«Аптаах Саңа Дьыл» Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий
материал (старшая группа)

Владимирова Алёна Ильинична

«Аптаах Саңа Дьыл»

Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл aptaah_sana_dyl.docx26.69 КБ

Предварительный просмотр:

«Аптаах Саңа Дьыл»

Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий

                                   Оруоллар:

Улахан дьон:                                              О5олор:

Ыытааччы                                             папуастар - африка

Моруос о5онньор                                  санта клаустар - америка

Хаарчаана                                              восточнай кырасаабыссалар - восток

Баба-Яга                                                 Падишах

(туттуллар атрибуттар - картонтан оңоhуллубут чаhы (циферблата туспа сыhыарыллар, 3 чааска кыырпахтаммыт)

Бэhиэлэй музыканан до5уhуоллатан маскарадтаах о5олор киирэллэр

ЫЫТААЧЧЫ:  Сылы быhа кэтэспит кэллэ күндү кэммит, күлүмүрдүүр харыйалаах Саңа      Дьылбыт, аптаах кэрэ киэhээбит!

Хоhоон: “Саҥа Дьыл”

Кэрэчээн харыйа

Налыччы киэргэммит

Араас да уотунан

Күлүмнүү умайбыт.

Чаҕылый, чаҕылый

Баай елка умайыый

Оҕолор көрдөрүн

Эн үөрдэ сырдатыый

Эһэлэр, бөрөлөр

Саһыллар, бэл бааллар

Сиэттиһэн бараннар

Көхтөөхтүк ыллыыллар

Хаар маҥан баттахтаах

Тымныычаан оҕонньор

Кэһиитин аҕалар

Үөрүүтүн үксэтэр.

Ырыа  «Аптаах остуоруйа»

Эргичийдэ хоровод

Чуор ырыа дьиэрэйдэ

Саҥа дьылбыт сандаарда

Елкабыт киэркэйдэ

Хос ырыата: Саҥа дьыл, сана дьыл

                       Аптаах остуоруйа

Кылбачыйар, килбэчийэр

Хас биирдии иннэтэ

Музыкабыт кутуллар

Елкабыт киэркэйэр

Таһырдьа сүр хатаннык

Чысхаан тыал иһиирэр

Айаннаан ол истэҕэ

Дед Мороз елкаҕа

Хаарчаана киирэр

ХААРЧААНА: Дорооболоруң, о5олор, Саңа Дьылынан, саңа дьолунан! Кэллим мин эhиэхэ бырааhынньыкка ыалдьыттыы, аптаах киэhээни бэлэхтии. Онтон бу кэрэчээн харыйа уота умайбакка турар эбит, миигин хатылааң: «Биир, икки, үс – харыйабыт уота сандаар!»

Аптаах палочкатынан харыйа тула сылдьан далбаатыыр, лабааларын, оонньуурдарын таарыйар – харыйа уота умайар.

ХААРЧААНА: Мин бугун соҕотох буолбатахпын, “хаар кыргыттар миигин арыаллыыллар”

Үҥкүү: “Хаар уҥкүүтэ”

ХААРЧААНА – Уой, о5олор, олох умнан кэбиспиппин дии, мин эhиэхэ кэhиилээх кэлбитим. А5аллым мин эhиэхэ саңа дьыллаа5ы чаhыыны, саңа сыл үүнүүтэ ким бу чаhыы тыаhын истибит дьоллоох буолуо5а. (арыйар, көрбүттэрэ чаhы циферблата суох)

ЫЫТААЧЧЫ: О5олор, чаhыыбыт хайдах буолбутуй, туга тиийбэтий?

(О5олор сыыппаралара, стрелката суох диэн этэллэр)

Күлэ-күлэ Баба-Яга киирэр.

БАБА-ЯГА: Ха-ха-ха…Ити мин алдьаппытым, кыырпахтарын араас дойдуларынан тыалы кытта көтүппүтүм. Кыырпахтары булбаккыт, чаhыыны онорбоккут – оччого Саңа Дьыл буолбат, тымныыы о5онньор кэлбэт. Ха-ха-ха… (барар)

ЫЫТААЧЧЫ: Хаарчаана, оччо5о Саңа Дьыл буолбат дуо? Онтон о5олор бырааhынньыкка бэлэмнэммиттэрэ, Тымныы Моруоhу олус кэтэспиттэрэ…

ХААРЧААНА: Санаар5аамаң, тугу эбит толкуйдуохпут… Мин биллим, о5олор, араас дойдуларынан айанныахпыт, кыырпахтарын булуохпут, чаhыыбытын оңоруохпут!

