«Мин тереебут дойдум – Сахам сирэ» аралдьытыы сценарийа
план-конспект занятия (младшая группа)
«Мин тереебут дойдум – Сахам сирэ» аралдьытыы сценарийа
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
araldytyy_stsenariya._tereebut_doydum_-_saham_sire.docx | 19.05 КБ |
Предварительный просмотр:
«Мин тереебут дойдум – Сахам сирэ» диэн Саха АССР 100 сылын туолар декадатыгар аналлаах аралдьытыы сценарийа.
(кыра белех)
Вед: Уордаах тымныы кыьыннаах
Сылаас сандал сааскылаах
Сиэдэрэйкээн сайыннаах
Кемус куьуннээх
Мин тереебут дойдум – Сахам сирэ!
Вед: «Мин тереебут дойдум – Сахам сирэ» диэн аралдьытыыбытын са5алыырбытын кенуллээн!
Биьиги Сахабыт сиригэр араас элбэх омук олорор. Онтон биьиги сахалар терут олохтоохтор буолабыт. Саха омук буоларбытынан киэн туттуохтаахпыт, сахалыы сайа5астык санарыахтаахпыт, омукпут култууратын, тылын – еьун ере тутуохтаахпыт, сайдыахтаахпыт!
Биьиги бу куннэргэ бэйэбит омукпут туьунан элбэ5и биллибит, ебугэлэрбит олохторун – дьаьахтарын кытта билсистибит, сахалыы остуол оонньууларын оонньоотубут, сахалыы остуоруйалары, дьуруьуйэр алыптаах , хомус тыаьын сэргээн иьиттибит.
Керун эрэ о5олоор, бу биьиги сахалар саамай ытыктыыр ебугэлэрбититтэн кэлбит иьиттэрбит буолаллар. Бу тугуй? Туохха туттуллар иьитий? (Чороон) Чороонно тугу куталларый? (уут, кымыс). Онтон бу тугуй? Туохха туттуллар иьитий? (Кытыйа) Кытыйа5а тугу ууралларый? (Буспут эти, суегэйи, куерчэ5и куталлар). Сеп, маладьыастар!Онтон бу тугуй? Ханнык музыкальнай унустурумуенуй? (Хомус) Хомуьу хайдах тутан тыаьаталлар этэй, кердерун эрэ…Маладьыастар!
Вед: Чэйин эрэ, о5олоор! Ойон тураммыт, сахалыы оьуор ункуу хамсаныыларын оноруо5ун эрэ!
«Оьуор» ункуу хамсаныылара (музыка)
Вед: Биьиги сахалар киэн туттар айымньыбыт - кылыьахтаах тойук буолар. Эьиэхэ тойугу туойан иьитиннэриэ иитээччигит Туяра Леонидовна.
«Тойук»
Вед: Ытыспытын таьынан Туяра Леонидовна5а махтанан биэриэ5ин!
Чэйин эрэ кыргыттаар, «Отонноон оноойукпутун толоруох» диэн оонньуубутун оонньуо5ун!
Оонньуу «Отонноон оноойукпутун толоруох» (2 кытыйа, отоннор)
Вед: Керун-истин сэргэ5элээн! «Мин тереебут дойдум – Сахам сирэ» диэн декада5а, кэлэн иьэр А5а дойдуну кемускээччилэр куннэригэр аналлаах «Кунчээн белех» уолаттарын икки ардыларыгар ыытыллар мас тардыьыы курэ5э са5аланар! Керсун биьиги хорсун хоодуот Эр бэртэрбитин, куустээх – уохтаах уолаттарбытын! Эьиги иннигитигэр курэхтэьии кыттааччылара:
1.Горохов Аидмар
2.Коркин Сережа
3.Контогоров Эрэл
4.Кириллин Артем
5.Комбагир Харысхал
6.Васильев Ньургун
7.Егоров Харысхал
Уолаттарбытыгар ситиьиини ба5арабыт! Ким кыахтаах ол кыайдын!
Курэх «Мас тардыьыы»
Вед: Дьэ кытаанах киирсии буолла! Уолаттарбыт да бары куустээх, кыанар уолаттар эбит! Курэх тумугун дьууллуур субэ быьаарыа5а. Онтон биьиги аралдьытыыбыт тумугэр …
Керу - нары ке5улуттэн,
Эьиэкэйи энээриттэн
Тутуоххайын, о5олоор
Туйгуннаахай до5оттоор!
Вед: Бары туран, илии – илииттэн ылысыьан, тонолох – тонолохтон тутуьан оьуохайга киириэ5ин!
Оьуохай (Туяра Леонидовна)
Вед: Саха буолан сандаарыа5ын, киьи буолан килбэйиэ5ин диэн туран тэрээьиммитин тумуктуубут. Тылы дьууллуур субэ5э биэрэбит.
Тумук таьаарыы
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Мини-музей "Сахам Сирэ барахсан"
Цель: Обогащение предметно-развивающей среды по программе «Люби и знай родной край» в условиях музейной средыЗадачи:1. Формирование у дошкольников представления о музее;2. Формирование пре...
Сана дьыллаа5ы аралдьытыы сценарийа "12 ый"
Сценарий новогоднего утренника на якутском языке...
Тереебут дойдум эмтээх сибэккитэ Ньээм
Презентация на тему: "Тереебут дойдум эмтээх сибэккитэ Ньээм"...
"Дойдум минньигэс отонноро" (вкусные, полезные ягоды)
laquo;Дойдум минньигэс отонноро" (вкусные, полезные ягоды) для детей среднего дошкольного возрастаЦель и задачи: - Обогащать знание о ягодах и их полезных свойствах ;-Расширить предс...
Араас саастаах оҕолорго эйэ, үлэ, маай күнүгэр аналлаах "Идэ барыта бочуоттаах, үлэ барыта үчүгэй" аралдьытыы сценарийа.
Араас саастаах оҕолорго идэлэр араастарын билиһиннэрии, чиҥэтии. Идэ барыта туһалааҕын быһаарыы....
«Байанайдаах булчуттар» аралдьытыы сценарийа Улахан бөлөх
Байанай ыйыгар анаан ыытыллыбыт үлэни түмүктээһин. Саха киһитин төрүт дьарыга булт туһунан оҕолор билиилэрин чиӊэтии, өбүгэлэр үгэстэрин, булт сиэрин-туомун салгыы билиһиннэрии. Айылҕаҕа тапталы, х...
Аралдьытыы сценарийа «Ким, ханна олороруй?»
Аралдьытыы сценарийа«Ким, ханна олороруй?»...