«Байанайдаах булчуттар» аралдьытыы сценарийа Улахан бөлөх
методическая разработка (старшая группа)

Жиркова Анжела Николаевна
Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт үлэни түмүктээһин. Саха киһитин төрүт дьарыга булт туһунан оҕолор билиилэрин чиӊэтии, өбүгэлэр үгэстэрин, булт сиэрин-туомун салгыы билиһиннэрии. Айылҕаҕа тапталы, харыстабыллаах сыһыаны иитии. Булчут түргэн туттуулаах, кыраҕы харахтаах, сымса буоларын туһунан өйдөтүү. Оҕо иитиитигэр аҕа оруолун күүһүрдүү.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл bayanaydaah_bulchuttar_aralytyy_stsenariya_ulahan_boloh.docx19.34 КБ

Предварительный просмотр:

«Кэнчээри» оҕону сайыннарар Киин

«Байанайдаах булчуттар» аралдьытыы сценарийа

Улахан бөлөх

Иитээччи: Жиркова А.Н

Сыала: Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт үлэни түмүктээһин. Саха киһитин төрүт  дьарыга булт  туһунан оҕолор билиилэрин  чиӊэтии, өбүгэлэр үгэстэрин, булт сиэрин-туомун салгыы билиһиннэрии. Айылҕаҕа тапталы, харыстабыллаах сыһыаны иитии. Булчут түргэн туттуулаах, кыраҕы харахтаах, сымса буоларын туһунан өйдөтүү. Оҕо иитиитигэр аҕа оруолун күүһүрдүү.

Туттуллар тэриллэр: оонньуурдар (куобах, тииӊ, 2 мээчик), 2 төгүрүк, быа- 2, балыктар, 2 кус, пластмасс мээчиктэр, 2 таас.

Ыытааччы: Сэтинньи ый - Байанай ыйа. Байанай диэн – ойуур иччитэ, булт таӊарата. Кини тыа кыылларын, көтөрдөрүн харыстыыр. Ол иһин тыа кыылларын- көтөрдөрүн Байанай оҕолоро диэн ааттыыбыт.  Сэтинньи ыйга булчуттар ыраах  бултуу-алтыы бараллар. Күндү түүлээҕи эккирэтэллэр, Байанайтан айах тутан көрдөһөллөр. Оту-маһы алдьатыам суоҕа, наадыйарбын эрэ ылыам диэн андаҕар этэллэр.

Слайд- Байанай ойуута, Байанай аал уотун аһата олорор, күндү түүлээх кыыллар хаартыскалара.

1 чааһа

Ыытааччы:   Үтүө күнүнэн күндү ыалдьыттарбыт аҕаларбыт, эһээлэрбит, убайдарбыт.

Бүгүн биһиэхэ үөрүүлээх күн Баай Барыылаах Байанайбыт күнэ. Үтүөкэн үгэстээх, Сээркээн сэһэннээх, өттүк харалаах Баай Байанай бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит.

Ыытааччы: (Слайд1- Байанай ойуута) Сэтинньи ый - Байанай ыйа диэн ааттанар.  

- Оҕолор,  ким билэрий Байанай диэн тугуй? (Оҕолор эппиэттэрэ)

Бу ыйга булчуттар ыраах бултуу-алтыы баралар. Күндү түүлээҕи эккирэтэллэр, эһэкээннэригэр үөмэлэр, айах туталлар.

- Булчуттар тыаҕа бултуу барыахтарын иннинэ хайыыллар эбитий?(Оҕолор эппиэттэрэ)

(Слайд 2- аал уотун аһата олорор булчут)

Байанайдарыттан көрдөһөллөр, аал уоттарын аһаталлар эбит. Оту-маһы алдьатыам суоҕа, наадыйарбын эрэ ылыам диэн андаҕар этэллэр. Былыр былыргаттан саха булчута бултаан дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар, таӊыннарар эбит.

Булчуттар сиэри-туому тутуһан сырыттахтарына Баай Байанай үөрэр эбит уонна булдуттан бэрсэр эбит.

Биһиги оҕолорбут эмиэ тыаҕа сылдьыы сиэрин-туомун туһунан билэллэр онтукаларын билигин эһиги инигитигэр кэпсээн иһитиннэриэхтэрэ

  1. Сиэри-туому тутуһуу быраабылатын этии

Ыытааччы: Булчуттар тыаҕа барыахтарын иннинэ күнү-дьылы кэтээн көрөллөр, билгэлииллэр эбит.

Билигин  оҕолор кыһыӊӊы билгэлэр тустарынан кэпсиэхтэрэ.

2. Билгэлэри билиһиннэрии

- Биьиги сахабыт сиригэр ханнык күндү түүлээх кыыллар баалларын билэҕитий, оҕолоор?(Оҕолор эппиэттэрэ)

(Слайд 3- кыыллар)

  1. Хоһоон ааҕыы кыыллар тустарынан
  2. Ырыа «Кырынаас»
  3. Таабырын хоһооннор кыыллар тустарынан

2 чааһа.

Ыытааччы: Уол оҕо айылҕаттан булка - балыкка тардыстар айдарыылаах. Кинини кыра эрдэҕиттэн тыаҕа илдьэ сырыттахха, өбүгэлэрбит үгэстэрин, булт сиэрин- туомун үөрэттэххэ үтүө булчут, балыксыт буола улааталлар!

Бүгүӊӊү «Байанайдаах булчуттар» күрэхпитин саҕалыырбытын көӊүллээн.

Дьэ, эрэ уолаттар аҕаларбытын кытта бултуу барыаҕын.

Хамаандалары билиһиннэрии.