ЫЫТААЧЧЫ: Хайдах, тугунан айаннаан тиийэбит?

ХААРЧААНА: Баар миэхэ аптаах палочка, о5олор бары илиигититтэн тутуhуң баран харахпытын симтибит! (палочканан далбаатыыр)

ЫЫТААЧЧЫ: Ханна эрэ тиийэн кэллибит, манна кимнээх бааллара буолуой?

Музыка тыаhыыр, папуастар киирэллэр, үңкүүлүүллэр.

«Папуастар үңкүүлэрэ»

ХААРЧААНА: О5олор, биhиги Африка5а көтөн кэллибит, папуастар эмиэ саңа дьылы көрсөллөр эбит.

ЫЫТААЧЧЫ: Үтүө күнүэн! Биhиги тымныы кыhыннаах ыраах Саха сириттэн аптаах сана дьыллаа5ы чаhыыбыт кыырпахтарын көрдүү кэллибит.

Папуас – Бу маны көрдүүгүт дуо? (моонньугар быа5а иилинэ сылдьар) Кыhын диэн тугун кэпсээтэххитинэ биирдэ биэриэхпит.

Ырыа «Кыһын кэллэ»

Ыл көр түннүгүнэн

Манан үрүмэччи

Тэлбэрийэн кэлэ, кэлэ

Тэлэрийэн түһэрэр

Хос ырыата: Олус кэрэ кэм иһэр

                       Ол иһин ити хаардыыр

                       Хаарыан кыһын кэллэ

                       Хаҥкылыыр, хайыһардыыр – 2 төгүл

Үктүүр сир ордубат

Үп-үрүн барыта

Үрүмэччи буолбатах

Ити хаар түһэр эбит.  

Папуас – Чаhыыгыт кыырпа5ын төптөрү биэрэбит.

Хаарчаана кыырпа5ы ылар

ХААРЧААНА: Салгыы айаннаатыбыт, о5олор бары илиигититтэн тутуhуң баран харахпытын симтибит! (палочканан далбаатыыр)

 (уот хараңарар, Санта-Клаус о5олор бэлэмнэнэллэр)

Үңкүү «Санта клаус»

ХААРЧААНА: О5олор, биhиги Америка5а көтөн кэллибит, Санта Клаус дойдутугар, биhигини кини бырааттара көрүстүлэр.

ЫЫТААЧЧЫ: Үтүө күнүэн! Биhиги тымныы кыhыннаах ыраах Саха сириттэн аптаах сана дьыллаа5ы чаhыыбыт кыырпахтарын көрдүү кэллибит.

Санта К. - Бу маны көрдүүгүт дуо? (моонньугар быа5а иилинэ сылдьар) Саха Сиригэр Саңа Дьылы хайдах көрсөллөрүн кэпсээтэххитинэ биирдэ биэриэхпит.

Хоhоон “Хаар”

Үөһээттэн тыаһа суох,

Маҥан хаар үллүктүүр.

Саҥа хаар, сымнаҕас хаар,

Ып-ыраас маҥан хаар.

Хаар, хаар өссө түһүүй,

Мин тулабын киэргэтиий!

Хоһоон: “Кыһын” (Настя Старкова)

Тыынарым буруолаах

Тымныыкаан омуннаах.

Иэдэспин ытырар,

Илиибин аһытар.

Ол эрэн эйиигин

Уорааннаах кыһыммын,

Абааһы көрбөппүн

Арыт син таптыыбын.

Санта К. - Чаhыыгыт кыырпа5ын төптөрү биэрэбит.

Хаарчаана кыырпа5ы ылар

ХААРЧААНА: Салгыы айаннаатыбыт, о5олор бары илиигититтэн тутуhуң баран харахпытын симтибит! (палочканан далбаатыыр)

 (уот хараңарар, восточнай красавицалар, шах бэлэмнэнэллэр)

Үңкүү «Восточнай»

ХААРЧААНА: О5олор, биhиги Илиңңи дойдуга көтөн кэллибит, манна эмиэ саңа дьылы көрсөллөр эбит.

