«Лабыҥкыр күөлгэ умнуллубат абылаҥнаах айан» саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгын торума.
план-конспект занятия (подготовительная группа)
Улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах «Лабыҥкыр күөлгэ умнуллубат абылаҥнаах айан» саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгын торума.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
sts_nov_utr.docx | 31.96 КБ |
Предварительный просмотр:
«Сулусчаан» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах
«Лабыҥкыр күөлгэ умнуллубат абылаҥнаах айан»
саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгын торума.
Бырааһынньыктааҕы музыка тыаһыыр. Оҕолор залга киирэн ырыа ыллыыллар.
Ыытааччы: Тиийэн кэллэ кэтэспит күммүт,
Үүннэ үөрүүлээх түгэммит!
Сана дьылбыт кэлэн иһэр,
Сана саргы үүнэн иһэр!
Саҥа дьыл салаллан кэлиитэ,
Саргылаах санаа сатыылыыр
Ким эрэ дьиктини кэтэһэр,
Ким эрэ соһуччу үөрүүгэ эрэнэр.
- Ырыа «Саҥа дьыл» (оҕолор устуулларга олороллор).
Ыытааччы: Оҕолор, көрүҥ эрээ, биһиэхэ бүгүн бырааһынньык күнэ тосхойдо! Өссө биир сыл түмүктэнэр кэмэ кэлэн эрэр... Ким сыла кэлэн-ааһан эрэрин билэҕит дуо? (оҕолор эппиэттэрэ - Куобах). Онтон ким сыла кэлэрин билиэххитин баҕараҕыт дуо? Оҕолоор, ким сыла кэлэрин, туох сыла буоларын туһунан остуоруйа керуеххутун баҕараҕыт дуо?
Остуоруйа: Дьэ эрэ, истэбит-Арай биирдэ муус манан куобахчааннар олорбуттар үһү.
- Куобахтар ункуулэрэ
Куобахчаан (Аделина): Доҕотторуом! Истин эрэ, биьиги сылбыт дьэ тумуктэнэр кэмэ тиийэн кэллэ. Бу аптаах дьыл халандаарын ыраах-ыраах сытар Лабынкыр куел хаьаайыныгар илдьэн биэриэхпитин наада. Кини бу кэлэр сыл хаьаайына буолар. Бу наьаа эппиэтинэстээх сорудаҕы биэрэбит саамай хорсун уолбутугар - Никитага. (Никитага дьыл халандаарын биэрэллэр, атаараллар.)
Куобах музыка тыаьынан догуьуоллатан хорсун со5устук хааман истэ5инэ
Суллуукун тахсан кэлэр.
Суллуукун: Дорообо! Хайа, диэки айаннаатын куобах, куттас куобах?
Куобахчаан (Никита): Мин куттас куобах буотахпын! Мин саамай хорсуммун, ол иьин миэхэ бу сорудаҕы биэрдилэр!
Суллуукун: Тыый, ол туох сорудаҕай?
Куобахчаан (Никита): Ыраах, ыраах сытар Лабынкыр куелгэ баран иьэбин, бу аптаах дьыл халандаарын кэлэр сыл хаьаайыныгар тиэрдиэхтээхпин.
Суллуукун: Туох-туох диэтин? Дьыл халандаарын кэлэр сыл хаьаайыныгар илдьэбин даа?! Суох, илдьимэ, мин сана сыл кэлэрин олох кэтэспэппин. Аҕал миэхэ... (былдьаьаллар, былдьаан ылар).
Суллуукун: Ессе, киниэхэ маннык улахан сорудаҕы биэрбит буола-буолалар, керун эрэ. Бу маны мин муустаах байзал анныгар быраҕыам, онтон эн сатаан ылыан суоҕаа. Ха-ха-ха (кулэр, дьыл халандаарын илдьэ тахсан барар).
Хомолтолоох музыка тыаьыыр.
Куобах ытыы хаалар, ол олордоҕуна Мэндэ уол киирэн кэлэр.
Мэндэ (Вадим): Куобахчаан, куобахчаан барахсан, хайдах буоллун? Тоҕо ытыыгын? Куобахчаан (Никита): Аай-ай-ай (ытыыр). Суллуукун мин сорудахпын быьа туьэн Лабынкыр куел хаьаайыныгар илдьэн биэриэхтээх дьыл халандаарын былдьаан муустаах байҕал анныгар быраҕабын диэн суурэ турда.
