Кэрэ анаардар куннэригэр аналлаах бырааьынньык сценарийа
план-конспект занятия (средняя группа)
Кэрэ анаардар куннэригэр аналлаах бырааьынньык сценарийа
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
byraaynnyk_stsenariya._kere_anardar_kunnere.docx | 19.71 КБ |
Предварительный просмотр:
Кэрэ анаардар куннэригэр аналлаах бырааьынньык сценарийа
(Ийэлэр,эбээлэр, ыалдьыттар, уолаттар киирэн олороллор
Вед: Сарпа сарыал
Саьар5атын
Са5ахтарга
Сандаарпахтаан,
Саха киьи санаатын
Сайа5астай иэйиинэн
Сайа сай5аан
Саас иьэр!
Вед: Сааскы сайа5ас салгыны кытары саамай уоруулээх кун – кэрэ анаардар Аан дойдутаа5ы бырааьынньыктара кэлэр. Ол кун биьиги дьиэбит ордук сырдык, кэрэ буолбукка дылы буолар. Биьиги уорэ кото сылдьарбыт туьугар, дьиэбит иьэ таьа тупса5ай оноьуулаах буоларыгар эбэлэрбит, ийэлэрбит, эдьийдэрбит кыьаллаллар.
Бугун биьиги куннэ корбут кунду дьоммутун кун кубэй ийэлэрбитин, эйэ5эс эбээлэрбитин, кэрэчээн сибэккигэ холоонноох кыргыттарбытын Аан дойду Кэрэ Куоларын куннэринэн ис сурэхтэн э5эрдэлээри муьуннубут! Дохсун ытыс тыаьынан кунду дьоммутун э5эрдэлээн биэриэ5ин!
1 чааьа
(Вед. кыргыттар диэки хайыспыта..кыргыттара миэстэлэригэр суохтар..соьуйар, уолаттартан ыйыталаьар )
Вед: Хайа, уолаттар, кыргыттарбыт …ханна баран хааллылар? Олох да суохтар эбит дии?! Биьиги оссо кинилэри бырааьынньыгынан э5эрдэлээри бэлэмнэммиппит дии..Уолаттар, ким да кыргыттары дьээбэлээбэтэ5э да? Баттахтарыттан энин тардыалаабатаххыт дуо? Ба5ар оьургэнэн баран хаалбыттара буолуо? Ханна барбыттара буолуой?(уолаттар толкуйдууллар)
Вед: Ээ, о5олор..мин телефонунан звоннаан ыйыталаьыам (телефонунан звоннаан ыйыталаьар)
- «Байкал» ма5аьыына (Айталина Владимировна)
- «Парикмахерская»
- «Ателье»
Кыргыттарбыт баттахтарын оностон, сана былаачыйа тиктэрэн баран, киэргэнэн , сибэкки кэриэтэ симэнэн бырааьынньыкпытыгар тиийэн кэллилэр.. Корсуо5ун, сир симэ5э кэрэчээн кыргыттарбытын!
(музыканан до5уьуолланан кыргыттар киирэллэр, залы тула эргийэн баран олоппосторугар олороллор)
Вед: Кыргыттарбыт кэлбиттэриттэн уорэн котон туран бырааьынньыкпытын са5алыыбыт! Кун кэрэ бэйэлээх Ийэлэрбитин бугунну уоруулээх кунунэн э5эрдэлээн туран о5олоргут эьиэхэ ырыа бэлэх ууналлар!
(Ырыа «Мин ийэбин таптыыбын»)
Вед: Чэйин эрэ уолаттаар.. кыргыттарбытын кэрэчээн сибэккигэ холоон коробут диэн оонньуута оонньуо5ун!
(Оонньуу «Собери цветы для девочки»)
Вед: Аны билигин кыргыттарбыт..эьиги иннигитигэр тахсан сэлээппэлээх ункууну бэлэхтиэхтэрэ.
(Ункуу «Сэлээппэлээх ункуу»)
Вед: Кун Кубэй ийэлэрбитигэр анаан Игорь Петров, Юда М. хоьоон аа5ан иьитиннэриэхтэрэ
(Хоьоон Игорь П., Юда М.)
Вед: Эйэ5эс эбээлэргэ анаан хоьоонун бэлэхтиир Владик Унаров
(Хоьоон «Эбээ»)
Вед: Кунду дьоммутун э5эрдэлээн туран «Оо.уоруу!» диэн ырыабытын бэлэх уунабыт..
(Ырыа «Оо, уоруу!»)
Вед: Истин иэйиилээх ырыабытын бэлэхтээн баран, аны тапталлаах дьоммутугар тарбахпыт сылааьын инэрбит, сурэхпит иэйиитин анаабыт оноьуктарбытын бэлэхтиибит.
(Ийэлэргэ, эбээлэргэ бэлэх туттараллар, олороллор)
2 чааьа
Вед: Таабырынна таайын эрэ..о5олоор!
«Сибэккиттэн сибэккигэ котон тэлээрэр, солко былаачыйалаах кыыс баар уьу» (урумэччи)
(музыка тыаьыыр, урумэччи котон киирэр, ункуулуур)
Урумэччи: Утуо кунунэн о5олоор! Мин сибэккиттэн сибэккигэ котон тэлээрэр урумэччи буолабын. Миигин эьиэхэ сибэккилэр Королевалара ыытта. Эьиэхэ сурук тиэрдэр (вед. сурук биэрэр, музыканан быраьаайдаьан тахсан барар)
Вед: Сибэккилэр королевалара ыыппыт суругун ис хоьоонун аа5ыа5ын эрэ..