ЫЫТААЧЧЫ: Үтүө күнүэн! Биhиги тымныы кыhыннаах ыраах Саха сириттэн аптаах сана дьыллаа5ы чаhыыбыт кыырпахтарын көрдүү кэллибит.

Шах – Бу маны көрдүүгүт дуо? (моонньугар быа5а иилинэ сылдьар) Миигин дьэ кыhыңңы оонньуунан аралдьыттаххытына биирдэ биэриэм.

Оонньуу:

Шах – Чаhыыгыт кыырпа5ын төптөрү биэрэбит.  

Хаарчаана кыырпа5ы ылар

ХААРЧААНА: Кыырпахтарбытын барытын буллубут, дьиэбитигэр  айаннаатыбыт, о5олор бары илиигититтэн тутуhуң баран харахпытын симтибит! (палочканан далбаатыыр)

(уот хараңарар)

ЫЫТААЧЧЫ: Дьэ детсаапытыгар тиийэн кэллибит. Билигин чаhыыбытын оноруохпут, Саңа Дьылбыт буолуо, Тымныы Моруоспут тиийэн кэлиэ.

Хаарчаана кыырпахтары ылан чаhыыга хатыыр.

Куранты тыаhыыр, Музыканан Тымныы Моруос киирэн кэлэр.

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Э-һэ-һээй!!! 12 чаас буолаатын Саңа дьылбыт үүннэ! Уруйдаан-айхаллаан тиийэн кэллим мин эhиэхэ! Көрсүбэтэхпит сыл буолла, о5олор улааппыккыт, маладьыастар. Онтон миигин кэтэстигит дуо?

ЫЫТААЧЧЫ: О5олор эйиигин кэтэспиттэрэ, ырыа – хоhоон бэлэмнээбиттэрэ, олорон иhит.

Хоhоон: “Тымныы Эһээ оҕонньор”

Тымныы Эһээ оҕонньор

Хантан тиийэн кэллин эн?

Ханнык ыраах суолунан

Аан дойдуну эргийэн?

Үрүҥ хаары көбүтэн

Сыарҕаҕынан сырылатан

Табаларгын көлүнэн

Кэһиилэргин хомунан.

Тиийэн кэллин биһиэхэҕэ

Түннүкпүтүн кырыалаан

Дьыссааппытын киэргэтэн

Көрү-нары тэрийэн

Оҕолору үөрдэҥҥин

Бэлэхтэргин биэрбиккин

Саҥа дьылы аһаҥнын

Сиэҥҥин сиэтэн киирбиккин.

Ырыа-хоровод: “Шел веселый Дед Мороз”

Шел веселый Дед Мороз,

Дед Мороз, Дед Мороз.

Важно поднял красный нос,

Красный нос! Да!

А по тропочке лесной,

По лесной, по лесной,

Прыгал зайка озорной,

Озорной! Да!

Мишка зайку догонял,

Догонял! Догонял!

Он в развалочку шагал,

Он шагал! Да!

И нарядна хороша,

Хороша, хороша,

Шла лисичка не спеша,

Не спеша. Да!..

Дедушка Мороз пришел,

К нам пришел, к нам пришел!..

В пляс веселый он пошел,

Он пошел! Да!!

Хоһоон “Вьюга”  (Лена Лиханова)

Хоһоон “Зимний гость” (Никита А, Алина Л, Алеша Т, Валера З, Сандаара Н, Алтын Б, Эркин Б, Валерия Р)

Мы весной его не встретим,

Он и летом не придет,

Но зимою к нашим детям

Он приходит каждый год.

У него румянец яркий,

Борода, как белый мех,

Интнресные подарки

Прниготовит он для всех.

С Новым годом поздравляя,

Елку пышную зажжет,

Ребятишек забавляя,

Встанет с ними в хоровод.

Дружно мы его встречаем,

Мы большие с ним друзья....

Но поить горячим чаем

Гостя этого нельзя!

О5олор хоhоон аа5а турдахтарына Тымныы Моруоhу ким эрэ хаарынан быра5ар.

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Хайа, бу ким миигин хаарынан быра5арый?