Мэндэ (Вадим): Лабынкыр куелгэ мин табаарыьым Лаабычаан олорор ээ. Чэ, санаарҕаама, мин эмиэ онно баран иьэбин, табаарыспын керсееру, бииргэ барыахха, эйиэхэ кемелеьуем! Ол гынан баран бастаан муустаах байҕалга бардыбыт, онно урун эьэлэр бааллар. Кинилэр кемелеьуехтэрэ. Чэ, айанныах. Хотугу муустаах байҕалга ханан бардахпытынан чугас буолуой? Оол, турар Хотугу сулустан ыйытабыт дуо?
- Ырыа “Хотугу сулус”
Сулусчааннар: Дорооболорун, ханна айаннаатыгыт?
Куобахчаан (Никита): Хотугу сулус, сулусчааннар, дорооболорун! Биьиги бу улахан сорудахха баран иьэбит. Кэлэр сыл хаьаайыныгар дьыл халандаарын илдьэн испиппин Суллуукун кэлэн былдьаан ылан хотугу муустаах бай5алга тугэгэр бырахта. Эьигиттэн кердеьуулээх кэлэн турабыт - хотугу муустаах байгалга суолбутун ыйан биэрэргит буоллар олус диэн уеруе этибит.
Хотугу сулус: Чахчы улахан сорудахтаах эбиккит дии. Кырдьык даганы Сана дьылбыт бу тиийэн кэллэ, дьыл халандаарын була охсон хаьаайыныгар тириэрдэ охсуохха наада. Керегут, табаьыттар бу кемус муостаах табачааннары муустаах байгал диэки илдьэллэр. Кытаатан кинилэри сырсын, эьиэхэ суолгутун батыьыннаран, кердерен биэриэхтэрэ.
Мэндэ (Вадим), Куобахчаан (Никита): Баьыыба Хотугу сулус уонна сулусчааннар, керсуеххэ диэри...
- Табалар үҥкүүлэрэ.
Хотугу сулус: Куобахчаан, Мэндэ, эьиэхэ тургэн чэпчэки айаны багарабын. Биьиги эьиги суолгутун айанныт тухары сырдатан иьиэхпит. Керсуеххэ диэри!
- Ырыа “Тугутчаан-табачаан” (Мира)
Мэндэ (Вадим): Дорооболорун, до5отторуом урун эьэлэр. Биьиги бу эьиэхэ кердеьуулээх кэллибит.
Урун эьэчээн (Давид): Дорооболорун! Туох буолла, маннык ыраах тымныы дойдуга кэллигит?
Куобахчаан (Никита): Мин сылым тумуктэнэн, кэлэр сыл хаьаайынын керсе баран иьэбин, ол баран истэхпинэ куьа5ан санаалаах Суллуукун кэлэр сыл кэлбэтин диэн дьыл халандаарын хотугу муустаах бай5алга быра5ан тимирдэн кээстэ.
Урун эьэчээн (Давид): Оо, хара санаалаах Суллуукун куса5ан быьыыны онорбут эбит дии. Чэ, олус санааргааман, билигин биьиги кердеен булуохпут, кемелеьуехпут.
- Урун эьэчээннэр үҥкүүлэрэ.
Урун эьэчээннэр дьыл халандаарын булан биэрэллэр,
куобахтаах, уол махтаналлар уонна айаннарыгар туруналлар.
Мэндэ (Вадим), Куобахчаан (Никита): Баьыыбаларын эьэчээннэр, эьиги кемегут олус улахан. Керсуеххэ диэри!..
Урун эьэчээннэр (бары): Керсуеххэ диэри!..
Хотугу сулус: Туманынан ере тыынан,
Аацнаан кэллэ кыhыммыт.
Турба уота кыымынан,
Куускэ сайан куедьуйэр.
Тымныы тыына суоhур5уур,
Кэhэппиттии сананар,
Иэдэспитин, илиибитин
Ыга тутан кымаахтыыр.
Онтон ончу толлубакка,
Биир да куну тохтоппокко,
Дедсадка уерэ-кете
О5о-аймах талаhар.
Хотугу сулус: Саха сирин саамай тымныы сиригэр тиийэн кэлбиккитинэн эгэрдэлиибин.
(Еймекеен сирэ экранна кестер. Дьыл огуьун туьунан кэпсиир). Доготтоор, дьыл огуьун кытта керсуеххутун багарагыт дуо? (Оголор эппиэттэрэ).