(конверы аьар, суругу аа5ар)
«Утуо кунунэн кунду о5олор! Мин эьигини барыгытын сибэккиилэр балларыгар ынырабын..кэлэн бырааьынньыкпар оонньоон корулээн, кунду ыалдьыт буолун!»
Сибэккилэр Королевалара .
Вед: Чэйин эрэ о5олоор! Сибэккилэр Королеваларын ынырыытын ылынаммыт..балга ункуулуу, оонньуу барабыт дуо?
Уолаттарбыт костуумнэнэн ох курдук оностубуттар, аны кыргыттарбыт киэргэнэллэрэ, бэлэмнэнэллэрэ хаалла..
Оонньуу-курэх: «Бырааьынньыкка тэринэбит»
- «О5уруону кэтэбит»
- «Кунду таастаах биьилэх»
- «Кырасыабай буручуоскэ»
- «Платогу баанабыт»
- «Косметичкабын хомунабын»
Вед: Кыргыттарбыт сал5ыы сибэккилэр баалларыгар барарга киэргэнэ, танна бараллар.. (кыргыттар «Сир симэ5э –кэрэчээн сибэкки» мода кордорорго бэлэмнэнэ бараллар)
Вед: Кыргыттарбытын кэтэьэ таарыйа.. ийэлэрбитин кытта оонньуо5ун!
- «Поцелуйчики» (2 обруч, 10 шт. «поцелуйчики»)
- «Мин ийэм барытын сатыыр» (2 кинигэ, 2 стаканнаах уу, 2 веник, 2 бох)
- «О5о5ун бул» (шарфик)
- Викторина: «Остуоруйалары тоьо билэ5ин?»
Тумук чааьа
(Музыка тыаьыыр, Сибэккилэр Королевалара киирэр, ункуулуур,сибэккилэрин уурталыыр)
С/К: Сотору миэхэ детсадтан о5олор куулэйдии кэлиэхтэрэ..мин кинилэри сибэккиилэр баалларыгар ынырбытым.
Вед: Кобуор курдук тэлгэммит Сибэккилэр, сибэккилэр
Солко отум быыьыгар Куустуспуттар, уорбуттэр.
Араас онноох сибэккилэр Сылаас тыаллыын
Хонуубутун симээбиттэр. мэниктээннэр
Эргичийэ тэлээрбиттэр.
(музыканан до5уьуолланан кыргыттар – сибэккилэр киирэллэр, мода кордороллор)
С/К: Наьаа да учугэй сибэккичээн кыргыттаар! Сир симэ5ин курдук киэргэнэн то5о да кэрэлэрэй?
Кэрэчээн кыргыттары бугунну бырааьынньыккытынан э5эрдэлээн туран бэлэхтэрбин туттарыам..
(кыргыттарга бэлэх туттарыы)
Вед: Барыгытын оссо тогул сандал саас бастакы бырааьынньыгынан э5эрдэлиибит, эьигинниин мэлдьи уоруу эрэ энээрдэстин, саргылаах сарсынны куннут бо5о туруктаах буоллун! Корсуоххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Комус куьуннэ аналлаах аралдьыйыы сценарийа "Почтальон саьыл"
Кыра саастаах оголорго, куьунну айылга кэрэтин туьунан аралдьыйыы комотунэн тириэрдии, кордоруу. Айылгага харыстабылы, тапталы иитии...
«Тугутчаана» о5о саадын иитиллээччилэригэр аналлаах Куну корсуу сценарийа
Бэҕэһээ, о.э. олунньу 1 күнүгэр сарсыарда 11 ч 30 м Үрүҥ Хайатаа5ы Тугутчаана о5о саадын улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччилэригэр аан бастаан таhырдьа Күнү көрсүү аралдьытар тэрээhин буолла. О...
«Куьунну мозаика» дьуьуйуу. (Улахан белех о5олоругар аналлаах аралдьыйыы сценарийа)
Цель – закрепить знания детей о сезонных изменениях в природе, о признаках осениЗадачи: -формировать навыки самостоятельного исполнения выученных стихов, песен и танцев;-создавать празднич...
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн аналлаах аралдьыйыы сценарийа. Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ.
Аҕа дойдуну көмүскээччилэркүннэринэн аналлаахаралдьыйыы сценарийа.Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ....
Аан дойду дьахталларын кунун бырааьынньык сценарийа
laquo;Кустук» Улахан б8л8хСыала соруга: Оголорго бырааьынньык настрайыанньатын 8р8 к8т8гуу, бастын сааскы бырааьынньык кунунэн ойдотуу, уорэтии. Ийэгэ уонна кэрэ анаардарга убаастабы...
Ийэ кунугэр аналлаах аралдьыйыы сценарийа (улахан белех о5олоро)
Сценарий развлечения "День Матери" (старшая группа)...
Аан дойдуга кэрэ анардар куннэригэр аналлаах аралдьытыы торума.
Аан дойдуга кэрэ анардар куннэригэр аналлаах аралдьытыы торума. Улахан белех...