Аан дойдуга кэрэ анардар куннэригэр аналлаах аралдьытыы торума.
план-конспект занятия (подготовительная группа)

Аан дойдуга кэрэ анардар куннэригэр аналлаах аралдьытыы торума. Улахан белех 

Скачать:


Предварительный просмотр:

Аан дойдуга кэрэ анардар куннэригэр аналлаах аралдьытыы торума.

улахан белех «Сулусчаан»

 Зал иьэ бырааьынньыктыы киэргэммит, музыка тыаьыыр.

 

Ыытааччы:  Күн күбэй ийэлэрбитин, эйэҕэс эбэлэрбитин, тапталлаах эдьиийдэрбитин, күндү балтыларбытын, кэрэ кыргыттарбытын, убаастабыллаах учууталбытын Аан дойду дьахталларын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Сааскы күн сарыала эһиги ыраас дууһаҕытын сырдаттын, бүгүҥҥү күн үтүмэн үөрүүтэ эһиги нарын сүрэххитин ыллаттын.

Кэрэ сааскы күнүнэн, күндү ыалдьыттар!

         Бүгүн биһиги аан дойду кэрэ аҥардарын күннэрин бэлиэтээри муһуннубут. Дохсун ытыс тыаһынан көрсүөҕүҥ биһиги группабыт кэрэ Куоларын – нарын-намчы кыргыттарбытын. Кинилэри доҕуһуоллаан киллэрэллэр хорсун-хоодуот уолаттарбыт.

Музыка доҕуһуоллаах кыргыттар уолаттарга сиэттэрэн киирэллэр.

Ыытааччы: Саас кэлиитин бэлиэтэ –

Күн күүскэ тыгара.

Ким баарый бу сиргэ

Үрүҥ күнтэн үчүгэй?

Ийэ, ийэ, күн ийэ!

         Ийэ буолуу дьолун билбит күн күбэй ийэлэрбитин, сиэн туһугар күннэтэ түбүгүрэр элэккэй эбээлэрбитин сандал саас бырааһынньыгынан көмүс чыычаахтаргыт эҕэрдэлииллэр!

          ХоЬоон “Ийэ5ин харыстаа” С. Тимофеев

Атаахтатар, уорэтэр,

Амарах сурэхтээх ийэккэн.

Аан дойдуну ититэр

Аламай куннэ эрэ тэн. 

Учугэй киьи  буоларгар

Оруу кини кыьанар,

Арыт-арыт мохтор да,

Атаас, иьигэр аьынар. 

Аччыктыа5а о5ом диэн

Араас аьынан аьатар.

Сыллаан-уураан киэьээтин,

Сылаас оронно утутар. 

Тахсан буорга киртиппит

Танаскын оруу сууйар.

Сытыа5ын да ба5ардар,

Сылайан, хойут утуйар. 

Ыарыйдаххына кини эрэ

Ыксыа, ытыа, айманыа.

Тууну быьа арахпакка

Таскар олорон ыарыылыа. 

Мэниккин уонна аны

Киртийбит да бэйэ5ин

Таьыйда5ына да5аны,

Таптыыр эбээт эйигин. 

Ийэ диэн кунду киьи,

Киниэхэ тэннээх ким баарый?

Ийэ диэн кун киьи,

Кинини оруу харыстаан! 

Ыытааччы: Оҕолоор, ийэҕитин хомотумаҥ, кинини харыстаан, кини эрэлин түһэн биэримэҥ. Ийэҕит киэн туттар киһитэ буолуҥ!

        Биьиги о5олорбут кунду ийэлэрин, эйэзэс эбээлэрин, эдьийдэрин э5эрдэлээн уердэ-кетутэ ырыа бэлэхтиэхтэрэ.

 Ырыа “Ийэ, эбээ , эдьиий кунэ”

Оголор устуулларга баран олороллор.

Ыытааччы: Оҕолоор, сурук тиийэн кэллэ дии, аагабыт дуо? (суругу арыйан аагар).

Кунду “Сулусчаан” улахан белех оголорун бастакы сааскы баалбар кэлэн бырааЬынньыкпын киэргэтэргитигэр ынырабын. Сааскылаана.