Чысхаан иьиирэр, тыал тыаьа, Дьыл огуьа киирэр.
Дьыл огуьа: Бааллырар долгуннаах,
Хотугу муустаах байгалтан тахсан
Буурҕалаах туундарам
Силбэһэр тардыылаах,
Туундара кэнниттэн
Баараҕай көстүүлээх
Баайынан ииттинэр
Күөх тайҕа урдунэн,
Суорба таас хайалардаах
Суһумнуу бу турар
Дьүкээбил дойдутуттан
Эьигини Уруйдуу-Айхаллыы
Кэллим мин - Дьыл огуьа.
Дьыл огуьа: Дорооболорун, кунду ыалдьыттар. Эьигини Еймекеен сиригэр уктэммиккитинэн эгэрдэлиибин. Бачча ыраах туох сыаллаах-соруктаах кэллигит?
Мэндэ (Вадим): Дорообо, дьыл огуьа. Куобахчааны арыаллаан иккиэн Лабынкыр куелгэ баран иьэбит.
Куобахчаан (Никита): Мин сылым тумуктэнэн, кэлэр сыл хаьаайыныгар дьыл халандаарын илдьэ баран иьэбин. Ол баран истэхпинэ куьа5ан санаалаах Суллуукун кэлэр сыл кэлбэтин диэн дьыл халандаарын хотугу муустаах бай5алга быра5ан тимирдибитин урун эьэлэр байгал тугэгиттэн таьааран биэрдилэр.
Дьыл огуьа: Маладьыастар, наьаа да хорсун оголор эбиккит. Дьэ, кыратык сынньана таарыйа миигин кытта оонньоон...
Оонньуу “Мууьурдуу”
Дьыл огуьа: Дьэ, хата аьара бэрткэ оонньоотубут, билигин Лабынкыр куелгэ эьигини илдьиэм.
Лабынкыр куелгэ тиийэллэр.
- Балыкчааннар үҥкүүлэрэ.
Балыкчааннар (бары): Лаабычаан, та5ыс, табаарыьын Мэндэ кэллэ. (Мэндэ кэллэ диэн Лаабычааны ыныраллар).
Лаабычаан киирэр, табаарыстыылар керсуьэллэр, куустуьаллар.
Мэндэ (Вадим): Дорообо, Лаабычаан. мин эйигин, табаарыспын олус диэн агынным.
Лаабычаан (Бэргэн): Дорообо, Мэндэ. Мин эйигин олус диэн кууппутум, кэтэспитим. Эьээ Лабынкыр бу уунэр сыл биьиги сылбыт буолар, онон дьоннор бырааьынньыктарыгар сылдьарбын кенуллээтэ ээ.
Мэндэ (Вадим): Лаабычаан эйиэхэ улахан сорудахтаах Куобахчаан кэллэ.
Куобахчаан (Никита): Дорообо, Лаабычаан, бу дьыл халандаарын эйиэхэ биэрэбин, эн сылын тиийэн кэллэ (дьыл халандаарын туттарар).
Лаабычаан (Бэргэн): Дорообо, Куобахчаан. Махтал! Эьээ Лабынкыр кэтэьэр ахан, мин киниэхэ эбэьээт тириэрдиэгим.
Хотугу сулус: Үргэл сулус илдьиттэнэн
Араҥас сулус аргыстанан
Үрүҥ күдэн миҥэлэнэн
Кыыдаан дьыбар кымньыыланан
Саҥа дьылбыт кэлэн иһэр,
Сана дьолбут үүнэн эрэр.
Сана дьылбыт бу буолара буолла. Сана дьылбытын керсербутугэр Чысхааны уонна сиэн кыыьын Хаарчаананы бу манна ынырыа5ын эрэ, доготтоор! (Оголор бары Чысхааны, Хаарчаананы ыныраллар).
Уеруулээх муузыка тыаьыыр.Чысхаан Хаарчааналыын киирэн кэлэллэр.
Чысхаан: Еймекеен үрдүнэн сатыылаан,
Салаллан иһэр
Саҥа дьылбытын көрсө,
Үөрүүнү үксэтээри,
Аарыма харыйа дьэргэлгэн уотун уматаары,
Дракон дьылыгар өрөгөйү үрдэтээри,
Сахабыт кэскилин уруйдуу тураары,
Мин эһиэхэ тиийэн кэллим, оҕолоор!
Чысхаан: Сиэним кыыс Хаарчаана эҕэрдэ кэһиилээх кэллэ , истин-сэргээн.