О5олор саhан турар Баба-Яганы көрөллөр,этэллэр, эрдэ тугу гыммытын кэпсииллэр.

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Кэл эрэ бэттэх, эн то5о бырааhынньыгы буортулуу сылдьа5ын.

БАБА ЯГА: Бырааhынньыгы син биир ыhыам, бу харыйаны алдьатыам…

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Быракаас оңоро сылдьыбыккын билигин тоңорон кэбииhиэм!!!

Торуоскатынан таарыйар, Баба-Яга күлүүлээх поза5а «тоңон» хаалар

ХААРЧААНА: Эьээ, кини аны быракаастыа суо5а, ириэр баhаалыста.

Посо5ынан таарыйар, Баба-Яга «ирэр», дэлби тоңмут, илибириир

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Чэ, бу сырыыга бырастыы гынабын, аныгыскыга дьэ сэрэнээр.

БАБА ЯГА: Онтон миигин ким да5аны бырааhынньыкка ыңырбата5а, мин эмиэ бырааhынньыктыахпын ба5арабын. Буруйбун билинэбин, мантан ыла учугэй буолуом (коридорга сүүрэн тахсар, төптөрү мөһөөччүк тутуурдаах киирэр)…. Мин эhиэхэ подарок а5аллым, учугэй да учугэй! Бу керун (мөһөөччүктэн эргэ ырбаахы таhаарар), наьаа учугэй былааччыйа, эдэр сылдьан кэппитим. Ким ылар? Ким да наадыйбат дуо?!

– Онтон бу керун, сковородка баар, сууйа туьэн баран сиэркилэ курдук керунуэххэ сеп…

– То5о мин кэьиилэрбин ким да себулээбэтэ? Онтон мин кэhии хомуйарга олус кыhаллыбытым.

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Оннук буолла5ына санаар5аама, мин эйиэхэ кемелеhуем.

Мөһөөччүк тула сылдьан «аптыыр», торуоскатынан муостаны тоңсуйар,

онтон мөһөөччүгү таарыйар.

ТЫМНЫЫ МОРУОС: – Чэ, көруң эрэ.

БАБА ЯГА:  Ураа! Дьиннээх подароктар!

Моруос Хаарчааналыын, Баба Ягалыын кэhиилэрин түңэтэллэр

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Барар кэммит тиийэн кэллэ, эhиил эмиэ кэлихпит!

ХААРЧААНА: Саңа Дьылынан!

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Көрсүөххэ диэри!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сана дьыллаа5ы сценарий «Диснейленд» алыптаах дойтута

Оруолларга:Микки Маус Минни Маус Куhа5ан санаалаах Королоева Хаарчаана Белоснежка Гномиктар Русалкалар Феялар Аладдин Восток красавицалара Принцессалар Пахохонтос Индеецтар Питер Пэн Пираттар...

«Кыра баhаарынньыктар» улахан бөлөх о5олоругар баhаартан сэрэхтээх буолууга аналлаах аралдьыты сценаарыйа

laquo;Кыра баhаарынньыктар» улахан бөлөх о5олоругар баhаартан сэрэхтээх буолууга аналлаах аралдьыты сценаарыйа.Сыала: о5олорго «Баьаарынньык» идэтин кытта салгыы билиьиннэри, баьаар...

«Куьунну мозаика» дьуьуйуу. (Улахан белех о5олоругар аналлаах аралдьыйыы сценарийа)

Цель  – закрепить знания детей о сезонных изменениях в природе, о признаках осениЗадачи: -формировать навыки самостоятельного исполнения выученных стихов, песен и танцев;-создавать празднич...

Кыьын туьунан дьайымал ( орто белех о5олоругар аналлаах)

Кыьын ( Орто белех о5олоругар аналлаах дьайымал ).Сыала: О5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы – кэцэтии. Кыьыццы дьыл кэмин туьунан хатылааьын, о5о билиитин салгыы чицэтии, ойуур – тыа олохт...

«Кутуйах сылын кɵрсγγ» сана дьыллаа5ы сценарий

Орто бэлэх о5олоругарт сана дьыллаа5ы бырааьынньык сценарийа...

Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»

Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»...

"Куобахчаан дьиэтэ" орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.

Орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа. «Куобах дьиэтэ»...