       Тыый, оголоор, биьигини Сааскылаана бырааьынньыгар ынырбыт дии. Онно айанныыбыт дуо? (аптаах музыка тыаЬыыр) Чэ, эрэ, бары харахпытын симтибит, устэ таЬынныбыт уонна харахпытын аЬабыт.

Музыканан догуЬуоллатан Сааскылаана киирэн кэлэр.

Сааскылаана: Дорооболорун, кунду ыалдьыттар, оголор!

       Өр да кэтэспит күүтуулээх куммут, айыл5абыт биир саамай кэрэ кэмэ - сандал сааспыт тиийэн кэллэ! Күндүл күммүт күүскэ тыган мичилийэ мичээрдээтэ ийэлэрбитигэр, эбэлэрбитигэр, уопсайынан аан дойду кэрэ анаардарыгар барыларыгар!

Бырааhынньыгынан итии-истиң э5эрдэ, кулун тутар 8 күнүнэн!

Кэрэ анаар дьоро кунэ

Сааскы куннуун аргыстаьан,

Тиийэн кэллэ ча5ылыйан!

Сибэкки дыргыл сытынан

Туолла тулабыт барыта.

Уэруу-кэтуу бу куннэ

Эьиэхэ тиийиэхтин,

Ил, эйэ дьиэ5итин

Толору дьоллоотун!

        Кэрэ-нарын кыргыттарбыт ункуу бэлэх ууналлар.

         “Сардаана” ункуу

Сааскылаана: Саамай кунду киьигит кимий?

Ким эьигини таптаан сыллыырый?

Ким эьигини сарсыарда эрдэ туруорарый?

Ким араас аьынан кундулууруй?

Ким эьиги танаскытын сууйарый? (оголор эппиэттэрэ)

          Оонньуу “Ийэгин таай”

(О5олор экранна ийэлэрин кыра сылдьыбыт хаартыскаларынан таайаллар)

Сааскылаана: Ийэ - эйиэхэ олоҕу бэлэхтээбит аанньал,

Сиргэ түспүт таҥара.

Аан дойдуга хараххын аспыта,

Төрөөбүт тылгынан саҥардыбыта.

 Ырыа “Ийэм кэлиэн иннинэ”

Сааскылаана: Эйэгэс эбээлэрбитигэр итии-истиң э5эрдэ (оголор хоЬоон аагаллар)

Эрдэ туран түбүгүрэр

Чэйин өрөр, ас астыыр

Эҥини барытын сатыыр

Эйэҕэс санаалаах эбэлээхпин.

Эбэм миэхэ тикпитэ

Оһуордаах мааны этэрбэһи

Сылаас дьабака бэргэһэни

Сахалыы кэрэ саҕынньаҕы.

Күндү киһим эбэм миэнэ

Кэккэлэһэ кэлэн олор,

Күүскэ, күүскэ кууһан ылыам

Илиилэргин эмирийиэм.

Сааскылаана: Биьиги ийэлэрбит, эбээлэрбит учугэй хаьаайкалар, ма5аьыынна сылдьаллар, сыананы барытын билэллэр. Билигин ийэлэрбитигэр, эбээлэрбитигэр блиц-турнир!

            Оонньуу «Учугэй хаьаайка»

Буханка килиэп сыаната хаьый? (____р.)

Биир киилэ эт сыаната?(___р)

Киилэ уут сыаната? (___р)

О5о пюретэ? (___р)

Киилэ бурдук сыаната?(___р.)

Киилэ саахар сыаната? (___р.)

10 сымыыт сыаната? (___р)

Сааскылаана: Чэйин, эрэ, доготтоор, билигин биьиги куустээх анардарбыт ийэлэрин ункуугэ ыныртыахтара.

         Уолаттар ийэлэрин кытта ункуу “Вальс”

Сааскылаана: НаЬаа да кэрэ ункууну кердубут дии, ытыспыт тыаьын харыстаабакка куускэ таьынан биэриэххэйин! Билигин, оголоор, ийэлэрбитин кытта кыратык оонньооон ылыахпыт (3 уол уонна 3 кыыс ийэлэрин кытта тахсаллар).