Хаарчаана: Кэтэьиилээх кэммит тиийэн кэллэ,
Сылы быьа кууппут
Сана дьылбыт буолара буолла.
Чысхаан торуоскатын тыаьатан,
Алыптаах бырааьынньыгы а5алла,
Уоруу-кетуу уксээтэ,
Дьол-соргу тосхойдо!
Чэйин эрэ, оголоор, мин таабырыннарбын ким таайар?
Таабырыннар:
- Уоттаах огуруонан киэргэммит улуу хотун баар уьу (Харыйа)
- Таьырдьа хайа буолар, дьиэгэ уу буолар баар уьу. (Хаар)
- Сайын симэнэр, кыьын сыгынньахтанар баар уьу (Тыа)
- Балаган урдугэр барча тохто сытар уьу. (Халлаан сулустара)
- Илиитэ - атага суох эрээри ойууьут баар уьу (Тымныы)
- Кыьыл муруннаах, торуоскалаах огонньор (Дед Мороз)
Ытыы-ытыы Суллуукун киирэн кэлэр.
Суллуукун: Миигин баьаалыста бырастыы гынын, аны хаьан даганы куьаганы оноруом суога. Миигин бырааьынньыккытыгар ыныраргытыгар кердеьебун, Сана дьылы эьигинниин керсуехпун багарабын ээ...
Чысхаан: Дьэ, Суллуукун, наьаа куьаган быьыыны онорбуккун, аны хаьан да оголору атагастаама, муокастаама. Оголоор, Суллуукуну бырастыы гынабыт дуо? (Оголор эппиэттэрэ. Суллуукун уерэр).
Саҥа дьылбыт бэлиэтин күөх харыйаны дьэрэкээн уоттарынан уматыаххайын эрэ.
Биир, икки, ус!
Күөх харыйа Умай! Умай! Умай!
Күөх харыйа умайар, оҕолор бары үөрэллэр, хоьоон этэллэр.
Хоьооннор
Сулусчааннар:
Тиийэн кэллэ Саҥа Дьыл!
Киирэн кэллэ Саҥа сыл,
Курааннарбыт ньиргийдэ,
Кэрэ кэми биллэрдэ!
Бары этэн айхалаан,
Баҕабытын тиэрдиэҕиҥ!
Бүттүүн үөрэн туруоҕуҥ,
Уруйбутун аныаҕыҥ!
Куобахчааннар:
Ёлка тула хаамыаҕыҥ,
Ырыабытын ыллыаҕыҥ,
Саргыбытын уунуоҕуҥ,
Ситиһиини түстүөҕүҥ!
Кэрии хара тыабытттан,
Киллэрбиттэр харыйаны.
Кэрэчээн да гына,
Киэргэппиттэр кинини.
Мэндэ, табаьыттар уонна табачааннар:
Оҕо аймах мустаннар,
Оонньуу көрүн тарпыттар.
Араас мааска кэтэннэр,
Маскараадтаан сүүрбүттэр.
Тымныы кыһын оҕонньор,
Торуоската тоһурҕаан,
Хаарчааналыын кытары
Тиийэн кэлбит бу манна.
Урун эьэчээннэр:
Харыйа тула хаамсаннар,
Оҕолордуун сиэттиһэн,
Үгүс элбэх ырыаны,
Ыллаабыттар арааһы.
Чысхаан эьээ оҕонньор,
Хоту сиртэн ыраахтан,
Сиэнэ кыыьын кытары,
Тиийэн кэллэ бу манна.
Балыкчааннар:
Харыйа тула туруоҕуҥ,
Илиилэртэн ылсыаҕыҥ.
Харыйа тула хаамсыаҕыҥ,
Ырыабытын ыллыаҕыҥ.
Араас мааска буоламмыт,
Оонньоон –көтөн үөрүөҕүҥ,
Сырсыалаһа сүүрүөҕүҥ,
Мичилиһэ көрүөҕүҥ.
Лаабычаан:Кэһиилэри үллэстэн,
Барҕа махтал этиэҕиҥ,
Саҥа Дьылы көрсүөҕүҥ,
Уруй, айхал этиэҕиҥ!
Чысхаан: Наһаа да үчүгэй хоһооннору иһиттим! Оҕолоор, мин эһигини барыгытын харыйа тула хороводка ыҥырабын!
