппиэттэрэ), Эьиэхэ хас да ыйы быьа табанан айаннаан кэллим.

Ыытааччы: Т.О. сылайбытын буолуо, манна олорон сынньан. Биьиги о5олорбут эйиэхэ анаан ырыа, хоьоон уерэттилэр.

Т.О. Манна петрушкалар бааллар эбит дии.

Музыка – ункуу. Ырыа «Мэник мээчик»

Т.О. Маладьыастар! Ессе бетуукчээннэр кэлбиттэр эбит дии.

Музыка – ункуу. Ырыа «Бетуукчээн»

Т.О. Миигин кытта онньуоххутун ба5ара5ыт дуо?

Оонньуу «Тымныы – сылаас»

Т.О. Ооо, барар бириэмэм буолбут.

Ыытааччы: Т.О. о5олорго кэьиигин а5аллын дуо?

Т.О. О5олорбор кэьиибин ыраах муустаах бай5алтан а5аллым. Меьееччукпун ылан биэрин эрэ!

Меьееччуку арыйаллар.

Ыытааччы: Ооо, кэьиилэрин барыта муус буолбуттар дии, хайдах гынабыт о5олоор? (о5олор эппиэттэрэ). Хаар Куо, Тымныы О5онньор кэьиилэрин эн тонорбутун дуо?

Хаар Куо: Оо, мин алхас эн кэьиилээх меьееччуккун тонорон кэбиспиппин.

Ыытааччы: Хайдах гынан ириэрэбит?

Т.О: Хаар Куо, оголорго агалбыт кэьиилэрбин ириэрэн биэр, оголор Сана дьылы хайдах кэьиитэ суох керсуехтэрэй?

Ункуу «Хаар»

(Ункуу кэмигэр меьееччугу уларытыы)

Хоровод «Сана дьыл»

Т.О. бэлэхтэрин тунэтэр.

Т.О. Дьэ уонна о5олоор, сылайдым, дьиэбэр муус бай5алга барабын

Эьиилги баччаанна диэритин муус доруобай буолун!

Ырыата-хоьоонно уерэтин! Элбэх билиитэ инэрин!

Барар бириэмэм туолла!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.

Африка декорацията кестер: Обезьяна ыстаналаан оонньуу сырытта5ына  холууп кетен кэлэн обезьяна5а сурук туттурар. Холууп санарар – Обезьянка «Жанна» ханна баарый? Обезьянка –Баарбын. Туох баары...

Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)

сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...

Сана дьыллаа5ы аралдьытыы сценарийа "12 ый"

Сценарий новогоднего утренника на якутском языке...

Саҥа дьыллаа5ы утренник сценарийа

Оҕо аймах эрэ буолбакка, хас биирдии киһи сылын ахсын саҥа дьылы долгуйа күүтэр. Саҥа дьыл бырааһынньыга оҕоҕо үгүс үөрүүнү, сырдыгы, алыптаах түгэни бэлэхтиир. Бу саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарийа ...

"Куобахчаан дьиэтэ" орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.

Орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа. «Куобах дьиэтэ»...