Аралдьытыы сценарийа «Ким, ханна олороруй?»
план-конспект занятия (младшая группа)
Аралдьытыы сценарийа
«Ким, ханна олороруй?»
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
araldytyy_stsenariya._kim_hanna_olororuy.docx | 21.76 КБ |
Предварительный просмотр:
Кыра белех о5олоругар аналлаах аралдьытыы сценарийа
«Ким, ханна олороруй?»
(О5олор музыканан киирэн икки белеххе «Ойуур кыыллара», «Дьиэ кыыллара» арахсан олоппосторго олороллор)
Сыала – соруга: Ойуур, дьиэ кыылларын туьунан о5о билиитин чинэтии, тэрээьиннээх дьарыктарга, куннээ5и оонньууларга, онорон таьаарар дьарыктарга (уруьуй, тутуу, мэьийии ) ылбыт сатабылын сайыннарыы, о5о аралдьытыыга хоьоон аа5ан, музыканан хамсанан ункуулээн кыыллар тустарынан ейдебулун кэнэтии, дьиэ уонна ойуур кыылларыгар харыстабыллаах сыьыаны иитии.
Туттуллар матырыйааллар: Муз.центр, аралдьытыы тиэмэтигэр сеп тубэьэр оформление, дьиэ кыылларын хартыыналара, «Ханнык кыыл этин чааьай?» дид/ оонньуу хартыыналара, хортуонканан оноьуллубут дьиэ уонна ойуур кыыллара, корзина, туораахтар, остуол, хоьоон тэтэрээтэ, мольберт, тиин хартыыната, магнит.
Аралдьытыы ис хоьооно:
Вед: Бугун дьикти кун ууммут!
Керун эрэ до5оттоор,
Дьиэ, ойуур кыыллара
Уерэ – кете то5уоруьан,
Бары бииргэ мустубуттар!
Керу- нары тардыбыттар,
Бары, бииргэ буолбуттар!
Вед: Чэйин эрэ о5олоор, бугун бары манна мустан оонньуо5ун, ыллыа5ын- туойуо5ун! Биьиэхэ кердеех дьикти кыыллар кэлэн ыалдьыттыахтара.
Оонньуу «Ханнык кыыл этин чааьай?»
(остуол, ойуур кыылларын хартыыналара)
Вед: Ойуур кыылларын туьунан о5олор наьаа билэллэр эбит диэн уерэн туран ойуур кыыллара эьиэхэ ункуу бэлэхтииллэр.
Ункуу «Ойуур кыыллара»
Вед: Ойуур кыылларыгар наьаа учугэй ункуулэрин иьин махтанабыт!
Аны кыыллар тустарынан хоьооннорун аа5ан иьитиннэриэхтэрэ биьи группа улахан о5олоро
Хоьоон аа5ыы «Кыыллар»
(Аидмар Г. «Кулунчук», Ариана П. «Ат», Айлина Г. «Эьэ Миискэ», Аэлита Г. «Куобах», Диана С. «Тиинчээн»)
Соьуччу тугэн «Куобахчаан»
Вед: Хайа, манна ким олороруй? Керун эрэ, о5олоор…(о5олор харыйа анныттан куобахчааны булаллар)
Куобахчаан: Утуе кунунэн, о5олоор! Мин ойуурга дьиэлээх куобахчаан буолабын, ойуур устун ыстаналыы, ойуолуу оонньуубун, от – мас аьылыгы себулээн сиибин. О5олоор, миигин кытта оонньоьо5ут дуо?
Кыра хамс/оонньуу: «Манан куобах»
Вед: Биьиги дьиэбит аттыгар олорор кыыллар наьаа туьалаахтар, ол курдук ынах…биьиэхэ тугу биэрэрий о5олор? (уут), онтон ат туох туьалаа5ый? (ат дьон таьа5аьын тиэйэр, ыраах айанна, бултуу барарга кинини миинэллэр), ыт – дьиэни харабыллыыр, куоска – кутуйа5ы тутар.
Ити курдук дьиэ кыыллара киьиэхэ элбэх туьаны а5алаллар эбит, ол иьин киьи кинилэри керер – харайар, аьатар.
(дьиэ кыылларын хартыыналара: ынах,ат, ыт, куоска)
Вед: Керсуе5ун, эьиги иннигитигэр дьиэ кыылларын польката!
Ункуу «Дьиэ кыылларын польката»
Вед: О5олоор, биьиэхэ Тиинчээн куулэйдии кэллэ. Кини эьиэхэ кердеьуулээх…Тиинчээн кыьын аьыырыгар туораа5ы мунньар. Кини туораах сиэмэтин сиирин наьаа себулуур эбит. О5олоор, бу туораахтары Тиинчээннэ хомуйан кемелеьуеххэ. Туораа5ы Тиинчээн корзинатыгар хомуйуохха…
Оонньуу «Тиинчээннэ туораах хомуйан кемелеьуу»
(мольберт, тиин хартыыната, магнит, корзина, иьиттээх туораахтар)
Вед: Бугун биьиэхэ ыалдьыттыыр,
Минньигэсчэй саналаах,
«Мяу- мяу» ырыалаах,
Мэник – тэник куоскабыт.
Соьуччу тугэн «Куоска»
Куоска: Утуе кунунэн о5олоор! Мин эьигини кытары ункуулуехпун ба5ардым.
Муз.ритм/хамсаныы «Куоска»
Вед: Аралдьытыыбытын тумуктуур кэммит тиийэн кэллэ. О5олоор, бырааьынньыккытын себулээтигит дуо? Дьэ бэрт! Ити курдук тулалыыр эйгэбитигэр харыстабыллаахтык сыьыаннаьыа5ын, кыылларбытын харыстыа5ын!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Конспект открытого занятия по ознакомлению c окружающей средой в средней группе "Хаар ханна барда"
Улахан белех о5олоругар аналлаах Тулалыыр эйгэ дьарыгын кэнспиэгэ: «Хаар ханна барда?» (Интеграция)Сыала: саас айыл5а уларыйыытын, хаар ууллуутун чинчийэн билиьиннэрии....
Варвара асанне патне ханана
Данный сценарий можно использовать для проведения утренника 8 марта...
Сценарий "Варвара асанне патне ханана"
Сценарий проведения утренника в ДОУ на 8 марта...
Сана дьыллаа5ы аралдьытыы сценарийа "12 ый"
Сценарий новогоднего утренника на якутском языке...
Араас саастаах оҕолорго эйэ, үлэ, маай күнүгэр аналлаах "Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй" аралдьытыы сценарийа.
Араас саастаах оҕолорго идэлэр араастарын билиһиннэрии, чиҥэтии. Идэ барыта туһалааҕын быһаарыы....
«Байанайдаах булчуттар» аралдьытыы сценарийа Улахан бөлөх
Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт үлэни түмүктээһин. Саха киһитин төрүт дьарыга булт туһунан оҕолор билиилэрин чиӊэтии, өбүгэлэр үгэстэрин, булт сиэрин-туомун салгыы билиһиннэрии. Айылҕаҕа тапталы, х...
«Мин тереебут дойдум – Сахам сирэ» аралдьытыы сценарийа
laquo;Мин тереебут дойдум – Сахам сирэ» аралдьытыы сценарийа...