- Хоровод “Кэрэчээн харыйа”
Чысхаан: Аны билигин оонньуу оонньуохпут, бары круг онорон турабыт. Бу мин утулукпун бэйэ-бэйэбитигэр бэрсэн иьэбит, онтон мин торуоскабын тонсуйдахпына утулукпун тутан хаалбыт ого круг иьигэр киирэн миигинниин ункуулуур уонна устуулугар баран олорон иьэр. Чэ, оонньуубутун сагалаатыбыт...
Чысхааны кытта оонньуу.
- Ырыа “Тик-так тикают часы”
Хаарчаана: Оголорбут наьаа да талааннаахтар эбит, маладьыастар! Эьээ, оголорго кэьиигин тунэтиэххэ
Чысхаан: Дьэ, кырдьык, наьаа да учугэй оголорго мин ыалдьыттаатым, кэьиилээх меьееччукпун агалын эрэ, доготтоор (Чысхаан о5олорго кэьиитин тунэтэр, Хаарчаана, Хотугу сулус, Дьыл огуьа, Суллуукун кемелеьеллер).
Чысхаан: Оголорум маладьыастар! Эһиил эмиэ саҥа ырыа, хоһоон билэн тоһуйаарын. Билигин мин атын нэһилиэктэринэн, улуустарынан ыалдьыттыы бардым. Эһиилги сана дьылга диэри көрсүөххэ диэри! (Чысхаан Хаарчааналыын быраьаайдаьан тахсан бараллар).
Ыытааччы: Биир сылбыт номнуо көтөн ааста.
Ол аата биһиэхэ,
Үөрүүлээх күммүт үүннэ.
Саҥа дьылга үөрүүбүтүн
Чугас дьоннуун үллэстиэххэ.
Саҥа сылга сырдык дьолу
Бары эрэнэ күүтүөххэ!
Сана дьылынан,
Сана дьолунан!
Уопсай хаартыскаҕа түһүү!
Оруолларга оонньууллар:
Ыытааччы - воспитатель
Хотугу сулус - воспитатель
Чысхаан -
Хаарчаана - Нария Васильевна
Дьыл о5уьа - Васса Васильевна
Суллуукун - Нинэлли Валерьевна
Лаабычаан - Бэргэн
Мэндэ - Вадим
Куобахчааннар - Никита, Аделина, Аделия, Арина, Элина, Замир, Матвей
Сулусчааннар - Мира, Ангелина, Айта К., Валерия, Камилла, Сандаара, Сардаана
Табачааннар - Айаана, Айта А., Диана, Саша С., Женя
Табаьыттар - Тимур, Арсен, Сайаан, Лев
Урун эьэчээннэр - Давид, Саша Пр., Айаан, Богдан, Данил
Балыкчааннар - Айсиэн, Артем, Ваня, Марик
Тик-так, тикают часы
В новогоднюю ночь
Ждем мы новых чудес,
В новогоднюю ночь
Станет сказочным лес.
Станет люстрой луна,
Ну, а снег - как паркет.
И звенит тишина,
И минут лучше нет.
Припев:
Тик-так, тикают часы
Тикают часы, отмеряя шаг
Тик-так, тикают часы
Тикают часы тик-так.
Новогодняя ночь
Исполняет мечты
В новогоднюю ночь
Не разводят мосты.
Новогодняя ночь
Нет на свете светлей
Новогодняя ночь
Чудеса для детей.
Припев:
В новогоднюю ночь
Грусть уйдет навсегда
В новогоднюю ночь
Не уснут города
И становятся старше
Ровно на год...
Новогодняя ночь
Счастье всем принесет!
Припев:
Хоровод "Кэрэчээн харыйа"
Кэрэчээн харыйа
Налыччы киэргэммит,
Араас да уотунан
Күлүмнүү умайбыт.
Хос ырыата:
Чаҕылый, чаҕылый
Баай елка умайыый.
Оҕолор көрдөрун
Эн үерэ сырдатыый.
Эһэлэр, бөрөлөр,
Саһыллар бэл бааллар.
Сиэттиһэн бараннар
Көхтөөхтүк ыллыыллар.
Хос ырыата
Кэтэһэр ыалдьыппыт
Тымныычаан оҕонньор
Кэһиитин түҥэтэн
Үерүүнү үксэтэр.
Хос ырыата
Саҥа дьыл
Эргичийдэ хоровод
Дьоро киэһэ дьиэрэйдэ
Саҥа дьылбыт сандаарда
Елкабыт киэркэйдэ.