             Оонньуу «Бэйэн о5о5ун бул» (маамалар харахтарын саба баанан баран о5олорун булаллар. О5о «Ийээ» диэн санарда5ына таайыахтаах)

Сааскылаана: Кыыс диэн сир сибэккитэ, кэрэ киэргэлэ. Кыыс баар буолан орто дойдуга олох салҕанар. Онон саха омук былыр-былыргыттан кыыһы таптыыр, харыстыыр, аан дойдуга баар бары кэрэгэ тэҥниир.

Хара харахтаах, хара суһуохтаах,

Арыы саһыл хааннаах, уран ньуурдаах,

Биһиги кыталык кыргыттарбыт,

Биһиги ырыаһыт ымыыларбыт,

Биһиги Туйаарыма Куоларбыт

Сааскылаана: Онтон биЬиги ийэлэрбит эмиэ олус дьоҕурдаах, ырыаһыт, үҥкүүһүт, уус тарбахтаах, бары-барыга талааннаахтар. Билигин биһиги кэрэчээн кыргыттарбыт ийэлэрин кытта мода кердеруехтэрэ.

               Мода «Фэмили лук»

Сааскылаана: Биьиги ийэлэрбит олус да талааннаах эбиттэр, кестуумнэрбит того да кэрэлэрэй, кыргыттарбыт, ийэлэрбит того да кырасыабайдарай, ессе куускэ таЬынан биэриэххэйин!

        Кунду оголор, ийэлэр, эбээлэр, ыалдьыттар бугунну сааскы бырааЬынньыкпын кэлэн киэргэппитигэр улахан Махтал! Кэрэ кыргыттарбар кэЬиибин биэрэбин. Керсуеххэ диэри... (тахсан барар).

Оголор ийэлэрин кытта зал ортотугар тахсан тураллар

Папалар эгэрдэ тыл этэн баран кыргыттарга, мамаларга сибэкки дьербетун туттараллар.

Ыытааччы: Бугун биЬиги сааскы бырааьынньыкпытыгар оголорбут эгэрдэ хоьооннорун, ырыаларын, ункуулэрин кердубут-иьиттибит, оонньоотубут. Оголор ийэлэрэ эмиэ кинилэр курдук кып-кыра буола сылдьыбыттарын кердулэр, таайдылар.  

Ийэ баар буолан о5о баар,

Ийэ баар буолан эйэ баар,

Ийэ баар буолан сир үрдүнэн

Дьол ырыата бу чугдаарар.

              Ийэлэри кытта ырыа: “Дьоллоох ого саас”

Уопсай хаартыскага туьуу.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

А5а дойдуну комускээччилэргэ аналлаах аралдьытыы

А5а дойдуну комускээччилэргэ аналлаах аралдьытыы...

«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа

laquo;Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор»улахан бөлөх оҕолоругар аналлаахСаҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа Сыала: Үөрүүлээх, өрө көтөҕүүлээх бырааһынньыктааҕы турукка киллэрии, саҥа ...

Төрөөбүт дойдуга тапталы, убаастабылы, харыстабылы иҥэриигэ ыытыллар үлэ проега

Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ тулалыыр эйгэҕэ киэҥ билиилээх, бары өттүнэн сайдыылаах, патриотическай тыыннаах киһи наада. Ол аата, бэйэтин омугун тылынан ыраастык саҥарар, өбүгэлэрин үгэстэрин, кимтэн кии...

Араас саастаах оҕолорго эйэ, үлэ, маай күнүгэр аналлаах "Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй" аралдьытыы сценарийа.

Араас саастаах оҕолорго идэлэр араастарын билиһиннэрии, чиҥэтии. Идэ барыта туһалааҕын быһаарыы....

Кэрэ анаардар куннэригэр аналлаах бырааьынньык сценарийа

Кэрэ анаардар куннэригэр аналлаах бырааьынньык сценарийа...

«Лабыҥкыр күөлгэ умнуллубат абылаҥнаах айан» саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгын торума.

Улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах «Лабыҥкыр күөлгэ умнуллубат абылаҥнаах айан» саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгын торума....