Оҕолор булчут хайдах буолуохтааҕый?  Түргэн, кыраҕы харахтаах, күүстээх, быһый. Билигин эһиги аҕаларгытын кытта бултуу барыаххыт.

  1. «Ким куобаҕы, тииӊи табар» - Булчут кыраҕы харахтаах, эрчимнээх илиилээх буолар онон  ким саамай сытыы харахтааҕын, сымса илиилээҕин билиэхпит.   (Сыал быраҕыы мээчигинэн) Бастаан оҕо быраҕар, онтон аҕата.
  2. «Кустааһын» Оҕолор илии имнэн куһу булан ылыахтаахтар, аҕалар тиистэринэн куһу ытыран ылыахтаахтар.
  3. «Дулҕаны туорааһын»

Ханнык баҕарар булчут түргэн туттунуулаах буолар, ханнык баҕар халыӊ хаары, бадарааны, ууну туораан бултуур сиригэр тиийиэхтээх. Эһиги иннигитигэр уу баар, ууга түспэккэ анараа биэрэккэ диэри түргэнник тиийиэхтээххит. Онон билигин  ким  сымса, түргэн атахтааҕын билиэхпит.

  1. «Балыктааһын» - уолаттар ким тургэнник балыгы ылар эбитий, аҕалар – харахтарын баайан баран ылаллар.

Түмүк таһаарыы кэмигэр таабырын таайсыы.

Таабырыннар

Түөспэр күннээхпин, сытыы харахтаахпын, албырхай сырыылаахпын диир баар үһү.  (Саһыл).

Орулус турулус көрөбүн, чөҥөчөккө олоробун, түүҥҥү сырыылаахпын, хатан хаһыылаахпын -  диир баар үһү.  (Мэкчиргэ).

Туох кыһын ойуурга аччык кэрийэ сылдьар үһү. (Бөрө).

Сир иһигэр сибигинэйэ Мэхээлэ сытар үһү.   (Эһэ).

Кутуругунан оонньуур тиит тирэхтээх тиҥсирики сүүрүк баар үһү.                                                          (Тииҥ).          

От-мас аһылыктаах, ойуоккалас оҕочоос баар үһү. (Куобах).

Чэпчэкитик сүүрэбин, адаархай муостаахпын, дьоҥҥо туһам элбэх диир баар үһү.   (Таба).  

Таһырдьа  хайа буолар, дьиэҕэ уу буолар баар үһү.  (Муус).

Хонууга да хоройдорбун,

Сааһыттан саһабын,

Ойуурга да олордорбун

Саһылтан саллабын.

 Хайа ким билэрий,

 Хайалара эбиппиний?   (Куобах).

Таһырдьа туман оргуйар,

Мастар кырыаран тураллар.

Тибии, буурҕа ытыллар,

Тымныы иэдэһи кымаахтыыр.

Бу хаһан буоларый? (Кыһын).

Соҕотох харахтаах тугу да тулуппат баар үһү? (Саа).

Сыыдам сырыылаах, сурааһын суоллаах аллаах ат баар үһү.  (Хайыһар).

 Отоннооҕор оччугуй, оҕустааҕар күүстээх баар үһү.  (Буулдьа).

Таарыйдар эрэ «чап» гынар баар үһү.  (Хапкаан).

 Тыа дьиэлээх, көтөр – сүүрэр доҕордоох баар үһү.  ( Байанай).

Үтүө ыал оҕото уот аһылыктаах үһү.  (Саа).

Суолга киирбэт сур соноҕос баар үһү. (Хайыһар).

Уу иһигэр обот Уйбаан баар үһү.  (Муҥха).

Баһа-атаҕа биллибэт барҕа баайдаах, биэрэр да хаһан да иэстиирин эппэт, төлөппөт да баар үһү. (Айылҕа).

Түмүк.  (Кыайыылаахтары эҕэрдэлээһин)

 Биһиги аар  тайҕабытын, тулалыыр  айылҕабытын мэлдьи харыстыаҕыӊ! Оччоҕо эрэ көтөр-сүүрэр үксүү туруо, Баай Байанайбыт араас булдунан  күндүлүү туруо!

Баай Байанай күндүлээбит  аһыттан амсайыаххайын.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа

laquo;Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор»улахан бөлөх оҕолоругар аналлаахСаҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа Сыала: Үөрүүлээх, өрө көтөҕүүлээх бырааһынньыктааҕы турукка киллэрии, саҥа ...

«Куьунну мозаика» дьуьуйуу. (Улахан белех о5олоругар аналлаах аралдьыйыы сценарийа)

Цель  – закрепить знания детей о сезонных изменениях в природе, о признаках осениЗадачи: -формировать навыки самостоятельного исполнения выученных стихов, песен и танцев;-создавать празднич...

Сана дьыллаа5ы аралдьытыы сценарийа "12 ый"

Сценарий новогоднего утренника на якутском языке...

Араас саастаах оҕолорго эйэ, үлэ, маай күнүгэр аналлаах "Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй" аралдьытыы сценарийа.

Араас саастаах оҕолорго идэлэр араастарын билиһиннэрии, чиҥэтии. Идэ барыта туһалааҕын быһаарыы....

Аралдьытыы сценарийа «Ким, ханна олороруй?»

Аралдьытыы сценарийа«Ким, ханна олороруй?»...

«Мин тереебут дойдум – Сахам сирэ» аралдьытыы сценарийа

laquo;Мин тереебут дойдум – Сахам сирэ» аралдьытыы сценарийа...

Ийэ кунугэр аналлаах аралдьыйыы сценарийа (улахан белех о5олоро)

Сценарий развлечения "День Матери" (старшая группа)...