Хос ырыата (2 хатыланар):
Саҥа дьыл, саҥа дьыл
Аптаах остуоруйа.
Кылбачыйар, килбэчийэр
Хас биирдии иннэтэ
Муусукабыт кутуллар
Елкабыт киэркэйэр.
Хос ырыата (2 хатыланар)
Таһырдьа сир хотоҥнуур
Чысхаан тыал иһиирэр
Айаннаан ол истэҕэ
Дед Мороз елкаҕа.
Хос ырыата (2 хатыланар)
Сулусчааннар ырыалара
Хараҥа кыһыҥҥы киэһээҕэ
Түннүкпүн өҥөйөн тураммын
Халлааны одуулуу көрөбүн
Сулусчааннар оонньуулларын.
Хос ырыата:
Сулусчаан, сулусчаан дьиримнээ
Сандаара күлүмнүү эн тыгыый
Сулусчаан, сулусчаан дьиримнээ
Дьон-сэргэ дууһатын долгута.
Айылҕа кэрэ да кэмнэрэ
Маҥан хаар тулабын бүрүйдэ
Төрөөбут мин тыйыс дойдубар
Хотугу сулуьум эн тыгыый.
Хос ырыата
Хоьооннор:
Сулусчааннар:
Тиийэн кэллэ Саҥа Дьыл!
Киирэн кэллэ Саҥа сыл,
Курааннарбыт ньиргийдэ,
Кэрэ кэми биллэрдэ!
Бары этэн айхалаан,
Баҕабытын тиэрдиэҕиҥ!
Бүттүүн үөрэн туруоҕуҥ,
Уруйбутун аныаҕыҥ!
Куобахчааннар:
Ёлка тула хаамыаҕыҥ,
Ырыабытын ыллыаҕыҥ,
Саргыбытын уунуоҕуҥ,
Ситиһиини түстүөҕүҥ!
Кэрии хара тыабытттан,
Киллэрбиттэр харыйаны.
Кэрэчээн да гына,
Киэргэппиттэр кинини.
Мэндэ, табаьыттар уонна табачааннар:
Оҕо аймах мустаннар,
Оонньуу көрүн тарпыттар.
Араас мааска кэтэннэр,
Маскараадтаан сүүрбүттэр.
Тымныы кыһын оҕонньор,
Торуоската тоһурҕаан,
Хаарчааналыын кытары
Тиийэн кэлбит бу манна.
Урун эьэчээннэр:
Харыйа тула хаамсаннар,
Оҕолордуун сиэттиһэн,
Үгүс элбэх ырыаны,
Ыллаабыттар арааһы.
Чысхаан эьээ оҕонньор,
Хоту сиртэн ыраахтан,
Сиэнэ кыыьын кытары,
Тиийэн кэллэ бу манна.
Балыкчааннар:
Харыйа тула туруоҕуҥ,
Илиилэртэн ылсыаҕыҥ.
Харыйа тула хаамсыаҕыҥ,
Ырыабытын ыллыаҕыҥ.
Араас мааска буоламмыт,
Оонньоон –көтөн үөрүөҕүҥ,
Сырсыалаһа сүүрүөҕүҥ,
Мичилиһэ көрүөҕүҥ.
Лаабычаан:
Кэһиилэри үллэстэн,
Барҕа махтал этиэҕиҥ,
Саҥа Дьылы көрсүөҕүҥ,
Уруй, айхал этиэҕиҥ!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа
laquo;Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор»улахан бөлөх оҕолоругар аналлаахСаҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа Сыала: Үөрүүлээх, өрө көтөҕүүлээх бырааһынньыктааҕы турукка киллэрии, саҥа ...
Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык сценарийа "Снежная королева"
Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык сценарийа "Снежная королева"...
Саҥа дьыллааҕы сценарий .кыра белех
Саҥа дьыллааҕы сценарий ....
2022 сылы көрсөр саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа: «Королевскай баалга айан»
Саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа...
Саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы: “Пятачок уонна кини до5отторо, сана дьыллаа5ы муччургэннээх сырыылара.”
Сценарий Нового года....
Орто бөлөх саҥа дьыллааҕы утренник сценарийа.
Орто бөлөх саҥа дьыллааҕы утренник сценарийа....
Аан дойдуга кэрэ анардар куннэригэр аналлаах аралдьытыы торума.
Аан дойдуга кэрэ анардар куннэригэр аналлаах аралдьытыы торума. Улахан белех...